Читать книгу Учуутал - - Страница 2
СИР СИМЭҔИН ЫҺЫАҔА
(Аныгы остуоруйа)
ОглавлениеАйымньы барыта «биир үтүө күн» диэн тылынан саҕаланар буоллаҕына, мин бу кэпсээммин оннук саҕалыыр кыаҕым суох. Тоҕо диэтэххэ, ол күн сарсыардаттан сиикэрэ ардах түспүтэ, инньэ гынан, чугастааҕы нэһилиэккэ дьүөгэбэр барыахтаах былааным тохтон, санаам алдьанан олорбутум. Тэһийбэккэ, кинигэ аахпыта буола олордохпуна, ыалым Татыйаана эмээхсин киирэн кэлбитэ. Бэркэ долгуйбут көрүҥнээҕэ. Туох буолбутун ыйыталаспытым, сиэнэ Ньургуһун бэҕэһээ күнүстэн ыла суох үһү.
– Олус дьиэмсэх оҕо ээ, мээнэ барааччыта суох уонна күн баччатыгар диэри мэлигир, – кырдьаҕас ытамньыйан, хараҕын уутун былаатын уһугунан сотунна. – Дьонугар биллэриэхпин, баҕар, бу киирэн кэлиэ, оччоҕуна куорат дьонун таах аймыам дуо диэн тээгэрэн хааллым. Милииссийэҕэ тыллыахпын, сүппүтэ үс хоммуту эрэ ирдэбилгэ биллэрэллэр үһү. Оскуола үлэһитэ дьахтар сүбэлээ эрэ, хайыыбыный?
– Бээ, Татыйаана, олус долгуйума, баҕар биир эмэ дьүөгэтигэр хонон баран, онно өрөөн, киэһэлик кэлээри олороро буолуо. Үрдүк үөрэх устудьуоҥката билэр ыччата син элбэх эбитэ ини. Хайа уонна бу Чараҥнаах төһө да кини төрөөбүт сирэ буолбатаҕын иннигэр, ийэтин дойдута буоллаҕа, хайа эмит аймаххыт дьаарбата ыҥырыан эмиэ сөп.
– Эс, оннук дьаарбатар аймах кэмчи дьонобут, биир таайа баара, хайа, бэйэбит таспытыгар олорор дии. Оҕом туохха эрэ түбэһэн хаалыа диэн куттанабын, баҕар, куһаҕан дьон моһуоктуохтара. Сураҕын иһиттэххэ, сир-дойду үрдүнэн араас барыта тахсар дии.
– Кэбис, инньэ диэмэ, биһиги дьоҕус Чараҥнаахпытыгар оннук куһаҕан санаалаах киһи суох ини. Нэһилиэк үс сүүсчэкэ киһитэ бары тарбахха баттанабыт. Хата, өйдөө эрэ, кыыһыҥ хараҕыҥ далыттан хаһан сүппүтэй?
– Эбиэккэ диэри баара. Үгэһинэн кинигэ ааҕар хайыыр этэ, онтон… бээрэ, бу өйдөөтөххө, малын-салын бэринэр этэ. Ону таҥас суунаары гыннаҕа, эмиэ дьэ уу бөҕөтүн тоҕон-хорон килиэйдиир буоллаҕа диэн өссө көҥөнө санаабытым баара… Кырдьык, үрүсээгэ мэлдьи турар сиригэр суох этэ.
– Оччотугар ханна эрэ оҥостон барбытыгар сөп курдук дуу? Ол эрээри, чахчы ханна эрэ барар киһи син сэрэтиэ эбитэ ини. Туох да сурук, саппыыска суруйан хаалларбатах дуо?
– Саппыыска даа? Кэтэһэ мээрик буола сылдьан, ону төрүт долоҕойдооботох эбиппин ээ. Ити эрээри остуолга ууруллубут кумааҕыны син көрүөм этэ буоллаҕа. Хата, сыллыай, биһиэхэ тахсыах эрэ, эн, сонун хараҕынан тугу эмэтэ булан көрөөйөҕүнүй?
