Читать книгу Дьикти түбэлтэ - - Страница 4

Төрөөбүт тыл

Оглавление

Анна Ивановна быйыл оҕото үрдүк үөрэххэ киирэн, куоракка көстүлэр. Хата, орто оскуолаҕа учууталынан ыллылар. СР үөрэҕин туйгуна, үрдүк категориялаах учуутал кэлбититтэн оскуола дьаһалтата ордук үөрбүтэ. Чахчыта да, тыа оскуолатыгар сүүрбэттэн тахса сыл үлэлээбит буолан, баай уопуттаах, киэҥ билиилээх.

Бу билигин үөрэтэр тохсустара, онустара төрөөбүт тылларын билбэттэриттэн хомойор. Онуоха саха тылын уонна литературатын учуутала түптээн үлэлээбэтэҕинэн быһаарыллара буолуо. Кэнники кэмҥэ практикаларын барар устудьуоннар, идэлэрин сөбүлээбэт эдэр учууталлар солбуһа сылдьан үөрэтэн, оҕолор бэйэлэрин тылларын билбэт, аанньа ахтыбат буолбуттар.

* * *

Биирдэ бэһис кылаас учуутала ыалдьан хаалан, Анна Ивановнаны солбуйарыгар көрдөспүттэр. Уруок саҕаламмыт. Сахалыы таҥастаах, сүрдээх номоҕон көрүҥнээх учуутал бэһис кылааска киирбит.

– Нөрүөн-нөргүй! – диэбитигэр оҕолор биир киһи курдук:

– Здравствуйте! – диэн эҕэрдэлээбиттэригэр учууталлара соһуйбут да, тугу да утары саҥарбатах. Учуутал, П.А. Ойуунускай эппитинии, «айар тыл аҕата», өлбөт-сүппэт айымньылары хаалларбыт улуу суруйааччы, бөлүһүөк А.Е. Кулаковскай олоҕун, айар үлэтин туһунан ыйытан, үтэн-анньан көрбүт да, үгүс оҕо билбэт эбит. Сорохтор билэллэр эрээри өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи атын суруйааччылары кытта булкуйаллар.

– Мин эһигиттэн хомойдум. Сахалыы сатаан саҥарбат, төрөөбүт тылгытын аанньа ахтыбат, билбэт буоллаххытына, атын омук иннигэр хайдах сахабыт дэниэххитий? Төрөөбүт тыла суох – омук суох. Тыл сүттэ да, омук эмиэ сүтэр. Тыл ол курдук улахан суолталаах. Оттон эһиги саха тылын уонна литературатын үөрэппэт, аахпат дьон Кулаковскайы хантан билиэххитий? Өксөкүлээх Өлөксөй диэн кимий?

Кини – саха уус-уран литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, хомоҕой тыллаах хоһоонньут, кэрэхсэтэр тыллаах кэпсээнньит, бөлүһүөк-суруйааччы, ырыаһыт, тойуксут. Үс үйэ тухары умнуллубат айымньылары хаалларбыт, норуотун туһугар сүүрбүт-көппүт киһи. Саха суругунан литературата хас сыллаахха төрүттэммитин ким билэрий? – Анна Ивановна ыйытыытыгар харда эрэйэн, үөрэнээччилэри эргиччи көрүтэлиир. Оҕолор кыбыстан, бүк түһэн олордулар, ким да саҥарар санаата суох. Арай түгэх паартаттан сүрдээх сэмэй көрүҥнээх уол илиитин уунан маннык диир:

– 1900 сыллаахха төрүттэммитэ.

– Маладьыас, ол кини ханнык айымньытынан? – учуутал сэргэхсийэ түһэр.

– «Байанай алгыһа» хоһоонунан.

– Сөп, итини эн хантан истибиккиний? Өксөкүлээх Өлөксөй өссө ханнык айымньыларын билэҕин?

– 2000 сыллаахха Суоттуга саха литературата төрүттэммитэ 100 сылын көрсө улахан тэрээһин буолбута. Онно сылдьыбытым. «Кэччэгэй баай», «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ» диэн айымньылардаах, – уол бэрт чобуотук эппиэттиир.

– Өссө Кулаковскай Саха сирин оройуоннарын барытын кэрийбит, – симик куолаһынан биир үөрэнээччи эбэн биэрэр.

– Ону эн ханна аахпыккыный? – учуутал инники паартаҕа олорор кыра кыыстан ыйытар.

– Ийэм кэпсээбитэ. Саха тылын үөрэппит үһү.

– Чахчы, Кулаковскай саха норуотун фольклорун хомуйбута, – учуутал быһаарар. – Сөп, чэ, оҕолор, итэҕэс да буоллар, Алексей Кулаковскай кимин быһаарыстыбыт. Кэлэр уруокка бары ааҕан, билэн кэлээриҥ. Ыйытыаҕым. Билигин «Үрүйэ» диэн хоһоону ааҕыахпыт, үөрэтиэхпит, ырытыахпыт. Кинигэлэргитин таһаарыҥ. Ким ааҕыан баҕарарый? Ол кэннэ хоһоон тылын-өһүн, ис хоһоонун кэпсэтиэхпит.

Оҕолор умса көрдүлэр. «Илиитин ким да уумматаҕына, тылламматаҕына, учуутал кими эрэ ааттыыр?

Сыыһа-халты ааҕан аны кыбыстыыга киириэхпит» дии саныыллар. Төрөөбүт тылы, литератураны билбэт буолуу – кыбыстыылаах!..

Дьикти түбэлтэ

Подняться наверх