Читать книгу Кырыыстаах кылаат - - Страница 4
КЫРЫЫСТААХ КЫЛААТ (сэһэн)
Санааттан санаа салҕанар
ОглавлениеИтинник ону-маны саныы сытан, Киэсэ оҕо эрдэҕинээҕи сорох түгэннэрин олус чуолкайдык өйдөөн кэллэ. Ол, арааһа, ханна даҕаны сылдьан ыт туһунан кэпсэтии буоллар эрэ ис-иһиттэн иэйэн-куойан туран кэпсиир Ураанньыгын санаан кэлбититтэн төрүөттэннэ быһыылаах.
Күһүөрү сайын этэ. Ардах ньиккирэччи түһэ турара. Эдьиийэ Уля куукунаҕа оһох оттон алаадьы буһаран сырылата сылдьара. Киэсэ биэсэлкэ таһыгар кинигэ ааҕа олорбута. Аһаҕас аанынан таһырдьа ардах түһэрэ сэниэтэ суохтук, салгымтыалаахтык курулаан иһиллэрэ. Араадьыйанан Валерий Ноев ырыата кутуллара. Ийэлэрэ оҕо саадын өрөмүөнүгэр үлэлии сылдьара. Аҕата күтүөтүнээн илимин эһэ таарыйа күөл арыытыгар оттообут отун күрүөтүн тута барбыттара.
Ити олордохторуна атаҕа тобугар диэри бадараан, көп түүтүн төбөтүгэр бытархай оҕуруо курдук сиик кылабачыйан көстөр буолбут Ураанньык албыннаһан кылбар-халбар көрө-көрө, сырбаҥалаан киирэн эрдэҕинэ эдьиийэ дьөлө хаһыытаан үүрэн таһаарбыта. Кырааскалаах муостаҕа халты тэбинэ-тэбинэ, таһырдьа талаһан эрэр ыты батыһан, Киэсэ күүлэҕэ ойон тахсыбыта. Ураанньык мээнэҕэ кэлбэт. Бөһүөлэктэн көстөн ордук Таппаҕа үрэҕэр убайа аах звеноҕа оттуу сылдьаллара. Ардах түһэн бөһүөлэккэ киирэн эрэллэрэ буолуо. Баһаам үгүс сабы сыыйан кэбиспиттии, быыстала суох түһэр самыыры быыһынан Алаас Эбэттэн кэлэр суол төрдүн одуулаһа турдаҕына, ыта атаҕар аалынан, кибис-кирдээх атахтарын түөһүгэр уураары ыксаппыта. Ахтыбыт быһыылааҕа. Көрбөтөҕө ыйтан ортоҕо дии. Куукунаҕа ойон киирэн, эдьиийэ билбэтинэн үс-түөрт алаадьыны ойутан таһааран Ураанньыкка биэрбитэ. Ыта итии алаадьыны омунугар эмискэ уобан тыбыыра түспүтүгэр күлэн тоҕо барбыта:
– Э-һээ! Иҥсэҕинээҕэр итии эбит дуу?
Ураанньык муостаҕа түспүт алаадьыны атаҕынан хаһыйбахтыы турдаҕына, эдьиийэ өҥөс гынаат:
– Хайа, ким кэллэ? Оо, бу алаадьыны ыкка биэрэр дуу?! Үчүгэй аҕай, ыппытын алаадьынан аһатыыһыбыт дии, – диэн биир тыынынан кутан кэбиспитэ. Ураанньык буруйдаммыттыы уулаах бөтүөн кэннигэр түһэн эрдэҕинэ, ойон кэлэн сиргэ сытар алаадьыны ылан, сойутаары эргитэ сылдьан үрбэхтээт ытыгар ууммута.
– Ураанньык, мэ. Сиэ-сиэ. Оонньоон этэбин. Оо, эрэйдээҕим, ырбыккын даҕаны. Адьас уҥуох-тирии буолбуккун дии. Ноо, эн, алаадьынан күндүлээбэккэ ҕин, булуустан ыт аһын таһааран, үчүгэйдик аһатаар эрэ, – диэт, төттөрү ыстаммыта.
Киэсэ Алаас Эбэлиир аартык диэки көрбүтэ, сүөһү ыллыгынан биир бэрт кыра киһи, халты-мүлтү тэбинэн халдьаайыны түһэн эрэрэ. Чугаһаабытын кэннэ Артем буоларын, дьэ, билбитэ. Ураанньык утары сырбаҥалаан тиийбитигэр Артем:
– Хайа, эн кэлэ охсубуккун дуу? Сискэ киириэхпэр диэри иннибэр сылдьыбыта ээ, – дии-дии, кэлэн Киэсэҕэ илиитин биэрбитэ. Таҥаһа биир да кураанах сап хаалбат гына ньылбы сытыйбыт, саппыкытын иһэ халлырҕас уу буолбут этэ. Ону устан астаһа олордоҕуна эдьиийэ эмиэ өҥөс гыммыта.
