Читать книгу Илэ барбыттар - Группа авторов - Страница 2
ТҮҮҤҤҮ ЭР
ОглавлениеСоҕотох олорор дьахталларга – түүҥҥү эр, соҕотох эр дьоҥҥо дьахтар кэлэрэ былыр-былыргыттан кэпсэнэр. Билигин наука бу феномены үөрэтиинэн дьарыгырар, научнай терминэ – «инкуб».
* * *
Биир сайын, сайылыкка олорор кэммэр, түүн үөһэ уһуктан кэллим. Арай хаһан да көрбөтөх билбэт уолум дьиэм иһигэр киирдэ уонна миигин кытары кэпсэтэн барда. Мин кимин ыйытыахпын баҕарабын эрээри, аны өһүргэтиэм диэн ыйыппаппын, хайдах дьиэ иһигэр киирбитин хас да төгүллээн туоһулаһа сатыыбын да, «куттаныаҥ» диэн эппэт. Оннук ыйыт да ыйыт буолбуппун иһин быһыылаах: «Эн да, Нарыйа да арыйбата», – диэтэ. Аны кинини таарыйбыт миэстэм ибис-инчэҕэй буолан хаалар. Халлаан сырдыыта тахсан барда, кэнниттэн ааммын хатаары турбутум – хатааһыннаах, дьиксинним эрээри, улахаҥҥа уурбакка, киирэн утуйан хааллым.
Сарсыныгар санаа бөҕөҕө түстүм. Онтон үс хонон баран, үлэбэр тахсарым саҕана, Нарыйабын уһугуннаран, «тахсыах» диэбиппэр, кыыһым: «Ээх, сөп, билигин туруом», – диэн баран, утуйан хаалбыт этэ. Мин бара турбутум.
Тиийэн үүт тутан, собуокка ыытан бүттүм, кыыһым ол тухары суох. Титииккэ собус-соҕотоҕун хаалан, улахан үүт иһиттэрин сууйа сырыттахпына, аан таһынан били түүн киирэ сылдьыбыт уол ааһан иһэрин көрөн, тутатына кэнниттэн сүүрэн таҕыстым – чугаһынан да, ырааҕынан да ким да суох. Онно дьэ тута куйахам күүрбүтэ, киһи буолбатаҕын чопчу өйдөөбүтүм.
* * *
90-с сыллар ортолоругар этэ. Оччолорго мин ахсыс кылааһы бүтэрбитим. Ийэм сайынын ыанньыксыттыыр буолан, сайылыкка көстүбүт. Дьон кэпсииринэн, иччилээх, абааһылаах сайылык этэ.
Көһөрүллэн кэлбит үс кыбартыыралаах балыыһа дьиэтэ баара. Бу дьиэҕэ дьахталлар хоойдоругар киирэр иччи туһунан дьон арааһы кэпсиир этэ. Онно биир кыбартыыратыгар уолаттар, убайдааҕым, хоноллоро.
Биир күн күнүс эдьиийбиниин онно тахсан кэпсэтэ-ипсэтэ, сэкириэттэһэ сытан, устунан утуйан хааллым. Уолаттар сөтүөлүү барбыт кэмнэрэ этэ. Арай уһуктан кэлбитим, эдьиийим суох. Тура сатаатым да, ким эрэ баттыыр курдук. Куттанан бардым. Хаһыытыыбын да, саҥам тахсыбат. Арааһа, баттата сытабын быһыылаах диэн, бэйэм-бэйэбин уһугуннараары кымаахтыы сатыыбын эрээри, илиим да, атаҕым да хамсаабат. Нэһиилэ төбөбүн өндөтөн көрбүтүм – орон таҥаһын бүрүнэн туох эрэ сытар. Кутталбыттан олох иэдэйдим. Арай кулгаахпар саҥа иһилиннэ: «Куттаныма», – диэн сибигинэйэр. Онтон эмискэ утары аан аһылынна уонна эдьиийим киирэн кэллэ. Киһим миигин көрөн баран турда. Аргыый аҕай түннүккэ хааман кэлэн, кинигэ аахпыта буолла уонна хараҕа син биир мин диэки. Үөхсэ сатаатым, хаһыытыы сатаатым – истибэт. Онтон арай оронум (тимир буруһууна) «тилир» гына тыаһаата да, туох эрэ туран барда быһыылаах, чэпчээн хааллым. Хаһыым дьэ таҕыста. Эдьиийбин: «Тоҕо уһугуннарбаккын? Баттата сыттым», – диэн дэлби мөхтүм. Ону эдьиийим: «Хараҕыҥ быччайан тахсаары гыммыт курдук, биир сири тобулу көрөн баран сытар этиҥ буолбат дуо, өссө мин туох буоллаҕай диэн кэтии турбутум», – диэтэ. Онтон дьэ өйдөөн, кутталбытыттан таһырдьаны былдьастыбыт, дьиэбитигэр сүүрэн тиийэн дьоммутугар кэпсээтибит. «Аны хаһан да ити дьиэҕэ кииримэҥ» – диэн боптулар. Ол абааһы дьахталларга эрэ киирэр идэлээх эбит, түүллэригэр эмиэ көрөллөр үһү – уһун уҥуохтаах сырдык киһи диэн кэпсииллэрэ.
