Читать книгу Алгыстар – эн көмүскэллэриҥ - - Страница 4
Айыы Ойуунун алгыһа:
Оглавление– Үөһээ Сырдык Аар Айыылар
Үтүө харахтарынан көрдүлэр,
Аламай Маҥан Халлаантан
Айыы сарыала кэлэн бүрүйдэ,
Араҕас Айыы сардаҥаларынан
Айыым дьонун
Аньыыларын-хараларын
Антах үтэйдэ!
Абыраата, арчылаата,
Араҥаччылаата, алҕаата!
Ньуурдуун тубустугут,
Сирэйдиин сырдаатыгыт,
Хаанныын ырааһырдыгыт,
Өйдүүн үрдээтигит,
Эттиин чэгиэрдигит!
Ийэ Куккут
Искитигэр бигэргээтэ!
Буор Куккут бухатыйда!
Салгын Куккут сандаарыйда!
Сүргүт сүрэххитигэр
Сүүнэ улуу күүстэннэ!
Тулалыын ырааһырдыгыт,
Эйгэлиин эриэ-дэхси буоллугут!
Аньыыларгыт арахтылар!
Дьайдаргыт дьалбарыйдылар!
Сэт-сэлээн сүттэ!
Домм! Домм! Домм!