Читать книгу Учуутал - - Страница 4
УЧУУТАЛ
Сардаана кэпсээнэ
ОглавлениеБили, үөрэхпитин бүтэрэн, анаммыт сирдэрбитинэн тарҕаспыппыт дии? Мин Муома Төбүлэҕэр тиийэн үс сыл үлэлээн баран, дойдубар кэлбитим. Сопхуостар ыһыллан, үлэтэ-хамнаһа суох элбээн, ханна даҕаны олох-дьаһах ыараабыт кэмэ этэ. Ол эрээри, туох да сырыыта-айана суох ыраах хоту сиргэ холоотоххо, бэйэ дойдута диэн бэйэ дойдута буоллаҕа. Өйөнсөр аймах хаан баар, доҕор-атас элбэх. Хатыҥнаах оскуолатыгар нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбитим. Иккис сылбар Аянитов Киэсэ диэн олохтоох уолга кэргэн тахсан оҕоломмутум. Эһиилигэр миэстэ тахсан, дойдубар Хаастаахха кэлбитим. Эмиэ учууталлаан барбытым. Таҥара эбии оҕону биэрбэтэҕэ, кэллэхпит үһүс сылыгар кэргэним хомунаалынай хаһаайыстыбаҕа үлэлии сылдьан, тыраахтар оһолугар түбэһэн өлбүтэ. Онон, билбитим эрэ үлэм уонна дьиэм буолбута. Оҕобун үксүн ийэм көрөрө, кини дьиэтигэр олорбуппут. Мин Сибэккини сарсыарда оҕо саадыгар илдьээччи эрэ курдугум, хойутаатахпына, ийэм аҕалан аһатан-сиэтэн хайыы-сахха утуппут буолара. Аны санаатахха, бэйэм була сатаабыт курдук, түбүк үрдүгэр сылдьыбыппын.
Бэйэтэ да сүрдээх кэм этэ. Хамнас ыйы-ыйдаан кэлбэт, хата, маҕаһыын күннээҕи аһы иэс биэрэр, биэнсийэ кэлэр. Саба түһэн, үлэни-хамнаһы үмүрү тутуһуох айылаах, саастарын үгэнигэр сылдьар үс учуутал, ол иһигэр иитэр үлэҕэ саабыс, оҕолорун үөрэттэрээри Дьокуускайга уонна гимназия аһыллыбытыгар улуус киинин оскуолаларыгар миэстэ тахсан көспүттэрэ, байыаннай дьыаланы, физкультураны үөрэтэр уол чааһа быста аҕыйаан кэмэрсээннии барбыта. Инньэ гынан, биэнсийэҕэ тахсаллара чугаһаабыт эбэтэр биэнсийэҕэ тахсыбыт дьону кытары бэйэлэрэ чөкө сылдьан үлэлиир алын кылаас учууталлара сүрүн күүс буолан хаалбыттара. Түөрт саамай үлэлиир-хамсыыр, көхтөөх дьоммут суох буолбута уопсай үлэҕэ биллэрдик охсубута. Хамнас сүгүн-саҕын кэлбэтиттэн, ас-таҥас сыаната өрө барбытыттан ыал өттүбүт сүөһү-ас тутан хаһаайыстыба тэриммиттэрэ. Сорохтор начаас үлүгэр били, «Сүрэх тэбэрин тухары» арамааҥҥа баар Евстафиевналаах курдук үс-түөрт ыанар ынахтана түспүттэрэ. Оннуктар хаһаайыстыбаларыттан ордон иитэр үлэҕэ орооспоттор, кыттыбаттар, чаастарын биэрдилэр да бүттэ. Сэмэлээн көрүөҕү үөрэммит учууталларыҥ, хайа уонна ырыынак оннукка күһэйбитин эмиэ өйдүүгүн. Барбыттар оннуларыгар кэлбит эдэр учууталлар, Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэһи бүтэрбит ыччаттар, кэтэхтэн үрдэтинэллэр. Кинилэргэ кылааска бэрээдэги тутартан саҕалаан көмө наада, аны сиэссийэлэригэр бардахтарына, солбуйуллар. Дьэ, оннук кэмҥэ мин бастаан иитэр үлэҕэ, онтон үөрэтэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы буолан, көлүөһэҕэ угуллубут тииҥ курдук сылдьыбытым. Эдэр учууталларга уонна кылаас салайааччыларыгар тирэҕирэн, кылааһы таһынан дьарыктар, куруһуоктар, субуота ахсын араас тиэмэлэринэн биэчэрдэр буолаллара, бэрээдэк хонтуруолланара. 