Читать книгу Краткий якутско-русский, русско-якутский словарь - - Страница 3

Краткий якутско-русский словарь
Б

Оглавление

БАА буруй, сэмэ укор, упрёк, осуждение; баа буолбат, баата суох непредосудительно; баалаа, буруйдаа, сэмэлээ осуждать, упрекать; баалаама не осуждай; баалаабат не винит.

БАБАТ межд. удивление, испуг; всполошиться, вскрикнуть.

БАБДЬЫГЫРАА бабыгыраа повторять слоги ба-ба.

БААБЫР тигр; разг. баабый сильный, крепкий, мускулистый.

БАГДАҔАР широкоплечий, широкостатный.

БАҔА I лягушка (аччах); баҕа ыамата, баллыгынай головастик; баҕа батаһа горечавка (растение).

БАҔА II желание, стремление, намерение; разг. охота; баҕа санаа, ыра мечта; талымас прихоть; баҕарыы вожделение, похоть; баҕар желать, хотеть, стремиться; намереваться; баҕалаах имеющий желание.

БАҔА III модальн. сл. может, может быть, возможно, допустим, предположим; баҕар, кэлиэ может быть, придёт.

БАҔАДЬЫ (муҥха, илим) невод, сеть.

БАҔАЙЫ I бран. дурак, негодяй, урод, бездельник.

БАҔАЙЫ II усил. част. куһаҕан баҕайы безобразный; абааһы баҕайы чёрт какой-то; баай баҕайы ыал богатые люди; эппэт баҕайы не принято говорить; киһи кыбыстар баҕайыта так не принято, стыдно.

БАҔАНА толстый столб (столп), колонна; тулааһын опора, подпорка.

БАҔАРАХ I баҕарчах низкий горшок для кипячения молока;

БАҔАРАХ II болотистая низменность.

БАҔАС баҕастаах част. высокомерие; эн баҕас это ты-то; ырыалаах баҕастаах тоже мне певец; собир. част. всё; хатырыктары баҕастары буһар со всей чешуёй сварить.

БАҔАХ кэрэх баҕана столб для вывешивания шкуры жертвенной скотины; үс моонньоох аар баҕах о трёх выемках священный столб.

БААҔЫНАА гудеть (о пароходе), кричать густым басом.

БААДАҤНАА баадай шагать медленно, раскидывая ноги; бадьай тяжело передвигаться на согнутых ногах.

БАДАРААН (бырыы, дьэбэрэ) болото, топь; грязь; бадарааннаа вязнуть в болоте (грязи); бадьара-дьоруо ход лошади, которая бежит по болоту.

БАДАХ бадаҕа модальн. сл. вероятно, кажется, видно, должно быть; кэлбит бадахтаах должно быть, приехал.

БАДЫК утренние и вечерние сумерки, полумрак.

БАДЬА жена младшего деверя (жена брата мужа).

БАДЬАРХАЙ шероховатая поверхность (кора берёзы).

БАДЬЫР большой деревянный ковш, уполовник.

БАЙ I 1. межд. изумление тыый; 2. баай-баай припев колыбельной песенки.

БАЙ II богатеть, обогащаться; байан-тайан олор жить в богатстве.

БААЙ I богатство, состояние, имущество; богатый, состоятельный, зажиточный; сиртэн хостонор баай полезные ископаемые; баайдаах имеющий богатство; байылыат олох зажиточная жизнь; байар обогащается; байыт обогащать; дать возможность разбогатеть; байымсый выставлять себя богатым.

БААЙ II связывать; хам кэлгий привязывать; өртөө спутывать, ат атаҕын баай стреноживать; аты баай (аччыктат) готовить коня к скачкам; иэс баайар даёт в долг.

БААЙ III вязать, плести; үтүлүк баайар вяжет варежки; илим баайар плетёт сети; баайыылаах бурдук сноп; баайыллыбыт привязанный, баайылын быть привязанным; баайсар придирается.

БАЙАА саннын байаата шея до лопаток; баттаҕа саннын байаатыгар түспүт с волосами до плеч.

БАЙАНАЙ духи, покровители охотников и рыболовов.

БАЙААТТАҤНАА (баласкаайдан) шататься, качаться, едва стоять на ногах.

БАЙБАҔАР хатыҥ толстая берёза; байбары сборка на платье.

БАЙҔАЛ море; большая вода (далай, муора, эбэ); Байкал.

БАЙДАМ экспр. щедрый, роскошный; байым экспр. обильный, изобильный.

БААЙТАҺЫН нагульный (скот для забоя); кытарах ынах яловая корова.

БААЙЫЫ 1. связка, завязка; перевязка (раны); 2. оковы, узы; путы на ногах; галстук; 3. сүгэһэр мас вязанка дров, узел; суу тюк; түүтэх сноп.

БАКААЙЫ привеска; баскар бакаайы, атаххар адаҕа с палкой на рогах, с путами (колодкой) на ногах; бакаат запрет.

БАКЫЙБЫТ согбенный (бакыҥнаа, бакыр).

БААЛ I бал, пир; баал ас богатый стол.

БААЛ II волны, сильное волнение на воде; эмискэ баал түстэ внезапно начался шторм.

БАЛА много; бала бултаабыт добыл в большом количестве; сильно, очень; бала ыалдьыбыт, баалаппыт серьёзно заболел; ыарыыта баалаабыт состояние больного резко ухудшилось; балай ахан, балай эмэ достаточно; изрядно, довольно много; балай хаан буолбут весь в крови.

БАЛАҔАДЫЙ (балаадый, өлбөөдүй) уставать, утомляться; иметь изнурённый вид; уҥ терять сознание; түлээр бредить; маҥан күнүм балаадыйда белое солнце померкло.

БАЛАҔАН (дьиэ, сурт, ураһа) изба зимняя и летняя, жилище.

БАЛАҔАН ыйа сентябрь; балаҕан ыйыгар в сентябре; балаҕан ыйыттан с сентября.

БАЛАЙ бран. слепой, незрячий; атах балай наугад, куда ноги поведут; им балай хараҥа тьма; бала түс кидаться слепо, наугад; балабыай этэр говорит без основания, зря.

БАЛАМАТ экспр. нахальный, дерзкий; сумасбродный.

БАЛАМАХ запачканный, перепачканный; күөх баламах весь в синяках.

БАЛААРХАЙ (болоорхой, өлбөөркөй) туманный, мутный.

БАЛБААХ мерзлая глыба навоза.

БАЛБААЧЧЫ неодобр. аляповатый, некрасивый; неотёсанный, грубый, топорная работа; балбааччы тыллаах грубый, невоздержанный в словах.

БАЛКЫЫР (баал) шторм, волнение.

БАЛЛАҔАР быллаҕар пухлый; быллаҕар уостаах с толстыми губами.

БАЛЛАЙДАА (о плотнике) надрубать, засечь; неодобр. беспорядочно поступать.

БАЛЛЫР передняя нога лося в шкуре, подрезанная под лопатку.

БАЛЛЫРҔАА (балкый, лахсый) болтать вздор; балагурить, пустословить.

БАЛТА I кузнечный молот; балталаа бить молотом, ковать; балтаһыт молотобоец.

БАЛТА II балта тиис коренной зуб; балтам ыалдьар болит коренной зуб.

БАЛТА III младшая сестра; балтым ыалдьар болеет младшая сестра.

