Читать книгу Тыын былдьаһыгар - - Страница 4
Маҥнайгы түһүмэх
Олохпор өйдөөн хаалбыт түгэннэрим
Аһымаҕа
ОглавлениеҮрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран Горнай улууһугар Аһымаҕа учууталынан үлэлии сырыттым. Сандал саас эргийэн, саха эр дьонугар саамай күүтүүлээх – кус кэмэ тиийэн кэлбитэ. Мин уруокпун бүтэрэн баран, эбиэттэн киэһэ Чэкээ үрэҕин кэрийэбин. Саас эрдэ, күөлгэ уу тахса илигинэ, үрэххэ кус мустар. Үрэх кытыытыгар кыра ууга дурда туттубутум. Киэһэ дьиэм диэки төннөн иһэн, онно хонон ааһабын. Сарсыарда уруокпун биэрээт, күнүс кустуу ыстанабын. Оччолорго эдэрбин, бултуур баҕа баһаам.
Дьэ биир күн куолубунан үлэлээн баран, үрэҕи кэрийэн, Чэкээ муостатыгар тиийдим. Манна үрэх кэҥиир сирэ, үс кыра көлүччэлээх. Мин үөһээ сыыр быарыгар сынньана олордум. Арай элбэх кынат куһугураан тыаһаата. Үрдүк мэҥэ халлааны өрө хантайан көрбүтүм: отучча кус ортоку ууга түһэн барылаата. Мин аргыый аҕайдык үөмэн киирдим. Наһаа сымнаҕас кустар эбит. Барыта чыркымайдар. Арай от быыһыттан атыыр судьу төбөтө көһүннэ, ону хаптаччы ыттым. Онтон тыһыта дайан тахсыбытын охтордум.
Салгыы баран истим. Биир атыыр чыркымай иннибиттэн көтөн тахсан үрэх тоҕойугар тиийэн түстэ. Аргыый хааман киирдим. Арай көрбүтүм: атын чыркымайдар хороһон аҕай олороллор эбит. Маҥнай хаастар дуу дии санаатым, өр толкуйдуу барбакка, биир чугаһын ыттым. Көтөрдөрүм үрэх тоҕойун эргийэ дайдылар. Мин, ботуруон укта-укта, быһа сүүрдүм. Көҥүһү өҥөс гыммытым, хайа сах ааһан эрэллэр эбит. Кэнники куһу ыттым – умса кэлэн түстэ. Онтон инникини ыттым – тиэрэ кэлэн түстэ. Ылан көрбүтүм: хаас саҕа кустар. Мин «туох кустара буоллаҕай?» диэн толкуй бөҕөҕө түстүм. Онтон улуннар быһыылаах диэн сэрэйэ санаатым.
Муостаҕа тиийэн баран, төннөн кэлэн дурдабар хоннум. Көлүччэм кыра баҕайы да, кэлбит кус быһа ааспат. Күн тахсыыта кэлэллэр. Күн сардаҥатын утары көрдөххө, халба атыыра түөһэ саһаран бастаан иһэр буолар. Эбэтэр чааппара көҕөннөр барахсаттар түүлэрэ-өҥнөрө кэрэтин. Мородулар, чыркымайдар астыктарын. Хайа булчут маннык кэрэ көстүүттэн долгуйан нохтолоох тойон сүрэҕэ күүскэ тэбиэ, хайҕахтаах хара быара хамсыа суоҕай. Көлүччэм кыра буолан, халлаан сырдаабытын кэннэ кэллэхтэринэ, туох баар кэрэ өҥнөрө-дьүһүннэрэ бу баар курдук дьэрэлийэн көстөр. Ууга түһэллэригэр кынаттарын араастаан хамсаталлара этиэхтэн эриэккэс. Аны кынаттарын тыаһа дьикти кэрэ дорҕоон буолан иһиллэр. Айылҕа барахсаҥҥа сынньанан, ол саас олус үчүгэйдик бултаабытым.