Читать книгу Итэҕэл уонна ыраастаныы - - Страница 4

Итэҕэл
Итэҕэл уонна ыраастаныы

Оглавление

Хас биирдии киһи дьиҥ итэҕэлэ өбүгэтин утумугар олоҕуран, айылҕа билиитигэр тирэҕирэн, олоххо эриллэн-мускуллан, тус бэйэ өйдөбүллэрин мунньунан, үөскээн-олохсуйан иһэр аналлаах уонна сааһыран истэҕин аайы сириэдийэн, модьураан, кыаҕыран иһиэхтээх.

Ол эрээри киһи эрэ барыта дьиҥ үүнүү-сайдыы, сырдык айыы суолун тутуспат, аартыгын арыйбат. Баһыйар үгүс өттө хаарыан олоҕун күннээҕи түбүгүн үмүрүтүүгэ эбэтэр, бэркэ гыннаҕына, үп-харчы, аат-суол эккирэтиигэ, баайга баайыллыыга барыыр.

Аан ийэ дойду. «Аан бастакы» диэн өйдөбүлү кытта ситимнээх буолуон эбэтэр киирэр-тахсар диэҥҥэ эмиэ этиллиэн сөп. Ол аата айыы аана буолар дойду буоллаҕа. Хас биирдии киһи бэйэтигэр анаммыт сырдыгын дуу, хараҥатын дуу талан, быстаҕын дуу, үйэлээҕин дуу быһааран, тус бэйэтин үүнэр-сайдар биитэр өлөр-өһөр аанын булан, талан ылыахтаах эбит…

«Күн айыы киһитэ буол» диибит. Айыы диэн оҥорон таһаарыы (творение). Ол аата «сырдыгы айааччы» диэн суолталаах. Оттон айыы киһитэ диэн – турук. Икки үрдүкү туругу өбүгэ ордук чорботон бэлиэтээбит – айыыны уонна иэйиини. Ону биэрэр күүстэр Айыыһыт уонна Иэйэхсит буолаллар. Айыыһыт ордук эр киһи эйгэтигэр сыһыаннаах. Холобур, оҕо төрүүрүгэр Айыыһыт оҕо кутун эр киһиэхэ дьулайынан киллэрэр. Онно Иэйэхситэ чугаһаабыт дьахтар арыллан, ол Айыыһыт тыынын бэйэтигэр киллэрэн, Иэйэхситтиин холбоон, оҕо үөскүүр. Дьахтар төрөөбүтүн кэннэ, аны Айыыһыт атаарыллыахтаах, оччотугар дьахтар сымныыр, холкутуур, уоскуйар.

Айыы диэн тыл хайдах үөскээбитин дириҥник өйдүүр гына ырытан көрүөххэ. Тыл олоҕо «ай» (твори). Оттон «тугу гыныы?» диэн ыйытыыга хоруйдаан «ай+ыы=айыы» (творить) буолла. Бу тыл дьайыыны көрдөрөр. Оттон дьайыы түмүгэ бэлэм, оҥоһуллан бүппүт эмиэ «айыы» (сотворение) буолла. Ол эрээри бу тыл киһи туругун – айыы туругун (творчество, вдохновение) эмиэ көрдөрөр. Ордук киһи туругар быһаччы сыһыаннаах «иэйии» диэн тылга көстөр.

«Иэй», «иэйии» диэннэри атын тыллары кытта тэҥниэххэ: тут – тутуу, ыт – ытыы, биэр – биэрии, өл – өлүү, үөр – үөрүү…