БАЛТАҔАР крупный, широкий, толстый; балтайбыт сирэйдээх с широким лицом; балтарык шест (гнёт) для стягивания сена к возу.

БАЛТЫҺАХ 1. Т-образная форма; стрела с тупым концом; 2. паз для медведей.

БАЛЫЙ клеветать, оговаривать; обсчитывать, обвешивать; балыыр ложное обвинение; навет; разг. поклёп.

БАЛЫК рыба (салыҥнаах) карась, мундушка; сыа балык, ньоҕор тугунок; тимэх балык вьюн; тойон балык таймень; кыһыл балык красная рыба; үрүҥ балык белая рыба; балыксыт рыбак, рыболов; изображение рыбы на левой стороне шаманского костюма; сир балыга ящерица; өлүү балыга гибельная рыба; балык эт наружные поясничные мышцы; балык айах беззубый.

БААЛЫН навязываться, напрашиваться; баһынан баалынна пристал против моего желания.

БАЛЫМ-салым щедрый; балым илиилээх подаёт много; үллэр-баллар увеличивается.

БАЛЫС младший годами; с притяж. афф. балтым младшая сестра+моя; балта сестра+его (её).

БАЛЫСХАН экспр. огромный, громадный, непомерный.

БААН I банк.

БААН II былааккын баан повязаться платком; былаатын бааммыт повязалась платком.

БАППАҔАЙ массивные лапы (о медведе); перен. грубые, в мозолях ладони.

БАР I приставка к собир. именам бар тыа тайга; бар дьон народ; бар кыыл огромная сказочная птица, беркут.

БАР II идти, ходить, удаляться; баран хаал уходить, уезжать; эргэ бар идти замуж; ол дойдуга бар отправиться на тот свет; күн-дьыл барар время идёт; сурах барар слух ползёт; табаар барар товар раскупается; чэй барар чай заваривается.

БААР есть, имеется, существует; имеется в наличии; находится тут.

БАРАА I одинаковый, парный (дьүөрэ); подходящий под пару; үс бараа хара күлүктээх солидный, важный.

БАРАА II вспом. гл. (бүтэр, эс) кыылы-сүөлү бараа уничтожать, истреблять, опустошать; сэниэтин бараа изводить; этин-сиинин бараа истощать; күнү-дьылы бараа тратить время; баайы бараа расточать богатство; аһы бараа кончать еду; баран (бүт) кончаться, иссякать; аһыыр аспыт баранна, этэ-тириитэ баранна, күүһүм баранна, тииһим баранна; бараммат бесконечный, неистощимый.

БААРАҔАДЫЙ экспр. возмужать, окрепнуть физически, повзрослеть; баараҕай крупный, рослый, матёрый; сильный, мощный; развитый.

БАРАНААК шутл. шалун, проказник (о ребёнке).

БАРААН I вид местности, дьиэ ис бараана обстановка дома.

БАРААН II тёмный; хара бараан түүн, хара бараан сирэй смуглый, брюнет.

БАРААХ птица кулик, петушок.

БАРАХСАН модальн. част. родной; Сахам сирэ барахсан Якутия дорогая моя; оҕом барахсан милый, любимый сыночек, уол барахсан бедняжка.

БАРБАХ неважный, нехороший, плохой; барбах майгы плохой характер; барбах үлэһит неважный работник; барбах сурах печальная новость.

БАРГЫЙ (бардьыгынаа) кричать громким, резким голосом, кипятиться от гнева (көбүөлээ); рявкать; ыт үрэн баргыйда громко залаяла собака.

БАРҔА I мощь, обилие; барҕа махтал бесконечная благодарность; барҕа баай неизмеримые богатства; барҕар поэт. расти, войти в расцвет, развиваться; стать сильным, крепким, мощным; барҕамнаа растрачивать, расходовать, транжирить, излишествовать.

БАРҔА II предназначение; барҕалаа предсказывать; толковать (толкуйдаа, тойонноо); барҕаһыт предсказатель судьбы.

БАРҔААНЧА подросток.

БАРДАМ (дохсун) резкий, дерзкий, наглый, спесивый.

БААРДААХ состоятельный, имущий; разг. склонный к худому; баардаах оҕо диэтэҕиҥ всего можно ожидать.

БАРДЬЫГЫНАА осудит. громко кричать, реветь в гневе.

БААРТ фарт, удача, счастье; барт туома видимость, самая малость.

БАРЧА мелкая сушёная рыба; барчалаа ломать, крошить.

БАРЫ все, все вместе; каждый, всякий; барылаах имеющий всё; Баай барылаах тойон очень богатый хозяин леса.

БАРЫГЫЛДЬЫТ неодобр. делать спустя рукава, делать для видимости.

БАРЫК барык-сарык сумерки; түүҥҥү барык ночная тьма; барыйан кэл появиться в неясных очертаниях; барыҥнаа передвигаться в сумерках.

БАРЫЛ предположение, набросок; барыллаан, быһа барыллаан оҥор определять предположительно.

БАРЫЛАА беспрерывно шуметь, рокотать (о волнах), клокотать; барылаччы громко; сылгы барылаччы кистээтэ лошадь громко заржала; барылаччы-күрүлэччи кутан биэр наливать так много, чтобы шумело-шипело.

БАРЫЛҔАН сильное течение, стремнина.

БАРЫС I барыш, прибыль.

БАРЫС II барыс гын внезапно появиться.

БААРЫС I парус;

БААРЫС II сильный ветер на озере, реке; эмискэ баарыс түстэ вдруг начался шторм;

БААРЫС III карточная игра.

БАС I голова; бас былаата головной платок; с притяж. афф. баһым ыарыйда разболелась голова+моя; глава, раздел; бастакы баһа первая глава; верхняя, передняя часть; орон баһа изголовье кровати, этэрбэс баһа носок унтов; бастыҥа наголовник, головной убор женщины; венец; начелник, налобник.

БАС II начальный, первый; аан бастаан сперва, во-первых; бастакы передний, первый; бастыҥ первостепенный, лучший, первый сорт; бастаа начинать первым, быть впереди; баһылык руководитель; баһылаа управлять; бас бил обладать, владеть; бас бэрин подчиняться, повиноваться; бас-көс (тойон) главный; түс-бас солидный, степенный.

БАС III черпать; уута бас принести воды; уу баһааччы водовоз.

БААС I рана, язва; сүрэх бааһа сердечная рана; баастаах, бааһырбыт раненый; бааһырт ранить;

БААС II бас, низкий мужской голос.

БАҺААҔЫРТ неодобр. – осуд. клеветать, оговаривать, порочить к. – л.

БАҺААМ большое количество, баһаам сүөһү много скота; үлэтэ баһаам элбэх работы много.

БАҺААР I базар, рынок; баһаарга бар сходить на рынок.

БАҺААР II пожар; ойуурга баһаар турбут начался лесной пожар.

БАҺЫЙ одолевать, осиливать, превосходить, превышать (кыай, диэлий).

БААҺЫНАЙ крестьянин, земледелец, пахарь (сир хорутааччы).

БАҺЫРҔАС уу вода, выступающая под ногами.

БАҺЫРҔАСТААХ белоногий (о собаке, лошади, корове).

БАҺЫРҔАТ трещать; ытыалаан баһырҕаттылар затрещали выстрелы; тараторить; разг. кэпсээн-ипсээн баһырҕатыы.

