Читать книгу Кырыыстаах кылаат - - Страница 3
КЫРЫЫСТААХ КЫЛААТ (сэһэн)
Тукулаан үрэҕин өрө батан
ОглавлениеКиэсэ, кыһын былааннаабыттарын курдук, кустуу диэн интернакка бииргэ олорон үөрэммит уолаттарыгар тиийэн баран өрүс эстиэн иннинэ уҥуор тахсан, Тукулаан үрэҕин өрө батан айаннаан иһэр. Икки ыттааҕа иннигэр-кэннигэр түһэн эйэҥэлэһэллэр. Бэрэмэдэйигэр аҕыйах кустаах, суухаралаах, астаах-үөллээх. Ону таһынан утуйар мөһөөччүгэ, балаакката, кыракый эрэһиинэ тыыта баһаам. Аһыттан аара хас да сиргэ хаалларан ааһар санаалаах. Төннөрүгэр наада буолуо этэ. Таһаҕаһа элбэх буолан, атын харыстаан сиэтэн иһэр. Маннык уонча хонукка айанныан наада. Онтон таһаҕаһа чэпчээтэҕинэ, дьэ, мииниэҕэ. Хата, аҕата аттаах буолан абыраата. Онтон атын хантан ат булуо эбитэ буолла.
Сааскы айылҕа киһини абылыыра элбэх эбит. Ыттара хаста да моҕотойу тииккэ таһаара сырыттылар. Иччилэрэ кыһамматын иһин кэлин суолтатыгар эрэ үрбүтэ буолан баран, тылларын былас түһэрэн ситэн кэлэллэр. Ньалыар уулартан кустар көтөн күлүбүрэһэллэр. Кукаакылар иннигэр-кэннигэр тэлээрбэхтээн ааһаллар. Ханна эрэ киргил тыҥкыныыр. Арай, үрэх сир буолан, күөрэгэй ырыата иһиллибэт. Хата, бэрт чугас туруйалар лоҥкунаһаллар. Суола-ииһэ суох буолан хаамарга олус эрэйдээх эбит. Ата сотору соҕус ыараханнык тыынар буолан барда. Бэйэтэ да улаханнык тириттэ, илиһиннэ. Онон тохтоон, тыын ыла түһэ-түһэ, айанныыллар. Сорох сиргэ сөкүтэ киһитээҕэр үрдүк буолар эбит. Онно киирэн умса-төннө түһүү сэниэтин эстэ. Ол да буоллар, иннин диэки дьүккүһэн иһэр. Дулҕата киһини киининэн буолар сирдэрдээх. Тыаны быыһынан барыаҕын куобаҕын уоһа киһини да, аты да сатаан хаамтарыа суох. Онно эбии ындыыта элбэҕэ бэрт буолан окко-маска тардыллан эрэйдиир. Ити быыһыгар эмиэ дэхси соҕус үктэллээх сирдэр кэлэллэр. Оччоҕо сынньанан, тыын ыла түһэн баран, эмиэ түҥ-таҥ түһүү, батыччахтааһын бөҕө буолар.
Маҥнай айаҥҥа турунарыгар эһэ түбэһиэ диэн дьиксинэ саныыра. Биэстэ эстэр автомат саатыгар сүнньүөхтэри уктан кэбиспитэ. Тулатын көрө-истэ, кэтэнэманана испитэ. Билигин ол дьиксинэр санаата ханна эрэ үтүрүллэн хаалла. Атаҕын анныттан атын сири көрбөт да буолан барда. Биирдэ эмэтэ уоскуйаары тохтоон ыллаҕына тулатын кэриччи көрбөхтөөн ылар.
Дулҕанан, сөкүнэн саба үүммүт кытыллардаах, талах, хахыйах, титирик хаймыылаах үрэх тус хотуттан көбүскөнөтүк дьурулаан киирэр эбит. Ол диэки ырыых-ыраах хайалар төбөлөрө көҕөрүмтүйэн көстөргө дылылар. Ыраас күн Алдан уҥуоргу мырааныттан Дьааҥы хайалара наһаа ырааҕа суох курдук өрөһөлөнөн көстөөччүлэр. Билигин буһуруктаах буолан, ол диэки хайалар баалларын билэр эрэ киһи барбах көҕөрүмтүйэр дьураалар былыттар буолбатахтарын сэрэйэр.
