Читать книгу Байанайдыын көрсүһүү - Валерий Андросов - Страница 2

Байанайдыын көрсүһүү

Оглавление

Кыһын, Саҥа дьыл чугаһаата. Дьонум, Сааскалаах Нелля, ыстаадаҕа көстүлэр. Сааска, биригэдьиир сололоох киһи буолан, булчуттартан таба тутуохтаах. Мин бултуур сирбитигэр соҕотох хааллым, балаакканан олоробун. Аҕыйах көлүүр табалаахпын. Хаар халыҥаан, ытынан саарбалааһын бүттэ. Билигин хапкаан, сохсо, күлээмэ эрэ булда хаалла. Оо, бэрт да күһүн ааста, түүлээҕи бойумнук бултаатыбыт, эппитин эрэ кыайбатыбыт. Мин ол иһин кыыллаары, тайахтаары хааллым. Дэриэбинэҕэ хайдах этэ суох тиийиэхпитий? Аны туран халлааммыт тымныйдар тымныйан иһэр, наһаа чуумпу күннэр тураллар. Күн аайы хайыһарынан кыылы сонордоһобун, ол эрээри, чуумпута бэрт буолан, эрдэттэн тыаспын истэннэр ыстана тураллар, үксүн харахпар да көрбөппүн. Чугастааҕы    куруҥ аллараа, үрэхпит талах толоонноругар, икки тайах киирбитин билэбин. Олор тыала-кууһа суох, чуумпу күн киһини чугаһаппаттара биллэр, ол иһин санаммаппын даҕаны. Чопчу ханан баалларын билэн, чуҥнаан баран хаһаана сылдьабын. Дьэ, оннук олордум, күнтэн күн бүттэр бүтэн истэ.

Арай биир күн бэрт киэҥ сиринэн сырыттым, кыыллар саҥа суолларыгар түбэһэн табаларбын өртөөн баран хайыһарынан батыстым. Киэһэ олох хойут, ыйдаҥа саҥа тахсан эрдэҕинэ, өртөөн хааллартаабыт табаларбар дьэ кэллим. Кыылларбын сиппэккэ быраҕан төнүннүм. Балааккабар букатын хойут кэллим. Хас чаас эбитэ буолла, рация киэһээҥҥи эфирэ бүппүт этэ. Ону-маны үссэнэ түһээт, охтон хааллым, сылайыы барбыт.

Өр утуйбатым быһыылаах, эмискэ баҕайы туохтан эрэ уһуктан кэллим. Балаакка иһэ ыйдаҥаттан сып-сырдык, уу чуумпу, оһох сойбута ырааппыт. Хос суорҕан иһигэр киириэхчэ буолан эрдэхпинэ, балаакка аана арылла түстэ. Арай кыра уҥуохтаах оҕонньор турар:

– Дорооболоруҥ! – диэтэ.

Киһилии саҥарбытыгар «Һуу» дии түстүм, соһуйбутум ааһан хаалла. Түргэн үлүгэрдик чүмэчи умата охсоот, оһохпун отуннум. Сарсыардааҥҥы оттор мас, кыспа илиим анныгар бэлэм. Оҕонньор уокка чугаһаан кэлэн тирии тэллэххэ чөкөччү олорунан кэбистэ. Дьэ, доҕоттоор, үүт-үкчү Баай Байанай эһэбит маннык буолуо диэн өйбөр оҥорон көрөр оҕонньорум илэ бэйэтинэн бу мичээрдии олорор эбит. Ханан да маҥана суох ыас хара баттахтаах, убаҕас бытыктаах, сэмэй, ис киирбэх дьүһүннээх, таҥаһа-саба даҕаны ураты. Чэпчэки быыһык саҕынньахтаах, бэдэр бэргэһэлээх, бөрө сутуруолаах, түнэ этэрбэстээх. Балаакка иһэ начаас сылыйда, таҥна охсон ас тартым, чэй сылыта уурдум. Ыалдьыппын кытта дьэ өй-төй булан билсиһээри гыммыппар: «Билэбин ээ, эйигин. Зоя уолунаҕын, Бэлиэрийгин», – диир. Аны туран бэйэтин аатын эппэтэ. «Ээ, маннааҕы оҕонньорбун» – диэн мух-мах ыытта. Маннааҕы дьону барыларын билэр курдук этим, уонна саамай чугастара, арҕаа диэки баар община дьоно, мантан биэс көс ыраахтар, атыттара өссө тэйиччилэр. Маннык кырдьаҕас оҕонньордоохторун билбэт эбиппин. Ону-маны токкоолоһо барбакка, ыалдьыппын аһатан, чэйдэтэн бардым. Оҕонньор үөр да үөр буолар, туох баар күндү диэбиппин барытын таһааран аһаттым. Ол быыһыгар таһырдьа өҥөс гыммытым, икки уучахтаах эбит. Онтукалара улахаттара диибин диэн, өссө улахан толкуйга түстүм. Киирэн хантан кэлбитин, ханна айаннаан иһэрин ыйыталастым. Онуоха оҕонньор мичээрдиир эрэ. «Таах дьаарбайа сылдьабын», – диир.