БАҺЫРХАЙ (омуннаах) склонный к преувеличению.

БАТ I (үүр, холдьох, кыйдаа) гнать, выгонять; отказывать; батан таһаар отказать; батан ыыт, холдьох выгнать; суолун батан ис следовать; аҕатын батта похож лицом на отца.

БАТ II (батар, баппат) умещаться, помещаться; укладываться; сүрэххэ баппат үөрүү радость распирает грудь; уживаться (чаще в отрицательной форме); санааҕа баппат в голове не укладывается; ханна да баппат ни с кем не уживается; батан сырыт вести себя тихо.

БАТ III оплодотворять (о быке).

БАТАРЫ послелог: вглубь; батары ас воткнуть; батары биэр совать; батары түс погрузиться; батары үктээ проступать ногой; тобулу көр, батарыта көр пронзить взглядом.

БАТАС (батыйа) пальма, копьё с короткой рукояткой; кинжал (саабыла, саабылаан батас); үҥүү-батас копьё-пальма; баҕа батаһа горечавка.

БАТААСКАЛАА неодобр. потворствовать, потакать; үөс-батааска биэрбэт не даёт времени обдумать.

БАТААХ үтүөх-батаах на побегушках.

БАТТАА I давить, нажимать; угнетать, притеснять; обижать, попирать (ык, атаҕастаа); баттал, баттабыл угнетение, притеснение, несправедливость, иго; баттал-үктэл насилие.

БАТТАА II заставать; үлэ чааһын баттаһа застать в рабочее время, дьиэтигэр баттыы тиий встречать дома.

БАТТАХ 1. волос; ас волосы; өрүүлээх баттах коса, сүүһүгэр саба түспүт баттах чёлка, хойуу баттах шевелюра; 2. головной мех; куобах баттаҕа, кус баттаҕа; бас-баттах тыллаһыма не говори напрасно, зря.

БАТТЫГАС баттааһын давление; баттыгастаах несправедливый, обидный; баттык тяжесть, груз, гнёт, подпорка, накладка; баттыктаах придавленный грузом, подпёртый; баттыктаах тайах костыль.

БАТЫГЫРАА (сүүрэн) быстро бежать, сильно топая ногами; батыччахтаа с трудом передвигаться по вязкой почве.

БААТЫР 1. доблестный, мужественный, смелый, сильный, ловкий; силач, боец; витязь; 2. приставка к собственному имени Айдаан-баатыр.

БАТЫС I идти; сайыс хотеть ехать за другим; сонордоо преследовать, гоняться; тутус следовать примеру, обычаю; батыһааччы последователь; держаться; өрүһү батыһа бар идти вдоль реки; батыһа сырыт ходить по пятам.

БАТЫС II ладить, уживаться; уолунуун батыспатылар не поладили с сыном.

БАХСЫ хозяйка, дьиэ бахсыта (хотун) часть сложного имени.

БАХТАЙ бран. провалиться, запропаститься, гибнуть; кэбэлий убираться.

БАЧАХ межд. испуг; что это такое!

БАЧАХАЙ-ичэхэй неразборчиво; бачахай неправильные узоры, пачкотня; бачаачай неразборчивое письмо, некачественная работа; хозяйничать по-своему.

БАЧЧА столько, как это; столь, столько; бачча элбэх вот столько много, бачча күүскэ так сильно, бачча тухары до сих пор.

БААЧЧАЙ запутывать быаны бааччайан кэбис.

БААЧЧЫ част. быһа-бааччы непременно; быр-бааччы сытно; илэ-бааччы въявь; тута-бааччы тотчас; чахчы-бааччы воистину.

БАЧЧЫР оҕо ребёнок 6–7 месяцев, умеющий крепко хватать.

БААЧЫ бааччы меховая опояска; бандаж (грыжевой); безрукавка.

БАЧЫГЫРАС I густо расположенный; бачыгырас дьиэ, бачыгырас ойуу.

БАЧЫГЫРАС II тыас треск сухих дров в печи.

БАЧЫМАХ беспорядочная куча; халлааҥҥа бачымах сулустар кучи звёзд на небе.

БИИ I старший по годам (о мужчине); ини-бии, убай-быраат кровные братья.

БИИ II остриё, острая сторона, быһах биитэ лезвие; биилээ точить, заострять; биилээх холодное оружие.

БИГЭ крепкий, прочный; бигэргэт подтверждать, принимать, утверждать, заверять; уураах бигэргэтилиннэ постановление принято; бигэтик твёрдо, уверенно.

БИГЭЭ (чинчилээ) ощупывать, осязать; оҕону бигээ укачивать дитя.

БИДИЛГЭХТЭЭ (бадарааннаа) грузно ступать по болоту (о лошади).

БИЛ I рыба, тойон балык таймень.

БИЛ II знать, узнавать, познавать; чувствовать, слышать (запах), понимать; распознавать, различать; разведывать, прослеживать; билэ-көрө сырыт осведомляться; бэйэҥ бил решать; билис (билсис) знакомиться; билсии знакомство.

БИИЛ синньигэс биил поясница; курданара талия; таһаа стать.

БИЛГЭЛЭЭ (чинчилээ) узнавать по приметам, примечать, замечать, предугадывать, предчувствовать, предсказывать судьбу.

БИЛИ 1. указ. мест. тот, да вот тот; били киһи тот, наш человек; били кэннэ после того; разг. били уоллара кэллэ появился тот мальчик (о котором говорили); 2. модальн. сл. били урут вот тогда; били эдэр эрдэххэ вот когда был молод.

БИЛИИ I знание, познание; чувство, предчувствие, инстинкт; билиилээх знающий, эрудированный, хорошо подготовленный.

БИЛИИ II перешеек; суол билиитэ распутье (суол төрдө).

БИЛИГИН ныне, теперь, сейчас; билиҥҥи нынешний; билиҥҥэ диэри до сих пор; билиҥҥитэ пока.

БИЛИН 1. знать, сознавать себя; кэпсээ признаваться, сознаваться; кистэлэҥҥин арый раскрываться; кэмсин каяться, виниться, исповедываться. 2. биллэр давать о себе знать, становиться популярным, известным; биллиилээх, эстрада биллиилээх ырыаһыта популярный артист эстрады.

БИЛИР зуб мудрости.

БИЛЛИГИРЭЭ булькать (о кипящей воде); биться (о сердце); биллиргэт хлопать по мягкому.

БИЛЛЭХ I свояк, муж сестры жены, муж невестки.

БИЛЛЭХ II повисать срединою; биллэҕэ бырах бросать наперевес; биллэҕэ түс повисать срединою на перекладину.

БИЛЭ 1. оторочка на обуви; 2. аймах-билэ родня, сородичи.

БИИР один; единый, одинаковый; биирис (маҥнайгы, бастакы) первый, биирдии по одному; биирдэ один раз, однажды; биирдээх один год от роду; сааһа биирэ ему один год; сааһым биирим мне один год; биирэ один из двух; биирдэрэ один из них; биир кэм одинаково.

БИРДИРГЭЭ трещать в зубах; бирдиргэс твёрдый, жёсткий (кытаанах).

БИРИИНЧИК придирчивый, мелочный; бириинчиктээ придираться, приставать по мелочам; капризничать.