Киэсэ, дэлби сылайан, киэһэлик биир көнө кырдалга тохтоото. Атын тииккэ баайан баран, бэрэмэдэйин ньылбы тардан ылан тиит төрдүгэр уурда. Ыҥыырын устан атын тириппит көхсүн таптайбахтаата, ыҥыырга астарбыта буолаарай диэн сирийэн көрдө уонна сүгэтин туппутунан тыаҕа таҕыста. Сотору уокка оттор мас уонна оллоон көлөтө буолар үөл титириги соһон кэллэ. Түүн оттуом диэн сытынньаҥ уккунньаҕы, абырҕалы таста. Онтон оллоонун оҥостон, уу баһан таһааран баран, уотун отунна. Хаппыт туос сипсинньигэс өһөх хара буруону тыргытан иһэн кыһыл төлөнүнэн кытыаста түстэ. Ону эрэ күүппүттүү кураанах амынньыар, өрө бачыгырыы-бачыгырыы, омуннаахтык умайан күүдэпчилэннэ. Улахан кэнсиэрбэ бааҥкатыттан оҥоһуллубут чараас хочулуок сонно тута сыыгынаабытынан барда. Бэрэмэдэйиттэн биир моонньоҕону ороон таһааран үргээн бурҕаҥнатан, иһин-үөһүн оруу тардан баран, иккис хочулуокка буһара уурда.
Чэйэ оргуйан, куһа буһан, үгэс быһыытынан уотун аһатан баран, наҕылыччы аһаата, быыкаайык балааккатын туруорунан, утуйар мөһөөччүгүн хостоон оронун оҥоһунна. Уотугар уккунньаҕы быраҕан, атын өртөөн баран кэлбитэ, ыттара балаакка ойоҕоһугар утуйардыы түүрүллэн сытынан кэбиспиттэр. Кини кэлбитигэр Ураанньык төбөтүн өндөтөн, сытан эрэ кутуругун сырбаҥалатан ылла. Киэсэ түөрт атах буолан балааккатыгар киирэн иһэн, ытын төбөтүттэн имэрийбитигэр илиитин салаамахтаан хаалла. Утуйар мөһөөччүгэр киирэн, эбии сонунан үллүнэн баран бүгүн төһө сири барбытым буолла дии санаата. Өрүһү күн ортото ааспытын кэннэ бэрт эрэйинэн, сэрэҕинэн туораабыта. Онтон дуоннаах сири хоруппатах буолуохтаах. Баара-суоҕа көс сири сыҕарыйбыта дуу, суоҕа дуу. Аны отуттан тахса көһү бардаҕына биирдэ Дьааҥы хайаларын тардыытыгар тиийэрэ буолуо. Онтон аны Олдьо үрэххэ диэри эмиэ тойук сир буолуохтаах. Били уолаттар биэс уонтан тахса хонук айаннаан кэлбиттэр этэ. Кини, этэҥҥэ бардаҕына, ый курдугунан соруктаах сиригэ тиийэ сыһар ини. Аара үрэхтэр хаайан моһуоктууллара буолуо. Оччоҕо тардыллар.
Эмискэ аан таһыгар сытар Ураанньык үрэн эрэрдии буһурҕаата. Киэсэ уҥа өттүгэр ууруммут саатын илиитин иминэн бигээн булан баран балачча өр иһиллээн иһийэн сытта. Онтон ыта түһээн үрэн буһурҕаабытын сэрэйэн уоскуйда. Урут кинилэргэ Ураанньык диэн саҥарбат эрэ буруйдаах, сүрдээх өйдөөх ыттаах этилэр. Убайа Баанньа ол ытыгар кимнээҕэр да эрэнэрэ. Кырдьык, киһи үйэтигэр биирдэ түбэһэр үчүгэй ыт этэ. Бэл, икки ынахха атыылааҥ диэччилэр кытары бааллара. Аҕалара бэйэм да уолаттардаахпын диэн биэрбэтэҕэ. Бу да ыт оччо куһаҕана суох, киһи син эрэнэр ыта буолсу быһыылаах. Оттон кыра ыт билиҥҥитэ туга-ханныга биллибэт.