1998 сыллаахтан ыла хамнас кэлиитэ бэрээдэктэнэн, киин сиртэн кэлэр сайдыы тыа да сиригэр биллибитэ. «Инновация», «инновационнай технология» диэн тыл уостан түспэт буолбута. Саҥа үйэни көрсө бастакы компьютердар кэлиилэрэ сэргэхсийиини таһаарбыта. Онтон оскуоланы бүтэрээччилэргэ биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэн ситимэ, салгыы хамнаһы ааҕыыга НСОТ, ОСОТ кииртэлээбиттэрэ. Сыл-хонук элэстэнэн, былааннаах үлэ-хамнас кэм-кэрдии ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн баран испиттэрэ.
Оскуолабыт интэринээттээх этэ. Сэбиэскэй кэм саҕана чугастааҕы икки нэһилиэк аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрэн кэлбит оҕолор олорон үөрэнэллэрэ. 1990-с сылларга орто оскуолалар аһылланнар, ол тэрилтэ социальнай хайысхаламмыта. Сэбиэдиссэйинэн уонна иитээччилэринэн үгэс курдук, аҕыйах чаастаах эбэтэр биэнсийэҕэ тахсыбыт учууталлар үлэлииллэрэ, тиэхиньиичэскэй үлэһиттэр бастайааннайдара. Иитиллээччилэрбит сүүрбэттэн тахсалар, бэйэбит дэриэбинэбититтэн аҕыйах оҕо баар, уоннааҕылар атын нэһилиэктэртэн кэлиилэр. Сүрүннээн үлэтэ суох, иһэр-аһыыр ыаллар, аҥаардас ийэлэр-аҕалар уонна хаһаайыстыба тэринэн учаастактарга олорор дьоннор оҕолоро. Интэринээти сүрдээҕин сөбүлүүллэр, «дьиэбит» диэн ааттыыллар. Күһүн үөрэх дьыла аһыллыыта ахтан аҕай кэлэллэр. Ол сөп даҕаны, иһэр-аһыыр төрөппүттэргэ аччык аҥаардаах олох курдук буолуо дуо, кэлэктиип ортотугар сылдьаллар, күҥҥэ түөртэ итии аһылык көрүллэр, уруогу иитээччи манаан олорон аахтарар, хас субуота ахсын тиэмэлэринэн биэчэрдэр ыытыллаллар. Хайа уонна оскуоланы бүтэрэллэригэр БКГЭ-ни туттаралларыгар көмөлөһөбүт, салгыы үөрэххэ киллэртэрэбит.
Утуйар таҥастан ураты туох да таҥас көрүллүбэт. Сорох оҕолор таҥастара-саптара син хоп курдук. Оттон сорохтор оскуолаҕа кэтэллэрин ааһан, дьиэҕэ да кэтэргэ сэнэх таҥастара суох буолар. Дьонноро үлэлэрэ суох, аҥаардас үүт харчытыгар олороллор, бу оҕо кэннэ өссө хас да иитимньилээхтэр. Үчүгэйи хантан ылыахтарай, тыа сирин маҕаһыыннарыгар хаачыстыбалаах, сэнэх таҥас кэллэҕинэ да, утары уунардара татым буолан тиксибэттэр, абыраан олорор чааһынай эргиэмсиктэр наар ол-бу сарыкымаай-ирэкимээй таҥаһы аҕалаллар. Ити быыһыгар сэлээннэнээччи да ханна барыай? Инньэтэх 1960-с сыллартан ыла Хаастаах интэринээтигэр ыаллыы нэһилиэктэртэн элбэх киһи иитиллэн тахсыбыт буолан, нэһилиэнньэ сорох араҥатыгар «көрүөхтээхтэр-хааччыйыахтаахтар, дьаһайыахтаахтар» диэн найыланар өй-санаа дириҥник иҥпит этэ.