– Кырдьаҕас, сынньан, табаларгын аһылыктаах сиргэ өртүөм, – диэн баран таҕыстым.

Уучаҕын ньээмэтэ былыргылыы оҥоһуулаах, сэтии таба ындыыта ындыы курдук, кыра хааһах кэлгиллэ сылдьар. Уучахтар таба-таба курдуктар эрээри, улахаттара дьэ, сүр. Аһылыктаах сиргэ өртөөн баран киирдим. Оҕонньор үүттээх чэй иһэн сырылата олорор, мин син биир харахпын араарбакка одуулуубун да одуулуубун.

– Чэ тоойуом утуйуох, эн да сылайдаҕыҥ буолуо, – диэтэ уонна: – Ити үс кыылга арыый тиийбэккэ бырахпыккын дии, – диэн соһутта.

– Ону хантан биллиҥ? – диибин.

– Ээ, мин барытын билэбин. Чэ, эн сыт, мин эйиэхэ сүбэлиэм, – дии-дии мичээрдиир.

Оҥостон сытыам иннинэ оҕонньорго икки суорҕан бэлэмнээтим, таһырдьаттан өссө биир таба тэллэх киллэрдим. Хараҕым кырыытынан дьиибэ ыалдьыппын чинчийэ көрөбүн. Адьас хойукка диэри үөрэтэр курдук кэпсээтэ.

– Олус мээнэ ырааҕынан ыырданаҕын, кыаххын билинэ соҕус сырыт. Омуҥҥар чугас баары өйдөөн көрбөккө ойоҕун. Ити утары да хотоолгор биэс-алта кыыл бэркэ ньэкээрэн тураллар дии. Эн буоллаҕына төһөнөн ыраах да булт-алт хойуу курдук саныыгын, – диир.

Уум быыһынан истэ-истэ аа-дьуо нуктаан, утуйан бардым. Ол быыһыгар: «Чэ, сарсын ити үрэххэ киирбит тайахтары кулгаахтарын саба тутуом. Бэркэ көрүстүҥ», – диирин иһиттим дуу, истибэтим дуу, утуйан хааллым.

Уһуктубутум, халлаан номнуо суһуктуйа сырдаабыт. Ойон туран оһох оттон баран, оҕонньорбун уһугуннараары гыммытым, төрүт да суох эбит. Эрдэ айаныгар туруммут буоллаҕа дии санаатым. Арай, өйдөөн көрбүтүм, бэҕэһээ оҕонньорго биэрбит суорҕаннарым хостоммокко да сыталлар, таһырдьаттан киллэртээбит тирии тэллэхтэрим холбоҕо сыппыттарын курдук сыталлар. Дьэ, доҕор, мунаарыы бөҕө буоллум. Бэл, аһаабыт иһитэ чуоҥаалтан хостоммотохтор, биир тылынан эттэххэ, киһи кэлэн хонон барбыт сибикитэ да суох. «Ээ, арба табаларын өртөөбүт суолум хаалыахтаах», – диэн таһырдьа ыстанным. Табалар өртөнөн хоммут сирдэрин быалара төһө тиийэринэн хаарын сир харатыгар диэри хаспыт буолааччылар. Тиийбитим, табалар өртөммүт суоллара суох. Хата, бэйэм табаларым онон-манан хаамыталаабыт, чэҥкээйилэрин соспут суоллара баар. Дьэ, моһуогуруу буолла… Хайдах-хайдах буоллум, түһээн баран булкулла сылдьабын дуу дии санаатым. Адьас илэ этэ ээ…

