Читать книгу Байаҕантай буолаһа уонна улууһа (1639–1930) - Николай Николаев - Страница 5
Байаҕантай улууһун үөскээһинэ
Баайаҕа хантан үөскээбитэ
ОглавлениеН. Е. Винокуров-Урсун, поэт
Билигин итинник ааттаах нэһилиэк Таатта улууһугар баар. Үрэҕин аата эмиэ Баайаҕа. Баайаҕа Байаҕантай улууһун киинэ буола сылдьыбыта. Нэһилиэк уруккутун сырдатар биллиилээх кыраайы үөрэтээччи Е. Д. Андросов «Баай аҕа ууһа Баайаҕа» диэн бэртээхэй кинигэтин (Дьокуускай, 1995 с.) бастакы чааһын таһаартарда.
Баайаҕа диэн аат былыргы байыгы дуу, байаҕа дуу диэн ааттаах омук (биис) аатыттан тахсыбыт буолуон курдук диэн сабаҕалааһыны оҥоруохха сөп. Ол курдук бу сабаҕалааһыммын чиҥэтэр үлэлэр урут суруллубуттар эбит, сорохтор саҥардыы таҕыстылар. Олору ырытан көрдөххө, Баайаҕа диэн тыл Баай аҕа диэн саха тылыттан буолбакка, былыр Монголия иһигэр, Байкал кэтэҕэр (Забайкалье), Амур өрүс уҥа тардыытын диэки олоро сылдьыбыт байегу-байырку омук аатын кытта ситимнээх курдук.
Нуучча уһулуччулаах учуонайа Л. Н. Гумилев үгүс үлэлэригэр байегулар-байыркулар тустарынан элбэхтик ахтар. Олорбут да сирдэрин кини оҥорбут картатынан сирдэттибит. (Көр: Л. Н. Гумилев. Древние тюрки. – Москва, 1993. – С. 127). Ити 550—600 сылларга сыһыаннаах. Гумилев көрдөрөрүнэн, ити саҕана түүрдэр арҕааҥҥы түүрскэй хаҕанат уонна илиҥҥи түүрскэй хаҕанат диэннэргэ хайдыспыт кэмнэрэ эбит. Байыркулар арҕаа ыаллара уйгурдар, хоту ыаллара мохэ, соҕуруу ыаллара байсы, илин ыаллара шивэй диэн ойууламмыттар. Оччолорго курыканнар Ангара, Лена бастарынан, оттон кыргыстар Енисей баһынан олорбуттар. Итини эбии чиҥэтэрдии этиллибит үлэ 265 страницатыгар VII үйэ ортотугар оччотооҕу омуктар (биистэр) маннык олорбуттара диир: «В степи между Хэнтеем и Хинганом – байегу-байырку; в долине р. Селенги, к западу от пугу – сыге; к югу от байырку – байсы; в Забайкалье – гулигань-курыканы…»
Онон VII үйэҕэ байегу-байыркулар олорбут сирдэрэ Хэнтэй уонна Хинган икки ардыларынан эбит. Оттон Л. Н. Гумилев «В поисках вымышленного царства» (Санкт-Петербург, 1994) кинигэтин 320 страницатыгар оҥоһуллубут «Улуу истиэп биистэрэ VIII үйэттэн Х үйэҕэ диэри» диэн картатыгар байыркулар олорор сирдэрэ быдан арҕаа сыҕарыйбыт. Билигин кинилэр урут уйгуурдар олорбут сирдэригэр, Онон уонна Керулен өрүстэр ыһытыыр бастарыгар, олорор буолбуттар. Кинилэртэн арҕаа, Селенга өрүс тардыытыгар, уйгуурдар, хоту – монголлар, илин – татаардар, соҕуруу – байсылар бааллар эбит.
Сахалар историяларын дьаныһан үөрэппит СГУ профессора А. И. Гоголев байегулар (кини баегулар диэн ааттыыр) хоту түспүттэрин туһунан бу курдук суруйар: «Видимо, с конца IХ века из Прибайкалья начался медленный отход основной массы курыкан и баегу на север».
Аны Х үйэ кэнниттэн монголлар күүһүрбүттэрэ. Кинилэр байыркулар олорор сирдэригэр үөскээбит чжурженнэр государстволарын кытта өр сылга сэриилэспиттэрэ. Ол саҕана итиннэ байегу-байырку омук суох буолбут.