Ол иһин, биһиги тустаах нэһилиэктэр дьаһалталарын кытары сөбүлэҥ быһыытынан, таҥаһа суох оҕолор дьонноруттан харчы хомуйан, биэнсийэлэриттэн туттаран эбэтэр итии аһылыкка отонунан дуу, этинэн дуу төлөһөргө кэпсэтэн, бэйэбит Дьокуускайтан атыылаһарбыт. Кимиэхэ туох уонна төһө эрэсимиэрдээх таҥас наадатынан көрөн, Кытай ырыынагын кэрийэн, сыанатынан да, хаачыстыбатынан да табыгастааҕа буолаарай диэн талан-талан уонна сыанатын да түһэрсэн ыларбыт. Улаханыттан талан эттэххэ, уол оҕо халыҥ куурката уонна кыыс искусственнай дубленката биир-икки тыһыынча солкуобайга кэлэрэ. Оччотооҕу сыананан биир тыһыынча диэн икки биэдэрэ отон харчыта. Тыа ыалыгар ама, ол суох үһү дуо? Оскуолаҕа кэтиллэр таҥас уонна «Сахабулт» маҕаһыыннарыгар тардыллан турар сарыы тастаах кыһыҥҥы этэрбэс онтон олус ыараабаттар. Дьааһык муҥунан таҥаһы-сабы аҕалан, оҕолорбутугар үөрдэ-көтүтэ кэтэрдэрбит. Барахсаттар үөрээхтииллэр да этэ! Интэринээт иһэ биир кэм өрө күүрэн-күүркэйэн олорооччу. Оннук өссө да салҕана туруо этэ, өскөтүн биир соһумар түбэлтэ барытын түҥнэри эргиппэтэҕэ буоллар…
Оскуолабыт дириэктэрэ Анна Игнатьевна бэйэтэ да сааһырбыт киһи, сүрдээҕин ыарытыйан, Саҥа дьылтан ыла наар больничнайга олорбута. Кинини мин солбуйбутум. Улуустааҕы үөрэх управлениета Игнатьевнаҕа үөрэх дьылын түмүктэтэн баран, кэлэр үөрэх дьылыттан дириэктэринэн миигин аныыр былааннааҕа. Онон, туох кистэлэ кэлиэй, балачча уһун кэмҥэ саабыстаабыт буолан, сирэй дириэктэр буоллахпына, үөрэх тиһигин иитэр үлэни кытары ситимнээн туох үлэни ыытыахтаахпын, ордук туохха болҕомтобун ууруохтаахпын былааннанарым, быһата, сэмээр бэлэмнэнэрим. Урут төбөбүн иитии уонна үөрэтии эрэ өттүгэр оҕустарар бэйэм хаһаайыстыбаннай салааны саҥалыы көрбүтүм.