БИС мазать; аҕыныахтаа намазывать; киртит пачкать, марать; биһилин пачкаться.

БИИС (уус) род; семейство; биис ууһа племя, род; кус бииһин ууһа порода уток.

БИҺИК (уйа) колыбель, люлька, зыбка.

БИҺИККИ [бу+икки] мы оба, эн биһикки ты и я; кини биһикки он и я.

БИҺИЛЭХ кольцо; көмүс биһилэх, сирэйдээх биһилэх, таастаах биһилэх перстень.

БИҺИРЭЭ одобрять, признавать; биһирэм экспр. особый, предпочтительный.

БИТ примета; предзнаменование, предчувствие; знак, признак; биттэн верить приметам.

БИТИЙ 1. үҥкүүлээ семенить, топтаться на одном месте; битииһит исполняющий танцевальные движения битии; үҥкүүлээн битийэр; 2. трепетать в воздухе (о птицах), салгыҥҥа битийэр бьётся в воздухе (о жаворонке); битиргэт хлопать по мягкому предмету; биччигинээ вздрагивать, встряхиваться.

БИТТЭХ поперечина, скрепа (у лавки, табуретки, лодки).

БИЧИК роспись, узор (ойуу, оһуор); сурук-бичик письменность.

БИЭ кобыла; биэ эмиийэ малина.

БИЭБЭЙ биэбэкэй, биэбэкэ голубчик, голубушка; биэбэйдээ баюкать; бүөбэйдээ ухаживать за ребёнком.

БИЭКЭГЭР тонкий в талии; биэкэгэр бииллээх с тонкой поясницей; биэкэй, биэкэлдьий выступать грациозно, подтягиваясь.

БИЭР 1. давать, отдавать, выдавать, передавать; предоставлять; боппуруоста биэр задавать вопросы; бэлэхтэ биэр подарить; эргэ биэр выдавать замуж; 2. вспом. гл. туран биэр уступать; түһэн биэр опозорить; бэрис делиться, уделять; угощать; биэрии дар; дарование; үөһэттэн биэриилээх, бэриллибит дано (свыше); бэринньэҥ щедрый, добрый; доброхот; бэрик взятка, бэригимсэх взяточник.

БИЭС пять, бэһис пятый; биэстии по пять; бэһиэ пятеро; бэһиэйэх всего пятеро; биэстэ пять раз; биэстээх пятилетний; биэһим мне пять лет; биэстээх харчы пятак.

БИЭТЭҤНЭЭ мерно качаться; мас лабаата тыалга биэтэҥниир ветки на ветру качаются; биэтэҥнэт качать.

БОБУУ см. боп запрет, запрещение; бобуулаах запрещённый.

БОГДО бран. низкорослый, но бойкий; плюгавый.

БОҔУЙ кланяться; просить милости, обивать пороги; боҕулдьуй, бокук гын делать танцевальные движения.

БОҔУС см. бохсуу затягивать в узел, завязывать; не пускать; аты бохсон кэбис стреножить коня; хаанын бохсор останавливает кровотечение; кырдьан-бохтон состарившись; иҥнэн-бохтон со всякими препятствиями.

БОҔУУ помеха; препятствие; боҕуу буол мешать; боҕуулан иметь помеху.

БОДО своеобразный вид, физиономия; бэйэ-бодо корпус; бэйэ-бодоҕун тардын привести себя в порядок; илэ-бодо воочию, явно.

БОДОҤ болезненный, слабый; бодоҥ булбут киһитэ хворый.

БОДОРУС знакомиться, общаться, водиться; бодоруһуу общение.

БОЙБОҔОР толстый; бойбой представляться толстым (о ребёнке).

БОЙОМ экспр. щедрый; бойом илиилээх щедрая рука.

БОКУР согнутый, кривой, горбатый; бокуй гнуться, сгибаться; бокуҥнаа сгибаться в ногах, кланяться; бокуччу туттан сыт лежать, согнув ноги.

БОКУОЙ передышка; свободное время; бокуойум суох, бокуой биэрбэт некогда, нет времени; бокуойдан иметь время, выкраивать время.

БОЛГУО тимир железная болванка.

БОЛҔОМТО внимание, осмысление; болҕой вникать; быть внимательным; предусмотрительным, осторожным.

БОЛДЬОХ пора, срок, назначенное время; болдьоо назначать, указывать срок; болдьос договариваться о сроке; өлүү болдьохтоох к несчастью.

БОЛЛОО (силлиэ-боллуо) пурга, вьюга, сильный ветер; болоорхой мутный, серый, тусклый.

БОЛЛОХ бугор, кочка; неровное место в лесу.

БОЛОТ короткий меч, булат; двухлезвенное оружие, сабля.

БОЛООЧЧУ неодобр. молодчик; приспешник, слепо выполняющий чужую волю; дерзкий.

БОЛТОЙ выпячиваться, вспучиваться; уоһа болтойбут надул губы.

БОЛЧОХ шишка на теле, дереве; узел, утолщение; болчойбут.

БОП 1. (бобор) возбранять, пресекать, препятствовать, воспрещать; 2. вспом. сл. крепко; бобо тут, бобо баай, бобо харбаа, бобо тарт; бопторуу удушье, астма.

БОР неразборчивый (в еде); аппетитный; бордурҕат хлебать с шумом.

БОРБУЙ подколенки, подколенный сгиб (такым); борбуйдаа хватать за подколенки; разг. борбуйдаама не мешай.

БОРОҔОДУЙ экспр. поправляться, укрепляться, возмужать.

БОРОҔОЙ непривычный, грубый; бороҕой оҥоһук неумелая работа.

БОРОЛУЙ тускнеть, темнеть; кыыһыран боролуйа түстэ лицо его потемнело; боролут варить на слабом огне (о мясе).

БОРОҤ тёмно-серый; бороҥ куобах осенний заяц (не побелевший).

БОРООСКУ телёнок годовалый.

БОРУУ хвощ (сиибиктэ, омнуона); гусятник.

БОРУК борук-сорук сумерки; боруор, үөл-дьүөл утренняя и вечерняя темнота; бороҥ серый, тёмный, сумрачный; борут плохо, неясно видеть.

БОРУОКТАС ссориться по пустякам; боруоктаах привыкший ссориться.

БОРУОС отплата в равной мере; боруостаа расплачиваться.

БОСТУОЙ напрасно, по-пустому.

БОСУОЛ пошёл! оскорбительное слово (как обращение к собаке).

БОСХО непривязанный, незакреплённый, свободный; бесплатно, даром, без оплаты; босхо бастаах человек, кулун босхо не связанный ничем; босхолоо освобождать; дать свободу; босхолон освободиться, стать свободным.

БОСХОҤ страдающий ревматизмом.

БОҺОЙ (буом) препятствие, преграда; боһойдос мешать, ограждать.

БОТО 1. бото-болдьох срок; 2. потник под седлом лошади (буутай).

БОТУГУРАА бормотать, уоһун иһигэр ботугуруур ворчит.

БООТУЛУ бүтэй изгородь на кольях.

БООТУРҔАА дерзко обращаться; лезть в драку; боотур дерзкий; Эллэй Боотур часть сложного имени.

БОТУЧЧУ сполна, вдоволь, по самый край.

БОХСУУ см. боҕус спутывание, стягивание повода к передней ноге; бохсулун оказаться ограниченным, потерять свою свободу; модун санаам бохсулунна потерял силу духа.

