Читать книгу Илэ барбыттар - Группа авторов - Страница 3
ААННЬАЛ
ОглавлениеКиһини араҥаччылыы, көрө-харайа сылдьар күүс. Аанньалыҥ төрүөххүттэн аттыгар баар буолар, араас оһолтон сэрэтэр, көмүскүүр.
* * *
Кыра эрдэхпиттэн ол-бу араас дьиктини, таайыллыбаты көрөбүн. Билигин оҕо эрдэҕинээҕим курдук куттаммаппын. Бастаан хара күлүктэри эрэ көрөрүм. Онтон сотору кэминэн ол күлүктэр илэ көстөр буолбуттара.
Биирдэ ийэм олус улаханнык ыалдьан, орон-тэллэх киһитэ буолбута. Кини утуйар хоһо мин хоһум утары турар буолан, хайдах сытарын көрөр-истэр этим. Ол иһин сарсыарда утуйан турдум да, тутатына хараҕым ийэбэр быраҕыллара. Биир күн сарсыарда ийэм олус минньигэстик утуйа сытара. Харахпын кыл түгэнэ киниттэн арааран, суорҕаммын көннөрдүм, онтон эмиэ көрбүтүм, арай ийэм аттыгар ким эрэ турар курдук. Өйдөөбүтүм – хара уһун синньигэс туох эрэ үөһэттэн кинини одуулуу турарга дылы. Уонна чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр сүтэн хаалла. Мин куттанан, уолуйан, суорҕаным анныгар түстүм. Бу туһунан кимиэхэ да сатаан эппэтэҕим.
Ити түгэн сыыйа умнуллубута. Ийэм сотору кэминэн үтүөрэн барбыта. Атаҕар туран, аҕыйах күнүнэн сүүрэ сылдьар буолбута.
Биир үтүө күн, туохха эрэ тэһэ бэрдэрэн, ити ааспыт дьикти түгэни санаан кэлэммин, ийэбэр кэпсээбитим. Онуоха кини ол күлүк кэлэн эмтээн, алҕаан барбытын эппитэ. Ол ийэм аанньала сылдьар эбит. «Төрүттэрбит куруук араҥаччылыы, кэтии сылдьаллар…» – диэн элбэҕи кэпсээбитэ. Онон, түмүктээн эттэххэ, ити көстөр дьиктилэрбит куһаҕаҥҥа эрэ буолбакка, үчүгэйи түстээн эмиэ көстүөхтэрин сөп.
* * *
Сэбиэскэй былаас саҕана буолбут түбэлтэ. Сайын үгэннээн турар кэмигэр биир пиэрмэ ыччаттара оттуу сылдьыбыттар. Үлэ бириэмэтэ бүтэн, сайылыктан дэриэбинэҕэ илдьэр былыргы ЗИЛ массыына кузовыгар олорсубуттар. Айаннаан иһэн кыргыттар ырыа-тойук, уолаттар кэпсээн-ипсээн бөҕө буолбуттар. Биир уол айдаантан куотан, массыына кабинатыгар олорсубут. Ол иһэн көрдөхтөрүнэ, аара суолга икки эмээхсин сэргэстэһэ хаамсан иһэллэр эбит. Ону суоппар тохтоон иккиэннэрин кузовыгар олордубут. Кэннигэр баар ыччаттар эмээхситтэргэ үөһэ тахсалларыгар көмөлөспүттэр. Ити бириэмэҕэ хатыҥыр эмээхсин урут тахсан баран, кабина түннүгүттэн чугас олорбут уонна иһирдьэ баар уол диэки дьикти баҕайытык көрөн ылбыт. Уол симиттэн туора хайыспыт. Салгыы айаннаабыттар.
Дэриэбинэлэригэр чугаһаан иһэн уол кузовка баар дьону өҥөйөн көрбүтэ – ыччаттары кытта биир эрэ эмээхсин олорор эбит. Уол соһуйа санаабыт. Онтон тиийэн, тохтообуттарын кэннэ: «Эмээхситтэр иккиэлэр этэ дии, биирдэстэрэ ханна баарый?» – диэн ыйыталаспыппар, бары «биир эрэ эмээхсин олорсубута ээ» дэспиттэр.
Уол, итэҕэйбэккэ, эмээхсинтэн эмиэ ыйыппытыгар, анарааҥҥыта: «Хас да биэрэстэни соҕотох хааман иһэн, эһиги массыынаҕытын көрөн олус үөрбүтүм, мин суос-соҕотох этим, аттыбар ким да суоҕа!» – диэбит.