Оскуолабыт дьиэтэ 1970-с сыллааҕы тутуу буолан син сэнэх, хоп курдук туттан олоруохха сөп, улууска биһигиннээҕэр мөлтөх туруктаах оскуолалар элбэхтэрэ. Оттон интэринээппит сэрии кэннинээҕи сылларга тутуллубут, былыргы оскуола дьиэтэ. Оччотооҕу дьоннор барахсаттар бөп-бөдөҥ тиит маһынан туппуттара-хаппыттара «тиҥ» курдук. Бу икки сүрүн эбийиэктэрбитигэр сылытар уонна сырдатар ситимнэр эргэлэр, сүүрбэттэн тахса сыл анараа өттүгэр оҥоһуллубуттар. Сыл аайы кэриэтэ саҥардыы үлэтин көрдөһөн ахан суруйарбыт да, үп суох аатыран быстах сэлбийиигэ эрэ кыра харчы көрүллэрэ. Үрдүкү салалта дириэктэрдэр саҥа тутууну туруорсалларын кыккыраччы боборо, дьокутааппыт дойдутугар, Тэйэр нэһилиэгэр, таас оскуола тутуллар диэн. Ол иннинэ биир саҥа оскуола кулубабыт төрөөбүт нэһилиэгэр оҥоһуллубута. Интэринээт электро-уотун ситимин коммунальнай хаһаайыстыба электригэр көрдөрбүппүн быстах уларытан туһа суох, барытын саҥалыы тардыахха наада диэбитэ. Санааны алы гынан икки хас сиргэ боруобат хоруорбутун булан уларыппыта. Ол иһин, урукку симиэтэни эмиэ саҥалыы оҥорторон, хапытаалынай өрөмүөнү ыыттарарга туруорсубуппар, үөрэх управлениетын начальнига Василий Николаевич Толлооноп: «Саҥа дириэктэри өйөөн, үбү көрүллүө», – диэбитэ. Онон, үөрэх дьыла эрэ бүттэр үлэлээбитинэн барар биригээдэни булбутум. Ити курдук былаан бөҕөлөөх үлэлии-хамсыы сылдьыбытым. Дьон-сэргэ, салалта, кэлэктиип уонна төрөппүттэр да миигин сирэй дириэктэр курдук ылынар, саныыр буолбуттара.
Муус устар 19 күнэ үүммүтэ. Уу-хаар тахсан, бадараан быллыгыраан ахан эрэрэ. Мин үөрэх управлениетыгар боруобалыыр БКГЭ түмүгүнэн буолбут мунньахха сылдьан, улуус кииниттэн киэһэ хойут кэллим. Алдьаммыт суолга үлтү сахсыллан сылайан ахан кэлэн, өлөрдүү утуйа сыттахпына, оҕом илгиэлээн уһугуннарда. Ким эрэ ааммытын күүскэ тоҥсуйан дирбийэрэ иһиллэр эбит. Сиирэ-халты таҥнан, соммун бүрүнэн тахсыбытым, оскуоланы хас да сыллааҕыта бүтэрбит Ньургун Николаев кэлэн турар эбит. Ыксаабыт ахан көрүҥнээх.
– Ба..һаар! – диэн тыын быһаҕаһынан этээт, сүүрэ турда.
Чочумча тугу да өйдөөбөккө дөйөн хааллым. Онтон саҥардыы суһуктуйан эрэр халлааны хайа суруйан оскуола уонна интэринээт туһаайыыларынан туох эрэ өрө субуруйан тахсар баарын көрө биэрээт, кэнниттэн түһүннүм. Син тымныы этэ, кулгааҕым тоҥмутутугар сонум капюшонун бүрүммүппүн өйдүүбүн. Бастакы санаам үөрэнэр куорпуска туох эрэ буоллаҕа диэн, саҥа кэлбит компьютернай кылааспын өйдүү биэрдим. Ол эрээри, оскуолаҕа чугаһаан истэҕим ахсын, били буруом хаҥас диэки халыйда. Хата, оскуолам этэҥҥэ эбит диэн үөрэ санаатым. Онтон ойоҕолуу турар физзалы эргийэ сүүрэн иһэн, өйбөр «интэринээт» диэн тыл охсулла түһээтин кытта сүрэҕим «бар» гыммат дуо?!