БОХСУРУЙ выгонять (из больного) злого духа.

БОЧООХ (бычаах) мелкий карась.

БООЧЧОЙ неодобр. связывать, завязывать плохо; делать ч. – л. неумело.

БОЧЧУМНААХ серьёзный, толковый, деловитый; боччумнан стать серьёзным, вести себя по-деловому; боччума суох беспечный, безалаберный.

БӨҔӨ 1. крепкий; күүстээх сильный; тулуурдаах стойкий; булгуруйбат непоколебимый, халбаҥнаабат непреклонный; мощный, могучий; бөҕөс силач, борец (баабый, модьу, күүстээх); бөҕө таҥас прочная ткань; бөҕө эйэ прочный мир; 2. част. много, үлэ бөҕө, алдьархай бөҕө, сонун бөҕөтө; ас бөҕөнү аһаата; неважный, плохой, дьиэ бөҕө, киһи бөҕөлөөх; бөҕөргөө становиться крепким, мощным; бөҕөргөт крепить, укреплять; бөҕөргөтүү укрепление.

БӨҔӨХ браслет, бөҕөҕүн кэттэ надела браслет.

БӨҔҮӨР стынуть; көһүй коченеть; цепенеть; көҕөр синеть от холода.

БӨДӨҤ большой, крупный, крупнозернистый, бөдөҥ отон крупная ягода; полный, бөдөҥ киһи рослый мужчина.

БӨДЬӨРӨҤНӨӨ бөдьөрүй тяжело бежать на толстых ногах.

БӨКӨЙ бөкөҥнөө сутулиться; бөкчөй горбатиться, сгибаться.

БӨКҮНҮК шарообразный, шаровидный.

БӨЛКӨЙ маленький участок, бөлкөй талах островок леса.

БӨЛӨНҮЙ закисать; бөлөнөх свернувшееся молоко, простокваша.

БӨЛӨХ группа, толпа; бөлөхтөө группировать; бөлөхтөс собираться группой; бөчөх куча; бөчөхтөө складывать в одно место.

БӨЛТӨЙ быть широким и выпуклым, бөлтөччү көр вытаращить глаза.

БӨЛҮҮН [бу+түүн] в эту ночь, этой ночью, в минувшую ночь.

БӨЛҮӨСТҮГЭС картавый, говорящий невнятно (с задержкою).

БӨППҮРҮӨК грубый и упрямый, непокладистый.

БӨРӨ волк, бирюк; тыһы бөрө волчица, бөрө оҕото волчонок; бөрө тириитэ волчий мех, шкура; бөртөлөөх с чёрными полосками на передних лапах; лучшая шкура волка.

БӨРӨДӨҺҮН сбор, состав.

БӨРҮКҮ хороший, сносный; бөрүкүтэ суох неважный, так себе.

БӨСКӨЙ быть видным, массивным; бөскөччү сим туго набить мешок.

БӨҺҮЙ отходить; эт бөһүйбүт; бөһүөнэх хаар липкий снег.

БӨТӨҔӨ I птичий желудок.

БӨТӨҔӨ II атах бөтөҕөтө икры ног.

БӨТӨРӨҤ галоп; бөтөрөҥнөт ехать галопом.

БӨТӨС одобр. удалец, смельчак.

БӨТҮӨН грудина, грудная кость (у птицы).

БӨТҮӨХТЭЭ задыхаться, тяжело дышать, страдать одышкой.

БӨХ сор, мусор, отходы; бөҕө суох без мусора.

БӨХСҮЙ ремонтировать, обновлять старые постройки.

БУ I этот, вот этот, такой; вот, здесь; таким образом бу курдук олорон.

БУ II модальн. сл. бу дьолу какое же счастье; мэлийдэхпит бу вот остались мы ни с чем.

БУГУЙ упираться, пятиться назад; артачиться, отказываться, капризничать.

БУГУЛ копна; сложённое в кучу сено; улахан бугул стог.

БУУГУНАА продолжительно выдыхать носом, сопеть; бормотать.

БУГУҺУЙ застаиваться (о скотине), засиживаться (о человеке).

БУДУЛҔАН муть; сильная метель со снегом.

БУДЬУРХАЙ кудрявый, курчавый; всклокоченная шерсть животных.

БУУК пух; сыттык бууга пух в подушке; меховая опушка одежды.

БУКА модальн. сл. бука баһаалыста пожалуйста; бука бары все-все; бука диэн этээр обязательно передай.

БУКАТЫН букатыннык, букатыннаахтык совсем, вовсе, совершенно, вконец (ончу); безвозвратно, навсегда.

БУКУНАЙ хлопотать, суетиться.

БУЛ находить, отыскивать; приобретать, доставать; замечать, находить; встречать, посещать; придираться, приставать; тоҕо миигин буллуҥ почему придираешься ко мне; муҥ киһини булар горе посещает людей.

БУУЛАА неодобр. преследовать, приставать; түбүлээ привязаться (өһөө, хатай); не давать покоя, постоянно беспокоить.

БУУЛАҔА (дуулаҕа) экспр. сильный, мощный.

БУЛГУ наперелом, наизлом (тосту), переломить булгу тут; булгуччу непременно, окончательно, положительно, вовсе, совершенно.

БУЛГУННЬАХ курган, холм, сопка.

БУЛДЬУЙ тыла булдьуйбут язык отнялся (об умирающем или окоченевшем человеке).

БУЛКУЙ мешать, смешивать; размешивать, взбалтывать, мутить; путать; киһини өйүттэн таһаар сбивать с толку, искажать.

БУЛЛУГУНАЙ букунай биться безуспешно, делать бесполезные усилия.

БУЛТ булт-алт добыча, промысел, охота, лов диких животных; түүлээх булда пушной промысел; балык булда рыбный промысел; булт тэрилэ охотничья снасть; булка сырыт, бултаа охотиться, заниматься охотой, промышлять; булчут охотник, зверолов.

БУЛУУ находка, приобретение; булумньу оҕо ребёнок незамужней женщины.

БУЛУҤ обособленная часть местности; отдельно расположенная.

БУУЛУУР серый, седой, чалый (сур, чуоҕур), буланый (о масти лошади).

БУЛУУС ледник; холодное место; умуһах погреб; булуус сир неоттаивающее летом место.

БУУР самец (олень, сохатый); зрелый самец-олень; буур таба, буур тайах; перен. буур бэрдэ наибольший, наилучший (из людей).

БУРАЙ разбрасывать, раскидывать, расстраивать; рыться, ворошить (вещи); тратить; баайын барытын ыста-бурайда промотал всё состояние.

БУУРАЙ удалой, удалец; часть сложного имени Адаҕалаах Ала Буурай.

БУРГУНАС корова 3–4 лет.

БУРҔАА (буурҕа, буркун, тибии) пурга, снежная метель, вьюга, буря.

БУРҔАЛДЬЫ ярмо; колодка на шее рабочего вола; обуза, нагрузка; миэхэ бурҕалдьы буолла стал мне обузой.

БУРҔАТ бурҕаҥнат поднимать в воздух (пыль, золу, шерсть); бурҕачый.

БУРДУК мээккэ бурдук мука; үүнэн турар бурдук хлеба; сиэмэ бурдук зерно; үрүҥ бурдук мука высшего сорта; бурдук быһыыта жатва; бурдук сынньыыта молотьба.

