Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 3

АЛЛАЙЫАХА

Оглавление

Анна Павловна Трофимова (1928). Аллайыаха, Ойоотун нэһилиэгэ. Эбээн. 1981 с. кэпсэппитим.

ХАЙАҔАСТААХ

Бу сир урукку аата Хайаҕастаах диэн. Удаҕан аата үһү Хайаҕастаах диэн. Хайаҕас баар этэ. Хас үйэ тухары турдаҕа дии хайаҕас. Ол хайаҕаска киирэҕин, ыраах соҕус хаамаҕын иһигэр. Аан курдук хайаҕас. Ол хайаҕаска бэлэҕэ суох ыыппаттар үһү былыр. Дьон: «Иччитэх барбат буолуҥ», – дииллэр үһү. Кэппиэйкэ эҥин, саҥа таҥас кырадаһынын, оҕуруо эҥин бырахтараллар эбит.

Ол удаҕан ити хайаҕаһы оҥорбут үһү. Мөккүспүттэр үһү икки ойуун. Удаҕанын биллэрээри хайаҕас оҥорбут. Мин күүстээх ойууммун диэн. Билиилээхпин диэн. Ону биирдэрэ: «Эн сириҥ алдьаныа, үйэтэ суох сир», – диир үһү. Иккиһэ: «Мин сирим үчүгэй, үйэ-саас туруо», – диир үһү. Удаҕана хайаҕаһы оҥорбут уонна хайаҕас иһигэр сүтэн хаалбыт уонна Халыманан тахсыбыт дииллэр.

Былыргылар кэпсииллэр.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх