Читать книгу Кырыыстаах кылаат - - Страница 5

КЫРЫЫСТААХ КЫЛААТ (сэһэн)
Үрэх элгээнин үрдүгэр

Оглавление

Күп-күөх халлааҥҥа көбүс-көнө үрүҥ дьурааны субурутан кыырай үрдүгүнэн самолет дыыгынаан ааста. Кэнниттэн миэлинэн суруйбуттуу тунаарар үрүҥ дьураа сыыйа кэтирээтэр-кэтирээн, симэлийдэр-симэлийэн сүтэн иһэр. Күн уотугар сырдык туочука буолан кылабачыйар самолет саҕахха тиийэн сүттэ. Сотору үрүҥ дьураа эмиэ мэлийэн хаалла. Киэсэ хараҕа аны от төбөтүгэр биэтэҥнии олорор кыракый хомурдуоска хатанна. Сырдык от күөҕэ дьүһүннээх. Кырыылаах от умнаһын устун оргууй сыҕарыйан иһэн, киһи сэрэниин-сэрэнэн тутан ылаары гыммытыгар, аллара ыһыктынан кэбистэ да ханна да барбыта биллибэккэ сүтэн хаалла.

Атын көнтөһүн эрийэ туппут кыракый хахыйаҕа сырдык кугас ат от сиэри моонньун уһата-уһата кэҕиҥнииригэр илигирээн ылбахтыыр. Бүгүн айаҥҥа туруммута уон бэһис күнэ. Ыраас күн буолан Дьааҥы хайалара ырыых-ыраах хаардаах төбөлөрө кылбаһан көстөр буолбуттар. Аны уонтан тахса хонугунан ол хайаларга тиийэрэ буолуо. Онтон тосхолун булан эһэтэ көмүс кистээбит сирин диэки айанныахтаах. Билиҥҥитэ туох да моһоло суох иһэр курдук эрээри улаханнык илиһиннэ. Саатар биир күн өрөөн, сынньана түспүт киһи бэрт буолуо эбит да, туох эрэ биллибэт күүс иннин диэки угуйан иһэр.

Бу өрө батан иһэр үрэҕин биир бэртээхэй элгээнин үрдүгэр сынньана түһээри тохтообута. Арааһа, манна өрөөн сынньаныыһы. Бэрэмэдэйин түгэҕэр илим баарын өйдөөн, ойон туран атын сыгынньахтаата. Илимин хостоон бэрийбитинэн барда. Сотору тыытын үрдэрэн элгээҥҥэ киирдэ. Илимин үтэн тахсаат, балаакка туруорунан барда. Хонордуу оҥостон баран пластиковай бытыылкаҕа кутта сылдьар сойбут чэйин ыймахтаата. Атын сиэлин анныгар илиитин уган имэрийбэхтээн баран, сойбут дии санаан атаҕар былас кэриҥэ уһуннаах тимир сыабы баайан ыытан кэбистэ. Аныгы дьон адаҕа оннугар итинник сыабы баайар буолбуттара. Илдьэ сылдьарга да үчүгэй, кэтит тирбэҕэнэн баайыллар буолан ат атаҕын да бааһырдыбат. Хайа уонна хайдахтаах да сылгы атаҕар сыап соһуулаах ырааппат, ыыппыт сиргиттэн чугас мэччийэ сылдьар буолар. Ата сыабын үктээмээри кырыытынан соҕус туттан хааман иһэн, күөх окко күөлэһийбэхтээтэ, илгистэн дьигиһийэ түһэн баран аһаан курдурҕаппытынан барда.

