Читать книгу Төлкөнү түстүүр түгэннэр - - Страница 2

Өһөс саллаат
(Сирэй кэпсээн)

Оглавление

Отуттан тахса сыл анараа өттүгэр букатын атын кэм, атын дойду эрдэҕинэ мин, сүүрбэччэлээх уол киһи, сайыҥҥы куйаас күн Сайсары буор-сыыс уулуссатынан туохха эрэ ыксаан-бохсоон иһэн, киниэхэ кэтиллэ түспүтүм. Туох да суруга-бичигэ, кырааската да суох, онон-манан көөрөттүбүт сиэмэн сыбахтаах таас туумба үрдүгэр уһун синиэллээх саллаат хаҥас илиитигэр аптамаатын умса тутан, уҥа илиитигэр туох эрэ бөчөх курдугу бобо харбаан, бэйэтэ умса нөрүйэн турара. Бу диэки ханан эрэ саха саллаатыгар пааматынньык туруорбуттар үһү диэни истэр этим, онон «ээ, ол кини буоллаҕа дии, хата, көрөн ааһыахха» диэн санаа кылам гыммыта. Онтон тоҕо эрэ эмискэ кыбыстар курдук буоллум, «ким эрэ одуулуура буолуо» диэбиттии уҥа-хаҥас көрүтэлээбитим, тулабар ыт охсор киһи суох, онтон холкутуйбут курдук чочумча пааматынньыгы өрө мыҥаан тура түстүм.

Кимий бу? Федор Попов дуо? Суох, маарыннаабат. Саатар, сахата да, нууччата да чуолкай биллибэт гына оҥоһуллубут. Саха диэҕи били «антах харах, бэттэх мурун» диэх айылаах, нуучча диэҕи иэдэһэ олус кэтит. Бээрэ, бу Лонгиновынан иһэбин дии, оттон саллаат Лонгинов уулусса диэки хайыһан турар. Лонгинов буолуо дуо? Суох, Лонгиновы хаартыскатынан билэбин, бэрт нарын мөссүөннээх нуучча уола, бу лаппа томороон диэххэ сөп дьүһүннээх уол турар. Уонна дьоруойу тоҕо умса туттан турар гына оҥоруохтарай? Чэ, сахатынан саха, хата, бааһынайдаах дуу… Испэр күлэ да санаатым.

Итинник араас санаалар киирэ-тахса оҕустулар, онтон эргэ хаптаһын олбуорга «ул. Ильменская» диэн суруктаах тимир ньаалбааны көрөн эрэ баран, бу диэки Ильменскэй уулусса эмиэ баарын саныы биэрдим. Уонна дьэ өйдөөтүм: ол аата Ильмень күөлгэ өлбүт саха саллааттарыгар аналлаах өйдөбүнньүк таһыгар кэлэн турар эбиппин.

Оҥоһук томороон. Ыксалынан оҥоһуллубута биллэр. Били уҥа илиитигэр тугу эрэ тутан турар диэбитим, сибэкки дьөрбөтө эбит. Бачымах курдук мас дьиэлээх Лонгинов икки, Ильменскэй икки быһа охсуһууларыгар, муннукка постамент дуомнаан баран, саллаат уолу туруору анньаат да, сонно тута умнан кээспит курдуктар. Оттон уол бэйэтэ хайа диэки хайыһыан да быһаарбакка, хайа диэки барыан да билбэккэ мунан турар курдук көрүҥнээх.

Пааматынньык таһыгар таах тэпсэҥэлээн тура түстүм, онтон баран испит туһаайыым диэки саппарыйдым. Балачча тэйэн баран, кэннибин хайыһан көрдүм. Бу сырыыга, уолбун хаһааҥҥыттан эрэ билэр курдук, уруургуу көрдүм. Санаабар, таас уол: «Дьэ, ити. Тура түстүҥ уонна ааһа турдуҥ…» – диир курдук. Өссө тугу эрэ этиэхчэ да, ситэри эппэт. Тоҕо эрэ туохха эрэ буруйдана санаатым.

* * *

Кыайыы бырааһынньыгын остуола.

– Доор, дьэ Иилмэн күөлгэ элбэх саха өлөн турар. 500—600 кэриҥэ киһи…

– Биһиэннэрин күөл мууһунан атаакаҕа киллэрбиттэр. Ону ньиэмэстэр мууһу тоҕута буомбалаан кээспиттэр. Онон үгүс уол муус анныгар барбыт.

– Дьаабы дии, хайдах оннук киллэриэххэ сөбүй? Соруйан буолуо.