Кэлин бу эмээхсин өссө хас да сыл этэҥҥэ сылдьан, хос сиэннэригэр тиийиэр диэри уһуннук олорбут. Ону кэлин: «Арааһа, Иэйэхситим аттыбар сылдьыбытын, били аһаҕас эттээх уол көрбүт буолуон сөп», – диэн кэпсиирэ үһү.
* * *
Бу түбэлтэни эдьиийим кэпсээбитэ. Биирдэ кини Өлүөнэ очуостарыгар сылдьан ууга түһэн өлө сыспыттаах.
Эдьиийим дьүөгэтин кытары сиэттиспитинэн уу кытыытынан хаамыталыы сылдьан көрдөхтөрүнэ, кинилэртэн олох чугас биир дьахтар сөтүөлүү сылдьар эбит. Хайдах эрэ балык курдук дьикти баҕайытык харбыырын муодарҕаан кэтээн турбуттар. Арай дьахтардара, кинилэр диэки хайыһаат, түөһүгэр диэри ууттан быган туран, ыҥыртаан илиитинэн сапсыйбыт. Иһиттэхтэринэ, «манна кэлиҥ, наһаа үчүгэй!» диирдии саҥарар үһү. Тута эдьиийим ааҕы туох эрэ күүс иннилэрин диэки хаамтарар курдук буолбут. Өйдөнөн кэлбиттэрэ, олус дириҥҥэ киирэн хаалбыттар… Эдьиийим барахсан үрүҥ күн сырдыгын иһин охсуһуута саҕаламмыт. Аны туран, кини кыайан харбаабат. Уу анныгар биирдэ баар буолбутун эрэ өйдөөбүт. Ууну ончу иһиэ суохтаахпын диэн, тыынын хаайа сатаабыт. Тимирэн иһэн көрдөҕүнэ, күнэ үөһэ күлүмнээн көстөрө үһү. Эдьиийим, өйүн сүтэриэн иннинэ, туох баар санаатын түмэн үрдүк күүстэртэн көрдөспүт. Түлэй-балай баран истэҕинэ, уу түгэҕиттэн туох эрэ өрө анньарга дылы буолаатын кытта, өрүс үрдүгэр дагдас гыммыт. Уоннааҕытын өйдөөбөт. Кытылга тахсан баран, биирдэ тыынын ылбыт. Үс уол соһон таһаарбыттар үһү. Өллө диэн эрдэхтэринэ, хата эдьиийим өйүгэр кэлбит. Дьүөгэтэ туох да буолбатах, бэрт эрэйинэн бэйэтэ харбаан тахсыбыт.
Дьиктитэ диэн, ол дьахтары кинилэртэн ураты ким да көрбөтөх. Эдьиийим ууга тимирэн эрдэҕинэ, «халлааҥҥа сылгы кистээбитэ уонна ол кэнниттэн кыыс ууттан күөрэйэн тахсыбыта» диэн кэлин дьон кэпсээбиттэр.
* * *
Сэрии эрэ иннинэ буолбут түбэлтэ. Сайын ортото, от үлэтин үгэнэ этэ. Аҕам өрүс уҥуор оттуу сылдьара. Мин ийэбиниин холкуос пиэрмэтин сайылыгар хас да ыалы кытта дьукаахтаһан олорбуппут. Ийэм ыанньыксыттыыра. Холкуос сүөһүтүн кытта бэйэбит аҕыйах ынахтаах этибит. Арай биир киэһэ саамай үүттээх ынахпыт кэлбэтэ. Ийэбиниин үлэбитин үмүрүтүөхпүтүгэр диэри – мэлигир. Хайыахпытый, түүннэри көрдүү барыахпыт дуо? «Сарсын кэлэр ини» дии санаан утуйдубут. Сарсыныгар даҕаны ынахпыт суоҕун курдук суох. Ийэм үүттээх ынаҕын сүтүктээн санаа бөҕөҕө түстэ. Миигин күнүскү ыам кэнниттэн көрдүү барарбар соруйда. Мин, төһө да уончалаах эрэ киһи буолларбын, бүтүн ынах сүтэрэ биһиэхэ охсуулааҕын өйдүүрүм. Чэйдии охсоот, ынахпын көрдүү бардым.