Байегу-байырку омук хайдах тыллааҕын, култууралааҕын туһунан чопчу туоһулуур чахчылар суохтарын кэриэтэ, ыаллыы олорбут омуктарынан (биистэринэн) таайдахха, уйгуур, монгол тылларыгар чугас тыллаах буолуохтарын сөп. Мохэ, чжуржен (маньчжур) биистэрин кытта алтыспыттарыттан былыр-былыргыттан эбэҥки тылын билэр, өйдүүр омук курдук сабаҕалыырга төрүт баар. Манна даҕатан эттэххэ, быйагы диэн эбэҥки уустарын аата байегу-байыгы биистэрин кытта төрүккүттэн уруулууларын, биир төрүттээхтэрин ыйа сылдьар да буоллаҕына көҥүллээх.
Байегу – байаҕа биһиги эрабыт иннинээҕи икки үйэҕэ олорбут монгол тыллаах омук буолуон сөп диэн санааны маҥнай эмиэ А. И. Гоголев эппитэ. Саха биллиилээх топонимиһа Багдарыын Сүлбэ «Байаҕантай» ыстатыйатыгар (Чолбон. – 1993 с. – № 8. – 186—192) бу тыл историятын, туттуллуутун киэҥник хабан ырытар. Онно Гоголев үөһээ аҕалыллыбыт этиитин туһанан баран: «Ученай Байаҕантайы ол оннук түҥ былыргыттан силис тартарар. Итиннэ биһиги сөп‐сыыһа диэн тугу да этэр кыахпыт суох – кырамана бэрт», – диэн төһө да хайыҥ охсуннар, байаҕантайдары монгол тыллаах омукка киллэрэр. Ол курдук, ыстатыйатын маннык түмүктүүр: «Байаҕантай диэн аат, арааһа, монгол тылыттан силис тардар уонна баайдаах диэн суолталаах быһыылаах. Атыннык эттэххэ, саха байаҕана икки монгол тыллаахтар баяннара икки, арааһа, биир силистээхтэр быһыылаах». (Ыйыллыбыт ыстатыйа, с. 190).
Биһиги суруйар темабытын чопчу сырдатар үлэ соторутааҕыта күнү көрбүтэ. Ол – Федор Федорович Васильев «Военное дело якутов» (Якутск: Бичик, 1995) кннигэтэ буолар. Онно учуонай Н. Я. Бичурин «Собрание сведений о народах, обитающих в Средней Азии в древние времена» диэн Москваҕа – Ленинградка, 1950 с.; А. Г. Малявкин «Историческая география Центральной Азии (материалы и исследования)» диэн Новосибирскайга 1981 с.; С. Е. Малов «Памятники древнетюркской письменности» диэн Москваҕа – Ленинградка 1951 с. бэчээттэммит кинигэлэригэр сигэнэн, баайаҕа, байаҕантай диэн тыллары аахпыт эрэ киһини ылыннарардыы быһаарар. Кини этэринэн, байегу бииһэ «тэлэ» диэн аатырбыт биистэр холбоһуктарыгар киирэрэ (с. 24) үһү. Ити тыл былыргы түүрдэр руническай суруктарыгар баарын санатар (с. 24). Эмиэ итиннэ тэлэ (баҕар, төлө буолуо) бииһин аата Чурапчы Төлөйүн аатыгар иҥэн сылдьара буолуо диэн хорсун сабаҕалааһыны оҥорор. Оттон биһиги ырытар тылбыт туһунан маннык этэр: «…Первоначальной формой «байагантай» является этноним «баайаҕа». По всей вероятности, консолидация баягантайцев происходила вокруг основного кланового образования «баайаҕа». К такому выводу побуждает сохрание до настоящего времени названия Баайага, бывшего центра Баягантайского улуса. Археологические раскопки памятников ХV—ХVII веков показывают наибольшую культурную освоенность именно этого региона, т. е. территории Баягинского наслега Таттинского улуса.
Көрөргүт курдук, манна ученай байаҕантай төрдө баайаҕа диэн тыл буоларын чопчу ыйар.
Оттон баайаҕа уонна байегу хайдах сыһыаннаахтарын Ф. Васильев эмиэ арыйар: «…Баягантайские якуты ведут свое начало от тюркоязычного байегу, одного из крупных ответвлений знаменитых тогуз-уйгуров».
Дьэ, манна байегулар-баайаҕалар уйгууртан утумнаахтара уонна түүрдүү тыллаахтара толору этилиннэ.
Итинэн Ф. Васильев Багдарыын Сүлбэҕэ утары санааны этэр курдук өйдүөххэ сөп дуо? Эппиппит курдук, Багдарыын Сүлбэ байаҕантайдары монголлуу тыллаах биистэргэ киллэрэр. Ону кини норуот үһүйээнигэр этиллэр байаҕантай тыллаахтарынан эбии ытаһалыыр: «Ити этиини сахаттан атын, саха киһитэ өйдөөбөт тыллаах биис ууһа диэн өйдүөххэ сөп. Ол эбит – монгол тыллаах. Син хоролор курдук», – диир Багдарыын Сүлбэ.
