Читать книгу Итэҕэл уонна ыраастаныы - - Страница 2

Итэҕэл
Саха итэҕэлин туһунан

Оглавление

Өксөкүлээх Өлөксөй «сахалар бэйэбитигэр сөбө суох улахан итэҕэллээхпит» диэн этэн турар. Кини, биллэн турар, итэҕэл диэн тылы дьиҥ бэйэтин өйдөбүлүгэр туттан эттэҕэ – олох кистэлэҥин, айылҕа сокуонун, норуот муудараһын быһыытынан. Билиҥҥи курдук «религия» диэн тутах өйдөбүлгэ буолбатах. Итэҕэл, дьиҥ билии быһыытынан, олоххо туһалыыр буоллаҕына туһа туспа. Оттон бэлиитикэ хабааннаах религияҕа кубулуйдаҕына алдьатар, арахсыыны төрүөттүүр күүс буолар.

Итэҕэли үөрэхтээх, элбэх билиилээх буолан баран тоҥ сүрэхтээх дьон кыайан сүрүннүүр кыахтара суох. Тоҕо диэтэххэ итэҕэл эмиэ таптал курдук киһи ис туругун кытта сибээстээх. Таптыырга киһини ким да үөрэппэт, арай тапталга бэлэм, аһаҕас сүрэхтээх буоларга уһуйан көрүөххэ сөп. Билиҥҥи үөрэх, тас, тоҥ билиини биэрэр буолан, ордук өйү сайыннарар. Өй тапталы да, итэҕэли да үөскэтэр кыаҕа суох, төттөрүтүн, аччатыан сөп. Тас билиитинэн сирдэтинэр киһи, кырдьык, үчүгэйи-куһаҕаны араарары билэр. Өй бэйэтин айылҕата оннук. Кини, нууччалыы эттэххэ, практичнай. Ол иһин наар бэйэтин барыһынан олорор. Барыстан, кыайыыттан үөрэр, оттон ночооттон, кыайтарыыттан хомойор. Өйүнэн эрэ салайтаран сылдьар киһи ис туругу сатаан иитиэхтиир кыаҕа суох. Өй барахсан киһи тыыннаах буолан сылдьарыгар анаммыт, сүрдээх туһалаах айылҕа биэрбит кыаҕа. Кини хайаан да баар буолуохтаах. Өйдөөх киһи практичнай, дьыалабыай буолар. Бэйэтин барыһын элбэхтик толкуйдуур, ол туһугар сыралаһар. Өйө сайдыбыт киһи үчүгэй бизнесмен, бэлиитик, салайааччы буолуон сөп. Ол эрээри өй эйгэтэ киһини аҥаардастыы баһылаатаҕына, киһи сүрэҕэ сабыллар, тоҥ, тоҥуй буолар. Бэйэтин иннин ордук көрүнэн, дьону аанньа ахтыбат, кыһаммат, бэйэтин эрэ суолун солонор аатыгар барар. Оннук киһи олоҕо олус чуҥкук, тутах буолар. Тоҕо диэтэххэ сүрэҕэ сабыллыбыт киһи Айыы, айылҕа тыынын ылара тохтуур. Манна, дьэ, айылҕа олус мындыр оҥоһуута баар. Тугу эмэ таптаатаххына, тугу эмэ кэрэхсээтэххинэ, сэҥээрдэххинэ, сөхтөххүнэ эрэ сүрэҕиҥ аһыллар, дьиҥ дьол туругун билэр кыахтанаҕын. Ону тэҥэ ис күүс киирэр. Ол аата киһи кута-сүрэ бөҕөргүүр.

Тоҥ өйүнэн олорор киһи сабыылаах буолар, сатаан айылҕа күүһүн иҥэриммэт. Туох баар иэйиитин саба баттаан, массыына дуу, робот дуу курдук иччитэ суох кураанах тыыннанар.

Саха итэҕэлин ис-иһиттэн өйдүүр киһи аҕыйах. Тоҕо диэтэххэ сүрэҕинэн-быарынан, кутунан-сүрүнэн ылыныахха наада. Тоҥ өйүнэн быһаара сатаан халлааннары, айыылар ким ханна олорорун, ааттарын-суолларын наардыыр улахан туһата суох. Ол – тоҥ итэҕэл. Атын омуктары кытта күрэстэһэргэ, «мин эмиэ итэҕэллээхпин ээ» диэн сэнэммэт буоларга туһалыыр. Онтон ордукка туһалыыр кыаҕа суох.

