Читать книгу Алгыстар – эн көмүскэллэриҥ - - Страница 10

Үҥээччилэр бары:

Оглавление

– Аар Айыылар абырааҥ!

Алгыс күүһэ кыайдын!

Айыы Ойуунун

Абыраллаах

Алгыс-Доммо

Арчылаатын!

Алҕаатын!

Абыраатын!

Араҥаччылаатын!

Айыы күүһэ,

Күн көмүскэлэ!

Уһун үйэлээҥ!

Бигэ ыйаахтааҥ,

Хотуулаах санаалааҥ,

Үтүө майгылааҥ!

Кырыыс-таныар төлөрүйдүн!

Өрөгөй үрдээтин!

Үөрүү-көтүү кэллин!

Үрүҥ күммүт үрдээтин!

Үрүҥ Аар Тойон көмүскээтин!

Уруй-айхал!

Уруй-тускул!

Намыын-наскыл!

Домм! Домм! Домм!


Алгыстар – эн көмүскэллэриҥ

Подняться наверх