Читать книгу Учуутал - - Страница 3
УЧУУТАЛ
ОглавлениеКини сылдьан барбытын кэнниттэн балачча буолан баран, хаартыска альбомнарын ыспытын иһин мөхпүппэр, Сандал:
– Ийээ, били учуутал түөтэҕэ көрдөрөөрү бэйэҥ ыспытыҥ… – диэтэ.
– Хайаларын эттэҥий? – өйбөр билэр-билбэт учууталларым, ол иһигэр уолбун да үөрэтээччилэр уонна тыаттан киирдэхтэринэ таарыйан, хонон ааһар аймахтар мөрсүөннэрэ элэҥнэстилэр.
– Оттон университекка бииргэ үөрэммит кыыһыҥ, көрсүбэтэхпит өр да буолла дэһэргит эҥин.
– Сардаана Илларионованы этэҕин дуо?!
– Ээ, ол киэһэни быһа хаартыска бөҕөтүн сыымайдаабыккыт дии…
Дьүөгэм барахсан биирдэ эрэ көрсөн ааспыт, ол иннинэ кинини төрүт да билбэтэх-истибэтэх оҕотугар учуутал быһыытынан өйдөнөн хаалбыта, дьэ, дьикти. Чахчыта даҕаны, Сардаана Максимовна дьиҥнээх учуутал этэ эбээт. Ити эрээри, тоҕо «этэ» буолуой, кини миэхэ уонна да атын үгүс дьоҥҥо, үөрэппит ыччаттарыгар өрүү «учуутал» диэн ытыктабыллаахтык ааттаныа.
* * *
Саха судаарыстыбаннай университетын бүтэрбиппит сүүрбэ сылын биһиги, историко-филологическай факультет нуучча тылын салаатын «Б» бөлөҕөр үөрэммиттэр, иллэрээ сыл бэлиэтээбиппит. Бүтэриэхпититтэн бастакы көрсүһүүбүт этэ. Кууруспут аҥаара нууччалыы тыллаах буолан, историктарга да, саха тылларыгар да холоотоххо, төрүт сомоҕобут суоҕа. Дипломмутун тутан тарҕаһыахпытыттан билсибэт-көрсүбэт этибит. Куорат кыргыттара тэрилтэлэргэ сэкирэтээрдииллэр, хайалара эрэ балыыһаҕа статист, ким эрэ библиотекаҕа үлэлиир диэн хас эмэ сыллааҕы чахчы үһү-таамах курдук иһиллэрэ. Тыаттан төрүттээхтэр уон иккиэ этибит да, ахсааннаахпыт учууталлыыра, атыттар идэбитин уларыппыппыт. Холобур, мин дойдубар Ньурбаҕа тиийэн аҕыйах сыл учууталлаат, социальнай бэлиитикэ управлениетыгар көспүтүм. Үс сыллааҕыта оҕо-уруу атаҕар туран эрэр диэн Дьокуускайга көһөн кэлэн, Дьарыктаах буолуу киинигэр үлэлиибин. Икки сыллааҕыта күһүн кууруспут актыбыыската, куорат биир ювелирнай маҕаһыыныгар үлэлиир Муся Заморщикова, саха салаалара биэстии сыл буола-буола мусталларыттан кыһыйан, көрсүһүү тэрийбитэ.
«Муус Хайа» эрэстэрээҥҥэ түмсүбүппүт, ахсыа этибит. Ити аата бөлөх олоҕор устудьуоннуу да сылдьан кыттыбатахтары аахпакка туран эттэххэ, түөрт оҕоттон ураты кэлиэх айылаахтар баарбыт дэнэр. Дьиҥинэн, оҕолор да үһүбүөт, саас ортолоох ыал ийэлэрэ-аҕалара дьон буоллахпыт. Астаах остуол тула олорон ким ханна тиийбитэ, хас оҕоломмута, төһө сонообута, туох дуоһунастаммыта барыта ырытыллыбыта, кэлбэтэхтэр да умнуллубатахтара. Үөһээ Бүлүү учуутала Ванифатий Макаарап «Сельская ярмарка» бэстибээлгэ кыттар, итиэннэ Муомаҕа Биэнсийэ управлениетын салаатын хотуна Нюргустаана Черемкина уоппускатыгар Кытайга барбыт буолан суохтара. Томпоҕо олохсуйбут Сунтаар кыыһа Саргылаана Ыларова оҕобун үөрэххэ киллэрээри былырыын куоракка сайылыы сыспытым, сыл аайы айанныыр кыаҕым суох, миигин аттыгытыгар баар курдук санаан олорон, үчүгэйдик бырааһынньыктааҥ диэн эҕэрдэтин ыыппыт. Арай, өрүс уҥуор Кылба төрдүттэн кэлэн үөрэммит Сардаана Илларионова туһунан хайабыт да билбэт эбит этэ. Биир кыыспыт хаһан эрэ кимтэн эрэ истибитинэн, ол Сардаана дойдутугар оскуолаҕа дириэктэрдии олорон туохха эрэ түбэһэн, хаайыыга барбыт курдук үһү эрээри, ону хайабыт да итэҕэйбэтэҕэ. Оттон быйыл күһүҥҥү биир чаҕылхай күн ол Сардаананы көрсө түспүтүм.