Бастакы омуммар сүүрүү-хаамыы былаастаан чугас алаастары бүтүннүү кэрийдим да, булбатым. Ити сырыттахпына, киэһэрэн барда. Мин тэйиччи сытар алаастары кэрийэр санааланным. Бэрт уһуннук хаамтым. Сылайдым, аччыктаатым. Үөн-көйүүр бөҕө түстэ. Ону ол диэбэккэ «ынахпын эрэ булбут киһи» диэн баҕа санаалаахпын. Сайыҥҥы күн саҕахха саста. Халлаан боруҥурда. Мин олох сылайан иэдэйдим.
Арай биир кыракый соҕус алааска ампаар дьиэ турарын көрдүм. Сырам-сылбам эстэн, ол дьиэҕэ киирэн, борук-сорукка наара ороннор баалларын көрөн, хаҥас диэки бардым, онно сытынан кэбистим. Сылайбытым бэрт буолан, тоҥорбун да билбэккэ, утуйан хааллым. Өр дуу, өтөр дуу буолан баран, түүл эбитэ дуу, илэ эбитэ дуу, киһи саҥата иһилиннэ: «Нохоо! Мантан тур! Атын сиргэ баран сыт!» – диэтэ. Хаста да хатылаата. Мин турбатым, түүл дии саныыбын. Онтон эмискэ ким эрэ көтөҕөн ылла быһыылаах уонна атын сиргэ илдьэн сытыаран кэбистэ. Уубар тартаран салгыы утуйан истэхпинэ, туох эрэ «күр» гына тыаһаата. Мин аһара сылайбыт буолан, онно эрэ кыһаллыбатым. Оннук олус кытаанахтык утуйан турбутум, күн үөһэ ойбута ырааппыт этэ. Арай өйдөөбүтүм – бэҕэһээҥҥиттэн букатын атын сиргэ – уҥа диэки наа- раҕа сытар эбиппин. Түүн кэлэн сыппыт сирбэр өһүө маһа тостон түспүт этэ.
* * *
Биир элбэх этээстээх дьиэҕэ улахан баһаар баран, соторутааҕыга диэри оҕо-уруу саҥатынан туолан турбут, үгүс киһи көмүс ньээкэ уйата буолбут дьиэ күлгэ-көмөргө кубулуйбутун аҥаардас көрүөххэ да ынырык этэ. Ол эрээри күнүс дьон бары үлэлэригэр буолан, хата ким да уокка былдьамматаҕа. Арай биир кыыс түүҥҥү дьуһуурустубаттан кэлэн, баһаар кэмигэр утуйа сыппыт да, дьолго, тыыннаах ордубут. Кыыс хайдах уһуктан быыһаммытын маннык кэпсээбитэ:
– Олус үчүгэйдик утуйа сыттахпына, арай ийэм киирэн кэллэ уонна: «Тоойуом, тур-тур, тур», – диир. Мин тоҕо эрэ кини бэлиэр биһиги ортобутугар суоҕун билбэт курдукпун, соһуйбаппын. Өссө: «Тоҕо уһугуннара сатыыр буоллаҕай, үлэбиттэн кэлбиппин өйдөөбөт дуу?» – дии саныыбын. Ийэм букатын арахсыбат: «Тоойуом, тур, тур!» – диир. Түмүгэр букатын да суорҕаммын саралыы тардан түһэрдэ. Онуоха дьэ мин олохтоохтук уһуктан, ороммор олоро биэрдим. Түүлбэр дуу, илэ дуу буолбутун улаханнык өйдөөбөтүм. Ханнааҕы ийэм кэлиэй, хоһум кураанаҕын курдук кураанах. Суорҕаным сиргэ сытарын ороммор ууран баран, тоҕо эрэ аан диэки хаамтым. Дьэ онно эрэ аһыы буруо сыта киирбитин билэн, хап сабар таһырдьаны былдьастым. Уой, онтум дьиэбит аҥаара умайан күүдэпчилэнэ аҕай турар эбит! Ийэм барахсан бэл анараа да дойдуттан араҥаччылыы сылдьаахтыыр буоллаҕа.
Дьэ дьикти, үс сыллааҕыта күн сириттэн суох буолбут ийэ хайдах кыыһын сэрэтэ кэлбитэ киһи өйүгэр кыайан баппат. Ол да буоллар, буолбуту мэлдьэспэккин.