Хайдах тиийбиппин өйдөөбөппүн. Интэринээт илин эркининэн икки түннүк ылыллыбытынан хап-хара буруо өрө харбаспыт! Ытыыр икки, айманар икки саҥа бөҕөтө! Интэринээт асчыта Рада Иннокентьевна тэлгэһэ чигдитигэр тэлгэммит суорҕаҥҥа алта-сэттэ оҕону олордо-хайыы, биэбэйдии сылдьар эбит. Бу эрэйдээхтэр миигин көрөөт, өрө сарылаһа түстүлэр. Рада уолаттар түннүгүнэн киирэн икки хостон оҕолору таһаардылар уонна иккистээн киирдилэр диэтэ. Ол кэмҥэ интэринээт сэбиэдиссэйэ Екатерина Павловна баар буола түһэн, улуус киинигэр баһаарынайдарга төлөпүөннээбитин эттэ. Ханна эрэ өстүөкүлэ үлтүрүйэр тыаһа иһилиннэ. Тоҕо аанынан киирбэттэрин, түүҥҥү ньээҥкэ ханнатын ыйытыам икки ардыгар, дьахтарым түннүккэ ыстанна, мин кини кэнниттэн ойдум.
Өрүкүйэр буруо быыһыттан үрдүкү кылааска үөрэнэр түөрт уол чачайан хахсаһа-хахсаһа, кэлбиттэрин көмөлөөн таһаардыбыт. Онтон Михайлов Айтал икки оҕону кыбыммытынан буруо быыһыттан күөрэс гына түстэ. Кинини тилэх баттаспытынан Өндөрөй Павлов биир оҕону сиэтэн, биири кыбынан таҕыста. Салгыы атын түннүгүнэн киирбит икки уол эмиэ хас да оҕону бэттэх аҕалан эрэллэригэр сүүрдүбүт. Инники тахсыбыттар кэм сэргэх соҕус буоллахтарына, төрүт нукаай курдук эрэйдээхтэри соһон-көтөҕөн аҕалан, суорҕаҥҥа сытыаран соммутун устан бүрүйтэлээтибит. Ол быыһыгар алтыска үөрэнэр Алена Тихонова туох эрэ диэн сарылыы-сарылыы, төттөрү киирэ сатаабытын туттубут. Сэниэтэ эстибитигэр Екатеринаҕа туттараат, мин уолаттары кытта дьиэни эргийэ сүүрдүм. Тиһэх хоско, үрдүкү кылаас кыргыттара олорор хосторугар, кыайан киирбэтэх этилэр. Ньургун өссө бастакы сырыытыгар ааны тардыалаан көрбүтэ иһиттэн хатааһыннааҕа үһү.
Түннүгү тэһэ охсооппутун, хаайтаран турбут уот тоҕу тэбэн таҕыста, мэктиэтигэр туох эрэ эстэргэ дылы гынна, иҥсэлээх төлөн кырыысаҕа тиийэ салаамахтаата, өһөх хара буруо халлааҥҥа харбаста. Киһи хайдах да кыайан киирбэт үлүгэрэ! Иһирдьэ ыыс-быдаан буруо быыһыгар, таҥас-сап умайан күүдэпчилэнэрэ көстөр. Үөгүлээн, кыргыттары ааттарынан ыҥыртаан көрдүбүт да… арай, уот эрэ тыаһа иһиллэр.
Көрүөх бэтэрээ өттүгэр уот дьиэни биир гына тарҕанан, өрө сүүрэн таҕыста. Суоһа-суодала сүрдэннэ, тыаһа-ууһа күүһүрдэ, туох да чугаһаабат үлүгэрэ буола түстэ. Утаакы буолбата, дьиэ бүтүннүүтэ биир кэлим уот балаһа буолан, үллэрэҥнээн киирэн барда, күүстээх сыралҕантан тэлгэһэ ньалҕарыйда. Кырыыһа сииппэрэ эстэн бачыгыраата, онтон-мантан лоскуйдар кэлэн түһүтэлээтилэр. Хайыахпытый, баар оҕолорбутун илдьэ туораан эрэ биэрдэхпит… Оҕолор ис таҥаһынан эрэ сылдьаллара, атах сыгынньахтара, соһуйуулара-уолуйуулара улахана бэрдиттэн итиини-тымныыны баардыылаабат да курдук буолан хаалбыт этилэрэ. Ити икки ардыгар Павловна кэргэнэ Маппый фургон «УАЗ»-ыгынан кэлбитигэр, оҕолору онно симэн балыыһаҕа ыыттыбыт. Бу барыта киһи сымыйанан эппитин курдук, букатын кылгас кэм иһигэр буолбута. Чаас аҥаара ааспыта дуу, суоҕа дуу?