Мин сып-сап хомунан, Татыйаананы кытары тахсыспытым. Эмээхсиним (75 сааһыгар сылдьар) туһунан кыратык билиһиннэрэ түһүүм. Кини уоллаах кыыс оҕолооҕо билигин бэйэлэрэ кырдьаҕас ыаллар. Уола Дабыыт ийэтин кытары тилийэ тиэргэҥҥэ олорор. Оттон кыыһа Марыына үөрэҕин бүтэрэн, үлэһит буолуоҕуттан куоракка олохсуйбута. Эдэригэр хам-түм дойдутугар кэлэ сылдьар бэйэтэ, билигин төрүт биллибэт буолан хаалла. Арай, сайын ахсын оҕолорун ыытар. Быйыл кыра кыыһын Ньургуһуну ыыппыта ити биир үтүө… ээ, биир ардахтаах күн сүтэн хаалан, ити эбэтэ барахсаны аймаатаҕа.
– Дьэ көр, кыыс хоһо бу, остуолугар аҕыйах кинигэттэн ураты туох да суох. Сурук хаалларбыта буоллар, саманна сытыа эбитэ ини. Оронун анныгар чымадаана ити турар. Манна, көхөҕө, үрүсээгин ыйыыр буолара да, көстүбэт. Илдьэ барбыт.
– Бээрэ, туох таҥаһынан барбытый?
– Биэсэлкэ иччитэ буолан турбут көпүсүөннээх чараас куурката көстүбэт уонна бээ, чымадаанын көрүөххэ, – диэн тобуктаан орон анныттан дьоҕус чымадааны соһон таһаарда. Арыйаат, саҥа аллайа түстэ: – Ээ, маннааҕы мала барыта баар эбит ээ. Ити гынан чопчу туох таҥастааҕын мин соччо билээхтээбэт буоллаҕым. Бай, бу туохтарый? – Кичэллээхтик сааһыланан ууруллубут таҥас быыһыттан үс муннуктуу тутуллубут хас да кумааҕыны таһаарда. Биири ылан көрдө. – Сурук дуу? Тоҕо кэмбиэрдээбэккэ былыргылыы суулаабыт баҕайыларый?
– Татыйаана, бу суруктар эрдэттэн бааллара дуо?
– Һыллыа, ону мин хантан билиэхпиний? Ити эрээри, куоракка аһары маннык саппыыскаласпатылар ини.
– Бу «смс», «батсаап» элбэҕэр диэ.
– Оччотугар маннааҕы суруктар буолан тахсаллар эбээт. Кими кытары саппыыскаласпыт буолуон сөбүй? Оннук айылаах бодоруспут уола баарын да билбэппин.
– Эдьиэй, бу суруктары көрүөххэ эрэ, кыыс сүтүүтэ балары кытары ситимнээх буолаарай?
– Хата ити сөпкө эттиҥ быһыылаах. Ууга түспүт оттон тардыһар, баҕар, кырдьык тугу эмэни кылатаайабытый? Чэ, оҕом, кытаат, аах.
Биэс сурук эбит. Килиэккэ тэтэрээт илииһигэр бытархай буочарынан симэ соҕус суруллубуттар, сорохторо уруһуйдаахтар, «Айсен», үксэ «Айыысиэнэ» диэн илии баттааһыннаахтар. Кэтэх өттүлэринэн сэрии саҕанааҕы саллааттар ыытар суруктарын курдук үс муннуктуу тутуллан баран, аадырыстарын оннугар «Эйиэхэ» диэн бэлиэтэммиттэр. Аннынан атын буочарынан, Ньургуһун суруйбут быһыылаах, «маҥнайгы», «иккис…» дэммит. Онон наардааммын, биир-биир ааҕан истим.
Бэс ыйын 10 күнэ
Күндү доҕорум, Ньургуһун!