* * *
Убайым биирдэ бултуу сылдьан, өлөрбүт куһун күөлтэн хостоору, кытылтан тыытыгар киирэн истэҕинэ, ким эрэ кэнниттэн аатынан ыҥырбыт, төрүт билэр куолаhа эбит. Эргиллэ биэрбитэ – ким да суох, иhиллээн тура түспүт – уу чуумпу. Салгыы киирэн истэҕинэ, эмиэ кэнниттэн ким эрэ аатынан ыҥырбыт. «Ким баҕайытай?» – диэн, хат эргиллибит, тулатын көрбүт, иhиллээбит…
Арай, өйдөөн көрбүтэ, саатын куруогар талах мутуга иилистибит, саатын уоhа бүөргэ анньан турар эбит, кыратык өссө күүскэ тартахха – ытар. Онно саллыы бөҕөнү саллыбыт, саатын айаҕын туора хайыһыннаран, куруогун мутуктан устубут. Көстүбэт киhи ыҥырбатаҕа буоллар, сискэ быhа ытыллан быстахха былдьаныа эбит. Бэйэтэ этэринэн, үчүгэйдик билэр куолаһа үһү.
Сэрэйдэххэ, Иэйэхситэ буолуо… Киhи барыта төрүөҕүттэн Иэйэхситтээх, сороҕор кинини кэлэтиэххэ сөп диэн дьон кэпсээччи.
* * *
Биирдэ дойдубар кустуу сылдьан, киэһэ хараҥаҕа дьиэлээн иһэн, ардахха баттаттым. Өтөх балаҕаҥҥа киирэн, ардах хаһан астарын кэтэһэн олордум. Ол олорон утуктаан бардым…
Арай балаҕан эркинэ суох өттүнэн ийэм бокуонньук киирэн кэллэ. Халлаан халлан, ийэм сирэйэ ырылхайдык көһүннэ. Ытаабыт. Иһирдьэ киирэн миигин көрөн турда. «Өлөн баран эмиэ тоҕо кэллиҥ? Бар мантан», – диэтим. Онтон туох эрэ тыастан уһуктан кэллим. Халлаан сырдыа баара дуо, өссө эбии ыаһырбыт, ардах өссө күүһүрбүт. Мин «туох дьикти түүлүн көрдүм» диэн ырытан, олорбохтуу түһэн баран, ийэм туохтан эрэ сэрэттэ быһыылаах диэммин, саабын, сүгэһэрбин ылан балаҕантан тахсан, аҕыйахта хардыылааппын кытта, кэннибэр сүрдээх улахан хачыгыр-кучугур тыас тыаһаата, туох эрэ сүр күүскэ сууллан түстэ. Мин «абааһылара бу буоллаҕа» дии санаат, инним диэки түһүнэн кэбистим. Кэлин көрбүтүм, мин олорбут сирим үрдүнэн балаҕан өһүөтэ тостон, сууллан түспүт этэ. Былыргы балаҕан даҥа, омуннаатахха, миэтэрэ аҥаара баар буолуохтаах. Ол баттаабыта буоллар миигин өлөрөр этэ. Ону сэрэтэн ийэм эрэйдээх көстөөхтөөбүт эбит.
* * *
Ийэм оҕо сылдьан сайын аайы звенолары кытта дэриэбинэттэн ыраах сиргэ оттоһо барсара үһү.
Биир күһүн отторун бүтэрэн, «чэ, мин бардым» диэн, дэриэбинэ диэки бэйэтэ хаама турбут. Ийэм куттаһа суох буолан, соҕотох төннөрүгэр кыһаллыбатах, эбиитин, мэлдьи сылдьар сирэ буоллаҕа.
Быһалыы бараары ойуур быыһынан киирбит. Биирдэ өйдөммүтэ халлаан хараҥаран хаалбыт, баран иһэр ыллык суолун сүтэрэн кэбиспит. «Иэдээн, муннум!» – дии санаабыт. Ол да буоллар, санаатын түһэрбэккэ, салгыы айаннаабыт.
Арай баран истэҕинэ үрдүгэр туох эрэ сырдык тыкпыт. Эмискэ буолбакка, хайдах эрэ куттуон баҕарбат курдук, сыыйа сырдаабыт. Тула сылаас салгын илгийбит, ийэм ол кэннэ эрэх-турах санаммыт. Сырдык кини кэтэҕиттэн суолу сирдиирдии тыгар үһү, ол тухары кэннин хайыһан көрөр санаа отой киирбэтэх. Сотору соҕус ыллык суолугар тахсан кэлбит. Дэриэбинэҕэ тиийэрин саҕана, ол сырдык уота аа-дьуо сүтэн, симэлийэн хаалбыт үһү.
Ийэтигэр тиийэн кэпсээбитигэр: «Ити сирдэргэ эһэҥ бултуур этэ» – диэн эппит. Онон, арааһа, булчут кута сиэнигэр көмөлөстөҕө диэн тойоннообуттар.