Баһаарынайдар кэлбиттэрэ. Уот атын тутууларга тарҕамматын курдук, чугас турар дьиэлэри уунан ыстарбыттара. Сарсыардаттан хамыыһыйа үөһэ хамыыһыйа субуспута, ЫБМ хамыыһыйата, милииссийэ, үөрэх управлениетын, улуус дьаһалтатын, Үөрэх министерствотын бэрэстэбиитэллэрэ, психологтар. Сааһы, сайыны быһа ыйытыы, силиэстийэ бөҕөтө ыытыллыбыта.
Икки түүҥҥү ньээҥкэ баара. Ирдэбил быһыытынан, интэринээккэ хонуохтаах этилэр да, ол түүн дьуһуурустубалыыр Аана Дайыылаба ынаҕа төрүөхтээх буолан, киэһэ 11 чаас саҕана ааны таһыттан хатаан, дьиэтигэр хоно барбыт. Сарсыарда 5 саҕана туран, туох буолбутун истэн, сүрэҕинэн ыалдьан охтубут.
Ити киэһэ дэриэбинэ ыччаттара, рок-ансамбльга оонньуур түөрт уол, Пиэрибэй Маай бырааһынньыгар кэнсиэртиэхпит диэн Михайлов Айтал дьиэтигэр эрэпэтииссийэлэммиттэр. Түүн хойукка диэри олорбуттар, онтон дьуһуурустубаҕа чуҥкуйан олорор биир табаарыстарын сэргэхситэргэ сананан, кыбартаалынай хочуолунайга барбыттар. Ол иһэн, суол болдьообут курдук интэринээт аттынан ааһара, биир уоллара интэринээт форточкатынан буруо тахсар курдугун уорбалыы көрбүт. Тиийэн, ааны көрбүттэрэ, таһыттан хатааһыннаах буолан биэрбит. Бастаан кыратык мөккүспүттэр. Бүөтүккэлээх Ньургун интэринээт төрүт сабыллыбыт быһыылаах диэбиттэр, ити абааһылар мустан табахтыы олордохторо диэн дьээбэлэммиттэр.
Оттон Айтал урут ийэтэ интэринээккэ үлэлии сылдьыбыт, онон түүҥҥү ньээҥкэ биирдэ эмэтэ таһыттан хатаан барарын билэр буолан:
– Иһирдьэ оҕолор утуйа сытар буолуохтаахтар. Чигдини да көрүҥ, быраҕыллыбыт дьиэ тиэргэнигэр майгынныыр дуо? – диэн, тыллыы охсорго эппит.
Бүөтүккэ асчыт Радаҕа (интэринээт аттыгар олороро), Ньургун миэхэ сүүрбүттэр. Айталлаах Өндөрөй оҕолору уһугуннараары түннүгү тоҥсуйан, эркини тэбиэлээн дирбийбиттэр. Онтон биир түннүгү алдьатан, араамаларын тоҕу тардан ылан иһирдьэ көтөн түһээт, Айтал хаһыытаан (рок-ырыаһыт саҥата улахана биллэр) уолуйбакка, буруо убаҕас сиригэр муостаҕа түһэргэ уонна сыылан кини диэки кэлэллэригэр эппит. Уонна доҕорунаан хос иһигэр баар оҕолору суорҕаннары-байдары күүстэринэн таһырдьа анньыталаабыттар.