Сэрэйэбин, дьиктиргиириҥ чахчы, мин туохха түбэспиппин биллэххинэ. Чэ сүүрдэ-көтүтэ да соҕус буоллар кэпсиим. Ийэм туос иһити тигэр буолан, саас ахсын туос хастыыр идэлээхпин. Быйыл арыычча хойутаан, иллэрээ эрэ күн эмиэ быһыччабын ылан, ыппын батыһыннаран сарсыарда эрдэ чараҥҥа тахсыбытым. Чугастааҕы тыаҕа үчүгэй туос суоҕа, ол иһин, тыа үөһүгэр киирэн истим.
Биир алааска тахсан кэллим. Алаас куулата барыта тиит, оттон соҕуруу өттө хатыҥ тыалаах эбит. Тураллар эбит ээ, дьуп-дьулугурас бэйэлээхтэр! Өссө тыа иһигэр ыраахха диэри киирэн бара тураллар, харах ыларын тухары биир кэм сардаҥарыы! Ким да тыыта илик чараҥа, төһө баҕарар туоһу ылыахха сөп. Моойто да мин үөрбүппүн биллэ, эккэлээн бөҕө буолла. Туостара эчи ырааһын, маҥанын. Быһыччабын ылан, ортоку турар улахан хатыҥҥа батары саайдым.
– Айакка! – диир саҥа иһилиннэ. Тулабын көрүммүтүм ким да суох. Быһахпын аллара тартым. Хаһыы өссө улаатан иһилиннэ: – Бэйи эрэ, бу туох чолоҕоро кэлэн уһуктанна?
Соһуйаммын быһыччабын сулбу тардан ыллым, туоһу бааһырдыбыт сирбиттэн харах уутун курдук, дьэҥкир симэһин бычалыйан таҕыста. Сирэйбин сытыы тыал быһа оҕуста уонна: «Бу урааҥхай сиэтэҕин!» – диэн саҥа иһилиннэ. Кыйаханыах санаам кэллэ. Ким саһан олорон дьээбэлэнэрий? Митээсэптэр эмиэ туостааччылар, кинилэр сырыттахтара дуу? Бээ, сэгэрдэр, хара тыа барыбыт баайбыт. Тулабын көрбүтүм уу чуумпу, ким да суох, ытым оол алаас ортотун диэки ирбинньиктэнэ сылдьар, саһан олорор киһи баара буоллар билэн, үрүө этэ буоллаҕа. Син туостаан ахан кэлбитим да, манныкка түбэһэ илигим. Били этэр иччилэрэ дуу, абааһылара дуу сырыттаҕа диэн куттанным.
– Хайыы, куттанан кубарыйан хаалла дуу, сордоох чычаас да эрээри… – диэн саҥа иһилиннэ.
– Кэм урааҥхай оҕото буоллаҕа, – диэтэ иккис.
От-мас иччилэрин, бэйэлэрэ этэллэринэн, эрэкэ-дьэрэкэ оҕолору кытары бастакы билсиим итинник этэ. Киһи хараҕар көстүбэттэр, саҥалара эрэ иһиллэр. Кэпсииллэринэн, кыһын чараҥ иһигэр халыҥ хаар анныгар утуйар үһүлэр. Саас, хаар эрэ бардар, оонньоотохторуна, от-мас тыллар-көҕөрөр, мэнигилээтэхтэринэ кыра тыал түһэр эбит. Мин кинилэри кытары кэпсэтэн, күммүн биллэрбэккэ аһардым. Бу сурукпун кинилэр тиксэриэх буоллулар, аадырыстаммыт киһитин хайдах булалларын эппэттэр, күлсэн эрэ сыһыгыраһаллар, ол аайы кыра тыал сиккиэрэн ылар. Кырдьык, баҕар, тиксэриэхтэрэ. Ийэбэр эмиэ суруйдум, урут оттообут өтөхпөр сылдьа түһүөм диэтим, эрэкэлэр-дьэрэкэлэр тустарынан тугу да ахтыбатым. «Бырахтараары гыммыт» диэхтиэ турдаҕа.