Киһи сылдьарын тухары тыыны айар. Ол аата бэйэтин тыыныгар санаатын, ис туругун холбуур. Куһаҕан тыыны эмиэ айыан сөп. Ол иһин айыы-хара, атыннык эттэххэ, «хараҥа айыы» диэн өйдөбүл эмиэ баар. Манна даҕатан эттэххэ, сахаҕа «грех» диэн өйдөбүл суох этэ. Христианство киирбитин кэннэ «айыы-хара» оннугар «аньыы» диэн тылы туттар буолбуттар диэн көрөбүн. Саха айылҕа оҕото, оттон айылҕаҕа барыта тэҥ, кинини ким да сууттаабат, дьүүлгэ туруорбат. Ол оннугар киһи оҥорбут хараҥа айыыта эргиллэн кэлэ турар. Бу өйдөбүллэр улахан уратылара суох курдук эрээри, ис-иһигэр киирдэххэ – атын-атын тыыннаахтар. Грех (аньыы) – кутталтан үөскүүр, ол иһин «не согреши, бог накажет» дииллэр; хараҥа айыыттан туттунуу – бэйэҕэ, кэнчээри ыччакка, дьоҥҥо тапталтан үөскүүр, ол иһин өбүгэлэрбит «олорор мутуккун кэрдимэ» диэн эттэхтэрэ.

Улуу Кудаҥса обургу Саха сиригэр аата суох алдьатыылаах амырыын тымныы сатыылаабытыгар, ааҥнаабытыгар: «Чолбон сулуһу тахсан кэрт», – диэн Чаачыгыр Таас ойууну модьуйар. Онуоха биирэ: «…Сир уйбат, халлаан ылбат улуу айыыта диэн буолуохтаах… Хараҥа айыылаах, халыҥ буруйдаах тылы тыллаһыма!» – диир. Онон бу тыл суолтатын дириҥник өйдөөн, айыы буолла эрэ барыта үтүө тыыннаах буолуохтаах диэбэккэ ылыныах тустаахпыт. Ону ааһан Айыы Тойон Таҥара диэн букатын сыыһа буоларын эмиэ өйдүөххэ. Ол тыл эрэ суолтатыгар буолбакка, бастатан туран, олох оҥоһуутун, тутулун өйдүүргэ тирэх буолуохтаах. Айыы Таҥара – «сотворенный Бог» диэн өйдөбүллээх. Баҕар, киһи айбыт айыылара итинник этиллиэхтэрин сөбө эбитэ буолуо. Ол гынан баран саха, түүр уонна монгуол уустарыгар Таҥара – түгэҕэ биллибэт улуу халлаан, кудул Куйаар диэн өйдөбүллээх. Ол аата олоҥхоҕо этиллэр, дуйдаах иһити умсары уурбут курдук, сир ийэ бүрүөһүнэ буолбут айар тыыннаах, түгэҕэ көстүбэт, муҥура биллибэт улуу халлаан, дьэҥкир күөх халлаан Таҥара.

Өксөкүлээх Өлөксөй «Сайын кэлиитэ» айымньытыгар маннык хоһуйар:

Таҥара сарыыта

Талах ойуурдарга

Тардыы көмүс табыталлаах

Талыы ырыаһыттара

Таҥараны санаан чаргыстылар.

Күн тахсыыта

Күөх тыаларга

Көмүс түөстээх

Күндү ырыаһыттара

Күн айыыга үөрэн

Күүгүн бөҕөтүн түһэрдилэр.


Өксөкүлээх «таҥара сарыыта» диэн халлаан сырдыырын этэр. Маны ааҕааччым «таҥара» диэн тыл төрүт, сахалыы суолтатын өйдөөтүн диэн киллэрдим.

Уһун кэмҥэ христианствоны кытта алтыһаммыт, таҥара «бог» диэн өйдөбүллэнэн хаалбыт. Аҕа таҥара диэн халлаан, Ийэ сир – айылҕа. Кинилэр оҕолоро – орто туруу-бараан дойдуга олохтоох Киһи. Арҕаһыттан тэһииннээх айыы хаан аймаҕа диэн.

Нууччаҕа «семья» диэн өйдөбүл баар. «Семь Я» диэн алта киһи холбоһон, сэттис киһи мин буолабын диэн ис хоһоонноох. Икки эһэ, икки эбэ, ийэ, аҕа холбоһоннор, мин баарбын диэн. Дьэ ити көрүүгэ-истиигэ улааппыт оҕо толору киһи буолан үүнэн тахсар.

Саха киһитэ айылҕа оҕото буолан бэйэтин дьонун таһынан сири ийэм диэн билинэр, оттон халлааны, Таҥараны, – аҕам, аал уоту – эһэм, уулары, үрэхтэри, өрүстэри, күөллэри, байҕаллары бука барыларын – эбэм.

