Читать книгу Дьикти түбэлтэ - - Страница 2

Аҕа быһаҕа

Оглавление

Миисэ бүгүн 17 сааһын туолар. Ийэтэ ас бөҕө астаата. Сотору чугас доҕотторо Кириисэ уонна Сиэнньискэ кэлиэхтээхтэр. Арай уол ийэтигэр көмөлөһө сылдьан иһиттэҕинэ, араадьыйа хардьыгыныыр, сыыгыныыр. Миисэ «тугу эрэ биллэрээри гыннылар быһыылаах» диэн араадьыйатын улаатыннарда. Арай ким да күүппэтэх, үөйбэтэх өттүттэн, Сэбиэскэй Сойууска ньиэмэстэр уоран саба түспүттэрин туһунан сөҥ куолас иһитиннэрдэ. Ийэтэ сибилигин күлэ-үөрэ турбут бэйэтэ хараҕын уутун кыатана сатаата да ытаан тоҕо барда.

Миисэ дьиэтигэр соҕотох эр киһи. Аҕата былырыын сайын илимнии сылдьан ууга түһэн өлбүтэ… Ол иһин дьиэ ис-тас үлэтин барытын кини оҥорор.

Ити алдьархайдаах сурах кэннэ тыынар тыыннаах барыта иһийбиккэ дылы, оннооҕор дьиэ, туох эрэ буолуоҕун сэрэйбиттии, тыас иһиллиир курдук чуумпу. Хас да хонон баран, суотчут Ыстапаан сэрэммиттии туттан киирдэ.

– Миисэ, бастакы ыҥырыыга барар буоллуҥ, – хайдах эрэ буруйдаах курдук туттан эттэ.

Ийэтэ уола сокуоннай сааһын туола илигин этэн көрдө да, Ыстапаан тугу да саҥарбата.

* * *

Байыаннай хамыыһыйаҕа тиийбитигэр, сүүрбэччэ киһи мустубут. Бииргэ үөрэммит уолаттара эмиэ бааллар, саҥата суох илии тутустулар. Киэһэ бары Миисэ дьиэтигэр мустан, уку-сакы аһаатылар, урукку курдук үөрбэттэр-көппөттөр, кэпсэтии да тахсыбата. Биир түгэҥҥэ оҕо саас бүтэн, бары улахан дьон буола түстэхтэрэ эбээт… Сарсыныгар улуус соҕотох массыынатынан куоракка айаннаабыттара.

Бастакы ыҥырыыга түбэспиттэр туох да анал үөрэҕи ааспакка, тута уоттаах сэрии хонуутугар киирбиттэрэ. Өлүү-сүтүү, тула кыа хаан, эчэйбит дьон ынчыктара, хаһыылара… «Сахалар бултаан олордоххут дии, оччотугар эн үчүгэйдик ытарыҥ буолуо», – диэн Миисэҕэ снайперскай бинтиэпкэни туттарбыттара.

Миисэ сэриигэ икки сыл сылдьыбыта, иккитэ бааһыран балыыһаҕа сыппыта. Хаарыан бэйэлээх куораттар көрүөх бэтэрээ өттүгэр күл-көмөр буолалларыттан уол сүрэҕэ ыалдьара. Биирдэ өстөөҕү урусхаллаары түүн кимэн истэхтэринэ, уол атаҕар таптарбыта. Хаана баран, тыын быһаҕаһынан тыына сыттаҕына, кини дьолугар, санитар нуучча уола түбэһэ көрөн, кыргыһыы толоонуттан сүгэн-соһон таһаарбыта.

Госпитальтан тахсарыгар быыһаабыт санитарыгар махтанан, ийэтэ атаарарыгар биэрбит аҕатын саха быһаҕын бэлэхтээри гыммытыгар күлэн кэбиспитэ.

– Мин иэһим буоллаҕа. Бэйэҥ илдьэ сырыт, аҕаҥ быһаҕа эйигин мэлдьи араҥаччылаатын, өлүүттэн быыһаатын.

Кырдьык да оннук быһыылааҕа. Биирдэ чааһыттан уонча киһини чуҥнааһыҥҥа ыыппыттара. Ол иһигэр Миисэ баара. Кинилэр «Урал» массыынанан баран истэхтэринэ, ньиэмэстэр артиллериялара массыынаны тоҕо тэптэрбитэ. Уон киһи баарыттан иккитэ эрэ тыыннаах хаалбыта. Суоппар уонна кини… Госпитальга: «Толору дьоллоох уол эбиккин. Иккиһин төрөөтүҥ», – диэбиттэрэ. 1943 сыллаахха Миисэ сэрииттэн эргиллибитэ.

Дойдутугар сураҕа суох сүппүтүн туһунан «хара сурук» кэлбит этэ.

Ийэтэ эрэйдээх уолун кууһан туран ытыырын быыһыгар:

– Оҕом толору дьоллоох эбиккин, уот сэрииттэн тыыннаах эргилинниҥ. Мин баар суох күндү киһибин сүтэрэн, хараҕым уутунан сууна олорбутум…

Миисэ саҥата суох ийэтигэр икки сылы быһа илдьэ сылдьыбыт аҕатын быһаҕын туттарбыта.

– Оо, аҕаҥ эрэйдээх быһаҕа… араҥаччылаатаҕа, – ийэтэ быһаҕы сүрэҕэр ыга туппута.

Дьикти түбэлтэ

Подняться наверх