Читать книгу Кырыыстаах кылаат - - Страница 1

КЫРЫЫСТААХ КЫЛААТ (сэһэн)
Ини-биилэр

Оглавление

Ыстапаан бөлүүн дэлби ыалдьан, сүгүн утуйбата. Сарсыарданан нуктуу эрэ түһэн ылбыта. Арааһа, бу Орто дойдуттан арахсар кэмэ ыган кэлэн иһэр быһыылаах. Кытта кырдьыбыта Маайа даҕаны былырыыҥҥыттан ыла улаханнык аалларан ыалдьар буолла. Билигин дьиэ иһигэр эрэ сылдьаахтыыр, үксүн сытан тахсар. Хайыай, саастара да ыраатан эрдэҕэ. Ыстапаан быйыл аҕыс уон иккис хаара, эмээхсинэ киниттэн түөрт сыл балыс. Бииргэ олорбуттара биэс уон ахсыс сылыгар барда. Түөрт оҕону улаатыннаран киһи-хара оҥорбуттара. Кыыстара Ульяна куоракка дьиэлэнэн-уоттанан олорор. Орто уоллара Сааска ыаллыы улууска күтүөт буолбута отучча сыл буолла. Билигин бэйэтэ ыал эһэтэ. Улахан уоллара Баанньа оһолго түбэһэн суох буолбута. Кыра уол Киэсэ үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, уонтан тахса сыл хас да улууһу кэрийэн үлэлээн көрөн баран, быйыл дойдутугар эргиллэн кэлэн кинилэри кытары кыстаан эрэр. Аччыгый оҕо буолан бэркэ мааныланан улааппыта. Үрдүк үөрэхтэнэн, кийиит сүгүннэрэн аҕалан ийэлээх-аҕатын бэркэ үөрдүбүтэ эрээри, биир да сиргэ түптээн-таптаан үлэлээбэтэ. Арыгы диэн аһы олус биһириир буолан үлэттэн үлэҕэ, сиртэн сиргэ көһө сылдьан олоҕо огдолуйа сыһан баран быйылгыттан, дьэ, көнөн, өйдөммүт курдук. Сахалар отох киһи отутугар өйдөнөр дииллэр ээ. Оттон кини түөрт уончата буолан эрдэҕэ дии. Онуоха эбии үс эмдэй-сэмдэй улаатан эрэр уолаттардаах киһи иннин-кэннин саныыр да кэмэ кэлэн эрдэҕэ. Кийиит манна кэлэн, хата, оҕо саадыгар үлэлээн эрэр. Эр киһи үлэтэ суох. Хотонун көрөн, муус-мас тиэйэн, дьон массыынатын оҥорсон күнүн барыыр. Уолаттар маннааҕы оскуолаҕа үөрэнэ сылдьаллар.

Ыстапаан бэйэтэ оҕо эрдэҕиттэн холкуоска оҕус сиэтэн, кэлин биригэдьиирдээн, сопхуоска кыладыапсыктаан пенсияҕа тахсыбыта. Эмээхсинэ маҥнай өр кэмҥэ ыанньыксытынан үлэлээбитэ, кэлин оҕо саадыгар ньээньэлээбитэ. Кинилэр саастыыта дьонтон билигин бөһүөлэккэ тарбахха баттанар киһи хаалла. Сэрии кэминээҕи сут-кураан, холкуос, сопхуос ыар үлэтэ үйэлэрин кылгаттаҕа буолуо ээ. Ыстапаан даҕаны сэрии саҕана бэрт элбэхтэ аччыктыыр иэдээнин билбитэ, үгүс эрэйи-муҥу көрбүтэ.

Аҕата Хонооһой кыһыл, үрүҥ буолан кыргыһыы саҕана убайа Өлөксөйдүүн кутуу чэй, хамса табах иһин үрүҥнэргэ холбоһон куораты сэриилээн ыла киирэн баран, Никольскайдааҕы кыргыһыы кэнниттэн нэһиилэ тыыннарын тэскилэтэн, быстах баандаҕа холбоһон, Дьааҥы диэки түспүттэр этэ. Кыайтаран кыыллыйбыт тойотторо аара баай-дьадаҥы диэн араарбакка аҥаар кырыытыттан халаан-талаан, субай хаанынан суунан, алдьархай бөҕөнү тардыбыттара үһү. Балачча өр оннук, кинилэри эккирэтиһэр кыһыллар этэрээттэриттэн мүччү-хаччы түһэ сылдьан баран, Дьааҥыга тиийэн биир таас үрэх баһыгар талаабыт көмүстэрин, түүлээхтэрин кистээбиттэр. Ол күнтэн ыла бэйэ-бэйэлэрин кыыл курдук көрсөр буолан барбыттар.