– Ээ, Артемка кэлбит эбит дии. Хайа, оттон дьонуҥ?
– Ардах сэллээтэҕинэ киирэллэрэ буолуо. Мин сатыы түһэ турдум.
– Ити киһилиин оонньуу охсоору тиэтэйдэҕиҥ дии. Ноо, ыл, бу кураанах таҥаста биэр эрэ уонна хоспох оһоҕун отун. Таҥастарын онно куурдуҥ. Сотору убайдарыҥ эмиэ ньылбы сытыйан кэлиэхтэрэ, – диэт төттөрү ньимис гыммыта.
Таҥас уларыттан, хоспох оһоҕун оттон киирэллэригэр остуол номнуо тардыллан тоһуйбута. Төһөнү оттообуттарын кэпсэтэ-кэпсэтэ, сүөгэйдээх алаадьыны мотуйбахтаабыттара. Онтон хоско киирэн, Киэсэ оронун анныттан «Настольный хоккей» диэн суруктаах хоруопканы ороон таһаарбытыгар киһитэ хараҕа уоттана түспүтэ. Артем быйыл алтыһы, Киэсэ сэттиһи бүтэрэн сылдьаллара. Киһитин дьиэтэ кинилэртэн көстөн турар. Сотору-сотору хардары-таары хонсоллор. От ыйын бастакы күнүгэр Киэсэ эдьиийин сыбаайбатыгар Бүлүүгэ сылдьан баран бу, бэҕэһээ, кэлэн олороро.
Хоккейдарын туруоран оонньоон киирэн барбыттара. Киэсэ эрдэттэн эрчиллибит буолан маҥнай киһилээбэтэҕэ. Ол эрээри киһитэ сотору үөрэнэн тэҥҥэ киирсэр буолан барбыта. Ууларыгар-хаардарыгар киирэн оонньуу олордохторуна аттыларыгар Ураанньык киирэн илгистэн ибис-инчэҕэйинэн саба ыспыта. Иккиэн чаачыгырыы түһээт, сыыһа-халты охсон хаалбыттара. Ыттара иччитэ Баанньа оронун анныгар дьылыс гыммыта. Ити аата иччитэ кэллэҕэ. Баанньа баарына уһун ырбаахылаахтартан соччо толлубат. Тайахсыт бэрдэ буолан аҕалара да бэркэ маанылыыр ыта.
Сотору Киэсэ убайдара Баанньалаах Сааска чоккураһан киирбиттэрэ.
– Хайа, Артемка дьиэтигэр барбакка манна олорор эбит дуу? Аҕаҥ кэллэ ээ. Арба, бу киһи баарына манна хонор буоллаҕыҥ дии, – Баанньа ырбаахытын тимэхтэрин сүөрбэккэ төбөтүнэн ньылбы тарда сатыы-сатыы оронугар ааспыта. Онтон хоккейы көрөөт:
– Ха, доо! Бу тугуй? Хоккей дуу? – диэбитинэн ыстаанын уларыттарын да умнан ойон кэлбитэ.
Сааска таҥаһын уларыттан, куурда ыйаан баран эмиэ кинилэр үрдүлэригэр саба нөрүйбүтэ. Хайдах оонньонорун билсиһээт:
– Сынньаныҥ. Аттар сойдохторуна ыытаарыҥ, – диэн баран бэйэлэрэ оонньообутунан барбыттара.
«Эһиги аһаан баран кэлээриҥ» диэбиттэрин истэ да барбатахтара. Хайыахтарай, оонньуулларын көрө түһэн баран хоспоххо тахсан Киэсэ Дьокуускайга, Бүлүүгэ хайдах сылдьыбыттарын кэпсээбитэ. Артемка хаһан, ханна, хайдах кустаабыттарын сэһэргээбитэ. Аттары ыытан, булуустан ыт аһа таһааран Ураанньыгы аһатан баран киирбиттэрэ дьоннорун ыһыыларахаһыылара, кыһытыһыылара-абатыһыылара өссө сэтэрбит этэ. Онон бу киэһэ хоккейдаан бүппүт эбиппит дии санаабыттара.