Бастаан киирэллэригэр уот саҥа саҕаланан эрэр быһыылаах эбит, буруо бэттэх убаҕас соҕуһа үһү. Онтон эрдийэн тута сэргэ хоско киирбиттэр. Ол сырыттахтарына, биһиги кэлбиппит.
Уон сэттэ оҕо быыһаммыт, алта оҕо былдьаммыт этэ. Интэринээт, эппитим курдук, былыргы оскуола дьиэтэ. Кэтит көрүдүөрү икки өттүнэн сэлэлээбит, сөбүгэр кэҥэс үстүү хос баарыгар оҕолор биэстии-алталыы буолан олороллоро. Улахан кыргыттар да бэһиэлэр этилэр эрээри, ол түүн ахсыска үөрэнэр Павлова Чээнньи утары хостон дьүөгэтигэр Макарова Таакаҕа хоно киирэн былдьаммыт…
Дьиэ олорчу умайан бүтэн баран, нэдиэлэни быһа буруолуу сыппыта. Кыргыттар эрэйдээхтэр хосторо баар сириттэн баһаарынайдар уоттаах чох уонна итии күл быыһыттан киһи омоонун санатар уккунньах курдуктары хостообуттарын хоруоптарга угуталаан, Ийэ буорга туттарбыппыт. Итини бэл билигин, төһө эмэтэ сыл-хонук ааспытын кэнниттэн өйдөөн-санаан кэлэр ыарахан. Оттон оччолорго… киһи иирэн барар алдьархайа этэ.
Сүрдээҕин оҕустарбытым, атыттар да бука, оннук турукка сырыттахтара. Күнүһүн төбөм куу-хаа курдуга. Ол эрээри, бэйэ бодобун тардынан, кэлбит дьону, хамыыһыйалары көрсөн-атааран, быһаарыы суруйан, ирдэниллэр докумуону толорорум. Былдьаммыт оҕолор төрөппүттэрин сирэйдэрин утары көрөр ыарахана. Эрэйдээхтэрим сыыстара ытаһа-ытаһа, саҥата суох сукуһан олороллоро харахпар бу баар. Түүнүн төрүт сатаан утуйбат буолбутум, төбөбүн сыттыкпар уурдум эрэ, харахпар интэринээт умайан силбиэтэнэрэ көстөрө, кулгаахпар оҕо айманар-сарылыыр саҥата иһиллэ түһэрэ, ааспат-арахпат санаа аалан муҥнуура…
Оо арай, ньээҥкэ ол түүн миэстэтигэр эбит буоллун даа! Бэйэм ол соччо улахан суолтата суох мунньахха барбатах буолуум даа! Сатаатар, улуустан тахсан иһэн, интэринээккэ таарыйбыт буолуум даа! Аан таһыттан хатааһыннааҕын көрөн айдааны тардыам этэ, оччоҕуна ол үлүгэр төрүт да тахсыа суоҕа эбэтэр кэмигэр бохсуллуо этэ буолбаат! Өссө улахан сүтүк тахсыаҕын ол уолаттар барахсаттар Аанньал буоллахтара. Атын нэһилиэктэргэ курдук, бэйэбит баһаарынай деполаах эбиппит буоллар даа!..
Уот туохтан барбытыгар мөккүөр турбута. Уолаттар этэллэринэн, таһырдьаттан умайан киирбит курдук. Кинилэр түүн дьиэттэн тахсалларыгар, арҕааттан быһа охсор сытыы тыаллаах эбит уонна дьиэни тула сүүрэ сылдьан тоҥсуйалларыгар, электро-уот ситимэ киирэр сиринэн эркин хоруоран хаалбытын бэлиэтии көрбүттэр. Онон эргэрбит боруобат тыалга хатыһан, муохха кыым түспүтүттэн сириэдийэн уот саҕаламмытыгар сөп.