Чэ бакаа. Эҕэрдэни кытары, Айсен
Бэс ыйын 12 күнэ
Үтүө күнүнэн, күндү доҕорум!
Айылҕа дьиктитэ диэн сүдү даҕаны! Эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор тулалаан турар эйгэҕэ, окко-маска, үүнээйигэ сыһыаннааҕы барытын билэллэр. Үүнэн турар оту-маһы таһынан, көтөр кынаттааҕы, хамсыыр харамайы кытары эмиэ сибээстээх, алдьаммыты оҥорор, ыалдьыбыты эмтиир эбиттэр. Били хатыҥым бааһын оһордон кэбистилэр, барбах кыра суол эрэ хаалла, ол да сүтүө үһү. Икки атахтар төрүт баһа суох бардыгыт, от-мас бөҕөтүн алдьата сатаан баран, аны уотунан куйахалыыгыт дииллэр. Тыаҕа уот турдаҕына, ардаҕы аҕалан умуруорар эбиттэр, арай, улахан уоту кыайбаттар үһү.
Бу дьону булсуохпуттан айахпар ас диэни укпакка сылдьабын, төрүт аччыктаабаппын. Ону «салгынынан тот сылдьаҕын», – дииллэр. (Илиҥҥи дойдулар итэҕэллээхтэрэ эмиэ салгынынан аһаан сылдьаллара буолуо дуо?) Бу санаатахпына, бачча сааспар диэри үтүөттэн мөкүнү араарбакка сылдьыбыппын. Эбэтэр билэ-билэ, төттөрүтүн оҥорор эбиппин. Чэ, холобур, хатыҥ туоһун хастыыр куһаҕанын, хатыҥ онтон сылтаан ыалдьарын, өлүөн да сөбүн билэбин эрээри, иллэрээ күннээххэ диэри быһыччалана-быһыччалана сүүрбүтүм дии. Төһөлөөх элбэх хатыҥ туоһа хастанан, тыыннаах киһиттэн тириитин сүлэн ылбыттара аһаҕас баас буолан эрэйдээн баран, чэрдийэ оспутун курдук хара лабаҕынан көрөн турарый? Хатыҥ эрэ туоһа буолуо дуо, биһиги эрэ инчэҕэй эттээх курдук сананан, тулабытын тэпсэрбит-алдьатарбыт кэмнээх үһү дуо? Дьонум «Айыы сиэнэ» диэн сүрэхтээбиттэрин ылыммакка, «Айсен» диэн нууччалыы тартаран ааттанар, дьүлэй куҥ киһи буолбуппун. Аны бу күнтэн, бу чаастан ыла Айыы сиэнэ буолабын.
Эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор хаһааҥҥыттан манна баалларын ыйыппыкка, «мэлдьи баар этибит, баарбыт уонна баар да буола туруохпут» дэһэллэр. Ол аата бу тулалаан турар киэҥ халлааны, Аан дойдуну кытары бииргэ айылыннахтара. Былыргы сахалары «үөрэҕэ-сайдыыта суох, түҥкэтэх буоланнар, тугу барытын тыыннааҕымсыталлар» диирбит дубук эбит. Тулабыт барыта тыыннаах уонна барыта бэйэ-бэйэтин кытары ыкса ситимнээх! Ону өбүгэлэрбит билэр эбиттэр.
Аныгыскы сурукка диэри, Айыы сиэнэ
PS. Суругу чыычаахтар тиксэриэхтэрэ, онон дьиэҥ таһыгар туох эмэтэ, көтөр, кэллэҕинэ, муһуннаҕына соһуйбат да, үргүппэт да буол. Оҕо сылдьан, чыычаахтары арагаайкалаах сойуолаһан да биэрэрбит, барахсаттар бары анал сорудахха сылдьалларын билбэт урааҥхайдар буоллахпыт».
