Читать книгу Тыын былдьаһыгар - - Страница 16
Иккис түһүмэх
Убайым Борокуопай кэпсээнэ
Ньукулай Харытыанап кэпсээнэ
ОглавлениеХарытыанап Ньукулай – эбэбитин кытта бииргэ төрөөбүт киһи уола. Ньукулай аҕата Аргылла бэрт элбэх кэпсээннээх-ипсээннээх икки хараҕа суох оҕонньор этэ. Аргылла оҕонньор эдьиийигэр – биһиги эбэбитигэр кэлэн хоноон-өрөөн, ыалдьыттаан барара. Онно Сэһэн Боло кинигэтигэр киирбит былыргы үһүйээннэри кэпсиирэ. Кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ Аргылла оҕонньор куобах тириитин имитэ олорон Абааһы Даҕыр, Саһыл Мөндүүкээн тустарынан кэпсиирэ. Аргылла эдэр сааһыгар уһана сылдьан хараҕын дэҥнээбит, ол эрээри аҕыс оҕотун иитэн атахтарыгар туруорбут. Оҕолоро билигин Таатта улууһугар сис ыаллар, онтон биирдэрэ – Ньукулай. Кини биирдэ миигин көрсөн аҕам туһунан кэпсээбитэ. Онон, күндү ааҕааччы, ол кэпсээни истиэххэйиҥ.
«Мин оскуоланы бүтэрбит сылбар, күһүн балаҕан ыйыгар, эн аҕаҕар бултуу тиийбитим. Моойтоон диэн саастаах эриэн ыттаахпын. Убайым Дьөгүөссэ наһаа аймаҕымсах, үтүө киһи этэ. Өйүө-тайаа бэлэмнэнэн, ох курдук оҥостон, биир үтүө күн Хопто үрэҕэр бултуу таҕыстыбыт.
Хопто үрэх үүтээнигэр хонон, сарсыарда үрэҕинэн өрө хааман, күнүс үрэх баһын уутугар кэлэн аһыы олордохпутуна, ыттар үрэн тоҕо бардылар.
Аҕаҥ миэхэ: «Ньукулай, эн ол аппанан күөйэ сүүр, мин ыттар кэннилэриттэн батыһыам», – диэтэ.
Мин оччолорго эдэрбин, атахпар кыанабын, аппаны өрө сүүрдүм. Ыттар саҥаларынан сылыктаатахха, тайаҕы тохтоппуттар. Эмискэ ньим баран хааллылар. «Тайаҕы куоттардылар» дии саныы-саныы, аппаны өрө сүүрэн истим.
Ойоҕоспор мас тостубутугар эргиллэ түспүтүм: уонча хаамыы сиргэ, дьэ доҕоор, үйэбэр харахтаабатах кыылым утары иһэр эбит. Хаһан да көрө илик киһиэхэ улуу дьаалы илэ бэйэтинэн бу тиийэн кэллэ. Эчи мунна уһунун, өссө токурдаах, арбах муоһа улаханын, эбиитин икки өттүгэр эйэҥэлиир бытыктаах. Саллыбыт санаабар, чааскы саҕа хараҕын муҥунан бүлтэччи көрбүт. Мин кутталбыттан кыыл-сүөл ыллыгыттан туора ойдум. Кыл мүччү сыыһа үктээн батыччахтаан ааста, хата, бүтүн оҥоһуулаах киһи буолан таарыйбата. Тайаҕым ааспытын кэннэ өй ылан, кэнниттэн ытан хааллым.
Онтон дьэ, кыл саҕаттан тыыннаах ордубут курдук сананан, уоскуйаары олордум. Уҥуоҕум ууну испит сылгы курдук халыр босхо барда, көлөһүнүм сарт түстэ, сүрэҕим көмөгөйбүнэн тахсыахтыы мөҕүстэ. Олорон нэһииччэ уоскуйдум.
«Дьөгүөссэ тайаҕы ойуур ынаҕа диэн албыннаан улуу дьаалыга үлтү тэбистэрэ сыста» диэн испэр киһибэр кыыһырабын. Син балачча буолан баран киһим кэллэ, үөрбүт аҕай.
«Мохсоҕол, уол оҕото байанайдаах, табаҕайыҥ талааннаах эбит, барбат гына таптыҥ. Ыттар үрэллэрин истэҕин дуо?» – диэтэ. Дьэ онно өйдөөн истибитим, ыттар үрэх куулатыгар үрэллэр эбит. Мин долгуйан, ону даҕаны истэр кыаҕым суох.
Үрэх куулатыгар тахсан ыттар тохтотон турар буурдарын охтордум. Куттаммытым ааһан, үөрүү үлүскэнэ буолла. Дьөгүөссэ маҥнай уотун аһатта, онтон тайаҕы астаан баран быар үттэ, чоҥку оҕуста, үөс тардарын буһарда. Тото аһаабыппытын кэннэ: «Ньукулай, дэриэбинэҕэ киирэн атта таһаар. Сааҕын хааллар, чэҥкээйи оҥостума», – диэтэ.
Мин, тоҕустаах тайаҕы охторбут киһи, тута сөбүлэһэн дэриэбинэ диэки сүүрэ турдум. Сотору үөрүүм кутталынан солбулунна, суол бадарааныгар кырдьаҕас атаҕын суола субу барбыт, мэктиэтигэр буруолуу сытар курдук. Куттана-куттана салгыы сүүрэн истим, хас сыгынах барыта харахпар адьырҕа буолан көстөр. Ол аайы сүрэҕим парк гынар, куйахам дырдырҕыыр.
«Дьөгүөссэ саабын хааллаттаран адьырҕаҕа сиэтэр буолла» диэн испэр кыыһыра саныыбын. Бөһүөлэккэ этэҥҥэ тиийэн, ат аҕалан, үөрэ-көтө дьиэлээбиппит».
Дьэ итинник, убайым Ньукулай Бөтүрүөбүс 17 саастааҕар буолбут түөрт уонтан тахса сыллааҕы түбэлтэни бу баардыы көрөн олорор курдук кэпсээтэ.