БУРУЙ I вина, проступок; аньыы-хара преступление; буруйданыы наказание, кара, казнь; осуждение.

БУРУЙ II пятиться назад, кидаться в сторону; ат сиргэнэн буруйар конь, напугавшись, не идёт дальше; саһыл буруйбут лиса запутала следы; эрий-буруй извивать, крутить, вертеть.

БУРУЛҔАН водоворот, быстрина; олох бурулҕана крутые изменения в жизни.

БУРУУҺАА разг. досаждать словами, поступком; наказывать, карать (свыше); буруустаа точить.

БУРУТ 1. ядовитая трава (табах от, аһыы от); 2. ыыс-бурут брань, ругань.

БУРУО (ыыс, чаан) дым; чад; отдельное хозяйство; буруолаа дымить, куриться.

БУС (буһар) вариться, печься; созревать, поспевать; күөс буһар, куйааска буһар; бурдук буста, отон буспут; уокка бус обжечься, ууга бус обвариться; дэлби бустум сильно вспотел.

БУҺАР 1. зреть, поспевать бурдук буһар (буста, буспут) хлеб наливается, созревает; отон буһар ягода поспевает; бустум я вспотел; күһүҥҥү буһук пора созревания хлебов, овощей; 2. (вариться) готовить, стряпать; печь, испечь; күөһү, эти буһар поставить обед; килиэптэ буһар печь хлеб; илиигин ууга буһар обварить руку; ууну оргут кипятить воду; чэйи өр поставить самовар (чайник).

БУҺУУРҔАА делать с удовольствием, увлекаться.

БУУТ I бедро, ляжка (уллук, өттүк); задняя нога скотины; нога человека (хол-буут); кыптыый буута ручка ножниц.

БУУТ II пуд (16 килограммов).

БУТУЙ путать, запутывать, соруйан бутуй мутить; булкуй мешать, смешивать; уларыт искажать; бутуур смешение, путаница; бутугас похлёбка; бутукаай суматошный человек.

БУО бу вступительный припев к песне.

БУОҔУ препятствие; буойуу запрещение; буоҕу буол мешать.

БУОЛ 1. быть, являться, делаться, становиться, стать; быть, бывать, происходить, случаться, совершаться, сбываться; наступать, наставать, начинаться, приходить; превращаться, оборачиваться, образовываться; протекать, проходить, миновать; быть, бывать, существовать, находиться, оставаться, пребывать, проживать; 2. вспом. гл. буол делать вид, казаться, притворяться; утуйбута буол прикидываться спящим; ыалдьыбыта буолаарай может, заболел.

БУОЛА 1. воля; модун буолабын бохтотон укротив мою могучую волю; буолак поле; 2. модальн. част. буоллаҕа, буоллаҕай, буоллаҕына, буолан, буолбакка, буолбаат, буолаарай.

БУОМ препятствие, преграда; буомча трудный переход; критический момент; олох буомнарын туораа пережить трудные моменты жизни.

БУОМУР худеть, хиреть, сохнуть; остановиться в развитии.

БУОР земля, почва; хара буор нижний слой грунта, чернозём; туой буор глина; буордаах грязный; буору көтүт поднять пыль; төрөөбүт буор родное место; киһи буора могила; буор босхо бесплатно.

БУОРАЙ слабеть, дряхлеть; букатын буорайбыт стал совершенно слабым.

БУОС буоһаа зачаться; буос ынах стельная корова, уулаах биэ жеребая кобыла.

БУОССАА эвфем. поражать, убивать (медведя).

БҮГҮЙЭХ бүгүлэх оса, тигээйи овод, күлүмэн слепень; бүгүлэхтээ (о лошади) отмахиваться от насекомых.

БҮГҮН [бу+күн] сегодня, ныне; бүгүҥҥү сегодняшний.

БҮГҮРҮ одобр. работящий, трудолюбивый; хозяйственный.

БҮГҮҺҮН [бу+күһүн] этой осенью, минувшей осенью.

БҮДҮЛЭЭ смотреть во все глаза; вникать, внимать.

БҮДҮРГЭЙ грудинка.

БҮДҮРҮЙ спотыкаться; запинаться, ошибаться, поступать опрометчиво.

БҮК I изгиб, загиб; бүк тут сложить вдвое; бүк түс склониться, согнуться; бүк баттаа загнуть; заставлять; бүк түспүт, бүк барбыт загнутый; бүк тутуллубут сложенный, согнутый; бүк эрэнэр абсолютно уверен.

БҮК II бүк скрываться, никому не показываясь; хорҕой укрываться от чего-то (дождя, ветра), сас прятаться в каком-то месте; дьиэтигэр бүгэн олорор скрывается дома.

БҮЛГҮН (сарын) плечо; акымал (оҥкумал) предплечье.

БҮЛГҮРҮТ вывихнуть, свихнуть (руку, ногу); бүлгүрүйүү вывих.

БҮЛЛҮГҮРЭЭ быллыгыраа глухо биться (о сердце); издавать частые глухие звуки.

БҮЛТЭ (бүттэ) неповреждённость; бүлтэлээх (бүттэлээх) сир целое место; бүлтэлээх (бүттэлээх) сир орпотох не осталось целого места; бүттэтэ суох нет неповреждённого места.

БҮЛТЭГЭР выпуклый, выпученный; бүлтэччи көр выпучить глаза.

БҮЛТЭС трубчатые кости (хары уҥуоҕа, сото уҥуоҕа).

БҮРГЭС шило; бүргэстээ протыкать, прокалывать шилом.

БҮРҮЙ обивать, покрывать; саба бырах накидывать, набрасывать; суулаа закутывать; суораты бүрүй заквашивать молоко; бүрүө обивка, покрышка, покрытие; куруук көрдөс-ааттас обивать пороги.

БҮҮРҮК кайма, обшивка, оторочка, опушка; бүүр подрубать, оторачивать, окаймлять; обкладывать, обшивать.

БҮРЭ экспр. дьүһүннээх неприметный, неказистый.

БҮТ кончать (ся); истекать, переставать; бүтэр заканчивать, закругляться, завершать; муннум бүттэ нос заложило; күөмэйим бүттэ охрип.

БҮТҮН весь, бүтүн аан дойду весь мир; неповреждённый, целый; бүтүн орпут остался целым; жив; бүтүннүү совершенно, целиком; бүттүүн все без исключения.

БҮТЭЙ I 1. сплошной, цельный, бүтэй туйахтаахтар непарнокопытные; глухой, закрытый, замкнутый; бүтэй куйаас жара; бүтэй маҥан ат сплошь белая лошадь; сымыыттааҕар бүтэй замкнутей яйца (о безобидном и тихом человеке); бүтэй Бүлүү эбэккэм уединённая матушка-река Вилюй; 2. послелог: сквозь, через, таҥас бүтэй этэ көстөр сквозь одежду видно тело.

БҮТЭЙ II изгородь, ограда, загон; бүтэйдээ поставить изгородь.

БҮӨ пробка, затычка; засов; запруда; бүөлээ закупоривать, затыкать; хаххалаа заграждать, застилать (солнце); бүөлэн быть закупоренным.

БҮӨБЭЙДЭЭ убаюкивать, нянчиться; лелеять, пестовать.