– Эс, туох «соруйана» кэлиэй. Сэриигэ оннук сыыһа-халты тахсар бөҕө буоллаҕа дии.

– Иилмэҥҥэ өлбүт буойуннарга анаан өйдөбүнньүк оҥорбуттара Сайсарыга турар дии.

– Ээ, биир аптамааттаах саха уола тураахтыыр…

– Ити хайдах эрэ пааматынньык дии. Суруга да, туга да суох. Оҥорор буолан баран үчүгэй соҕустук оҥоруохтарын!

– Чэ, хата, итиччэ баарыгар баһыыба диэ!

– Өссө ол пааматынньыгы көтүрээри гынар үһүлэр дии.

– Эс, ама. Ол кимиэхэ мэһэйдиирин иһин көтүрээри гыналларый?

– «Куһаҕан» диэн. «Куорат көстүүтүн алдьатар» диэн.

– Дьэ, кырдьык, таах бульдозерынан күрдьэн да кээстэхтэринэ көҥүл. Тугу булан ылыаҥый?

– Эс, ама, тыыппаттар ини. Итинник туруоҕа. Дьиҥэр, итини үчүгэйдик суруктуохха-бичиктиэххэ наада. Турар сирэ да хайдах эрэ. Хата, уоттаах сэриигэ кыайыыны уһансыбыт саха саллаатын туһугар үрүүмкэбитин көтөҕүөҕүҥ!

* * *

Ильменскэй уулусса Лонгиновка киирэр муннугар чугаһаатым да, уолбун көрө биэрэбин.

Оччоҕуна, били маҥнайгы көрүүбэр үөскээбит туохтан эрэ буруйданар курдук муокас иэйии дууһам түгэҕиттэн күөрэйэн тахсар.

Куорат бу муннугар сыл баһыгар-атаҕар биирдэ эмэтэ охсуллабын. Тиэтэйэр буоллахпына ааһа турабын уонна иннэ курдук кэйэр ити иэйиибин атын санааларынан суурайа сатыыбын. Ардыгар чугаһаан тохтуу түһэбин уонна, тугу эрэ булан ылыах киһиэхэ дылы, саллаат томороон мөссүөнүн сирийэн одуулуубун. Өһөстүк дьүккүччү туттан турар уол биһигини барыбытын туох эрэ диэн буруйдуура өтө көстөр эрээри, кини тугу да саҥарбат. Эмиэ «ким эрэ одуулуура буолуо» диэх курдук кыбыстар санаа хантан эрэ күөрэйэн тахсар. Баҕар, ол иһин буолуо, уһуннук турбакка ааһабын.

Биирдэ «саллааты ылан кээспиттэр» диэн кэпсээни иһиттим. Ол кэнниттэн эмиэ били муннугунан ааһан иһэн илэ харахпынан көрөн итэҕэйдим: постамент турар, саллаат суох. Ханна илдьэн бырахпыттара биллибэт. Абара санаатым да, хайыамый? Бу уулуссанан күннэтэ ааһар сүүһүнэн киһиттэн туох да уратыта суох кыра киһибин, саллааты өрүһүйэр, чөлүгэр түһэрэр кыаҕым суох! Ону хайдах оҥорору да билээхтээбэппин!

Онтон «саллааты отой суох гымматахтар, көһөрбүттэр эрэ, илдьэн, ханна эрэ атын сиргэ туруорбуттар» диэн сонуну истэн баран, били абара санаабытым хаптайарга дылы гынна. Чэ, хата, баар эбит диэх курдук санаатым. Ол гынан баран, түгэнэ кэллэ да, бу маннык буолуо суохтаах диэбит курдук, киһини аалар санаа дууһам хайа эрэ муннугар олохсуйан хаалла.

* * *

Биирдэ, уопсастыбаннай үлэ быһыытынан, илии баттааһын, хомуйа сылдьан, бэтэрээннэр тэрилтэлэрин көрдөөтүм. Бэтэрээннэр өрүс пуордун диэки хонтуоралаахтар диэн буолла. Айаннаан тиийбитим, саллааппын ол хонтуора дьиэтин аанын таһыгар тиэйэн илдьэн туруоран кээспиттэр, киэргэтэ сатаабыттар быһыылаах, кыһыл көмүс солотуу кыраасканан соппуттар.

