Читать книгу Илэ барбыттар - Группа авторов - Страница 4
АЛААС АБААҺЫТА
ОглавлениеЭргэ өтөххө көстөр абааһы. Ардыгар өтөх аттыгар көмүллэ сытар дьон дууһата эбэтэр дьиэ иччитэ буолуон сөп. Хас да араастаах.
* * *
Дэриэбинэттэн икки көстөөх Куба Һаарбыт диэн сиргэ кыстаан, дэриэбинэ сылгытын бүтүннүү аһатан, бүөбэйдээн сылгыһыттар олорбуттар. Сураҕа, икки дьиэлээхтэр үһү: биирэ – утуйар, иккиһэ – күөстэнэн аһыыр-сиир сир. Кинилэр алаастарыгар былыргы өтөх баара үһү. Биллэн турар, балаҕан, сэргэ элбэх буоллаҕа. Олорбут дьон онно көмүллэн сыталлара да саарбаҕа суох. Биир сайыҥҥы сылаас күн доҕордуулар, аһыыр остуоллара кыратын сирэн, балаҕан иһиттэн былыргы төгүрүк остуолу ыларга санаммыттар. Арай остуолларын көтөҕөн таһаараары гыммыттара, ааҥҥа баппат эбит. Онуоха уолаттар, уһуну толкуйдуу барбакка, остуол сирэйин туура тардан, бэйэлэрин дьиэлэригэр киллэрбиттэр. Үөрэн-көтөн, астарын астанан аһыахча буолан эрдэхтэринэ, эмискэччи иэдээн сыты-сымары кытта тэҥҥэ ким эрэ ыараханнык тыынара иһиллибит. Уолаттар куттанан, остуолларын төттөрү таһааран, балаҕаҥҥа илдьибиттэр уонна көмүлүөгү оттон, иччилэри аһаппыттар, алы гынарыгар көрдөспүттэр. Ол курдук, кырдьаҕас сөбүлээбэтэҕин биллэрбит. Саамай дьиктитэ, төттөрү киллэрэллэригэр остуол олус холкутук ааҥҥа баппыта үһү.
Эдэр дьон, өтөх дьиэ малын-салын мээнэ тыытымаҥ. Уоту, сири-дойдуну аһата сылдьар буолуҥ.
* * *
2021 сыллаахха сайын хаһыа да буолан Амма өрүскэ сынньана диэн хомунан-тэринэн айаннаатыбыт. Аммаҕа сылдьыбатахпыт ырааппыт. Массыынаны бэйэм ыытабын, дьүөгэлэрим маҥнай кэпсээн-ипсээн бөҕө буолан баран, улам-улам саҥалара аҕыйаан, ким утуктаан утуйан, ким миигин аралдьытаары санаан кэлэ-кэлэ саҥаран, син өр соҕус айаннаан истибит. Амма бөһүөлэгэр сарсыарда суһуктуйуута тиийэн, тыраасса ойууруттан тахсааппытын кытта, дохсун ардах курулуу түстэ. Кустук дьэрэкээн өҥө саҥа тахсан эрэр сайыҥҥы күҥҥэ дьиримнии оонньоото. Салгыы айанныахпытын, ардах өссө күүһүрэн, туох да көстүбэт буолла, онон, барбахтыы түһэн баран, суол кытыытыгар көнө сири булан тохтоотум уонна кириэһилэбин сытыаран, утуйан хааллым. Кыргыттар ууларын быыһыгар: «Ээ, ардах…» – эрэ диэн хааллылар. Мин утуйан иһэн, испэр сирбин алаадьынан аһатыахпын санаан, сылайбытым бэрт буолан, сүтэн хааллым.