Итэҕэлгэ сыһыаннаах биир мунньахха олус өйдөөх психолог дьахтар эппитэ өйбөр хатанан хаалбыт. Кини: «Мин хайа баҕарар итэҕэли – христианство да буоллун, ислам да буоллун, буддизм, иудаизм да буоллун – биэс мүнүүтэ иһигэр сүрүн тутулун кэпсээн биэриэм этэ. Оттон саха итэҕэлин олох өйдөөбөппүн уонна хайдах да быһаарар кыаҕым суох. Ол аата биһиги итэҕэлбит оннун була илик, ситэтэ суох буоллаҕа», – диэбитэ. Мин киниттэн: «Аан бастаан хайдах таптаабытыҥ туһунан тылгынан дьоҥҥо өйдөнөр гына сатаан кэпсиэҥ этэ дуо?» – диэн ыйытаары гынан баран, туһата суох ыаһах буоларын өйдөөн, туттуммутум. Айыылар ааттарын билэр буолан баран, кинилэр тыыннарын сүрэххинэн сэрэйбэт, имҥинэн билбэт буоллаххына туһата суох. Эбэтэр бэлэм суруллубут кинигэнэн сирдэтинэн олоххун олороруҥ эмиэ олуона соҕус.

Итэҕэл диэн таптал. Тапталы, бастатан туран, турук быһыытынан өйдүөх тустаахпыт. Куттаммат, саарбахтаабат, сэрэхэдийбэт, кэтэх санаата суох, аһаҕас, олоҕу кэрэхсиир, тыыппалаах, көҥүл турук быһыытынан. Таптыыбын диэн баран уйадыйан мөлтөөн хаалбыт турук диэн өйдөөмөҥ.

Бастатан туран, дьоҥҥо, олоххо таптал баар буолуохтаах. Тоҕо диэтэххэ эрэнэр, итэҕэйэр эрэ киһи таптыан сөп. Оттон дьоҥҥо эрэнии – бу бэйэ күүһүгэр, айылҕа тулхадыйбат кырдьыктаах тутулугар эрэнии. Эрэнии уонна эрэйии диэн букатын тус-туспа өйдөбүллээхтэрин араарыах тустаахпыт. Эрэнэр киһи эрэллээх буолар, оттон эрэйэр киһи эрэйгэ тиксэр. Хаһан да, туохха да ис буолбат, кимиэхэ да эрэммэт киһи эрэйэ элбэх буолар. Билигин аан дойду дьоно бары кэриэтэ өй суолун тутуһаллар. Ол үтүөҕэ тиэрдибэт. Тоҥ киһи киһитийэр кыаҕа суох. Сири-дойдуну иччилээн бүтэр, туһанарын эрэ билэр «потребитель» таһымыгар түһэр. Айылҕаҕа оннук киһи туһата суох. Ол иһин аҕыйах ахсааннаах да буоллар, улахан тыыннаах норуот айылҕаҕа ордук сыаналанар.

Сотору кэминэн саамай улахан «валюта» махтал буолуоҕа. Киһи аймах балысханнык айаннаан иһэр суолун хайысхатын уларыппатаҕына, сылаас тыын дэҥҥэ көстүөҕэ. Дьиктитэ, тоҥ сайдыы туохха барытыгар өтөн киирдэ. Бэл диэтэр, хоту ыраах ыстаадаҕа, түҥ тайҕаҕа олохтоох булчуттарга тиийдэххэ кытта тыйыс тыын кыттыгаһа биллэр. Айылҕа талан ылаары, соруйан, киһи аймаҕы оннук турукка киллэрдэҕэ. Ол иһин даҕаны дьон ахсаана олус элбээтэҕэ. Кырдьык, саха итэҕэлин сурукка тиһэн киллэрэр олус уустук, ол суруллубуту өйдүүр өссө уустук. Ол да буоллар билигин киһи аймах айылҕа итэҕэлигэр – саха итэҕэлигэр төннөн эрэр. Дириҥник хорутан саныыр санаалаах дьон омук аайы үксээн эрэллэр. Ол аата айылҕа бэйэтин быыһанар суолун син биир эргитэн аҕалар эбит. Туох да буолбутун иннигэр сиргэ олох салҕаныаҕа, киһи обургу араас усулуобуйаҕа үөрэнэн өлбөт суолун булуоҕа.

Итэҕэл уонна ыраастаныы

Подняться наверх