Былыр Мэҥэ ууһун баһылыгар нууччалар кэлэн «таҥара дьиэтин тутуо этибит, сирдэ бэрис» диэн көрдөһүүлэрин тылбаастаан биэрбиттэригэр, «ол бүтүн таҥараны хайдах дьиэлээри-уоттаары гынар баҕайыларай?» диэн улаханнык соһуйбут. Таһырдьа тахсан халлааны көрөн: «Субу көстөн турар таҥараҕа үҥэр-сүктэр буоллахха, тугун эмиэ дьиэтэй-тойой?!» – диэбит.

Саха киһитэ, Сир Ийэтигэр сүгүрүйэр буоллаҕына, сир дьиэтин тута сатаабат эбээт. Син эмиэ ол курдук былыр-былыргыттан улуу сүдү Халлааннарын субу утары көрөн туран Аҕа Таҥараларыгар үҥэн-сүктэн эрдэхтэрэ. Ол иһин үрдүк сирдэри: булгунньахтары, мырааннары, хайалары – Ытык сир диэн ааттаан, онно тахсан, үөһээ күүстэри кытары кэпсэтэллэр эбит.

Аны «үҥэр» диэн тылбыт суолтата эмиэ букатын тиэрэ барбыт. Билигин дьон үксэ таҥараҕа үҥэр диэни хайдах эрэ көрдөһөр-ааттаһар курдук өйдүүллэр. Дьиҥэ, түүр төрүттээхтэр хаһан даҕаны көрдөһөрү-ааттаһары өрө туппуттара биллибэт. Көҥүлү, чуолаан ис көҥүлү өрө тутар айылгылаах буолан, өбүгэбит көрдөһүөн-ааттаһыан кэриэтэ олоҕун толук уурарын ордорор буолара. Ордук уол оҕо, эр киһи олоҕо бүгүн баар, сарсын суох да буоллаҕына көҥүлэ диэн өйдөнүллэрэ. Ол да иһин өбүгэлэрбит: «Биир уол оҕо ханна төрөөн өлбөтөҕөй, биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай?» – диэн эттэхтэрэ.

Өлөрүн утуйарга холуур буолан, «наай гыннар биир бэйэбит өлүөхпүт!» диэн холкутук этэрэ. Оттон өлөр өлүүттэн куттаммат – албын буолар кыаҕа суох. Тоҕо диэтэххэ өлүү суолтатын өйдөөбүккэ айылҕа бэйэтин тутулун кистэлэҥин арыйан биэрэр эбит. Ол иһин өбүгэбит, бу сирдээҕи олохтон тутуһан, көрдөһө-ааттаһа сатаабата.

Үҥк – үҥүлүй диэн. Ол аата, үрүҥ тыыны өрө үҥүлүтэн, куту-сүрү көтөҕүү. Айылҕа оҕото өбүгэтин өйдөөн, Сир Ийэтигэр, Аҕа Таҥаратыгар үтүө тыынын ыытара, махтанара, астынара. Үҥүү сахаҕа үҥкүү, тойук, оһуохай буолан тахсар. Ол билигин суолтатын сүтэрэн оонньуу-көр, дьону сааратыы таһымыгар түһэн хаалаахтаата.

Билигин дьиҥ бэйэтин төрдүн-ууһун билэ сатааччы ахсаана Арассыыйаҕа элбээн иһэр. Тоҕо диэтэххэ дойдубут баһыйар үгүс өттө түүр төрүттээх истиэп олохтоохторо. Бу дьон түҥ былыргы Таҥара итэҕэллээх (тенгрианство) этибит диэн эмиэ өйдөөтүлэр. Ол итэҕэл сахаларга, алтайдарга уонна эбэҥкилэргэ хаалан сылдьарын этэллэр. Холобур, Татарстан биллэр учуонайа Рафаэль Безертинов бэйэтин кинигэтигэр бу курдук суруйар: «Ни тюрки, ни монголы никогда не отличались большой религиозностью. Пылкость воображения, религиозная ревностность и энтузиазм присущи арабам, иранцам и славянам. До принятия мировых религий – ислама, христианства и буддизма тюрки и монголы имели свою более древнюю и оригинальную религию, о которой можно узнать из маньчжурских требников и китайских летописей. Эта религия сохранилась в довольно чистом виде у якутов, алтайских тюрков, телеутов, тунгузов…»