Ардах кэм да ньиккирэччи түһэрэ. Уһуур чинчилээҕэ. Онон отчуттар сарсын да өрүүр буоллахтара буолуо. Сотору дьиэ иһинээҕи дьон бары мустан чэйдээбиттэрэ. Онтон киэһэ солбуһа сылдьан хоккейдаабыттара. Бэл, аҕалара кэлэн хайдах оонньуулларын көрө түспүтэ.
Сарсыарда турбуттара халлаан куорсуйбут этэ. Хараҥа былыттар бэрт намыһаҕынан сүр түргэнник соҕуруу диэки усталлара. Баанньа дьонун кытары көрсөн кэлбитэ. Сарсын тахсар буолбуттар. Киэсэ эмиэ барсар буолбута. Артемка ийэтигэр көстө түһэн кэлээри дьиэтигэр ыстаммыта.
Ол күһүн олус бэркэ оттоон киирбиттэрэ… Ити дьыл Киэсэ ахсыс кылааһы «үһэ» суох бүтэрэн күннээбитэ.
Үөрэх дьыла бүтээтин кытары сотору буолаат ыһыахтаабыттара, онтон окко киирии сүпсүлгэнэ эмиэ ыган кэлбитэ. Биир киэһэ окко киириигэ аналлаах мунньаҕын ыыппыттара. Киэсэлээх онно улаханнык наадыйбат дьон билисибиэттэрин хасыһа сылдьыбыттара. Киэһэлик Баанньа мунньахтан кэлбитэ. Күүлэҕэ тардыллыбыт остуолга аһыы олорон мунньах хайдах барбытын кэпсээбитэ. Ийэлэрэ кимнээх звеноводунан анаммыттарын ыйыталаспыта. Былырыыҥҥыттан уларыйыы суох этэ.
– Уйбаан Турантаайап уонна Тарабыыкын Мэхээчэ бу дьону былдьаһан этиһэ сыстылар. Уйбаан акка сыстаҕас, үлэһит оҕолору куруук эһиги ылаҕыт диэн айдааран турда. Ону Мэхээчэ истиэн да баҕарбат. Уолаттарбын биэрбэппин, убайдарын кытары сылдьыбакка хайаан эһиэхэ барыахтарай диир. Дьэ, онон, нохолоор, син дьон эбиккит ээ, – диэн баран Баанньа күлэн кэбиспитэ. Кини Киэсэлээх Артему өрүү сэнии санааччы. Тугу да сатаабат, кыайбат дьонунан ааҕааччы.
Киэсэлээх үлэһит быһыытынан хайҕаммыт, өссө звеноводтар былдьаһан «бырта сыата» буолбут дьон эгди буола түспүттэрэ. Онтубутун дьоммут билиэхтэрэ дии санаан Киэсэ Артемкаҕа:
– Сөтүөлүү барыахха эрэ, – диэбитэ. Киһитэ:
– Чэ, – диэт, бэлисипиэтигэр сүүрбүтэ.
Киэсэ тэрилэ «куругулуойдаан» сордуурун кэлин көлүөһэ ис буотараҕын онтон-мантан хомуйан оҥорбуттара үчүгэй буолбут этэ. Үрэххэ сырылатан тиийбиттэрэ: Артемка бииргэ үөрэнэр уолаттара уонна кыра оҕолор сөтүөлээн булумахтана сылдьаллара. Таҥастарын ньылбы тардынаат ууга ыстаммыттара. «Акулалаах» оонньоон бэйэ-бэйэлэрин эккирэтиһэ сырыттахтарына, соҕурууҥҥу чүөмпэ уута өрө бүллүгүрүү түспүтэ. Туох тыаһыырын көрөөрү көҥүс үрдүгэр ойон тахсыбыттара. Чүөмпэ уута оргуйан эрэрдии бидилийэн аҕай эрэр этэ. Киэсэ хаһан эрэ лабыҥкыр күөлгэ баар дьикти харамай туһунан аахпытын санаан иэнэ тымныйталаан ылбыта. Эмискэ туох эрэ күөхтүҥү хараҥа уу үрдүгэр сүгүллэн тахсыбыта. Бары өрө уһуутаһа түспүттэрэ. Били баҕайы төттөрү тимис гыммыта, онтон тэлгэһэ аҥаарын саҕа хап-хара муус дагдас гына түспүтэ.
Манна саас эрдэ бөһүөлэктэн чалбах уута халыйан киирээччи. Биирдэ уу баһар «Беларусь» систернатыгар уу оборторбута тардан ылан, халтарыйан чүөмпэ ортотугар киирэн хаалбыт этэ. Онно Соппуруонап Бааска хаайтаран хаалбытын быыһыыр, тыраахтары состорон таһаарар аймалҕаныгар оскуола оҕото барыта мустубута. Баасканы быа быраҕан соһон таһаарбыттара. Түгэҕэ чэҥ буолан киһи таба үктэммэт үлүгэрэ быһылааҕа. Тыы аҕалан, трос холбоон тыраахтары соһон таһаарыахтарыгар диэри оҕолор киинэ курдук көрөн турбуттара. Оннук уу анныгар хаалбыт муус бу бэс ыйын бүтүүтэ биирдэ күөрэйбитэ быһыылааҕа.