Бэс ыйын 14 күнэ
Тахсар күн сардаҥатынан, Ньургуһун доҕорум!
Чахчы, тулабыт барыта тыыннаах! Мин бастаан эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор эрэ бааллара буолуо диэбитим сыыһа эбит, хас биирдии үүнээйи, от-мас, сибэкки барыта тыыннаах! Чэ бөдөҥ мастар тыыннаахтарын өссө син удумаҕалыахха сөп. Оттон сир симэҕэ сибэккилэр тыыннаах буолалларын атын киһи эппитэ буоллар, итэҕэйиэм суоҕа этэ.
Бэҕэһээ хонууга от быыһыгар сыттым. Биирдэ өйдөөбүтүм сирэйбэр туох эрэ хаамар курдук. Кумаартан атын, кымырдаҕас да буолбатах. Илиибинэн соттубутум, сөмүйэм төбөтүгэр туох эрэ кып-кыра уонна күп-күөх иилистэн кэллэ. Харамайбын буолан хамсыыр. Хомурдуос оҕото сырыттаҕа диэбитим, төрүт даҕаны киһи курдук быһыылаах-таһаалаах! Соһуйаммын олоро биэрдим. Икки илиилээх, икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх, көрдөрбүн диэн бэйэтин холугар кип-киэҥ харахтардаах уонна айахтаах… Хантан кэлбит буолуон сөбүй? Сыппыт сирбин көрдүм. Төбөм туһунан от быыһыгар күөх сэбирдэхтээх, көнө умнастаах, кыра сибэккилэрдээх үүнээйилэр турар эбиттэр. Бары күн диэки өрө көрбүттэр, арай, биирдэстэрэ санньы түһэн хаалбыт. Мантан түстэҕэ диэммин, «киһибин» сэрэниин-сэрэнэн ол иһигэр уктум, сибэкким өрө көрөн кэллэ, атыттартан туох да уратыта суох буола түстэ.
Бэйи эрэ, оччотугар бу сибэккилэр бары маннык «киһилээхтэр» дуо? Иччилэрэ буоллаҕа дуу? Биир сибэккини эргим-ургум тутан көрбүтүм туох да биллибэтэ, туура тардан ылыахпын аһынным. «Миигиттэн куттанымаҥ, тыытыам суоҕа», – диэтим уонна харахпын симэн сыттым. Сэмээр сибэккилэрбин кэтээтим. Балачча сыттым. Онтон арай, сибэккилэрим хайдах эрэ хамсаан ыллылар уонна түөрт сибэккиттэн кырачаан сирэйдэр былтастылар, кэпсэтэллэр быһыылаах, кып-кыра дыыгынас саҥа иһилиннэ.
Били укпут «киһим» тоҕо эрэ биллибэт, баҕар, алҕаска эчэппитим буолуо биитэр түбэспэтэҕэр түбэһэн, соһуйбута-куттаммыта ааһа илигэ буолуо. «Дьоннор» былтаспахтаан баран, иһирдьэ дьылыс гыннылар. Иккистээн тахсаайаллар диэн кэтэһэн көрөн бараммын, сибэккилэри биир-биир өҥөйтөлөөн көрдүм. Тугу да булбатым. Эрэкэ-дьэрэкэлэрбэр бардым. Кинилэр кэпсииллэринэн, үүнээйи ахсын оннук «дьон» бааллар, кинилэр үүнээйи тыына буолаллар. Тыына баарын эрэ тухары үүнээйи, сибэкки чэгиэн турар. Тыыннар күһүн от-мас кэхтиитэ тулалыыр эйгэҕэ суураллан хаалаллар уонна саас саҥаттан төрүүр эбиттэр. Үүнээйи төһөнөн үүнэр-силигилиир да, соччонон тыыннар ситэн иһэллэр. Ол да иһин, саҥа тыллан эрэр үүнээйи болчуоҕа ийэ иһигэр сылдьар оҕону санатар буоллаҕа!
