Читать книгу Төлкөнү түстүүр түгэннэр - - Страница 3
Төлкө түстэниитэ
(Сирэй кэпсээн)
ОглавлениеЭдэр эрдэхпинэ биир дьикти түбэлтэ буолбута. Хаһан да көрбөтөх-истибэтэх киһим, эмискэ тиийэн кэлэн, мин тус олохпор киэҥ аартыгы тэлэйэн биэрэн баран сүтэн хаалбыта. Бука, остуоруйаҕа эрэ оннук буолара буолуо. Олоҕум тухары ол таабырыны таайа сатаабытым да, алта уон сааспар чугаһаан баран биирдэ ол дьикти түбэлтэ кистэлэҥин арыйбытым.
* * *
Новосибирскай университетын математикаҕа салаатын бүтэрээри сылдьар кэмим. Акилов профессорга дьупулуом үлэ суруйабын. Аспирантураҕа хаалыахпын баҕарабын да, салайааччым туох да диэн быһаарыылааҕы эппэт, ыйытыахпын «аны суох диэн кээһиэ» диэн куттанабын. Чэ, оннук ылбат-биэрбэт икки ардынан сылдьабын.
Бука, муус устар ортото буолуо. Биир сарсыарда ороммор кэтэх тардыстан сыттахпына, ааны тоҥсуйан тобугураттылар. Тура эккирээн, ааммын арыйбыппар биир дьоҕус уҥуохтаах, хаалтыстаах, сэлээппэлээх саха киһитэ хоһум ортотугар биирдэ баар буола түстэ.
– Дорообо. Эн Шамаев Иван диэҥҥин дуо?
– Ээ, мин. Дорообо.
Бадаҕа, киһим уурбут олоппоспор олоро да барбатаҕа.
– Мин Романов Петр Аполлонович диэммин, Дьокуускайтан сылдьабын, тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтугар үлэлиибин. Кандидат сельскохозяйственных наук. Эн ааккын, олорор хоскун үөрэнэр факультетыҥ деканатыттан биллим. Сыанаҥ үчүгэй эбит. Уонна Макарова Зина диэн кыыс химическэй факультекка үчүгэйдик үөрэнэр эбит. Эн аспирантураҕа хаалыаххын баҕарбаккын дуо?
Мин соһуйан хааллым.
– Оттон… аспирантуралаабыт киһи бэрт буолуо этэ.
– Ону научнай салайааччыгын кытта кэпсэттиҥ дуо?
– Суох.
– Кини ким диэний уонна кинини сарсын хайдах көрсүөхпүн сөбүй?
– Глеб Павлович Акилов диэн. Кини математика институтугар үлэлиир. Сарсыарда уонтан отделга баар буолааччы. Ол хос нүөмэрэ, ээ… икки сүүс отутус.
– Сөп. Мин математика института ханна баарын билэбин. Сарсын уон биир чааска ити этэр хоскор тиийиэм. Бэйэҥ эмиэ баар буолаар.
Киһим эргийдэ да, тахса турда. Мин хоһум ортотугар даллайан туран хааллым.
Дьэ, дьикти. Туох дьикти киһитэй? Хаһан да манныкка түбэспитим суох. Туохтан тууралаах, хантан сыдьааннаах киһи буоллаҕай диэн төбөбүн сынньа сатаатым да, кыайан тобулбатым.
* * *
Дьикти ыалдьыт барбытын кэннэ, «бу аата тугуй?» диэбит курдук, тура-олоро түһэн баран, соччо туох да улахан толкуйа суох, остуолга бырахпыт кумааҕыларбын, научнай сурунаалларбын дипломаккабар уктан, халтаҥ соммун кэтэн, таһырдьа таҕыстым.
Халлаан хайыы үйэ сылыйан, түүн бөһүйбүт чигди хаар ирэн, ууламмыт, киһи бачырҕаччы үктүүр буолбут.
Бэҕэһээҥҥи курдук өйдүүбүн, Михаил Андреевич аҥаардас ийэлээх, аҕата суох, сэттиһи бүтэрбит үс уолу тэрийэн, Академгородок физмат оскуолатыгар үөрэтэ ыыппытын.
Оччотооҕуга оскуола, дьиэтэ суох буолан, байыаннай училище дьиэтигэр үрдүттэн олорон үөрэхпитин саҕалаабыппыт.
Дьиэбитин ахтан бөҕө буоларбыт. Кыһыҥҥы, сайыҥҥы уһун өрөбүллэргэ ийэлэрбитин, доҕотторбутун көрсө дойдубутугар айанныырбыт үчүгэй да буолара!
Кэлин физмат оскуоланы университет таһыгар туппуттара. Суолум оскуола дьиэтин уонна интэринээт икки ардынан ааһара.
Билигин да онно саҥа көлүөнэ ыччат, бүтүн Сибииртэн хомуллан кэлэн, үөрэнэ олордоҕо. Төрөлкөй нуучча оҕолорун быыһыгар биир эмэ саха оҕото, эмиэ урукку биһиги курдук, кылайа сылдьара буолуо ээ.
Оскуоланы ааһан, кыра сыыры дабайан, ойуурга киирэбин.
Биһиэхэ, бэһис куурустарга, саҥа дьылтан бэттэх лиэксийэ, сэминээр суох, аҥаардас дипломнайбынан дьарыктанабын. Үлэм улахан өттүн эрдэ бүтэрбит курдук сананабын, билигин ону-маны эбэ-саба сатыыбын, чочуйабын.