Оннук буолуохтааҕын сэрэйэн Хонооһой Өлөксөйдүүн адьас кэтэнэ-манана сылдьыбыттар. Атыттар кими да эрэммэт буолан быстыбыттара диэн аҕата биирдэ быктаран ааспыта. Көмүстэрин кистииллэрин саҕана сэттиэ буолан хаалбыттар: Хонооһой биитинээн Өлөксөйдүүн, Мэҥэ атыыһытын уола Испирдиэнэп-Хабыр Хабырыыс, Таатта кинээһин күтүөтэ, суруксут Ньукулаайап-Кур Уйбаан, Дьааҥы атыыһыта Сэмэн Силэпсиэп-Кыбытыы Харах, Сүллүгэс Сүөдэр уонна оҕо, дьахтар, оҕонньор, эмээхсин диэн аһынар санаата суох, тойотторо тугу эппиттэрин тук курдук толорор Сэттэ Быһах. Көмүстэрин кистээтэхтэрин үһүс күнүгэр Өлөксөй Сүллүгэһи уонна Сэттэ Быһаҕы кытары табаларын көрдүү бараары туран:

– Биһиги барааппытын кытары уу баһабын диэн үрэххэ киирээр, – диэн Хонооһойго сибис гыммыт. Хонооһой дьоно хотоолго киирэн көстүбэт буолааттарын кытта уу баһардыы туттан үрэххэ киирбит. Уутун баһан ураһаҕа тахсан истэҕинэ убайа Өлөксөй бу аҕылаан-мэҕилээн кэлбит:

– Сүллүгэстээх Сэттэ Быһаҕы сайылаатым. Аны тойотторбутун дьакыйыахха наада, – диэт ураһа диэки дьулуруйбутунан барбыт. Хонооһой хаҥас илиитигэр саатын, уҥа илиитигэр солуурун туппутунан батыһан истэҕинэ Өлөксөй:

– Эн ураһаҕа кииримэ. Мин бэйэм… – диэн сибис гыммыт. Тиийэн диэли тэлэйэ баттаат, иккитэ ытаатын кытары иһирдьэ бэстилиэт тыаһа баһырҕаабыт.

Өлөксөй саатын төлө тутан кэбиһэн баран, иһин түгэҕин харбаммытынан кэннинэн тэйэн тахсан иһэн умса хоруйбут. Хонооһой туора ыстанаат, ураһаны курдары ытыалаан сигийбит. Балачча өр кэтэһэн сыта түһэн баран, Өлөксөйү сүгэн үрэх диэки сыыллыбыт. Киһитэ уоһа кубарыйа өһөн, өйө суох сытан хараҕын көрөн кэлбит.

– Көмүһү атын сиргэ уларытан кистээр. Кэлин бэйэҥ билэргинэн туһанаар, – диэн баран нукус гынан хаалбыт. Хонооһой биитин үрдүгэр саҥата суох ытаан, санна титирэстии-титирэстии, бэрт өр олорбут. Онтон ураһаҕа үөмэн тиийэн, иһиллээн көрө-көрө, сэрэниин-сэрэнэн киирбитэ – Кур Уйбаан уонна Кыбытыы Харах тиэрэ түһэн, оттон Хабыр Хабырыыс уҥа илиитигэр наганын туппутунан ойоҕоһунан түүрүллэн өлө сыталлара үһү.