Киэсэ кичэйэн суулуу сылдьар быыкаайык радиоприемнигын холбообутугар, өтөр-наар киһи үктэммэтэх сиригэр музыка тыаһа кутулла түстэ. Батареятын харыстаан радиотын биирдэ эмэ холбуур. Ыттарын, атын эрэ кытта баллыгыраһа сылдьар киһиэхэ атын киһи саҥата, төһө да кый ыраах баар буоллар, олус кэрэтик иһиллэрин бу күннэргэ бэйэтэ да дьиктиргии санаата. Хаһан эрэ университекка үөрэнэр кэмигэр психологияҕа киһи өр кэпсэппэккэ, атын дьоннуун алтыспакка сылдьара олус ыарахан диэн үөрэппиттэрэ. Онно преподавателлэрэ биир собуот сыаҕар үлэһиттэр төһө да хамнастара үрдүгүн, үлэлиир усулуобуйалара толору баарын үрдүнэн уһуннук тохтооботтор үһү диэн кэпсээбитэ. Тоҕо оннугун чинчийбиттэрэ: күнү быһа бэйэ-бэйэлэрин кытары кэпсэппэккэ станоктарын таһыгар үлэлээн тахсаллар эбит. Чаас аайы уоннуу мүнүүтэ сынньалаҥнаах үлэлиир буолуохтарыттан уурайан барааччы суох буолбут уонна, киһи дьиктиргиэҕэ, оҥорон таһаарыылара биллэ үрдээбит. Кырдьык, киһи кими да кытта кэпсэппэккэ сылдьара куһаҕана сүрдээх эбит. Ол иһин киниэхэ, бэл, радио саҥата күндүркэйэн иһиллэр буоллаҕа буолуо.

Утуйар мөһөөччүгүн тэлгээн, «Маяк» радостанция биэриилэрин истэн сыта түһэн баран, илимин көрө киирдэ. Уонтан тахса урут хаһан да харахтаабатах, дьорохойдооҕор эрэ бөдөҥ, арҕаһын диэкинэн көҕөрүмтүйэн көстөр толбонноох, оҕуруо кэриэтэ төп-төгүрүк хара ойуулардаах, сиһигэр улахан лапчааннаах балыктар туппуттар. Арааһа, дьарҕаа диир балыктара быһыылаах. Балыктарын таһааран сороҕун үтэн, сороҕун буһаран сиэтэ. Суухарата эмиэ аҕыйаан эрэр. Килиэп сиэн олус баҕарар да, манна хантан кэлиэй? Үс киилэ курдук бурдуктааҕын билигин тыытар санаата суох. Кэлин лэппиэскэ курдук оҥостон сиир санаалаах. Исай Никифоров «Сүрэх кэпсиир» диэн кинигэтигэр Дьэллик кэтит үтэһэҕэ үөлэн бэртээхэй лэппиэскэни буһарар этэ дии. Киниэхэ да сатанар ини. Эбэтэр кыракый сыыҥкабай хобордооҕор да буһарыан сөп.

Тото аһаан баран, радиотын истэ-истэ ыҥыырын чинчийэн көрдө. Атым сиһин астарыа диэн бэркэ сэрэнэр. Үрэх уута түһэн эрэр. Онон кытылы батыһа син ат үктэнэн хаамар сирэ баар. Антах, хайалаах сиргэ тиийдэҕинэ, хайдах буолара буолла. Сарсын өрөөн балыктыы түһүүһү. Үөллэххэ хас да хонукка сиир астаныа этэ.

Дьоно хайдах олороллоро буолла. Аны икки ыйынан дьиэтигэр-уотугар тиийэрэ буоллар. Быйыл сайын оттообото буолуо ээ. Көмүстэннэҕинэ сүөһүтүн да эһэр ини. Куоракка көһөн киириэ этилэр. Тыа сиригэр көмүстэнэн да тугу гыныаҥый.

Ити олорон биирдэ оттуу сылдьан көмүс көрдөөбүттэрин санаан сонньуйан ылла. Оппуонньа диэн уол ийэтэ өлөр ыарыыга охтубутугар киирэн баран, аҕыйах хонугунан ийэтин кистээн тахсыбыта. Киэһэ эргэ ампаарга утуйаары сытан ийэтэ өлүөн аҕай иннинэ эһэҥ өтөҕүн оһоҕун холумтаныгар көмүс манньыаттары кистээбитэ диэн кэпсээтэ диэбитэ. Ол алаас кинилэр оттуу сылдьар сирдэриттэн биир чараас сиһи быһа түстэххэ баара. Ону истээт Буурсап Баанньа:

– Оо, онтон ону баран хаһан ылыахха буоллаҕа дии. Бэркэ гыннар, биир бырысыап буор буолуо, – диэбитигэр бары күлсэн ньиргиһэ түспүттэрэ. Сарсыныгар хаһыа да буолан тиийэн, хас да бырысыап буору хаспыттара да – көмүс көстүбэтэҕэ. Онтон ыла Иван Гоголев «Хара кыталык» диэн романыгар баар Тээллээрис курдук хас киэһэ аайы буор хаһар идэлэммиттэрэ да, кылаат көстүбэтэҕэ. Бүтэһигин Киэсэ убайа Баанньа уонна тастыҥ убайа Коля кустуу таарыйа кылаат көрдүү баран баран дэлби күлэн кэлбиттэрэ. Кус көтүөн иннинэ Баанньа буор хасыһан иһэн сүрэҕэлдьээн күөлгэ кус кэтии киирбит. Арай халлаан хараҥарыыта киһитэ сүүрэн тибигирэйэн кэлбит уонна чугаһынан ким да суоҕун үрдүнэн:

– Доо, буллум быһыылаах, – диэн кулгааҕар сибигинэйбит.