Бу таҥара итэҕэлин Чыҥыс Хаан эмиэ этигэр-хааныгар иҥэринэн илдьэ сылдьыбыта. Ол эрээри баһылаабыт норуоттарыгар, атыттар курдук, соҥнуу сатаабатаҕа. Тоҕо диэтэххэ бу итэҕэл тэрээһиннээх буолара, судаарыстыба таһымыгар сулууспалыыра сүрдээх күчүмэҕэй. Ону «ылынарга» аан бастаан айылҕа тутулун дьиҥнээхтик өйдүөххэ наада. Оннук таһымҥа тиийбит киһини норуот эндэппэккэ билэрэ, ылынара уонна этэрин сэргээн истэрэ. Дьиҥэ, бу тутул, айылҕа бэйэтэ оҥорбут систиэмэтэ буолан, сүрдээх үчүгэйдик үлэлии турар. Ону тута өйдүүр ыарахан. Ол иһин сабыылаах саха дьоно итэҕэлбит суох диэн муҥатыйаллар. Уонна бу тутултан тэйэн, атын итэҕэлгэ сыста сатыыллара элбээн иһэр. Сороҕор ситэ өйдүү илик эдэр дьон эмиэ атын итэҕэлгэ охтор эрээри, тыына уһугунна да, син биир бэйэтигэр төннөр. Бу итэҕэл кистэлэҥин түбэһиэх киһи арыйар кыаҕа суох. Биир сүрүн ирдэбил – норуот дьыалатын туһугар бэйэ туһа уонна мин эрэ ордукпун диэн өйдөбүл букатын суох буолуохтаах. Оннук кыах дьиҥнээхтик айылҕатын арыйбыт эрэ киһиэхэ кэлэр. Ол аата, бэйэ аатын-суолун, барыһын буолбакка, үрдүкү өйдөбүллэри өрө тутар буоллахха. Оннук турукка тиийбит саха төһөнөн элбиир да, соччонон норуот дьиҥнээхтик кыаҕырар.

Үгүс киһи «мин эрэ этэрим сөп» диир, ити бэйэтин дьиҥ кыаҕын арыйа илигин туоһулуур. Ол иһин дьон билиниитигэр наадыйар. Дьиҥэ, таҥара таһымыгар, айылҕа билиитигэр киһи аата-суола кыттыгаһа суох. Билиҥҥи дьон үксэ тус барыһынан эрэ сирдэтинэр. Ити потребительскай уопсастыба дьэҥкэ көстүүтэ. Итэҕэлгэ тиэрдибэт, төттөрүтүн, алдьатар-кээһэтэр суол буолар.

Билиҥҥи киһи оннооҕор оҕотугар төрөөбүт тылын үөрэтэрэ туох барыстааҕын тиийэ толкуйдуур. Урут саха киэнэ буолла да барыта бастакы, ордук буоларын туһунан кэпсиир дьону сэрэнэ соҕус истэрим. Оттон билигин аан дойду үгүс дойдутун, Арассыыйа эбэ хотуну кэрийэн, дьонун-сэргэтин кытта алтыһан, сэһэргэһэн, үс улахан итэҕэли иһиттэн дириҥник үөрэтэн баран, бэйэлээх бэйэм омугум дириҥ билиитин, сүдү итэҕэлин, түҥ былыргы тылын сөҕөрүм-махтайарым күннэтэ күүһүрэн иһэр!

Эбэн эттэххэ, өбүгэм ол сүдү билиитин кыратык сэгэтэн, тугу эрэ өйдөөн, сахам дьонун кытта үллэстэрим – мин дьолум. Онон бу билии, дьиҥэр, тус билиим буолбатах. Өбүгэм саҕаттан утумнанан, ситимнэнэн кэлбит айылҕам билиитэ, өйдөбүлэ.

Итэҕэл уонна ыраастаныы

Подняться наверх