Байегулар уйгуурдары, кэлин монголлары кытта ыаллыы олорбуттарын биһиги үөһэ ахтыбыппыт. Сүрүн тыллара түүрдүү да буоллар, монголлуу билэр, быһаарсар буолуохтарын сөп. Уопсайынан, түүрдүү, монголлуу диэн араарыы, тус-туһунан тыллар, омуктар курдук өйдөөһүн билигин уларыйыан наада. Л. Н. Гумилев да этэринэн, хуннар, түүрдэр, монголлар төрөөбүт-үөскээбит эйгэлэрэ бэрт чугас биистэр холбоһуктарыттан төрүттээхтэр. Онон байегулар-баайаҕалар буолан, саха норуотун састаабыгар туспа улуус быһыытынан ааһарыныы, байаҕантайдары атарахсытыы, намтата көрүү, баҕар, былыргы сахаларга баара эбитэ буолуо. Ол кылааннар (Ф. Васильев тыла) иһигэр атааннаһыынан, холобур, «Мин Хаҥаласпын», «Мин Байаҕантайбын» дэһиинэн быһаарыллыан сөп буолбат дуо?.. Ханныгын да иһин, саха түүрк уонна монгол хааннааҕа мөккүөрэ суох.
«Баайаҕаны» тыл быһыытынан ыллахха, былыргы байегу, байигу, баига, баега, байырку омук аатыттан тахсыбыта харахха быраҕыллар. Холобур, байегу диэн суруйууну сахатытар буоллахха, байыгы – байага тахсан кэлэр. Оттон нуучча «г» буквата түүрдэргэ уонна монголларга «ҕ» дорҕоон буолара уруккуттан биллэр. Онон «байаҕа» эбэтэр «баайаҕа» диэн тыл омук (биис) аата буолара, ол кэлин сир, үрэх аатыгар иҥмитэ дьэҥкэ.
Багдарыын Сүлбэ баайаҕа диэн тыл байаҕан варианыттан монголлуу -тай сыһыарыы көмөтүнэн байаҕантай диэн өйдөбүл үөскээбитэ диэн сөпкө быһаарар (Ыйыллыбыт ыстатыйа, с. 186.) Бэйэм тыл үөрэхтээҕэ буоларбынан, монгол тылыттан саха тылыгар киирбит байтаһын диэн тыл, эмиэ баайаҕа‐байаҕа диэбит курдук, икки варианнааҕын баайтаһын-байтаһын дэнэрин санатыам этэ.
Кырдьык, Багдарыын Сүлбэ этэринии, кырамана да бэрдин иһин, ол былыргы баайаҕалар ханан уонна хайдах Саха сиригэр кэлбиттэрин хайан көрөргө тиийэбин. Амур өрүс баһыттан ол былыргы өбүгэлэрбит хоту түспүт аартыктарынан Шилка өрүстэн чугас тардар Битиим уонна Өлүөхүмэ (уруккутунан Олоохуна) өрүстэр буолуохтарын сөп. Эбэтэр Алдан баһа да адьас бу сыттаҕа.
Багдарыын Сүлбэ аҕалар холобурдарынан, ити норуот үһүйээннэринэн бигэргэтиллэр курдук. Байаҕантайдары Сэһэн Боло Омоҕой дьонуттан (моҕуоллартан) таһаарар эбит. Оттон Г. В. Ксенофонтов «Урааҥхай сахаларыгар» хоролор, байаҕантайдар, сортуоллар буряттары кытта булкуһа олорбуттарын ыйбыт (с. 87). Арааһа, сорох бурят чинчийээччилэрэ байыркылары баргуттары кытта ситимнииллэрэ түбэспиччэ буолбатах быһыылаах.
Ол курдук, байаҕантайдар олорор сирдэригэр Баргы диэн ааттаах сирдэр (Таатта улууһа, Алдан нэһилиэгэ), оттон Ф. Ф. Васильев суруйарынан баргыт диэн биистэр бааллар (Ыйыллыбыт кинигэ, с. 25.). Аһара баран эттэххэ, баҕар, Байкал күөл, онно түһэр Баргы өрүс (Баргузин) ааттара баайаҕа омуктары кытта ситимнээх буолаайаллар?