* * *
Биирдэ хоско утуйа сытар дьүөгэм хаһыытыттан уһуктан кэллим. Уоту холботтордо, ол эрээри тугу да кэпсээбэтэ, уоскуйан баран, салгыы утуйдубут.
Сарсыарда биирдэ чэйдии олорон түүлүн кэпсээтэ. Арай киирэр ааны көрө сытар үһү, онно эр киһи киирбит даҕаны, киниэхэ уун-утары сүүрэн кэлэн, илиитэ ыалдьыар диэри ыга туппут. Мин күлүү гынааччы буоллум: «Ити баар, эрдэрэ суохтарга түүнүн абааһы кэлэр үһү», – диэтим уонна бэйэм эмиэ табаарыһа суохпуттан сонньуйа быһыытыйдым.
Нэдиэлэ курдук дьүөгэм «аанынан өҥөйбүтүн көрдүм, куукунаттан өҥөйбүтүн көрдүм» диэн кэпсээтэ уонна «түүл буолуо» диэн бэйэтэ бэйэтин уоскутунар.
Биир түүн утуйа сытан туох эрэ тыаһыттан уһугуннум дуу, баттаттым дуу. Ол курдук түүл уонна илэ икки ардынан сыттахпына, арай аан ойоҕоһуттан хараҥаҕа киһи быгыалыыр. Мин: «Ааммытын хатаабатахпыт, – дии санаан: Итириктэр киирбиттэр!» – диэн хаһыыран эрдэхпинэ, үрдүбэр ким эрэ ыстанна. Ыйааһына ыарахана сүр. Мин утарылаһан көрдүм, таарыйдахпына – этэ-сиинэ барыта быччыҥ, кылгас соҕус сымнаҕас түүлээх, төрүт сыгынньах быһыылаах. Арай сыллыыр-ууруур, мин баттата сытабын быһыылаах диэн туора хайыстым. Түүл диэн бэйэбин уоскутуннум. Ол эрээри чахчы илэ курдук. Ол «сыллата-сыллата» утуйан хааллым. Сарсыарданан уһукта биэрбитим – өссө да үрдүбэр сытар эбит. Халлаан сырдаабытыгар көрбүтүм, этэ-сиинэ бороҥ түүлээх, сирэйин көрдөрүмээри төбөбүн илиитинэн баттыыр. Оннук мучумааннана сытан эмиэ утуйбуппун. Сарсыныгар дьүөгэм: «Баттатан аҕай биэрдиҥ», – диэтэ, мин барытын кэпсээтим уонна баттаттахпытына бэйэ-бэйэбитин уһугуннарыах буоллубут. Доҕотторбутун аҕалан хоннордубут, дьоммутугар баран хоно сырыттыбыт. Ол эрээри кэлин, атын да дьиэҕэ көһөн баран, аан нөҥүө өҥөйөн турарын нухарыйа сытан көрөр этим, «чугаһаама» диэн санаабар бардьыгыныырым. Ардыгар ороммор кэлэн олороро, хоспор хаамыталыыра. Онтон биир уолу көрсөн, ыал буолуохпут иннинэ, «түүнүн туох эрэ көхсүбүн үтүөлүүр, аантан өҥөйөр, эн үрдүгэр олорор» диэн баттатар буолбутугар ыраастаппыппыт. Ол кэннэ хата кэлин буулуу илик.