Чэйдии-чэйдии тугу кэпсэппиппитин, тугу сүбэлээбитин саныы, ырыта олордум. Дьэ, дьиибэ түүн, дьикти хоноһо диэтэҕиҥ. Байанай бэйэтинэн түүлбэр кэлэн барбыт диэн кырдьык итэҕэйиэхчэ буолан ыллым. Уоппун арыылаах лэппиэскэнэн аһаттым. Чэ, иччи көстүбүт да буоллаҕына, куһаҕаҥҥа эрэ буолбатын дии санаатым. Халлаан дьыбара сэтэрэн, тымныыта күүһүрдэн күүһүрэн иһэр. Оһоҕум да хоттороору хаайар, балааккам иһэ аҥаарыгар диэри кырыа буолбута бэриммэтэ. Олоруом дуо, табаларбын аҕалтаан, бэриэтчити уонна хос табаны тутан көлүнэн, бултуу айаннаатым. Били, бөлүүн оҕонньор тайахтары бултас диэбит толоонугар тиийдим. Тоҥ үүт курдук кыһыҥҥы тунаархай күн үрэх киэҥ талах толоонун барбах сырдатар. Табалар тыыннарыттан будулуйар туман быыһынан инним аанньа көстүбэт. Маннык сатаныа суох диэн табаларбын хааллартаан, хайыһарынан толоону киэҥник эргийэ хайан көрөргө сананным. Өр хаампатым, өйдөөн көрбүтүм, толоон ортотун диэки, үрдүк талахтар кэтэхтэринэн, биир сиринэн хойуу тыын туман буолан будулуйан көстөр. Үс сүүс миэтэрэни кыайбат сиргэ, талах быыһыгар, тайахтар арҕастара хараарыҥнаһар. Аһыы да тураллара биллибэт, дьиҥэр, эрдэ аһаан баран сытар кэмнэрэ ээ. Оҕонньор эппитин өйдүү биэрээт, уун-утары аа-дьуо хайыһарынан киирдим. Көбүс-көнөтүк хааман балачча чугаһаатым. Син чуолкай соҕустук биир тайах агдаката көстөр буолбутун кэннэ харабыыммын ылан ытан хабылыннардым, сүтэн хаалла, ол кэм иккиһэ талаҕы кыйа ырааска утары сиэлэн таҕыста. Турунан кэбистэ, доҕорун кэтэспиттии кэннин хайыһар. Миигиттэн балтараа сүүс эрэ миэтэрэлээх сиргэ үчүгэй баҕайытык ойоҕоһунан турар. Бачча баайыллыбыт бэлэҕи мүччү тутумаары эмиэ кыһаллан кыҥыы охсоот, ытан түһэрдим. Хата, турбут сиригэр оҕунна. Үөрүү бөҕө буоллум. Биир чахчы иннибэр сытар, иккиспин көрө ыстанным. Син ыраахтан ыппыт эбиппин, балачча хаамтым. Бастакы ыппыт тайахпын чуут сыыһан кэбиһэ сыспыппын, эбиитин өрөппүт эбиппин. Хата, сиһин уҥуоҕун тосту ыппыппын. Булду эрэйдээбэккэ хос ыттым. Дьэ, доҕор, үөрүү бөҕө: булт тосхойдо, үс ыал кыстыыр этин бултаан кэбистим. Бу санаатахха эчи дөбөҥүн, ааспыт күннэрим харахпар көстөн аастылар. Кыыл табалары эккирэтэн төһөлөөх күүһү-уоҕу бараабыппыный. Дьэ, илэ да буоллун, түүлбэр да буоллун Байанай бэйэтинэн ыалдьыттаан барбыт эбит. Били, кулгаахтарын саба тутуом, истибэт оҥоруом диэбитин санаан ыллым.

Үлэ бөҕө буолла, борукка-сорукка диэри астастым. Тайах улахан, кыыл табаны сүлэр, астыыр курдук буолбатах. Оннук үөрэн-көтөн, эт бөҕөлөөх дьоммор көстүм. Байанай туһунан кэпсиэхпин тоҕо эрэ туттуннум. Түүл да буоллун, илэ да буоллун – кэлин кэпсиэм дии санаатым. Ол эрээри Байанайдыын көрсүһүүбүн саныы-саныы испэр наһаа үөрэбин. Байанай киһи аайы көстүбэт. Элбэҕи ыйыппатахпын эрэ диэн кыра хом санаалаахпын. Иккистээн көстөрө, дьэ, саарбах.

…Кулун тутар үүннэ. Хатыыстыырга үгэскэ кубулуйбут таба бырааһынньыга буола турар. Мууска киһи баһаам, улуус араас муннуктарыттан табаһыттар кэлбиттэр. Арааһынай бэйэлээх киэргэллээх табалар бааллар. Кэлии ыалдьыттар да элбэхтэр, атыы-тутуу, ырыа-үҥкүү бөҕө. Күн ортото ааһыыта таба сүүрдүүтэ саҕаланна. Маҥнай оҕолор уучаҕынан ойуттулар, онтон дьахталлар ыстаннардылар. Эр дьон бөлөҕүнэн сүүрдүүгэ күрэхтэстилэр. Бүтэһигин кырдьаҕас табаһыттар сиэллэриигэ бардылар. Кэргэмминээн, оҕолорбунаан түһүлгэни кэрийэ хаамсабыт, таба сүүрдүүтүн кэмигэр бэйэбит ыстаадабыт дьонугар ыалдьан, биэтэккэ хаһыы-ыһыы бөҕө буоллубут.

