Читать книгу Итэҕэл уонна ыраастаныы - - Страница 1

Аан тыл

Оглавление

Тоҥ мас мутуга тулуйбакка тосту ыстанар тымныылаах тохсунньу 17-с күнүгэр көтөр аалга олорсон, атааннаах-мөҥүөннээх Аан ийэ дойдум оргуйа турар туманынан бүрүллүбүт арылы маҥан халлааным алын араҥатынан арҕаа диэки айаннатан иһэбин. Дьэ уонна бу айаннаан иһэммин эйиэхэ, күндү ааҕааччым, этэр-тыынар тылым өйгүн-санааҕын ийэ куккун кытта ситимниир этитиилээх буоллун, саҥарар саҥам салгын куккун таарыйар тыыннаах-иччилээх буоллун диэн кэпсэлим-сэһэним аанын, сир ийэм араҕас далбарыттан 10 биэрэстэ үрдүккэ олорон, арыйдаҕым буоллун!

Киһи аймах орто дойдуга олорорун тухары, сорох хаһан эмэтэ, сорох сылдьарын тухары тохтууру билбэккэ, олох суолтатын, Аан ийэ дойду оҥоһуутун, тутулун туһунан сыта-олоро сылыктаан, тура-хаама толкуйдаан да биэрдэҕэ. Ордук саха киһитэ барахсан, тымныы, өҥүрүк куйаас, бырдах, оҥоойу бөҕөлөөх дойдулаах «буруйугар» толкуйдуур, сэрэйэр, этинэн-хаанынан билэр дьоҕура атыттартан аһара сайдыбыт буолан, олорбутун тухары араастаан эргитэн, эҥин элбэх өттүттэн эргийэ көтө сылдьан, анааран, сылыктаан да ахан биэрдэҕэ.

Уруккута буоллаҕына саха барыта – бөлүһүөк. Сирбит-дойдубут тыйыс буолан, саха «төбөтүн олоруута» атыттартан букатын атын. Ол эрэн онтубут кэлин балай эмэ уларыйда. Тоҥ саха элбээтэ. Ол олох уларыйыытын, хаамыытын содула. Билиҥҥитэ, мин көрдөхпүнэ, ол уларыйыыларга утарылаһар, туруулаһар кыаллыбат курдук. Сэрэйдэххэ, бу – орто дойдуга кэлбиттэн ахсааннааҕа эрэ айылҕа аанын арыйар, Күн Айыы киһитэ дэтэр таһымҥа тиийэр кыахтааҕын туоһута буолуо, бука. Атыттар сирдээҕи олоҕунан үлүһүйэн, ааһарга албыннатан, итэҕэли иитиэхтээбэккэ, үрдүккэ таласпакка, арҕааҥҥы аҕыс уон аҕыс албастаах, соҕурууҥҥу тоҕус уон тоҕус кубулҕаттаах араабы тыыҥҥа баһыйтаран эрдэхтэрэ.

Биллэн турар, хас биирдии киһиэхэ сирдээҕи олох ийэ кутугар син биир туох эрэ саҥаны, урут билбэтэҕин биэрэн эрдэҕэ. Ол гынан баран тоҥон, сабыллан хаалбыт киһи, ылыахтааҕын ситэри ылбакка, билиэхтээҕин ситэри билбэккэ, хаарыан бэйэлээх олоҕун, күндү-мааны күнүн-дьылын ааһан хаалар түбүккэ, үгүс элбэх албыҥҥа балыйтаран, халтайга ыытан эрдэҕэ.

Итинэн мин тугу этээри гынабыный?

Мин саныахпар, сирдээҕи олох саамай улахан суолтата киһи бу олоххо кэлэн кута сайдара, олоҕун устата дьиҥ бэйэтин билиитэ хаҥаан, үрдүкү кэрдиискэ тахсара буолар. Онно, ис-иһигэр киирдэххэ, сирдээҕи кыайыы-хотуу уонна кут үүнүүтүн-сайдыытын өйдөбүллэрин уратылара бааллар. Сирдээҕи олоххо кыайыы-хотуу киһи кута сайдарыгар, күүһүрэригэр төттөрү охсуулаах буолар түгэннэрдээх, ардыгар улахан алдьатыылаах да буолар. Ону өйдүүргэ-ылынарга айылҕа ситимигэр холбонор, бэйэ айылҕатын арыйар ирдэнэр.

Билиҥҥи кэмҥэ дьон билиитэ-көрүүтэ дириҥээн, өйө-санаата уларыйан, урукку курдук атын киһи дьайыытын кэбэҕэс ылыммат буолла. Ол аата, холобур, ыалдьыбыт киһи үтүөрэрин туһугар тус бэйэтин сыыһатын-халтытын өйдөөн, ылынан, сыал-сорук туруорунан хамсаннаҕына, дьаныстаҕына эрэ үтүө түмүктээх буолуо. Үөрэҕэ суох, айылҕатынан олорор, олоҕу көнөтүнэн ылынар өбүгэбит барахсан көнө сүрүннээх буолан атын киһи дьайыытыгар сүрдээх судургутук кииринэр эбит. Ол аата туруга аһаҕас, оттон бэйэтэ итэҕэйэр, ылынар күүһэ билиҥҥи дьонтон лаппа улахан эбит.

Туох барыта икки өрүттээх. Үөрэхтэммит, элбэҕи ааҕан-истэн билбит киһи бэйэтин айылҕатыттан тэйэр. Ол аата, аныгылыы эттэххэ, «чувствота» мөлтүүр. Ол оннугар өйө – «интеллегэ, логиката» күүһүрэр.

Ол иһин киһи аахпыт-билбит, өйдөөбүт-ылыммыт билиитин тус өйдөбүл оҥостон, олоҕор сатаан туһанар, үүнэр-сайдар суолга тардыһар буолуохтаах. Дьэ онно кини айылҕа тутулун, сүрүн сокуоннарын өйдүүрэ хайаан да ирдэнэр. Билиҥҥи кэмҥэ киһи өй-санаа өттүнэн билиитэ-көрүүтэ быдан дириҥээтэ. Оттон дьиҥ бэйэтэ тутан-хабан, этинэн-сиининэн билэрэ лаппа татымырда. Айылҕалаах дьон билиини тас, тоҥ уонна ис диэннэргэ араараллара баар суол. Тас, тоҥ билии атын дьонтон уларсык кэлэр, оттон ис билии айылҕа билиитин кытта ситимнээх.

Дьэ манна утумнааһын улахан суолталаах. Өбүгэтин ситимэ күүстээх, утума быстыбатах буоллаҕына, киһи өбүгэтин билиитин иһигэр илдьэ сылдьар буолар. Оннук дьону кырдьаҕас куттаах дьон диэн ааттыыбыт. Кинилэр ардыгар бэйэлэрин саастарыгар холооно суох дириҥ көрүүлээх уонна олох араас түгэнигэр соһуйбат, уолуһуйбат, киэҥ көҕүстээх буолааччылар. Ону таһынан, көрбүөччү киһи айылҕа эйгэтигэр холбонон, онтон билии-көрүү сомсон ылара баар буолар. Оннук дьон саха итэҕэлигэр биир ураты миэстэни ылаллар.

Итэҕэл уонна ыраастаныы

Подняться наверх