Читать книгу Итэҕэл уонна ыраастаныы - - Страница 3
Итэҕэл
Дьиҥ итэҕэл уонна религия
ОглавлениеБу орто туруу-бараан дойду олоҕор киһи араас турукка киирэн тахсар, үгүс быһыыны-майгыны көрсөр. Онуоха сахалыы мындыр көрүүлээх киһи сааһыран истэҕин ахсын тас эйгэни кытта ис туругун ситимнээн, бэйэтэ сылыктаан сөптөөх суолу тутуһар.
Киһи туругун ыһар, баттыыр кэмэлдьилэр – хомолто, хом санаа, ордук санааһын, кырык, иҥсэ, о.д.а. Куттала диэн, бу кэмэлдьилэр өбүгэ саҕаттан саҕыллан, удьуор утумунан кэнчээри ыччакка эмиэ бэриллиэхтэрин сөп. Өскөтүн өбүгэлэриҥ баттаммыт-атаҕастаммыт буоллахтарына, хомолто бэйэтин оборчотугар хас эмэ көлүөнэни хам ылыан сөп. Итинтэн тахсарга араас ньыма баар. Хомолтоҕо ылларбыт киһи куруук кыыһыра, уордайа сылдьар, олохтон астыммат. Оттон айылҕа тутулун өйдүүр киһи «уордайдахпына, кыыһырдахпына, салгыны хамсаттахпына, бэйэбэр, оҕолорбор эргийэн кэлиэ» диэн туттунар, дьаарханар, көрүнэр-истинэр. Ол сиэринэн саха киһитэ бэйэтэ сылыктыыр, саҥата суох ис-иһигэр элбэҕи киллэрэн аһардар, айылҕа тутулун билэ сатыыр.
Айылҕа олоҕо – эргиир. Барыта эргийэ турар тутуллаах. Ону билэр дьиҥ итэҕэллээх киһи куһаҕан, хараҥа тыыны айартан туттунар буолар. Ким билэ-билэ тус бэйэтигэр хараҥаны тарда сатыай?! Оттон дьиҥ итэҕэлэ суох тоҥ киһи оруо маһы ортотунан олоруо буоллаҕа… инникитин сарбыйан.
Итэҕэл киһи бэйэтин иһигэр баар. Ол аата саха иһигэр итэҕэллээх: ис-иһиттэн бэйэтэ майгытын-сигилитин тардынар, ис-иһиттэн куһаҕаны оҥорортон туттунар, ис-иһиттэн айылҕаҕа итэҕэйэр. Аахпатар, билбэтэр-көрбөтөр, ким да кинини анаан үөрэппэтэр даҕаны, ис-иһиттэн киһилии сиэрдээх буолар.
Халыма лааҕырыгар уһун кэмҥэ олорбут Варлам Шаламов суруйарынан: «Хайа баҕарар киһи, үс күн аһаппатахха уонна лааҕыр систиэмэтигэр туттахха, ас эрэ туһунан саныыр буолар». Оннук аас-туор эйгэҕэ сылдьар киһи үс күнүнэн кыылыгар түһэр. Итинник быһыыга-майгыга ис-иһигэр итэҕэллээх эрэ дьон бэйэ бодотун сүтэрбэттэр. Ол аата киһи хараҥа, намыһах таһымнаах, охсуһуулаах, хараҥа күүс быһаарар эйгэтигэр киирдэҕинэ, дьиҥ итэҕэллээҕэ-суоҕа көстөн кэлэр. Киһи итэҕэлэ иһигэр диэн ити. Ол аата киһи бу олох кэннэ туох эрэ баар, олох син биир салҕанар, улуу улахан айыллыы иһигэр сылдьабыт диэн этинэн-сиининэн, кутунан-сүрүнэн билэн, онтон тирэҕирэн итэҕэллээх буолар.
Билигин олорор олохпутугар тас күүс аһара улахан оруолу ылар буолла. Ол аата тас эйгэҕэ күүһүрбүт-кыаҕырбыт, холобур, элбэх үптэммит-харчыламмыт, элбэх ситиһиилэммит киһи кыахтаах буолан көстөр. Өйө-санаата ситэ илик эдэр дьону оннук сыаннастарга иитии күүскэ барар.
Оттон атын өттүттэн ылан көрдөххө, киһи тэҥинэн үптэнэн-харчыланан олороро туох куһаҕаннаах буолуоҕай?! Онно дьэ ортотун буларга ымсыы быһыыны өйдөөн-дьүүллээн көрүөхтээхпит. Ымсыы. Иҥсэлээх киһи туохха да ис буолбат, онтуттан бэйэтэ эрэйдэнэр. Кырдьык, ымсыы киһи ким эмэ ордук буоллаҕына хайдах холкутук ылыныай?!
Дьэ ити! Туох баар куһаҕан кэмэлдьилэртэн киһи бэйэтэ уонна чугас дьоно эрэйдэнэр. Өбүгэбит ону дьэҥкэтик билэр этэ. Ол иһин холку, киэҥ туруктааҕа, олоххо дьоллоох буоларга мэһэй буолар куһаҕан кэмэлдьилэри иһигэр киллэрбэтэ, бэйэтигэр чугаһаппата.
Сирдээҕи олоҕу сахалар мутугунан быраҕар муҥур үйэ диэн этэллэр. Ол аата бэрт түргэнник бүтэр, ааһар диэн өйдөбүллээх. Өбүгэлэрбит өлүү кэнниттэн кэлэр олоҕу баарын-суоҕун, хайдаҕын-тугун оҥорон көрөн быһаара сатаабат этилэр. Кырдьык, айылҕа хас биирдии киһи өлүүнү тус бэйэтэ көрсөн билэр-көрөр, соҕотоҕун ааһар, ылынар гына оҥорбут. Атын киһиттэн ону чопчу диэн билэр кыахпыт суох.