Читать книгу Арыгыһыт кэргэннээх сор - - Страница 3

Өрүһүнүү – бэйэҥ илиигэр
Аһыы утах барытын апчарыйбыта…

Оглавление

Захар аһыы ууга хайдах итинник күүскэ ылларбытын, дьиҥинэн, билбэккэ да хаалбыта. Ким итэҕэйиэй да буоллар, оскуолаҕа өрүү кылаас киэн туттар үөрэнээччитэ, барытын иилээччи-саҕалааччы, активист буолара. Спортсмен бэрдэ этэ, волейболлуура, баскетболлуура. Аҕалара Трофим Захарович сопхуоска мэлдьи биригэдьиир, дьоҥҥо-сэргэҕэ убаастанар, дьоһуннаах киһи этэ. Уола Захар 7-һи бүтэрбит сайыныгар эмискэ сүрэҕинэн ыалдьан олохтон бараахтаабыта. Онон ыал улахан оҕото Захар ийэтигэр көмө киһитэ, уҥа илиитэ буола түспүтэ. Оскуолаҕа улахан кылааска да үөрэнэ сылдьан биирдэ пиибэ, арыгы диэни амсайан аньыыга киирбэтэҕэ. Уолаттар син быыска-арыкка ону-маны боруобалыыллар быһыылаахтара. Оннук үчүгэй, холобурга сылдьар бэрээдэктээх уолга оскуолатын бүтэрээтин кытта направление биэрэннэр, соҕуруу куоракка үөрэнэ барбыта. Оччотооҕу ыра санаатынан, тыа хаһаайыстыбатын үөрэҕин бүтэрэн, аҕатын курдук тыа сириттэн, төрөөбүт түөлбэтиттэн тэйбэккэ үлэлиир санаалааҕа. Аҕатын эрэ буолуо дуо, мэлдьи холкуос бэрэссээдэтэлинэн үлэлээбит эһэтэ Сахаары утумнуур үлэһит киһи буолуохтааххын диэн биир дойдулаах кырдьаҕастара сыал-сорук туруораллара. «Дьэ, эһэҥ, аҕаҥ даҕаны иккиэн этэн-тыынан түһэн, киһиэхэ тылларын ылыннарар, дьоһуннаах салайааччылар этэ. Сахаар, эн дьоҥҥор тас көстүүгүнэн да майгынныыгын, ситтэххинэ-хоттоххуна дьонуҥ туйаҕын хатарар улахан киһи буолуо диэн эрэнэбит», – дииллэрэ.

Институт зоотехническэй факультетыгар үөрэнэ киирбитэ, устудьуон олоҕор төбөтүн оройунан түспүтэ. Арааһа, киниэхэ улахан киһи буоллум диэн көҥүл санаа олус күүскэ киирбитэ. Аны санаатахха, улахан куорат тэтимнээх олоҕор сөп түбэһэ охсорго тоҕо эрэ олус тиэтэйбит эбит. Саха сириттэн сылдьар устудьуоннар землячестволарын активиһа буолбутун өйдөөбөккө да хаалбыта. Эмиэ бэйэтин курдук сытыы-хотуу, киирбит-тахсыбыт сытыы уолаттар эйгэлэригэр буола түспүтэ. Хас көрсүһүүлэрэ, тэрээһиннэрэ пиибэлээх, кыһыллаах остуолунан түмүктэнэр буолбута. Кинитэ суох туох да тэриллибэт курдуга. Саатар, сүгүн уопсай биэрбэккэлэр, куорат кытыытыгар кыттыһа-кыттыһа дьиэ куортамныыллара үүнэ-тэһиинэ суох баралларыгар төһүү буолбута быһыылааҕа… Пааралары көтүтэн сэмэлэнэрэ, сочуоттарга, эксээмэннэргэ «кутуруктанара» элбээн барбыта.