Ити Ийэ айылҕабыт биир улуу кистэлэҥэ эбит! Оо, өссө төһөлөөҕү биллэрбэккэ хаппарын иһигэр хатаан сытара буолуой? Былыр биир учуонай: «Билиим-көрүүм төһөнөн үксүүр да, соччонон билбэтим-көрбөтүм эбиллэн иһэр», – диэн муударайдык да эппит! Эрэкэ-дьэрэкэлэр: «Тыыннар дьоҥҥо көстө сатаабаттар, ол эрээри, итэҕэллэрин ыллаххына, эйигин кытары, баҕар, бодоруһуохтара», – дииллэр.
Чэ, аныгыскы сурукка көрсүөххэ диэри.
Айыы сиэнэ
Бэс ыйын 17 күнэ
Аламай күн сыралынан, күндү доҕорум!
Үс күнү быһа тыыннары кэтээтим уонна бүгүн, дьэ, улуу дьиктини, улуу Кэрэни көрөр дьолго тигистим!
Бастакы күнүм, били эйиэхэ суруйбут күнүм, улахан уларыйыыта суох ааспыта. Бэҕэһээ сарсыардаттан кыра тыаллаах эрээри, ыраас этэ, халлааҥҥа кыырпах да саҕа былыт суоҕа. Ситэн-силигилээн, көҕөрөн-наҕаран, эҥин эгэлгэ сибэккилэринэн симэнэн турар алааска Күн уотун харыстаабакка кутара. Араас дьэрэкээн өҥнөөх-дьүһүннээх лыахтар тэлээрэ көтөллөрө. Үөһэ күөрэгэй дьырылыыра, талахха чыычаах ыллыыра, куулаҕа кэҕэ этэрэ, ол быыһыгар кумаар дыыгынас саҥата, тоноҕосчут көтөр кынатын тыаһа иһиллэрэ барыта сайыҥҥы алаас ырыата-тойуга буолан иһиллэрэ! Оо, бу кэрэ көстүүнү хоһоон гынан хоһуйбут, бу дьикти дорҕооннору ырыа оҥорон ыллаабыт киһи даа! Күнүс диэкинэн от сүүмэхтэрэ абына-табына көтөллөрө көһүннэ.
– Ити илдьиттэр сылдьаллар, – дэстилэр Эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор. – Улуу тунах кэмэ чугаһаата, сир симэҕин ыһыаҕа буолуоҕа.
– Ол хаһан буолуой?
– Сотору.
– Миэхэ көстүө дуу?
– Баҕар, көстүө.
– Улуу тунах ыһыахтар биһиэхэ эмиэ буолаллар ээ.
– Бастаан сир симэхтэрэ ыһыахтаабыттара, ону көрөн эһиги үтүктүбүккүт.
Киэһэ тоҕо эрэ олус чуумпурбута. Бэл, чыычаах ырыата иһиллибэт буолбута. Тула барыта туох эрэ дьиктигэ бэлэмнэнэн тыҥаабыт курдуга.