* * *
2008 сыллаахха бииргэ төрөөбүт убайым күн сириттэн күрэммитэ. Олоҕун тухары биир да киһиэхэ куһаҕаны оҥорботоҕо, кими да хом санаабат этэ.
Бу түбэлтэ оҕобун кытта балыыһаҕа сыттахпына буолбута. Оҕо салаатыгар биир ыйдаах быраҕыллыбыт кыһыл оҕо баара. Барахсаны туох баар ыарыы барыта буулаабыт этэ. Биир түүн түһүүбүн: ординаторскайга киирэр көрүдүөргэ ийэлэр бары оҕолорбутун көтөҕөн туохха эрэ уочараттыы турабыт.
Мин уочаратым кэлбитигэр, биир наһаа кирдээх таҥастаах киһи кирилиэстэн тахсан кэллэ. Бастаан утаа сиргэнэ санаатым, онтон чугаһаабытыгар көрбүтүм – төрүт даҕаны убайым эбит. Утары кэлэн дорооболосто, олус үөрбүт-көппүт. Ол кэннэ эмискэ сирэйэ уларыйан хаалла уонна кыыһырбыт куолаһынан: «Хайыы тураҕын? Бар мантан!» – диэтэ. Ону мин: «Тохтоо! Кэпсэтиэх», – диэбиппэр: «Ыксыы сылдьабын», – диэн хоруйдаата. Онтон уһуктан кэллим, уу-хаар бөҕө буолбуппун.
Сарсыарда истибиппит, быраҕыллыбыт оҕо барахсан ол түүн тыына быстыбыт этэ. Мин: «Убайым кэлэн мин оҕобун араҥаччылаабыт быһыылаах», – диэн үөрбүтүм, эмиэ да биир өттүнэн: «Ама, кини анараа дойдуга тиийэн, өлүү аанньала буолбута буолуо дуо?» – диэн санньыйа санаабытым…
* * *
2010 сыл сайыныгар ойоҕум уол оҕону төрөтөн, үөрэн-көтөн роддомтан тахсан баран, быыллаах куораттан куотан, мин дойдубар айаннаатыбыт. Дойдубар тиийэн, ыраас салгынынан тыынан, күҥҥэ сыламнаан, үрэхпитигэр сөтүөлээн көрүлүү сырыттыбыт.
Ол сылдьан үлэни эмиэ умнубаппыт. Эбэм уһаайбатыгар хортуоппуй үүннэрэр улахан бааһыналаахпыт, онно ийэм, аҕам уонна балтым буолан сыыс от ыраастыы, тээпкэлии бардыбыт. Дьиэҕэ кэргэним оҕотун кытта соҕотох хаалла.
Киэһэ 5–6 чаас диэки төннөн кэллибит. Арай кэргэним оҕотун көтөхпүтүнэн тэрээһэҕэ хаама сылдьар. Сирэйин көрөөт, соччото суоҕу тута сэрэйдим. «Туох буоллуҥ?» – диэн ыйыппыппар маннык диэн кэпсээннээх буолла: күнүс үс чаас саҕана оҕотун аһатан баран утуппут уонна аттыгар сыппыт. Ол сыттаҕына, хос түннүгүн туох эрэ тоҥсуйар курдук үһү. Өҥөйөн көрбүтэ, хайа эрэ эмээхсин түннүгү бэс туорааҕынан быраҕаттыы турар эбит, онтон кинини көрөн баран, дьиэни эргийэ киирэр аан диэки барбыт. Кэргэним, дьиктиргээн, тэрээһэҕэ тахсыбыта – ким да суох. Арай, доҕоор, ол эмээхсинэ кэнниттэн дьиэ иһиттэн тахсан кэлбит уонна: «Хайа, дорообо!» – диэн баран илиитин ууммут. Онуоха кэргэним олус куттаммыт уонна тута оҕотун санаабыт. Ол да буоллар тоҕо эрэ эмискэ эмээхсиҥҥэ: «Чэйдиигин дуо?» – диэн иһэн, уҥан хаалбыт. Өйдөммүтэ, бэйэтин оронугар уһуктан кэлбит, тута оҕотун кууспутунан таһырдьа ыстаммыт. Эмээхсин сырдык хааннаах, кытаанах соҕус сирэйдээх уонна оройугар кырыбыайкалаах эбит. Оруобуна түөрт сыллааҕыта суох буолбут эбэбитин ойуулаан таһаарда. Киэһэлик хаартыскатын көрдөрбүппүтүгэр: «Кини кэлэ сылдьыбыта», – диэн бигэргэппитэ.
