Читать книгу Арыгыһыт кэргэннээх сор - - Страница 5
Өрүһүнүү – бэйэҥ илиигэр
Олох дьэбэрэтигэр айаҥҥа куодарыһан
ОглавлениеДьэ уонна уонча сылы быһа, билигин санаатаҕына, «эһигиттэн бу айылаах буоллум» диэбит курдук сылдьаахтаатаҕа. Сирэй-харах буорайан, тиис-уос бүтэн, таҥас-сап баранан. Билигин кэлэн кыбыстыбытын, сааппытын иһин туох кэлиэй?! Төрдүн-ууһун, өбүгэлэрин, аймах-билэ дьонун аатын түһэн биэрэн. Дьон: «Пахай, Сахаарбыт ончу да вокзалга сылдьар эбит ээ», – диэн соһуйан, кэлэйэн төһөлөөх кэпсэппиттэрэ буолуой?! Оҕолоро отуттарыттан тахсыбыт дьон буоллахтара, куттанан, сиргэнэн, аттынан ааһан иһэн ырааҕынан тумнан ааспыт буолуохтарын сөп. Уонча сылы быһа тохтоло суох бомжтары кытта сылдьыбатаҕа эрээри, оннук кэрдиис кэмнэр бааллар этэ. Ордук кыһын дойдутун булан, быраатын аахха хотон көрсөн кыстыы сатыыра. Кыһын хотоҥҥо сылдьара куоракка хонук сирэ суох «биистии» сылдьарын курдук буолуо да, ырай олоҕо буоллаҕа. Тугу эбит булуннаҕына хотоҥҥо ууруна сылдьан, кистээн «сып» гыннаран син кыһыны туоруура да, саас буоллаҕына иҥмэккэ-баппакка, тулуйбакка-тэһийбэккэ тыраассаҕа тахсан куораттаан хаалара. Иккис кыһыныгар эмиэ дьонун көрдөһөн-ааттаһан киирэн олорсо түһэрэ. Ол аайы дьоно итэҕэйбэттэрэ улаатан, кэлэйбиттэрэ дириҥээн испитэ.
Хаста даҕаны нэһилиэк баһылыга булан ылан кэпсэтэ сатаабыта. Дьокуускай куоракка ДСК түгэҕэр баар хонор сиргэ эмиэ олохтуу сылдьыбыттара.
Билигин ыраахтан кыһыйа-абара, сэмэлии көрөр «биистэрэ» дьэ эмиэ туспа эйгэлээх олохтоох дьон. Биллэн турар, араас дьылҕаттан тэмтэрийэн баран эмиэ өрүттэр өйү булбакка, дьэбэрэ диэки түһэр суол устун сырыттахтара. Киһилии быһыыны-майгыны сүтэрии дьэ онно баар. Сороҕун саныан да баҕарбат.
Биирдэ «Московскай» диэн ааттыыр маҕаһыыннарын таһынан түбэһиэх булсубут аргыстарын кытта сылдьан киһи кэлэйиэх, сонньуйуох да түгэнин көрөн турардаах. Дьоно хаамыы-сиимии бөҕөлөр, тугу эрэ кыайыах-хотуох көрүҥнээхтэрэ. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр хантан эрэ инбэлиит кэлээскэтин соһон тирилэтэн аҕалбыттара. Онтон: «Хайа, бу кыыс ханна сүттэ-ээ! Васс-аа, кэл эрэ, үлэҕэр олор», – диэн буолла. Онуоха саас ортолоох, мытырыйбыт дьахтар кэлэн кэлээскэҕэ үөрүйэх бэйэлээхтик олорунан кэбистэ. Атаҕар эргэ суорҕаны саба бырахтылар уонна бородуукта маҕаһыынын иннигэр тирилэтэн илдьэн олордон кэбистилэр. Дьэ ити курдук икки чааһынан кэлэн ылыах буолан «инбэлиит» дьахтарбытын «үлэлэтэ», аһыныгас санаалаах дьонтон харчы хомуйтара хаалларбыттара. Киэһэ Вассабыт тугу булбутунан аһыы утахпытын атыылаһан иһэн-аһаан, аамайданан хоммуттара.
Күн аайы бу түүн ханна хорҕойон нуктуу түһэр, тугу булан ыстыыр санаа эрийэн ылар. Ол эрээри, кылаабынай сыал-сорук аһыы утах көһүннэҕинэ эмиэ умнуллар, быстах бырааһынньык барытын тумуннарар. Оо дьэ, биир тылынан эттэххэ, дьаабы олох!
Хойукка диэри үлэҕэ киирэригэр, дьону кытта билсэригэр кыбыстар да буолара, «эйигин вокзалга сылдьаргын көрбүппүт» диэхтэрэ диэн.