Читать книгу Сулус буолан умайыам (Буду гореть как звезда) - - Страница 2

"Айылҕа Оҕото"

Оглавление

Сахам дьоно, Дьол дьоно

Дьоһун мааны, Айылҕа оҕолоро


Айылҕалыын алтыһан,

Ийэ тапталын иҥэрэн

Күн Киһитэ, эн Саха!

Ил-эйэ тосхойдун


Туох наада өссө?

Тыыннаах айылҕа, тулалыыр эйиигин

Кыра оҕо кэриэтэ бүөбэйдээн, такыйан

Олохпут тухары үөрдэ, бэлэхтиир кэрэни

Эн Кэрэ, кэрэхсээ кэрэни, сыдьаай

Тулалыыр тулаҕар, сылааһы иҥэрэ

Күн киһитэ буол, сүрэххин дьолунан толоро


Таптаан- саҥа тыллан эрэр сибэккини, таптыыр кэриэтэ

Бу биирдэ бэриллэр олоххо, эн Саха, Айылҕа оҕото


Баар буолуо барыта кэминэн, кэмигэр

Эрэн эрэ сырдыкка, кэрэҕэ тардыһа

11/06/2024


Сулус буолан умайыам (Буду гореть как звезда)

Подняться наверх