БҮӨМ бүөмчү экспр. уединённый, уютный; захолустье; бүөмчүгэ, бүөмнээн незаметно, наедине; бүччүм тихий, спокойный, бүччүм сир укромное место.

БҮӨР 1. почка; поэт. үллэр бүөр вздох; 2. бүөр күөл меньшее из двух близлежащих озёр.

БЫГЫҺЫН [бу+кыһын] этой зимой, минувшей зимой.

БЫДАН 1. давно, давний; отдалённый; быдан дьылга бырастыы прощай на долгие годы; 2. очень; намного; гораздо; быдан элбэх гораздо больше; ыыс-быдаан густой туман, густая мгла.

БЫДЬАР (быртах) скверный, мерзкий, отвратительный; быдьар тыл нецензурное слово; сквернословие.

БЫЙАҤ изобилие, богатство, достаток; быйаҥнаах плодородный, изобильный, щедрый; уйгу-быйаҥ полная чаша.

БЫЙЫЛ [бу+сыл] сей год, в этом году; нынешним годом.

БЫК быган көр выглядывать, былтаҥнаа высовываться; быктаран аас проявляться; бурдук быган эрэр показались первые всходы (хлеба всходят).

БЫЫКАА быыкай, быыкайкаан, быыкаайык, быычыкаан малый, маленький, ничтожно малый, крохотный, крошечный.

БЫЛА остаток (тобох, элээмэ); былам быһынна иссякли последние силы.

БЫЛАА смешивать; смешаться, былааһык смесь; бары былааһа олороллор.

БЫЛАҔАЙ экспр. несчастье, несчастный случай, неожиданная смерть.

БЫЛАС 1. маховая сажень, размах; тылын былас таһаарда высунул язык; 2. послелог. время; сыл былаһыгар за год; ол былаһын тухары за это время.

БЫЛАХ мелкий тальник, тонкие ветви ивы.

БЫЛДЬАА отнимать, отбивать, забирать (присваивать); апчарый похищать, расхищать; смывать (о воде); былдьас друг у друга отнимать; былдьат велеть, заставить, позволить отнять; былдьаһык нарасхват.

БЫЛЛАҔАР уос отвислая нижняя губа; быллаччы уой расплыться, растолстеть.

БЫЛТАЙ показываться выпуклой стороной; выпячиваться; физически развиться (о девушке); былтаҥнаа показывать своё круглое лицо.

БЫЛТАРЫЙ экспр. сворачивать, сходить с дороги.

БЫЛЫЫК песок и глина, нанесённая водой; дьэбэрэ ил, полужидкая грязь.

БЫЛЫР в древности, в старину; когда-то, давным-давно; былыргы древний, старинный; давний, ветхий, старомодный; древность, древние времена.

БЫЛЫРЫЫН в прошлом году; былырыыҥҥы прошлогодний.

БЫЛЫТ облако, туча; итир былыт перистое облако, сатыы былыт низкое облако, сис былыт сплошное облако; былыттаах халлаан пасмурная погода.

БЫЫППАСТЫГАС вспыльчивый, горячий, раздражительный.

БЫР курдук достаточно.

БЫРАЛЫЙ экспр. отправляться вдаль, странствовать.

БЫРААТ (ини) родной брат; с притяж. афф. быраатым, иним родной брат+мой; тастыҥ быраатыҥ двоюродный брат+твой.

БЫРАХ I бросать, кидать; метать; оставлять; ойоҕун бырахпыт оставил жену; табаххын бырах бросить курить.

БЫРАХ II отбившийся, одичавший; быралый далеко уходить; бырах бар отбиться от дома; бродяжничать, скитаться; быралгы бродяга; быралыйар бырастыы прощай навеки.

БЫРДАҤАЛАА брызгать (ся); бежать в прискочку.

БЫРДАХ комар, мошкара, муха, овод; летающее насекомое.

БЫРДЬАЙ выдаваться, вылезать, сыата бырдьайан тахсыбыт.

БЫРКЫ след, известие; сурах молва; быркыта суох барда никаких вестей.

БЫРТА пах у скотины; бырта сыата паховый жир; былдьаһыктаах бырта сыата лакомый кусок; бырт благополучие, состоятельность; бырт курдук олорор жить в достатке; бырда быстыбыт отощал, обеднел.

БЫРТАХ (быдьар) презр. поганый, мерзкий, скверный; постыдный.

БЫРЫЫ болото, топкое место; бырыы да бадараан непролазная грязь.

БЫРЫЛАА шипеть, изжариваясь; бырылыы түс становиться тёплым.

БЫС (быһар) резать, отрезать; ырбаахы быһар кроит рубашку; бурдугу быс жать хлеб; быһыы быс делать прививку; тыынын быс лишить жизни; баһын быс отрубить голову, обезглавить; быстах короткий, временный (быстах кэм, быстах санаа, быстах быһыы).

БЫЫС 1. занавес, занавеска; перегородка, ограда, забор; межа, граница; хаптаһын быыһа щель, щёлка; 2. промежуточное время; быыс кэм (үлэ быыһыгар) промежуток; быстыҥ отрезок времени; күөс быстыҥа, чаас быстыҥа примерно час.

БЫҺА I прямо, напрямик; быһа суол прямая дорога;

БЫҺА II послелог. в течение, күнү быһа весь день, в течение дня; быһата просто, словом, одним словом.

БЫЫҺАА I загораживать, отмежёвывать; мэһэйдээ преграждать, отделять; араартаа разделять; разнимать, разрешать (спор).

БЫЫҺАА II босхолоо освобождать; быыһаан ыл выручать; өрүһүй спасать; ыраастаа оправдывать, избавлять; быыһааччы освободитель; быыһан освободиться; эвфем. дьахтар быыһаммыт женщина родила.

БЫҺАҔАС неполный, недостаточный; быһаҕалас осудит. выпрашивать, вымаливать.

БЫҺААР толковать, разъяснять, объяснять; определять; обсуждать; решать.

БЫҺААС [бу+саас] этой весной, минувшей весной.

БЫЫҺАС толстая кишка; быыһас хаана жирная кровяная колбаса.

БЫҺАХ нож (кырыылаах); быһыйа, быһычча ножик; быһахтан хвататься за нож, угрожать ножом.

БЫҺЫЫ 1. фасон; таҥас быһыыта покрой одежды; 2. быһыыта-таһаата наружность, облик, вид; быһыыта-майгыта манера, характер, образ жизни; 3. поступок, поведение; куһаҕан быһыы проступок; 4. бурдук быһыыта жатва; 5. быһыы прививка; 6. модальн. сл. быһыылаах видимо, кажется, ыалдьар быһыылаах видать, плохо себя чувствует.

БЫҺЫЙ быстроногий; резвый.

БЫҺЫЙА быһычча ножик, небольшой нож.

БЫҺЫЛААН инцидент; алдьархай беда; иэдээн несчастье; араллаан приключение.

БЫҺЫМАХ экспр. спешка, поспешность, торопливость, нехватка времени.

БЫТ вошь; сир быта (киһи) умный, осторожный человек.

БЫТААН медленный, медлительный; бытаар допустить отставание.

БЫТАРХАЙ мелкий; кроха, крошка, крупинка; бытархай харчы мелкие деньги.

БЫТААҺАХ бран. баба, молодуха; бабёнка.

БЫТЫГЫРАА всходить; бурдук бытыгыраабыт появились всходы.

