Читать книгу Тыын былдьаһыгар - - Страница 6
Маҥнайгы түһүмэх
Олохпор өйдөөн хаалбыт түгэннэрим
Аммаҕа
ОглавлениеХайахсыкка учууталлыы сылдьан, күһүҥҥү уһун өрөбүлгэ үлэбиттэн көҥүллэтэн, аар айылҕа маанылаан айбыт кэрэ кыыс Аммаҕа бултуу бардым. Дьэримиэй үөрэ-көтө көрүстэ.
Дьэримиэй диэн саар-тэгил уҥуохтаах, бэйэтин кыанар киһи, иһиттэр истэ олоруох элбэх кэпсээннээх, устар ууну сомоҕолуур, хомоҕой тыллаах эр бэрдэ. Уһун түүнү быһа атаһым кэпсээнин истэн Соморсуҥҥа хоннум. Сарсыарда тыҥ хатыыта туран икки атынан айаннаатыбыт.
Амма Эбэҕэ тиийбиппит – уҥуоргу кытыыта өссө даҕаны тоҥмокко сүүрүгүрдэ турара. Киһим сүүрдэн кэллэ да, сүүрүктээх ууну үрдүнэн ойутта, уҥуор тиийэн түһүүлэригэр ата халтарыйан ууга бар гынна. Хата эр бэрдэ, кыанар киһи буолан, атыттан арахсан муус үрдүгэр үҥкүрүйдэ. Уу чычаас буолан, муус анныгар барбатылар. Онтон мин аппын кэстэрэн туораттым.
Киһибэр: «Таҥаһыҥ сиигирдэ, онон төннүөххэ», – диибин.
Онуоха: «Булчут тоҥуохтаах-хатыахтаах, оччоҕо эрэ булду бултуугун. Түөрэх үчүгэй, бүгүн бултуохпут», – диэн хардарда.
Уҥуор биэрэккэ уот оттон таҥаспытын кыратык куурдубута буоллубут. Амма Эбэҕэ түһэр Хатыҥ Үрэҕи өрө тахсан бардыбыт. Саҥа киис суола ааспытын көрөн, ыппыт ол устун ойдо. Арай сотору хайа үрдүгэр үрэн баргыйда. Аттарбытын сиэтэн, хайаны өрө сүүрэн тахсыбыппыт: ыппыт саарба бэрийэр бэрдин улахан баай тииккэ таһаарбыт. Айылҕа мааныылаах кыыла барахсан мутуктан-мутукка ыстаҥалыы сылдьара. Көрүөхтэн кэрэ быһыы-таһаа, түү-өҥ, сытыы сирэй-харах. Баай Байанай биэрбитин бултаан баран, салгыы айаннаатыбыт.
Амма хайатын үрдүнэн хаамтардыбыт. Дьэримиэй киис суолун ирдээн, миигиттэн арахсан, туһунан барда. Салгына минньигэһэ, сибиэһэйэ, үүнээйитэ, ото-маһа кэрэтэ мин сүрэхпин сүүйдэ. Айылҕа абылаҥар ылларан, бултуу сылдьарбын да умнан бардым.
Арай көрбүтүм: аллараа хайа анныгар икки тайах турар. Аппыттан аргыый түһэн маска баайдым. Ыксаабакка холкутук кыҥаан иккитэ ыттым да, таһы-быһа сыыһан кэбистим. Кыылларым онуоха талах кэннигэр аргыыйдык киирэн хааллылар.
Мин тайахтарга чугаһаары, саабын ииттэ-ииттэ түргэн хаамыынан хайаттан түһэн истим. Тайахтар суохтар. Талахтан тахсалларын кэтиибин. Өйдөөн көрбүтүм, биир бөлкөй талах кэннигэр тураллар эбит. Маннык чугаһатыахтара диэбэтэх киһи, соһуйан, саабын эмискэ өрө көтөҕөрбүн кытта, тайахтар ыстанан кэбистилэр. Маҥнайгы ойууларыгар куобахтаан бачырҕаттылар, иһэхтэрэ ыраахха тиийэ бырдаҥалаан олордо. Уҥа диэки ыстаммыты ытан саайдым. Онуоха эргиллэ түстэ да, миэхэ утары сүүрдэ. Мин тамайа сиэлэн эрэр иккис тайаҕы ыттым.
Маҥнайгы, утары сүүрэн кэлэн чугас, сүүрбэччэ хаамыы сиргэ, хорус гынна. Долгуйан, ботуруоммун мүччү-хаччы уган, кыылбын кыҥааппын кытта тайах кэннигэр ыппыт сүүрэн кэллэ. Ыты дэҥнээтэххэ аана суох алдьархай, иитэ суох иэдээн буолар, онон ыппатым. Тайаҕым ыты көрөн эргилиннэ даҕаны, үрэҕи туораан, үрүйэни өрө батан бара турда. Тайах кэнниттэн Дьэримиэй ытын кытта сүүрэн бурҕатта.
Мин маҥнайгы ыппыт тайахпын суоллаабытым ырааппакка охтубут этэ. Тайах иһин хостоон баран, хайа үрдүгэр тахсан аппын ыллым. Битигирэтэн киһибэр тиийбитим, Дьэримиэй анараа тайаҕы охторон сытыарара. Атаһым уоскуйан тоҕо хойутаабыппын туоһуласта, онуоха тайах астыы сылдьыбыппын кэпсээбиппэр соһуйда да, үөрдэ да.
Кыылбытын астаан баран атаһым эттэ: «Бу сиһинэн Эбэҕэ быһа түһүөххэ». Сүүсчэкэ хардыыны барарбытын кытта билигин эрэ ааспыт киис суолун көрдүбүт. Өр буолбата, ыппыт үрэн тоҕо барда. Тиийбиппит – кииһи сытар тиит көҥдөйүгэр хаайбыт эбит. Сүгэнэн хайаҕас оҥорон кыылбытын ыллыбыт. Сотору хараҥаран барда, онон үрэххэ киирэн суол устун дьиэлээтибит.
Баай барыылаах Байанай наарын оҥорон оннук күндүлээн соһутан да, үөрдэн да турардаах. Аҕыйах да хонукка буоллар, кэрэ кыыс Амма Эбэ барахсан дуоһуйа сынньатан, астына бултатан турар. Кэлин Дьэримиэй дойдутугар, Хатарчыма үүтээнигэр бултаан турабын, ол туһунан туспа кэпсээн.