Бу сарсыарда эрдэ туох эрэ имнэммитин курдук уһугуннум. Чаһыбын көрбүтүм 3 чаас чугаһаабыт, илин саҕах үрдүнэн күн бастакы сардаҥалара саҥа чаҕылыһан эрэллэр. «Тоҕо эрдэтэй» – диэбитим баара, доҕоор, алааһым иһэ «дьонунан» туолбут! Тэйиччилэр туочука эрэ курдуктар, оттон чугастааҕылар үчүгэйдик көстөллөр. Бары сибэккилэриттэн өрө тэйэн тахсыбыттар уонна кыракый илиилэрин илин диэки өрө уунан тураллар. Ыллыыллар быһыылаах, биир кэм нарыын-нарыын дорҕооннор иһиллэллэр. Күнү көрсөр эбиттэр! Баарбын биллэрдэрбин эрэ үргэн хаалыахтара эбэтэр төрүт көстүбэт буолуохтара диэммин, аргыый дьылыйан олордум. Күн барахсан илин саҕахтан күндээрэн-сандааран тахсан кэллэ, өр-өтөр буолбата, саҕахтан тэйэ ойдо. «Дьоннорум» илии-илиилэриттэн ылсан баран, ыллыы-ыллыы, күн хаамыытын хоту эргийбитинэн бардылар, кинилэргэ эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор холбостулар. Эҥин-эгэлгэ өҥнөөх-дьүһүннээх лыахтар тэлээристилэр, тула туох баара барыта хамсаан куоҕалдьыйан киирэн барда. Сир сыта, күөх от сыта, ситэн турар тыа сыта муннубун туймаарда тунуйда. Онтон кэҕэ этэрэ иһилиннэ, ону эрэ кэтэһэн турбуттуу чыычаахтар чыбыгыраһа ыллаатылар. Алаас иһэ биир кэм күйгүөрэ түстэ. Ити аата саҕаланнаҕа – сир симэҕин ыһыаҕа…
Бэҕэһээҥҥи илдьит сүүмэхтэр алааһы уһаты-туора быыстала суох көтүтэлээтилэр. Биир сүүмэх миэхэ кэлэн, санныбар иҥиннэ. Ылан көрбүтүм, төрдүгэр быыкайкаан киһичээн хатааста сылдьар! Алҕаан баран, ыытан кэбистим.
От күөҕэ умнастаах, сэбирдэхтээх, күн сардаҥатын хомуйан араҕас сибэккилэрдэммит, ааттыын сардаҥалаах от быдьыгынас сибэккилэрин тыыннара кынаттаах эбиттэр! Аттыларыгар чугаһаабыппар, олбу-солбу төбөм туһунан дайдылар, кынат тыаһа биир кэм сирилээн олордо. Салгыы холбоһо түһээт, илии-илиилэриттэн ылыстылар уонна эргийэн киирэн бардылар. Бастаан бары күнү бата бардылар, онтон өрө көтө-көтө аллара түстүлэр, тэйэ-тэйэ ырааттылар.
Көнө умнастаах чэрэниилэ күөҕэ сибэккилээх үүнээйи (аатын билбэтим абалаах) сибэкки тыына сүр дьоһуннук туттан туран, кынатынан сапсына-сапсына үҥкүүлүүр.
Хас биирдии окко, сибэккигэ барыта итинник КЭРЭ! Күнү быһа өй-мэй сырыттым. Кулгаахпар маннык тыллар ырыа буолан кутулуннулар:
Бу үрүҥ күн аннын
Дьиктилээх кэрэтэ —
Улуу тунах саҕана
Сир симэҕин ыһыаҕа.
Көрсүөххэ диэри, Айыы сиэнэ
P.S. Уруһуйум соччо табыллыбата быһыылаах.
Бүтэһик сурук иллэрээ күн суруллубут.
Күндү доҕорум, Ньургуһун!
Бүгүн үтүө күн үүннэ. Урут күнүс ити бөһүөлэк таһыгар баар Эбэ куулатыгар ыстааптанан, уолаттардыын болдьоһон: «Моҕотойдуу кэлээр», – дэһэн мустар буоларбыт. «Саҕахтан күн тэмтэйэ ойоро туохха тэҥнэһиэй!» – дэһэллэр нарын ырыа тыллара, ымыылаах иччилэр.