Барыта этэҥҥэ буолан баран, биир санаа кэрбиир – инниким чуолкайа суох, ым-тым. Аспирантураҕа хаалыахпын баҕарабын да, салайааччыбын кытта кыайан кэпсэппэппин. Кини бэйэтэ миэхэ туох эмэ диэрэй диэн кэтэһэбин да, мэлигир. Уонна, быһата, хайдах эрэ… Кини миэхэ салайааччы быһыытынан чопчу сорук туруоруохтаах этэ да, бүгүһүн туох эрэ олус киэҥ сорудаҕы биэрбитэ. Ол онтон бэйэм, ыган-ыган, садаача курдугу таһааран суоттаабыппын «дипломнай үлэм» дэнэ сылдьабын. Бэйэм ол үлэни туох эрэ көдьүүстээх курдук да көрбөппүн, салайааччым да үчүгэй-куһаҕан диэн быстыбат.
Михаил Андреевич суруйа сылдьыбыта: «Хайа, Ваня, аспирантураҥ быһаарылынна дуо?» – диэн. Хоруйдуур сурукпар, эгилитэ-бугулута суох «билиҥҥитэ биллэ илик» диэтэҕим дии. Соторутааҕыта, арай, төлөпүөнүнэн кэпсэтиигэ ыҥырык кэлбитэ. Ийэм ыҥырдаҕа буолуо диэн тиийбитим, Михаил Андреевич буолан соһуппута. Эмиэ аспирантурабын ыйыппыта. Туох диэмий, эмиэ «быһаарылла илик» эрэ диирбэр тиийбитим.
Сырыы аайы «дьэ, бүгүн хайаан да кэпсэтиэм, хайа муҥун, быһаарынарга сөп буолла» диэн оҥостон ахан тиийэбин. ГП, ол аата Глеб Павлович үлэтигэр кэллэ да, Кутателадзе хантан эрэ сүүрэн кэлэр, онно эбии ким эрэ баар буола түһэр, дьэ, табаахтыы-табахтыы, күлсэ-күлсэ ону-маны кэпсэтэн бараллар. Аны туран, кинилэр ырытар тиэмэлэрин үксүн өйдөөбөппүн, тыл да кыбытар кыаҕым суох. Тугу эмэ өйдүүрүм да буоллар, устудьуон уол туох диэн мээнэ саҥарыахпыный? Онон истибитэ буола олоробун, олоро сатаан баран, бибилэтиэкэ ааҕар саалатыгар дьөгдьөрүйэбин.
Хата, ити билигин дьикти киһи кэлэн барда дии… Ол гынан баран, Арамаанап Акиловы кытта хайдах кэпсэтиэн сөбүн кыайан өйбөр оҥорон көрбөтүм.
Итинник ону-маны эргитэ саныы истэхпинэ, бэстэр оройдорунан бэркэ билэр киэҥ дьиэллигэһим арыллан кэллэ. Билигин институттар куба маҥан дьиэлэрэ дьэндэс гыныахтара. Институппар киирэн маҥнай отдел хоһун өҥөйө сылдьыам, онтон бибилэтиэкэбэр олоруом этэ.
* * *
Сарсыҥҥы күн үүннэ. Идэбинэн уону ааһыыта институппар тиийдим. Бибилэтиэкэҕэ олорбохтоон баран, уон биир чаас чугаһыырын диэки отделга киирбитим: үгэс курдук, ГП баар, кини тула икки-үс киһи тура-олоро сылдьан тугу эрэ ырыталлар, мөккүһэллэр.
Бэҕэһээ киэһэ уопсай дьиэ аптамаат-төлөпүөнүттэн Глеб Павлович дьиэтигэр эрийэн: «Саха сириттэн сылдьар биир киһи эйигин көрсөн кэпсэтээри гынар», – диэбиппэр, оҕонньорум тугу да туоһуласпакка эрэ, судургутук «ради бога» эрэ диэн кээспитэ.
Иллэҥ олоппоһу ылан, муннук булан олорунан кэбистим, дьонум кэпсэтиилэрин истэ-истэ сэмээр кэтэһэбин.
Лоп курдук уон биир чааска, үүт-үкчү бэҕэһээҥҥи курдук, тыастаахтык тоҥсуйан лобугураттылар. Манна ааны тоҥсуйдахтарына да, сэрэнэн тобугуратар идэлээхтэр, онон бары «бу туох ааттаах кэллэ?!» диэбит курдук соһуйан, аан диэки мэлэс гыннылар.
Аан тэлэллэ түһээтин кытта Петр Аполлонович киирэн кэлэн, хаһан эмэттэн билэр курдук, чуо Глеб Павловичка илиитин уунна.
– Здравствуйте! Вы Глеб Павлович?
Глеб Павлович, ленинградец, култуура быһа сиэбит киһитэ, туран тоҥхос гынна, илиитин уунан дорооболосто.
– Добрый день! Я вас слушаю, – илиитин нэлэс гыннаран, Петр Аполлоновиһы олорто, оҕонньору тула үмүөрүспүт дьон үрэл гыннылар.
– Петр Аполлонович Романов, кандидат сельскохозяйственных наук. Я к вам с просьбой.
Петр Аполлонович «ытыктабыллаах Глеб Павловиһы Саха сирин науката сайдыытыгар бэйэтин кылаатын киллэрэригэр» ыҥырда, ол туһугар миигин, бу Иван Шамаевы, аспирантураҕа ылан, математикаҕа наука кандидатын бэлэмнииригэр көрдөһөн, мунньахтаан эрэр киһи курдук бэрт кимиилээхтик этэн-тыынан добдугуратта. Глеб Павлович сөбүлэһэр курдук кэтэҕэ эрэ кэҕиҥниир, ачыкыта килбэҥниир.