Уолум өһөстүк умса туттан туран, этэр курдук: «Миигин манна дьон кэлбэт-барбат сиригэр аҕаллылар. Тоҕо эрэ дьонтон тэйитэ, саһыара сатыыллар. Тоҕо? Мин туох буруйу оҥордум?! Эбэтэр миигиттэн кыбыстар буоллулар дуу? Уоттаах сэриигэ баран умсубут доҕотторум сырдык кэриэстэрин тоҕо харыстаабаккытый? Кинилэр эһиги дьоллоох олоххут туһугар тыыннарын толук уурбуттара буолбат дуо? Ама топпуккут, туолбуккут иһин… Билэбин, эн миэхэ туох да диэн хоруйдуур кыаҕыҥ суох. Ол эрэн, мин бэриниэм суоҕа, син биир санаабын толоруом!..»

Саллаат уол салгыы тугу этиэй диэбиттии кыл түгэнэ тохтоон ылабын. Кини саҥарбат. Мин салгыы барабын.

* * *

Эмиэ Кыайыы күнүн остуола. Остуол хотойорунан ас-үөл. Кэпсэтэн-ипсэтэн көбдьүөрүү.

– Дьэ, сарсын параакка сылдьыахха наада! Оҕонньоттор эрэйдээхтэр отой аҕыйаатылар. Мантан инньэ параакка кыттар да кыахтара суох буолан барыа.

– Бэтэрээннэри билигин хаамтарбаттар ээ. Массыынаҕа олордоллор.

– Сөп буоллаҕа дии… Аҕыйах сыллаахха диэри уордьаннарын, мэтээллэрин килэччи анньынан баран хаамаллара көрөргө үчүгэй да буолара.

– Ити сэрии элбэх киһини сиэтэ. Ким билэрий хас саха сэриигэ өлбүтүн?

– Оттон, чэ, быһа холоон, Саха сириттэн барыта алта уон икки тыһыынчаттан тахса киһи барбытыттан отут биир тыһыынчата сэрии толоонугар охтор, онтон үксэ сахалар… Бааһыран, инбэлиит буолан кэлэн, кылгас үйэлэммит эмиэ олус элбэх.

– Тоҕо элбэҕэй, доҕор? Ол оччотооҕуга саха ахсаана хас буолуой?

– Мин билэрбинэн, 1939 сыллаах биэрэпис түмүгүнэн саха ахсаана, чэ, 230 тыһыынчаттан эрэ тахса.

– Мин соторутааҕыта Шафаревич кинигэтигэр «на войне погиб каждый пятнадцатый русский» диэн аахпытым дии! Бээрэ, ааҕан көрүөххэ эрэ. Доор, «каждый восьмой» саха сэрии толоонугар охтубут эбит буолбат дуо?

– Өссө тыылга өлбүккүн эбиий? Онтуҥ отой баһаам.

– Соторутааҕыта Ньукулай Махсыымап биэриитигэр биир киһи этэр этэ: «Сэриигэ уонна тыылга өлбүт саха ахсаана холбоон аҕыс уон аҕыс тыһыынча» диэн.

– Ээ, ол Наһаар Дьаакынап дии. Экэнэмиис. Киниэнэ чопчу буолуо.

– Ок-сиэ, адьас саха аҥаара суох буолбут эбит буолбат дуо?

– Чэ, үс гыммыт биирэ да буоллунууй! Киһи өйүгэр букатын баппат!

– Ити айылаах үлүгэр кэнниттэн өссө омук аатыран, буруо таһаарына сатыы олордохпут дии.

– Мин санаабар, сэрии кэмигэр хоргуйан өлбүттэргэ туох эрэ өйдөбүнньүк баар буолуохтаах эбит…

– Ол хайдах?

– Дьэ билбэтим… Скульптор эбитим буоллар, этиэм этэ.

– Дьиҥэр, сэрии саҕана тыылга үлэлээбит оҕонньотторго-эмээхситтэргэ, оҕолорго, дьахталларга, хоргуйан өлбүттэргэ холбуу туох эрэ өйдөбүнньүк баар буолуон сөп этэ…

– Уолаттар, били Ильменскэй уулуссаҕа саллаат уол турбута, онтубутун мэлиппиттэр дии.

– Куорат былаастара күрдьэн кээспиттэр дуо?

– Баар, баар. Көһөрөн кэбиспиттэр. Бестужев-Марлинскайга. Бэтэрээннэр ол дьиэҕэ ыстааптаналлар. Онон бэйэлэрин тастарыгар куоттараахтаабыттар.

– Дьэ, кэм буолан истэхпит.

– Туспа сэрии…

– Ээ, сэрии кэнниттэн сэрии.

* * *

Эмиэ хас да сыл ааспыта. Мин олорор сирим уларыйан, үлэбэр Ильменскэй уулуссанан кэлэр-барар буолбутум. Биирдэ эмэтэ сатыылаатахпына, били кураанахсыйбыт муннугунан ааһан иһэн, аптамааттаах уолбун саныы биэрэбин. Харахпар кини умса туттан сөҥөдүйэн, дьиппиэрэн турара көстөн кэлэр.