БЫТЫК сэҥийэ бытыга борода; уос бытыга усы; сулардыы бытык баки.

БЫТЫРЫЫС бахрома, кисти; бытырыыстаа пришивать бахрому.

БЫЧЧАҔАР экспр. большеглазый, с выпученными глазами; груб. пучеглазый оболтус, шалопай, сорванец.

БЫЧЧАРХАЙ железа; быччархайдьыт туберкулёз желез.

БЫЧЧЫҤ мускул, мышца.

БЫЧЫГЫРАА экспр. щебетать, чирикать; быстро говорить.

БЫЧЫК немного, немножко, понемногу; бычык тарт капнуть малость.

БЫА верёвка; синньигэс быа тесёмка; ситии тонкая волосяная верёвочка; ситим шнур; кур кожаный ремень; тирбэҕэ ремешок; бэчимэ бечева невода; өтүү длинная волосяная верёвка; сүрэх быата аорта.

БЫАР печень, печёнка; выступающая часть предмета; томтор быара пригорок; быаргын тарбаа долго смеяться; быара быһынна устал смеяться.

БЭБЭЭР сильно кричать, реветь (о ребёнке).

БЭЭГЭЙ презр. недоросток, коротышка.

БЭГЭЧЧЭК запястье, кисть руки, сустав ручной кисти.

БЭҔЭҺЭЭ [бу+киэһэ] вчера; бэҕэһээҥҥи то, что было накануне.

БЭДИК шалун, шалунишка; осудит., ирон. глупец, дурачок, повеса.

БЭДЭР (үүс) рысь.

БЭЙ бай межд. удивление; бэй, көр эрэ смотри-ка, что это.

БЭЙБЭҔЭР маленького роста; бээгэй карлик; бэдьэй, бэйбэрий семенить; Бэйбэрикээн эмээхсин маленькая старушка с короткими ножками.

БЭЙДИЭ везде, повсюду; бэйдиэ кэтэр таҥас повседневная одежда.

БЭЙЭ бэйи, бэйикэй немного погодя, потом; ужо; погоди, постой; бэйи эрэ постой-ка; бэйикэйбин ужо, отомщу.

БЭЙЭ 1. тело, туловище, туша; таҥастыын бэйэлиин весь сам с одеждой; 2. существо, личность, особа; бэйэ тыына бэйэҕэ күндү каждому своя жизнь дорога; биир бэйэм икки буоллум сам один стал двумя; турар бэйэм сам какой есть; свойство, особенность, отличительное качество; күөх унаар бэйэлээх хонуу; бэйэм кэллим один, без провожатых; бэйэ киэнэ свой, бэйэм атым свой конь; тус бэйэтэ сам собственно; бэйэҥ бэйэҕинэн лично сам; бэйэкэ (уменьш. от бэйэ) бедненький; хайдах буолар бэйэкэбиний как же мне, бедненькому, быть; бэйэмсэх эгоист.

БЭКИР тощий, поджарый; бэкэччи тутун поджимать живот.

БЭЛ даже, и даже, но даже.

БЭЛИЭ знак, метка; отметка, различие; признак, примета; знамение, предзнаменование; заметный, приметный; отмеченный, замечательный; ааттаах, сурахтаах знаменитый.

БЭЛИЭР так скоро, так рано.

БЭЛЛЭЙ расплываться; бэллэччи сытый отсыреть (про обувь).

БЭЛЭМ готовый; бэлэм сылтах пользуясь моментом.

БЭЛЭННЬИК обшлаг, манжета.

БЭЛЭС гортань, глотка, зев (куолай, күөмэй); мягкое нёбо; бэлэстэт кричать во всю глотку, драть глотку.

БЭЛЭХ 1. подарок, дар; кэһии гостинец; ньымаат мзда; бэрик взятка; 2. кэрэх жертва духам.

БЭРБЭЭКЭЙ уҥуоҕа бабка (сыаҕай); лодыжка, щиколотка.

БЭРГЭ киста, эт бэргэ мясной нарост; сыа бэргэ жировой нарост; бэрдий терять упругость.

БЭРГЭН I 1. меткий, ловкий; хороший стрелок; молодец, удалец; 2. часть собственного имени Хаардьыт Бэргэн.

БЭРГЭН II жена старшего брата мужа (деверя); бадьа жена младшего деверя.

БЭРГЭҺЭ шапка; мэнньиэс венец; бэргэһэлэн венчаться.

БЭРГЭЭ усиливаться, прогрессировать (о болезни).

БЭРДИМСИЙ возгордиться; улаатымсый возомнить; киэбир кичиться.

БЭРДИРГЭС хрящевой; третий желудок у жвачных.

БЭРДЬИГЭС сосёнка; молодой сосняк; бэрдьигэс от хвощ (трава).

БЭРИ усил. част. бэри бэркиһээ чрезвычайно удивиться.

БЭРИЙ I разматывать, распутывать, перебирать верёвку, сети; приводить в порядок, прибирать.

БЭРИЙ II (бэкий) быть высокого роста и сутуловатым.

БЭРИН сдаваться в плен; бас бэрин подчиняться, повиноваться, покоряться; уступать, принимать условия.

БЭРИҤ (сирин) коровье вымя (в говядине); грудная железа (у женщины).

БЭРКИҺЭЭ (сөх) удивляться; салын, дьулай ужасаться.

БЭРТ I отличный, превосходный, наилучший, необыкновенный; бэркэ весьма, очень, чрезмерно; бэркэ эттэ сказал весьма хорошо; бэркэ таптыыр сильно любит.

БЭРТ II усил. част. элбэҕэ бэрт слишком много; куһаҕана бэрт очень плохой; ирон. кэлэн бэрт так и пришёл; этэн бэрт так тебе и скажет.

БЭРЭ прилегающее к озеру меньшее озеро.

БЭРЭМЭДЭЙ перемётная сума.

БЭС мас сосна, бэрдьигэс молодая сосна, сосёнка; бэс ойуур сосновый бор; бэс үөрэ сосновая заболонь; харах бэстээх зависть.

БЭС ыйа июнь; бэс ыйыгар в июне; бэс ыйыттан с июня.

БЭҺИР осудит. сильно привязываться; стараться угодить, льстить; туохха бачча бэһирдиҥ к чему это так привязался.

БЭҺИЭЙЭХ 1. только пять, всего пятеро; 2. мутовка для кумыса (хамнатар).

БЭҺЭЛ запоздавший в росте; недоросток.

БЭТ (аба) ядовитое слово; бу бэлэһин бэтин язвительные слова.

БЭТИН (бэттэр) надтреснуть; надламываться под тяжестью; дьиэ өһүөтэ бэттибит матица надломилась; бэттибит баҕаналаах с надтреснутой подпоркой.

БЭТИЭХТЭЭ бөтүөхтээ задыхаться, тяжело дышать.

БЭТЭНЭЭСКИ пренебр. молокосос; бэҕэһээҥҥи бэтэнээски сопляк.

БЭТЭРЭЭ бэтэрээҥҥи эта сторона; по сию сторону; бэтэрээ киһи этот, здешний; бэттэх (бэтэрээтэх) сюда, поближе.

БЭЧЭЭЛЛЭЭ сүрэҕим бэчээллиир сердце ноет.

Краткий якутско-русский, русско-якутский словарь

Подняться наверх