Улахан уолаттар, оччону көрбүт дьон, хаһыытыы-хаһыытыы сүүрэн киирэн муус диэки харбаан күллүргэппиттэрэ. Тымныыкката сүрдээх этэ. Киэсэ мууска тахсан халты-мүлтү тэбинэ сылдьан кытыы диэки көрбүтэ: кыра оҕолор кинилэр харса суохтарын сөҕөн аллаһан аххан тураллара. Сотору тиистэрэ ыпсыбат буола титирэһэн, күлэн-салан айманан төттөрү харбаан тахсыбыттара. Өрүтэ ыстаҥалаан, төттөрү-таары сүүрэкэлээн ирэ түһээт таҥнан хачыгыраспыттара. Кыралар кинилэри чахчы сөхпүт, ымсыырбыт харахтарынан көрөллөрө. Чүөмпэ ортотугар багдаллан сытар мууһу буорунан-сыыһынан тамныыллара.
– Ээй, эһиги аны ити мууска тахса сылдьаайаххытый. Иҥииргит тардыа, ууга түһүөххүт, – диэн Киэсэ ордоотообута. Уолаттар эмиэ буойсан хаһыытаһа түспүттэрэ. Дьонноро тута кытылтан тэйэн биэрбиттэрэ.
Киэсэ дьиэтигэр тиийэн ийэтигэр муус тахсыбытын туһунан кэпсээн үллэҥнэппитэ. Арай мууска тахса сылдьыбыттарын эрэ эппэтэҕэ. Утуйаары сытан Мэхээчэлээх Уйбаан кинилэри былдьаһан этиһэ сыспыттарын, убайа «син дьон эбиккит» диэбитин, кыра оҕолор сөхпүт-махтайбыт харахтарын саныы-саныы мүчүҥнээн ылбыта. Хайдах эрэ хайҕаммыт, дьону тугунан эрэ умсугуппут, таптаппыт саҕа санана сытан ороно күөгэҥнээн барбыта.
Сарсыҥҥытыгар мунньар, охсор массыыналары сэлбийиигэ көмөлөспүттэрэ. Артемкалыын уус дьиэтин таһыгар ыһылла сытар тимирдэртэн буолта, гайка өһүлэ тиийбиттэрэ. Син балаччаны хомуйбуттара. Кутуйах да элбэх дойдута эбит этэ. Биир бытаһыты эккирэппиттэрэ сеялка оһоҕос курдук тимир шлангатыгар киирэн хаалбыта. Ону хаарбах биэдэрэҕэ таҥнары сүөкээбиттэрэ. Түспүтүн кэннэ көрбүттэрэ: аҥаар хараҕа суох, кэлин уҥа атаҕа тостон баран уҥуоҕа таһыгар кылбайа сылдьар гына оспут чахчы кутуйахтар атамааннара буолан биэрбитэ. Арааһа ким эрэ арагаатканан ыппыт быһыылаах. Дорубуонньук эрэ маннык бааһырдыан сөп диэн ити дьыаланы чахчы билэр дьон быһыытынан быһаарбыттара. Биэдэрэни туппутунан бөһүөлэги кэрийэ сылдьан дьоҥҥо көрдөрбүттэригэр сөҕүү бөҕө буолбуттара. Үгүстэр, ордук чараас сүрэхтээх дьахтар аймах: «Эрэйдээҕи даа, ыытан кэбиһиҥ», – дииллэрэ. Ол сүбэни ылынан уотурба, сиэмэ ууруллар маҥхааһайыгар тиийэн ыытан кэбиспиттэрэ. Инбэлиит кутуйах элбэх астаах сиргэ сылдьыахтаах диэн буолбута…
Киэсэ оҕо эрдэҕинээҕитин санаан уута адьас көтөн хаалла. Сытан эрэ сиэбиттэн табах ылан тарта. Таһырдьа уу чуумпу. Арай ханна эрэ дулҕа быыһыгар чөкчөҥө айманан ылбахтыыр. Ата дөрүн-дөрүн тыбыырбахтыыр. Табаҕын кичэйэн умулларан баран дьэ утуйардыы оҥостон улаҕа хайыһан сытта. Сотору мунна сурдурҕаан утуйан киирэн барда.