Эбэм барахсан эдэр кийиитин, хос сиэнин кэлэн көрөн-истэн бардаҕа. Мин онтон үөрэбин эрэ. Ол аата, биһигини араҥаччылыы, көрө-харайа сырыттаҕа.
* * *
Балыыһаҕа сытан абааһылаах кэпсээннэри кэпсэттибит. Кэккэлэһэ сытар дьахтар бэйэтин олоҕор дьиҥнээхтии буолбут түбэлтэни кэпсээтэ, куттала суох эрээри, киһи дьиксинэр.
Кини бэйэтэ Ньурбаҕа олорор эбит. Биирдэ туох эрэ наадаҕа чугас төрөөбүт дэриэбинэтигэр дьонугар тахсыбыт. Кэргэнэ үс күнүнэн кэлиэм диэн Ньурбаҕа хаалбыт. Дьахтар икки хоммут, үһүс түүнүгэр дьэ түүл түһээбит. Утуйа сытабын диир үһү, арай ол сыттаҕына, орон анныттан оҕонньоро тахсан кэлбит уонна: «Эһиги күнүс аһыы олордоххутуна, кэлбитим», – диэбит. Дьахтар уһуктан кэлбит уонна түһээбиппин дии санаан салгыы утуйбут. Бу сырыыга туох эрэ кэлэн атаҕыттан соһо сатыыр үһү. Уһуктубута – ийэтэ уһугуннара турар.
Ол бириэмэҕэ куораттан бииргэ төрөөбүт убайа эрийбит. Кини утуйа сыттаҕына: «Тур, түргэнник дьиэҕэр эрий», – диэн саҥаны истибит, ол иһин эрийбит эбит. Дьэ онно дьахтар сэрэйбит: «Оҕонньорум кэлэн иһэн туох эрэ буолла быһыылаах», – диэн айманан, аҕатын «утары бар» диэн ыыппыт. Аҕата, утарыласпакка. тута айаннаабыт. Күтүөтэ, кырдьык, кинилэргэ айаннаан иһэн, тыраассаттан дэриэбинэҕэ киирэр суолга оһоллонон сытар үһү. Маска кэтиллибит уонна массыынатын көрө тахсан иһэн сууллан хаалбыт эбит. Таһырдьа кыһын, түүн ортото, онно кинини ким булуой? Үлүйүөхтээҕин хата дьикти түүл көстөн быыһаммыт.
* * *
Аҕам кыра эрдэҕиттэн биир уоллуун доҕордоһон, «эн-мин» дэһэн улааппыт. Улаатан баран иккиэн биир ыал кыргыттарын кэргэн ылан, быр бааччы олорбуттар. Үлэлэрэ да биир этэ – ыраах айан суоппардара, рейскэ наар бииргэ бараллара, тус-туспа хаһан да айаннаабаттара.
Биир сыл аҕам доҕоро соһуччу баҕайытык ыалдьан анараа дойдуга аттаммыта. Аҕам олус соҕотохсуйан, соччо барбат-кэлбэт буолбута. Ол эрээри биирдэ сааһыары Нерюнгрига дуу, ханна дуу таһаҕас таһа барда.
Арай тиэнэн баран, сылайан, кабинатыгар утуйа сыттаҕына, ааны аһан, илэ бэйэтинэн суох буолбут доҕоро бу киирэн кэлбит, сирэйин утары олох көрбөт үһү. Ол олорон, аат харата ону-маны сэһэргэһэн кэпсэппиттэр. Онтон киһитэ: «Бээ, түргэнник айаннаа, утуйан тарайа сытыаҥ дуо? Куота оҕус!» – диэбит уонна, кабинаттан тахсаат, аанын ытыһынан иккитэ саайбыт (оннук үгэстээх эбит). Ол тыастан аҕам уһуктан олоро биэрбит, «ким тоҥсуйарый» диэн таһырдьаны өҥөйбүт, ким да чугас суох үһү. Онтон дьэ, түүлүн өйдүү түһээт, сэрэппит эбит диэн, айанныы турбут.
Мэҥэ Хаҥаласка кэлэн баран истибитэ, кини айаннаабыт күнүн кэнниттэн сүрдээх элбэх хаар түһэн, суол килиэ муус буолбут. Массыына бөҕө алдьаммыт, киһи өлүүлээх оһол тахсыбыт үһү.