С. Петров диэн элбэх кэрэхсэбиллээх сабаҕалааһыннардаах ыстатыйа автора Байкал күөл аатын баай аҕа диэн тылтан тахсыбыта буолуо диэн суруйбута (Чолбон. – 1995. – № 6. – С. 175). Ити кини байыгы-баайаҕа омук баарын ахтан көрбөккө, сахалыы Баай Аҕа ууһа диэнинэн муҥурдаммытыттан тахсыбыта чахчы. Дьиҥэр, баайаҕа (л), былыргы вариант, баар, баигул (итинник Чулым татаардара ааттанар эбиттэр) буолуо, диэнтэн баайҕал – байҕал диэн тахсыан эмиэ сөп буоллаҕа… Баайаҕалар сорохторо Байкал күөлүнэн, Элиэнэ баһынан, кэлиэхтэрин эмиэ сөп.
Багдарыын Сүлбэ ыстатыйатыгар, Далан «Тыгын Дархан» романыгар, Е. Д. Андросов кинигэтигэр ахтыллар Баайаҕа нэһилиэгин төрүтэ Баай Аҕа диэн киһи аата умнуллубут баайаҕа бииһин аатыгар сөп түбэспитэ буолуо. Итини чинчийээччилэр «норуот этимологията» диэн ааттыыллар.
Баайаҕа уонна Байаҕантай диэн өйдөбүллэр ыырдара киэҥ, быдаарыйар былыргыга, билиҥҥи сахалар үөйбэтэх да сирдэригэр тиэрдэ, норуоттар таабырыннаах историяларын хайан көрөргө ыҥыра, сирдии тураллар.
Баайаҕалар манна кэлэн, ханан тэнийэн, туспа улуус буолан, Саха сиригэр үөрэх-сайдыы киинин үөскэтэн, өрөспүүбүлүкэҕэ биллиилээх дьону биэрбиттэрин туһунан Е. Д. Андросов кинигэ суруйда. «Баай аҕа ууһа Баайаҕа» ааҕааччыга элбэх сонуну тиэрдэр, астык кинигэ. Былыргы төрүттэрим туһунан мин публицистическай поэма суруйан, «Чолбоҥҥо» бэчээттэттим.
Баайаҕаттан тахсыбыт норуот талааннааҕа, саха орнаменнарын чинчийээччи, дэгиттэр уус Б. Ф. Неустроев бу нэһилиэк Кутаама үрэҕэр Илин эҥээр тимирин уустара төбүрүөннээн олорбуттарын – нэһилиэк түҥ былыргыттан сайдыылааҕын мээнэҕэ тоһоҕолообот. Кини Баайаҕа тимир уустарын туһунан кинигэ суруйар, уустар туттар кистэлэҥнэрин бар дьонугар тиэрдэр санаалаах. Байаҕантайдар саха норуотугар киллэрбит кылааттара чопчуланыытыгар Б. Ф. Неустроев уонна Е. Д. Андросов кинигэлэрэ биллэр-көстөр оҥкулу охсуохтара диэн эрэниэххэ сөп.
Онон, баайаҕа диэн тылтан тахсыбыт Байаҕантай диэн историческай аат умнуллан, быраҕыллан хаалара сатаммат. Билиҥҥи түөрт улуус (Уус Алдан, Таатта, Томпо уонна Өймөкөөн) устун ыһыллыбыт байаҕантайдар төрүт уус ааттарын үйэтитэр туһугар кыһаныахтаахтар. Ол курдук, тоҕо сатаныа суоҕай Тааттаҕа «Байаҕантай» диэн агрофирма эбэтэр нэһилиэк баар буолара? Дьону-сэргэни муннарардыы тоҕо, холобура, Уус Таатта, Алдан нэһилиэгэ диэн ааттаныахтаахтарый? Историческай кырдьыгы төнүннэрэн, Байаҕантай нэһилиэгэ диир, ама, сөп буолуо суоҕа дуо? Эбэтэр Саха сирин киинигэр Дьокуускайга Байаҕантай диэн ааты туох эрэ биллэр-көстөр тутууга дуу, уулуссаҕа дуу иҥэрдэххэ?
Итинник элбэх ыйытыылар үөскүүллэр. Тус бэйэм, саҥа кэм кэлэн, «Тыгын Дархан» диэн ресторан, «Эллэй Боотур» диэн дыбарыас баалларыттан, Хаҥалас диэн улуус былыргы аата төннүбүтүттэн үөрэбин. Итилэр кэккэлэригэр түҥ былыргыттан тардыылаах Байаҕантай диэн аат баар буолуон баҕарабын.
Чолбон. – 1997. – № 5. – С. 71—72