Арай, үһүс кууруска үктэммит күһүнүгэр култуура институтугар библиотечнай салааҕа үөрэнэр Варятын көрсө түһэн арыый оттомнонон, бэрээдэктэнэн ылбыт кэрдиис кэмнээҕэ. Хоту сиртэн төрүттээх кэрэ кыыска таптал кинини ол кэмҥэ чахчы дьоллообута. Кип-киэҥ, арылхай, күлэ сылдьар харахтардаах, кырдьык да, туундара туллугун курдук сып-сырдык мөссүөннээх кыысчаанныын аҕыйах ыйынан ыал буолбуттара. Варя ыал суос-соҕотох оҕото, мааны киһи этэ. Захар ону сыбаайбаҕа өйдөөбүтэ. Аҕата Алексей Андреевич, ийэтэ Аграфена Саввична уол дойдутугар оҥорбут сыбаайбаларыгар: «Дьэ олохпутугар көстүбүт туох баар күндүбүтүн, күҥҥэ көрдөрбүт суос-соҕотох оҕобутун, маанылаан үүннэрбит сибэккибитин, эйиэхэ, күтүөт уолга долгуйа туттаран эрэбит. Оҕобут бу күн сиригэр дьахтар киһиэхэ тиксэр сир дьолун төһө билэрэ, эйигиттэн, эр киһиттэн тутулуктаах буолуоҕа», – диэн тоһоҕолоон эппиттэрэ.

Варя сотору оҕо күүтэрин билбитэ, үөрэҕин кэтэхтэн көһөртөрбүтэ уонна Захар ийэтигэр Нина Николаевнаҕа олоро хаалбыта. Быраастартан чугас, киин сиргэ хаалара ордук диэн быһаарбыттара. Инньэ гынан бастакы оҕолоро Артемка төрөөбүтэ. Захар дьэ онно үөрэнэр куоратыгар соҕотох хаалбыт аҕа араас хампаанньаны кытта уол оҕоломмутун сууйан-сотон көрүлээбитэ, сотору ончу да үөрэҕиттэн үүрүллэн хаалбыта. Ийэтэ, кэргэнэ айманалларыттан куттаннаҕа буолан, дойдутугар, дьонугар кэлэн быстыбакка эмиэ эрэйдээбитэ. Төннөн кэлбитигэрбиир дойдулаахтара өйөөннөр, анал үөрэҕэ да суох буоллар, оскуолаҕа физкультура учууталынан үлэлэппиттэрэ. Иккис сылларыгар уоллара Алеша төрөөбүтэ. Эмиэ икки сылынан оруобуна ийэтин көрбүтүнэн төрөөбүт кыысчааннара Яночка баар буолбута.

Аны дьалхааннаах 90-с сыллар үүммүттэрэ. Захары оскуолатыттан сотору-сотору ууратаары хаайаллара. Бэйэтэ киирэн биэрэрэ элбээбитэ. Оскуолаҕа арыгы сыттаах кэлэр учууталы ким бырастыы гыныай? Төрөппүттэртэн «Захар Трофимович уруогар холуочук кэлэр» диэн үҥсүү суруктар сотору үлэтиттэн букатыннаахтык түөрэҥнэппиттэрэ.

Олох оҥкула тосту уларыйан, көрүөх бэтэрээ өттүгэр иитэн-аһатан олорбут улахан сопхуостара ыһыллан хаалбыта. Захар оруобуна бу кэмҥэ үлэтиттэн ууратыллан, дьарыга суох буола түспүтэ. Институтугар баран көрдөспүтэ буоллар, баҕар, төттөрү ылан үөрэтиэ эбиттэрэ буолуо. «Тыа хаһаайыстыбатын идэтэ билигин кимиэхэ нааданый, барбаппын», – диэн аккаастанара. Ийэлэрэ аҕыйах сүөһүлээҕэ, онтун да нэһиилэ көрөөхтүүрэ. Дьон бары кэтэх хаһаайыстыбаларын кэҥэттэ сатаан, онтон ас-таҥас булунар кыһалҕаҕа киирбиттэрэ. Ийэтэ, кэргэнэ Варя: «Захар, үлэҥ суоҕунан сүөһүбүтүн элбэтэрбит дуу?» – диэн көрбүттэрин кулгааҕын таһынан истибитэ. Хата, ол оннугар биир да харчыны өлөрбөккө сылдьан куоракка көһүөхтэрин сөбүн туһунан тыллаһар буолбута.

Захар бу кэмҥэ биирдэ арыгыны амсайда да, тохтообокко салгыы барар, абырахтанан эрэ өрүттэр буолан сылдьар кэмэ этэ. Кини дьиэтигэр эмиэ «чэпчээн», дьаһайара, тойомсуйара элбээн иһэрин көрдөхтөрүнэ ийэтэ, кэргэнэ, оҕолоро бука бары соҥуора түһэллэрин сороҕор өйдөөн көрөрө да, ол саҕана ону долоҕойугар тохтотуо баара дуо! Ийэтэ, кэргэнэ тула көтө сылдьан утута сатаан муҥнаналлара. Аны санаатахха, улам арыгы дьаатыгар сутуллан, ончу атын майгылаах-сигилилээх Захар буолан бараахтаабыта.