Арай, доҕор, кырдьаҕастар сүүрдүүлэригэр биэтэккэ бастакынан, били, Байанай оҕонньорум элээрдэн ааста. Бэргэһэтэ көхсүгэр түспүт, бытыга, баттаҕа бүтүннүү кырыа буолбут, үөрбүт чаҕылхай харахтарынан мин диэки дьээбэлээхтик көрөн ааста. Мин маҥнай көрсөрбөр соһуйбутум курдук эмиэ наһаа соһуйдум. Эккирэтэн тиийэн табаларын баайарга көмөлөстүм.

– Хайа, тоойуом, дорообо, – диир, сып-сылаастык мичээрдиир.

Илии тутустубут, дьэ киһилии билистибит. Наҕараадалааһын кэнниттэн оҕонньордуун дьону аһатар улахан ураһаҕа киирэн чэйдээтибит, ирэ-хоро кэпсэттибит. Күлэн аҕай биэрдибит. Бэйэтэ биһигиттэн сэттэ көстөөх сиргэ кэргэнинээн, эбэ Фенялыын, олорор ытык кырдьаҕас эбит. Оччолорго 78 сааһыгар сылдьара. Үйэлэрин тухары тыаҕа олорор, дэриэбинэҕэ сыл баһыгар-атаҕар киирэр буоланнар көрбөтөх эбиппин. Кыһын атын сиртэн атыыласпыт табалара хаампыт буоланнар, олору көрдүү сылдьан миэхэ хонон ааспыт. Дьэ, хоһуун оҕонньор. Бэйэтэ ис-иһиттэн дьиибэлээх-дьээбэлээх буолан, миигин, соһуйуоҕун соһуйбут, быччаччы көрбүт эдэр булчуту дьээбэлээбит эбит. Сэрэйдэҕэ дии, кимиэхэ маарыннаппыппын. Аны ол кыыллары эккирэтиспит ыырбынан эргийэ көтүтэн ааспыт буолан сырыым туһунан тойоннообут. Дьиҥэр, санаан да көрдөххө, рациянан ким ханна сылдьара барыта иһиллэ турдаҕа дии. Ханна куоттарарбын, дьонум кэтэһэллэрин, долгуйалларын барытын истэ сырыттаҕа. «Бу уол эмиэ хойутаата, хараҥардаҕына кэлииһи», – дэспиттэрэ чахчы. Аны бастакы эфир сарсыарда 5 чаастан саҕаланар. Биллэн турар, эрдэһит оҕонньоттор кэпсэтэн эрдэхтэрэ. Онон мин туспунан барытын истэ-билэ сырыттаҕа дии. Эбиитин, дьээбэлии сатаан баран ситэри диэбиккэ дылы, эрдэ туран иһити-хомуоһу, утуйар таҥаһы барытын миэстэтигэр ууран, хомуйан барбыт эбит. Кэлэ сылдьыбыт суола кытта биллибэт гына. Түүн өртөөбүт табаларбын соруйан атын сиргэ баайталаабыт. Аны туран, «Гыным» общинаттан атастаһыыга кэлбит табаларын миинэ сылдьар буолан, улахаттара сүр эбит.

– Дьэ, оччоҕо хайдах тайахтар кулгаахтарын саба туттуҥ? – диэбиппэр, эмиэ мичээрдээн эрэ кэбистэ. Кэнниттэн батыһа сылдьан кистэлэҥҥин ситэри арый диэн хаай да хаай буоллум. Оҕонньор эмиэ дьээбэлээх баҕайытык көрөн кэбистэ уонна кулгаахпар сибигинэйэн: «Тымныы саамай өрөгөйүгэр, тыынарыҥ сырдырҕаччы тыаһыыр кэмигэр, тайах даллайбыт кулгааҕар ол мэһэйдээн чуора олох мөлтүүр», – диэтэ. Кырдьык даҕаны, киһи бэйэтэ да ырааҕы истээри, ытыстарын холбоччу тутан кулгааҕар даҕайдаҕына, бэйэҥ тыыныҥ сырдыргыыра отой тугу да иһитиннэрбэт ээ. Ол саамай тымныы, дьыбар сэтэрээбит кэмигэр буолар эбит. Дьиҥнээҕин билэн, кыратык хомойо санаабытым эрээри, сүбэһит-амаһыт үтүөкэн доҕордоммуппуттан күн бүгүнүгэр диэри үөрэбин. Оҕонньор билигин 90 сааһыгар сылдьар, ол да буоллар бултуур-алтыыр. Мин тыыннаах Байанай кырдьаҕаһым дьоҥҥо-сэргэҕэ улаханнык ытыктанар.

Байанайдыын көрсүһүү

Подняться наверх