Читать книгу Алгыстар – эн көмүскэллэриҥ - - Страница 11

Бэһис Домм! Бэйэни күүһүрдүнүү
Айыы Ойууна:

Оглавление

– Үрүҥ Аар Тойон баһылыктаах

Үөһээ Сырдык Аар Айыылар!

Ороһуоллаах уулаах,

Охтон баранар мастаах,

Уолан бүтэр уулаах,

Орто Туруу Бараан Дойдуга

Олорор дьолбутун,

Киһи буолар кэскилбитин,

Урааҥхай буолар оҥоһуубутун

Толорор аналланан

Олох олорорго,

Ону ончу барытын оҥосторго,

Оҕо-уруу төрөтөргө,

Төрүүр оҕону төлкөлүүргэ,

Иитэр сүөһүнү күрүөлүүргэ,

Үтүмэн үгүс үлэни кыайарга,

Өҥүрүк куйааһы туоруурга,

Кырыалаах кыһыны тулуйарга,

Дьолу-соргуну түстүүргэ,

Киэли-бараан дьиэни туттарга,

Ордуу-бараан уйаны оҥосторго,

Оту-маһы буларга,

Күөх быйаҥы баһарга,

Унаар буруону субурутарга,

Иитимньилэри иитэргэ,

Ыччаттары атахтарыгар туруорарга,

Дьиэ кэргэни аһатарга,

Иитэр сүөһүнү үксэтэргэ,

Бэйэбит чэгиэн буоларбытыгар,

Күүс-уох эбинэргэ

Көмөлөстөххүт буоллун!

Эппитин-хааммытын бөҕөргөтөргө,

Быччыҥмытыгар быччыҥ эбэн,

Күүс эттэрбитин күүһүрдэн,

Эппит хас биирдии утаҕынан,

Уҥуохпут куодатынан

Күүс-сэниэ уктаххыт буоллун!

Аар Тойон

Амарах хараҕынан көрдө!

Күбэй Хотун

Күүс-уох киллэрдэ!

Одун Хаан толору оҥоһуулаата!

Чыҥыс Хаан бигэ ыйаахтаата!

Дьылҕа Тойон үтүөнү дьылҕалаата!

Дьурантаайы Суруксут

Улуу Суругу суруйда!

Сүҥ Дьааһын Тойон

Сүдү күүһү биэрдэ!

Улуу Хотой Айыы

Хотуулаах санаалаата!

Уордаах Күрүө Дьөһөгөй Тойон

Уруйдаата, күүһүртэ!

Ала Мылахсын Хотун

Илгэнэн аһатта,

Үрүҥ сөлөгөйүнэн күндүлээтэ!

Эдьэҥ Иэйэхсит имэҥинэн

Имнэннэ, эйэргээһининэн эркиннээтэ,

Ахтар Айыыһыт аргыстаста,

Амарах санааны укта,

Алыстык үөрдэ,

Арылыччы көрдө!

Домм! Домм! Домм!


Алгыстар – эн көмүскэллэриҥ

Подняться наверх