Малын-салын хомуйан, өлбүт дьону биир сиргэ мунньан ураһа тириитинэн, тааһынан-маһынан сабыта быраҕан баран, түөрт табаны тутан аҕалан биитэ Өлөксөйү ындан көмүһү кистээбит сирдэригэр тиийбит. Көмүһү, түүлээҕи хостоон, ол оннугар Өлөксөйгө уҥуох тутан баран бу иэдээннээх сиртэн тэйэн, өссө биир арҕас хайаны нөҥүө түһэн Олдьо диэн үрэх кытылыгар көмүһүн, түүлээҕин кистээбит. Хаһан эрэ эргиллэн кэлиэм диэн бэлиэ сири тала сатаабыт. Үрүйэ соҕуруу саҕатыгар уҥуоргу сис хайаттан уулуу киирэн иһэн, булчут бэргэн буулдьатыгар таптаран сөһүргэстии түспүт аарыма буур тайаҕы санатар көһөҥө таас баара үһү. Сааскы хаар, сайыҥҥы самыыр уута хайаттан аппа устун халыйан киирэн иһэн, ити сымара тааска кэтиллэн икки өттүнэн тумна көтөн ааһар эбит. Таас үрүйэ диэки өттүгэр, уу халыйбат сиригэр, хотонноох балаҕан оннун саҕа ычык ойуурдааҕа эбитэ үһү. Ол ычык ортотугар сытар ынах саҕа дэриэспэ таас анныгар көмүһүн көмпүт. Ити үрүйэ Олдьо диэн үрэх уҥа салаата эбит. Ол тааһы уун-утары үрэх уҥуоргу өттүттэн биир үрүйэ киирэн, үрэххэ түһэр эбит. Үрүйэ үрэххэ түһүө биэрэстэ аҥаара эрэ хаалыыта үс атын үрүйэни үмүрү тардан ылбыта, Хонооһой көмүһү кистээбит тааһыттан көрдөххө үс салаалаах кымньыыны санатан сис хайаларга тыраадыйан тахсара үһү.

Итини барытын Хонооһой өлөрүн чугаһыгар уолугар Ыстапааҥҥа чып кистэлэҥинэн кэпсээбитэ. Көмүһүн кистээн баран дьонтон дьалты буола сатыы сылдьан соругар дуу, дьолугар дуу эмиэ быстах баандаҕа кэтиллэ түспүт. Ол урдустар эмиэ хара тыаны дугуйдана сылдьар бандьыыттары бэйэлэригэр сыһыаран, кыһыары отучча киһилээх, олохтоох тоҥустартан былдьаан аҕыс уонча табалаах, уонча аттаах «этэрээт» буолбуттар.

Саас, кулун тутар саҕана, үһүө буолан нэһилиэк кырыытыгар олорор ыалга тиийэ сылдьан аатырар Бартыһаан Дьөгүөрэп Бэрхэйээнтэн Дьокуускайга ааһан эрэрин истэн тойонноро Хонооһойу кытары Хасха Байбал диэн киһини эккирэтиннэрэ ыыппыт. Ситэ икки көс сири барбакка Бартыһаан Дьөгүөрэп ырыган соноҕос атынан баран иһэрин ыраахтан көрөн, сиһи быһа түһэн тоһуйан сыттахтарына киһилэрэ бу лобуохтатан кэлбит. Саһа сытар сирдэриттэн саанан тирээбитинэн сулбу ойон турбуттар. Саатын-сэбин былдьаан кэлгийээри турдахтарына Хабырылла Дьөгүөрэп ыаллыы нэһилиэгин киһитин, Хонооһойу билэн:

– Бэйэҥ буор дьадаҥы киһи оҕото буолан бараҥҥын бандьыыттарга холбоһон кыра-хара дьону утары бара сылдьаҕын. Миигин быһа тутан өлөрбүккүт да иһин хаһан Сэбиэскэй былааһы кыайаары тииһэргит буолла. Билигин көҥүл өттүнэн бэриммиттэргэ амыныыстыйа биллэриллэн турар. Онон туох баар буруйгут-сэмэҕит барыта сотуллар. Акаарытыйыма, сааҕын-сэпкин туттаран дойдугар киир. Эһигини букатыннаахтык уодьуганныы Дьокуускайтан улахан этэрээт иһэр, – диэн дэлби мөҕөн-этэн биэрбит. Киһитинээн сүбэлэһэн баран Дьөгүөрэби ыытан кэбиспиттэр уонна тойонноругар тиийэн «сиппэтибит» диэбиттэр. Сотору, кырдьык, кыһыл этэрээт кэлэн барыларын имири-хомуру тутан кэбиспит.

Амыныыстыйалыыр хамыыһыйаҕа Бартыһаан Дьөгүөрэп баара үһү. Хонооһойу эмиэ үлтү мөҕөн баран, «күн сарсын дойдугар бар» диэн ыытан кэбиспит. Онуоха үөрүүтүн кытары дойдутун быспыт. Өссө киһиҥ аараттан ойох ылан дойдутугар сүгүннэрэн аҕалбыт. Хабырылла Дьөгүөрэп итинник абыраан турар диир буолара.

Кырыыстаах кылаат

Подняться наверх