Ким эрэ истиэ диэбиттии сибигинэһэн эрэ кэпсэтэ-кэпсэтэ күрдьэх тиийэн иҥнибит туох эрэ төгүрүгэ баарын хостоон таһаарбыттара – бурдук тардар таас буолан хаалбыт. Олус хомойон саҥата суох сукуһан туран баран, ити тоҕо биһиги сибигинэһэн кэпсэттибит диэн күлсэн тоҕо барбыттар.

Ити сайын өссө биир дьикти түгэн буолбутун Киэсэ билигин да умнубат. Çвеноводтара өйүө уонна охсорго, мунньарга барар биир хайа эмэ аты булан таһаарар соруктаах бөһүөлэккэ киирбитэ. Саҥа сиргэ көһөн кэлэн – оҕолорго мунньуу тахса илигэ. Улахан дьон Маайа өтөҕө диэн сир соҕуруу саҕатыгар от охсо сылдьаллара. Уолаттар чэй өрөн баран, былыргы үүт бүтэй ортоку сиэрдийэтэ эрэ ордон турарын миинэн олорон бэйэ-бэйэлэрин сыттыгынан түөрэ саайса оонньуу сылдьыбыттара. Ол сырыттахтарына тыа саҕатыттан аттаах киһи киирэн кэлбитэ. Халампааһынан көрбүттэрэ: звеноводтара эбит. От күөҕэ өрүү бэргэһэлээх, кубарыйан хаалбыт сырдык халлаан күөхтүҥү чараас сонноох этэ. Ханнык аты миинэн иһэрин эмиэ билбиттэрэ. Кыһын хаһан аһыы сылдьан солоҥдоҕо иитиллибит хапкааны уобан үөһэ уоһа быстан түспүт, ол иһин күлэн ырбайа сылдьар курдук Оскуола диэн ааттаах ат этэ. Бэрт сымнаҕас эрээри аллаах буолан, аттары көрөр-харайар эбээһинэстээх дьон быһыытынан уолаттар бары да үөрбүттэрэ. Ким ата буолуохтааҕар мөккүһэ түһэн ылбыттара. Киһилэрэ кинилэр диэки кэлэн иһэн, арыы үөттэр кэтэхтэрин диэки от охсооччуларга туораан тахсыбыта. Сотору чэй оргуйан, уолаттар дьоннорун ыҥыран ыһыы-хаһыы бөҕөнү түһэрбиттэрэ. Аһыы олорон лэгэнтэйбит ханнаный диэбиттэригэр, хата, соһуйбуттара. Алта уол бары көрбүт буолан, кэлбитэ-кэлбитэ диэн саҥардыбатахтара даҕаны, өссө Оскуоланы миинэ сылдьара диэбиттэрэ. Дьонноро лэгэнтэйбит сир көрө барбытын аахайбакка хааллахпыт дуу диэн мунаахсыйыах курдук гынан иһэн, «итинэн чугас киһи көрөр да сирэ суох» дэспиттэрэ. Аара арыгы иһэн баран, талахтар быыстарыгар утуйан хаалбыта буолуо диэн, икки уолу сүүрэн баран көрөллөрүгэр соруйбуттара даҕаны, – киһи да, ат да суоҕа. Дьэ, мунаахсыйыы буолбуттара. Киэһэ киһилэрэ үүт-үкчү уолаттар көрбүттэрин курдук таҥастаах-саптаах, Оскуола диэн ааттаах аты миинэн тиийэн кэлбитэ. Күнүс кинини көрбүттэрин кэпсээбиттэригэр, «бэриэччитим кэлэ сырыттаҕа дии» диэн холкутук быһаарбыта. Итинтэн ыла Киэсэ туох эрэ биллибэт эйгэ баарыгар чахчы итэҕэйэр.

Кырыыстаах кылаат

Подняться наверх