«Дьиэ туттубаппыт дуо?» – диэхтээбитэ Варя. Бэйэтэ ол ыра санаата туоларыгар соччо итэҕэйбэтэр да. Биир эрэ киһи хамнаһыгар, үс кыра оҕолоох дьон хантан дьиэ туттуохтарай? Дьиҥинэн, Захар уруккута буоллар дойдутугар олохсуйарга быһаарыммыт эрээри, ону эрдэттэн толкуйдуохтаах этэ. Ийэлэрин дьиэтэ эргэрэн, акылаата тэллэйдэнэн, улам-улам иҥнэри түһэн бараахтаабыта. Кыһын тымныйара да бэрт этэ.

Итинник сылдьан үлэ, олорор сир көрдүүбүн диэн ааттаан, сотору-сотору Дьокуускайга баран хаалар идэлэммитэ. Урут соҕуруу бииргэ үөрэнэ сылдьыбыт атастарын көрсөн хампаанньалаһан, биир эмэ өйдөөх киэһэтигэр аймахтарын булан хонон, нэдиэлэни быһа таах сылдьан баран төннөрө элбээбитэ. Иһээччи киһи начаас сымыйаччы буолар, нэдиэлэни быһа куоракка хайдах үлэ көрдүү сатаабытын, куортамныыр дьиэ-уот көрбүтүн туһунан «байкаларын» Варя барахсан бастаан сыҥаах баттанан олорон сэҥээрэн истэрэ.

Ийэтэ кэлэйээхтиир, итэҕэйбэт быһыылааҕа. Куораттан аҥнан-бохтон төннөн кэллэҕинэ саҥата суох унаарыччы көрөн баран хоһугар киирэн хаалара. Варя ис-иһиттэн сымнаҕас, холку майгылаах этэ. Ол эрээри, эмиэ уларыйаахтаабыта. Төһө кыалларынан, оҕолоро истибэттэригэр этэ-тыына, өйүн буллара сатыыра. Ытыыра-соҥуура элбээбитэ. Киһи хараҕар быраҕыллар курдук кууран-хатан барбыта.

Иһэр киһи улам-улам майгыта-сигилитэ, нууччалыы этэллэрин курдук, «деградацияланан», киһи үөйбэтэх-ахтыбатах өттүттэн уларыйан иһэр дииллэрэ кырдьык. Захар таҥара көмөтүнэн, кэргэнигэр илиитин көтөхпөтөҕө эрээри, түҥнэри анньыталыыр буолбут этэ. Оо, биирдэ ийэтэ эрэйдээҕи туох эрэ диэн сэмэлээри гыммытыгар «мээрилии олорума, утуй!» диэн баран оронугар түҥнэри анньан кээспитин билигин санаатаҕына тыына хаайтарыар диэри бэйэтиттэн кэлэйэр.

Биирдэ сэлиэнньэҕэ баар «туочукалары» кэрийэн аһыы-сии сылдьан, эмискэ куораттыырга быһаарынан дьиэтигэр киирэн, харчы көрдүү сатаабытын ким да биэрбэтэҕэ. Хантан оннук өй көтөн түспүтэ буолла, хоско хомуот үрдүгэр турар Варята киэргэллэрин уктар шкатулкатыттан кыһыл көмүс сыапачыканы, ытарҕаны сулбу тардан ылан сиэбигэр уктан тахсыбыта. Куоракка илдьэн онтун ломбарка туттаран икки-үс күн көрүлээбитэ. Өйдөнөн баран кэмсиммитин, төбөтүн кырбаммытын иһин туох кэлээхтиэй! Варя онно хомойон, абаран хараҕын уутунан сууммутуон… Ийэлэрин харыстаан киниэхэ эппэтэҕэ быһыылааҕа. Онон эрэ тохтуох киһийдэх буолуо дуо, ити буруй сойуута сотору эмиэ икки биһилэҕи «сойбоппута». «Ыал оҕолоро киирэн оонньообуттара, бу сырыыга мин ылбатаҕым», – дии-дии кэлиилии кэбэн, мэлдьэһэ олорбута.

Арыгыһыт кэргэннээх сор

Подняться наверх