Субуота күн чугас тыаҕа аймахтарбар тахсаары сарсыарда эрдэ автовокзалга кэлбитим. Перроҥҥа киһи аҕыйаҕа. Олорбохтообутум кэннэ, суумка тутуурдаах биир дьахтар кэлэн: «Киһи соччо элбэҕэ суох эбит дуу?» – диэн иһиллэр-иһиллибэт ботугураамахтаат, ыскамыайкаҕа кэккэлэһэ олорунан кэбиспитэ. Миигин кытары саастыы бадахтаах, хатыҥыр, таҥаһа-саба хоп курдук. Эмиэ бэйэм курдук өрөбүлгэ куорат таһыгар айаннаан эрэр түөтэ быһыылаах. Саҥата суох олорбохтообуппут. Бириэмэ ааһан испитэ. Аттыбар олорооччум туттарын-хаптарын, төбөтүн кэҕис гынан сүүһүгэр түһэр баттаҕын өрө анньарын хараҕым бэркэ таптыы көрбүтэ. Ким итинник гынар этэй, доҕор? Кини да мин одуулаһарбын сэрэйбитэ быһыылааҕа, толлубакка утары көрбүтэ. Харахтарбыт харсыһа түспүттэрэ.
– Эн, Даайаҕын… Дария Маппыайабаҕын дуо?
– Ээ… эн? – диэн иһэн мах бэрдэрбитим. Өйбөр «Муус Хайатааҕы» кэпсэтии көтөн түспүтэ.
– Мин Сардаанабын… Илларионова.
– Ээ, – быһаарыыта суох эҥээритэн кэбиспитим. – Хантан?
– Аймахтарбар хортуоппуй хостоһо баран иһэбин. Манна былырыын саас кэлбитим. Иһиттиҥ ини, онтон..
«Онтон». Куһаҕан сурах сымыйа буолбатах эбит буоллаҕа. «Ол дойдуттан» кэлбит дьон бэлиэ буолаллар диэни хаһан эрэ кулгааҕым уһугунан истэн хаалбыппын санааммын, Сардаана дьүһүнүн-бодотун, сэбэрэтин сирийэн көрө сатаабытым даҕаны, туох да оннук айылаах киһи олуонатыҥы көрөр уратытын булбатаҕым. Уруккутунуу киэҥ-холку, сэмэй этэ, арай, хаппыт-куурбут соҕус көрүҥнээҕэ. Сотору Хатастыыр оптуобуһу биллэрбиттэрэ. Араҥас дьүһүннээх, улахан түннүктэрдээх «ПАЗ» күлтэйэн кэлбитигэр хантан эрэ эмискэ баҕайы элбии охсубут дьон үтүрүһэ-үтүрүһэ киирбиттэрэ. Биһиги иккиэн биир хайысханан (мин Тулагыга, кини ол диэки даачаларга) барар буоламмыт, оптуобуспутун кэтэһэ таарыйа ону-маны баллыгырастыбыт. Оптуобуспут кэлбитигэр киирэн, иккиэн сэргэстэһэ олорон суотабай төлөпүөммүт нүөмэрин бэристибит. Сардаана аара «Бастакы даачынайга» түспүтэ, мин салгыы айаннаабытым. Онтон биир үтүө күн болдьоһон, дьиэбэр ыалдьыттата ыҥырбытым.
Кэргэммин, оҕолорбун билиһиннэрэн, остуол тула олорон аһаан, дьиэ эргиннээҕи сонуну-нуомаһы, оҕо-уруу уонна уопсай билэр дьоммут тустарынан баллыгыраһан бараммыт, куукунаҕа иккиэн хаалбыппыт. Онно кини маннык кэпсээбитэ.