Биир саас Ильменскэй уулусса куорат кытыытын диэки өттүгэр эргэ мас дьиэлэр күрдьүллүбүт миэстэлэригэр туох эрэ үлэтэ саҕаланна. Кумах, гравий куттулар. Кытыытын бетон модьоҕолоотулар, онно намыһах тимир күрүө оҥорон олортулар. Туох эрэ скверэ буолар буолла быһыылаах. Итинник үлэҕэ өрүүтүн омук дьоно үлэлээччи. Бу сырыыга барыта саха уолаттара молоруһа сылдьаллар, онон ордук интэриэһиргээтим. Кинилэри паапка тутуурдаах тойоннуҥу моһуоннаах дьон салайар курдук тутталлар-хапталлар, сөмүйэлэринэн ол-бу диэки ыйа-ыйа, тугу эрэ соруйаллар, онтон омук массыынатыгар олорон баран хаалаллар. Оптуобуһум ити сиргэ чугаһаата да, кыҥастаһа-кыҥастаһа көрө сатыыбын да, уолаттар тугу оҥоро сылдьалларын кыайан быһаарбаппын.

Биирдэ муус устар бүтүүтүгэр, сааскы ылааҥы күн киэһэриитэ, үлэбиттэн эрдэ тахсыбычча, дьиэм диэки сатыы хааман истим. Бадараан куура илик буолан, онон-манан быһалаабакка, Ильменскэй кытыытынан чалбаҕы-бадарааны кыйа сатыы иһэбин. Били сиргэ чугаһаан иһэн, дьэ, үчүгэйдик чинчийэн, көрөн ааһар санаа киирэн, уулусса хаҥас өттүттэн уҥа өттүгэр туораатым.

Сквер түгэҕигэр улахан эркин оҥоһуллубут, оттон ол эркин уҥа өттүгэр пааматынньык көстөр. Бай, «били уолум» бу кэлэн турар эбит дии! Һэй-эбэтээ, ол аата бу сквер Ильмень күөлгэ охтубут саха саллааттарыгар ананан оҥоһуллубут эбит дии! Таайыахха да баар эбит. Дьэ, хата, бу үчүгэй буолаарай!

Чугаһаан көрбүтүм, кырдьык, таас эркиҥҥэ Ильмеҥҥэ өлбүт саха саллааттарын ааттарын суруйан бачыгыраппыттар, аптамааттаах уолум бииргэ сэриилэһэ сылдьан охтубут доҕотторугар сибэккилээх кэлэн турар курдук эбит.

Мин бөтө бэрдэрдим, хас да сыллааҕыта сүтэрсэн баран умна сыспыт чугас доҕорбун көрсүбүт курдук үөрдүм. Бу ааспыт үүт тураан түөрт уонча сыл тухары, уолум дойдуларын көмүскээн охтубут доҕотторун туһугар биһигини – сүрэҕэ суох, умнуган-тэмнигэн, тымныы сүрэхтээх, барыга барытыгар ээл-дээл сыһыаннаһар буолан хаалбыт дьону – кытта мөккүһэн-мөккүһэн, этиһэн-охсуһан, сэриилэһэн ылбыт лоскуй сирин аны кимиэхэ да биэрбэт, доҕотторун көмүс ааттарын кимиэхэ да тыыттарбат булгуруйбат кытаанах санааны ылынан турара. Бу сырыыга уолбун букатын атын харахпынан көрбүтүм. Кини уоттаах сэриини ортотунан ааһан, уодаһыннаах өстөөҕү умсаран, дойдутугар тыыннаах эргиллэн кэлэн баран, өссө уодаһыннаах өстөөҕү – кырдьыкка сымыйаны былаан, үрүҥү-хараны үлтү булкуйан, үтүөнү умуннара, мөкүнү үксэтэ турар амырыын адьынаты – утары өлөр-тиллэр кыргыһыыга киирэн кыайбыт этэ.

Уолум өр сылларга сорук оҥостон турууласпыт санаатын ситиһэн көхсө кэҥээбит, холкутуйбут дьүһүннээҕэ. Ол онтон кини өссө ордук күүһүрбүт, инникигэ эрэмньилээх көрүҥнэммит этэ. Мин оргууй тэйэн, дьиэм диэки хаампытым.

Ити түгэнтэн ыла санаам куоратыгар саха тыйыс уола харабыллаах Кыайыы кыракый толооно олохсуйбута.

Төлкөнү түстүүр түгэннэр

Подняться наверх