Айыы сиэнэ
Суругу ааҕан баран маҥнай уорбалыаҕы тугу да булбатаҕым. Ол эрээри, кытыытыгар «PS. Оскуола оҕолоро суруйсалларын өйдүүр инигин?» – диэн баарын булан бараммын, сурук туох эрэ кистэлэҥнээҕин сэрэйдим. Оскуолаҕа сүүрбэттэн тахса сыл үлэлээбит учуутал оҕолор араастаан саппыыскалаһалларын көрөн-көрөн, баччаҕа кэллэҕим. Хоһоонунан таҥыллыбыт суругу строка көтө-көтө эбэтэр строка бастакы буукубаларынан ааҕан, оттон буукубалара таҥнары сылдьары сиэркилэнэн көрөн, кистэлэҥ ис хоһооннорун билиллэр. Оттон бу суругу… арай, тыл көтө-көтө аахтахха? Икки тыл кэнниттэн боруобалыахха… үс тыл кэнниттэн… түөрт тыл… Бай, «Бүгүн күнүс Эбэ куулатыгар кэлээр. Күн дэһэллэр иччилэр» – диэн эбит дии! Ол аата, Ньургуһун биир күн кинилэри кытары сылдьарын иччилэр көҥүллээннэр, Эбэ куулатыгар көрсөн, онно илдьэргэ болдьообут дуу? Суруйарыттан көрдөххө, сиэрдээх майгылаах уонна кыыстыын үчүгэйдик билсэр, киһи эрэниэн сөп уола быһыылаах. Оннук да буолан, иччилэр талан ылан, киниэхэ арылыннахтара. Сорох алааска, сыһыыга төһөлөөх сылдьар да, туох да уратыны көрбөт-истибэт…
– Бээрэ, ити аата уол суруйбут дуо? – Татыйаана саҥата санаам ситимин быһан кэбиһэр.
– Ээх, табаарыһа быһыылаах, аата Айыы сиэнэ, Айсен диэн.
– Бу дэриэбинэҕэ Айсиэн диэн уол суох этэ ээ. Эбэтэр киммит эмиэ хос ааттана-ааттана суруйдаҕай?
– Эдьиэй, долгуйума, кыыс сотору кэлиэ, – диэтим эрэмньилээхтик. – Хата, аччыктаабыта буолуо, алаадьылаан лаһыгырат.
– Кэлэр даа, алаадьылаа даа… Хата, бу бэрт буолаарай. Хайа, хобордооҕум?
Кырдьаҕаһым сэргэхсийэн, оҕолуу чаҕаарыйар саҥатын истэ-истэ, мин дьиэбэр тахсабын.
Ньургуһун ити киэһэ кэлбит этэ. Ол туһунан оҕуруоппар сырыттахпына, эбэтэ үөрэ-көтө кэпсээбитэ:
– Оҕом сыыһа тыаҕа тахсан, киэрбаарый хомуйбут, үөрэҕэр наадалаах үһү ол. Сэрэтэн бараары гыммыта, бу дьараар суох буолан биэрбиппин, маҕаһыыҥҥа эмээхситтэрдиин халаара олордоҕум дии. Киэһэрэн хаалан, аара ыанньык сайылыгын ыалыгар хоммут. Эн санатаҥҥын, хата, ооккобун алаадьылаах көрүстүм.
* * *
Ыалым тиэргэнигэр күн ахсын киэһэриитэ чыычаах үөрэ мустар. Айыы сиэнин илдьитин тиэрдэн эрдэхтэрэ.
Биир чуумпу киэһэ олбуорум таһыгар тахсан оллоонноон олорон көрдөхпүнэ, чыычаахтар дэриэбинэ хас да ыалыгар эмиэ үөрдээн кэлэр эбиттэр. Оччотугар Айыы сиэниттэн ураты өссө кимнээх эрэ эмиэ илдьит ыытар буоллахтара. Оттон миэхэ кэлиэхтэрэ дуо, бу Айыы далбарайдара?
Арай, ыаллыы тиэргэнтэн Ньургуһун ыллыыра иһиллэр:
Доҕоруом, эйиэхэ
Ананар бүгүн эрэ —
Улуу тунах саҕана
Үөр чыычаах ырыата,
Сир симэҕин ыһыаҕа…