Читать книгу Байанайдыын көрсүһүү - Валерий Андросов - Страница 4
Булчут төрөөһүнэ
ОглавлениеОҕолор тэлгэһэ иһигэр мэниктээн сүүрүү-көтүү, сэриилэһэ оонньуу сырыттылар. Оҕонньор күлүк сиргэ, сөрүүҥҥэ хотуурдары таптайаары табахтаан бусхата олорор. Чолоччу көрбүт уон биирдээх уолу эһэтэ ыҥыран ылан сорудахтаата. Эргэ хаптаһын сарайга ыытта. Истиэнэҕэ субуруччу хатаммыт мас долбууртан кыстык аҕалыахтааҕа эбитэ үһү. Төбөтүн оройунан көрбүт Уолчаан аанньа өйдөөбөкө хата хос ыйытааччы буолла, мэник мэйиитигэр оонньуутун ойуута өссө да салҕана турара. Эһэтэ маска батары охсуллубут, өтүйэ өнчөҕөр маарынныыр тимири ыйан көрдөрдө. Сиэнэ хараҕар хатанан, кыстык быһыытын-таһаатын умна иликкэ диэбиттии сарай диэки ойо турда. Күҥҥэ, ардахха, сааскы салгыҥҥа сиэммит, кэтит хаптаһыннарынан оҥоһуллубут хара хаптаҕай сарайтан уолчаан тоҕо эрэ оҕо эрдэҕиттэн куттанара, хаһан да иһин киирэн көрбөтөх сирэ.
Туох баар хорсунун хомунан, сүгэ сылдьар мас саатын утары туппутунан сарай икки кэтит ааннааҕыттан арыый кыратын киэҥник тэлэччи арыйда. Быылы кытта булкуллубут массыына арыытын сыта муннугар билиннэ. Бириһиэнинэн сабыллыбыт эһэтин эргэ матасыыкыла турар. Хаҥас истиэнэ устатын тухары хаптаһын долбуур, түгэх өттүгэр – халыҥ быылынан бүрүллүбүт кинигэлэр. Долбуур хас да этээстээх, арааһынай тэриллэр, сапчаастар, уһанар сэп эгэлгэтэ орун-оннуларын булан сыталлар. Уол хараҕа хаһан да көрбөтөх тэриллэрэ сорудаҕын умуннарыахча буоллулар.
Ол быыһыгар туспа хоруопкаҕа эргэ ботуруоннар сыталлара болҕомтотун барытын тартылар. Санаатыгар тыытыллыа суохтааҕын харбаан эрэрэ ханан эрэ ырааҕынан элэс гынан ааста. Хортуон хахтаах ботуруоннар көтөн эрэр кус ойуулаахтара. Куостук өйүн-санаатын олох атын, аптаах сиргэ илтилэр. Убайа аах сааскы кус булдуттан кэлэн кэпсиир сырыылара бу тиллэн кэллилэр. Уолчаан кус саҥатын, кынатын тыаһын кытары истибиккэ дылы буолла.
– Хайа нохоо, Куостук, ханна дьөлө түстүҥ? – эһэтэ сүтүктээбит саҥатыттан соһуйан ойон турда. Мааҕын көрбүт тимирин, хата, тобулу көрөн орто долбууртан булан ылла. Кыстык аллараа өттө, маска киирэрэ сытыы тумсулаах буолар эбит дуу дии санаата. Ботуруону миэстэтигэр уураат, түргэн үлүгэрдик эһэтигэр ыстанна.
Эһэтэ хайгыы-хайгыы сиэнигэр хотууру хайдах, тоҕо таптайарын көрдөрдө. Куостук хараҕа эрэ көрөр, өйө-санаата олох атын сиргэ. Быыс булан аптаах сарайга өссө киириэн баҕарда. Онтон бырааттара сүтүктээннэр аттыгар элиэтии сырыттылар.
– Куостук, оонньоон бүттүҥ дуо? – даллаҕар кулгаахтаах, киччэччи кырыллыбыт төкүнүк төбөлөөх быраата аттыгар аалыҥныы сатаан баран ыйытта.
– Баран бэйэҕит оонньооҥ, үөдэттэр, мэһэйдэһимэҥ, хотуурга быстаары, – холдьохто эһэлэрэ. – Убайгыт хотуур таптайарга үөрэнэр. Бу маннык хотууру умса тутан, биитин тэнитэҕин, кыстык устатын тухары сытыары сыһыаран аа-дьуо таптайан иһэҕин. Тимирэ тэнийэн арыый чарааһыыр, оччоҕо игиинэн кыратык да аалаат, хататтаан эрэ кэбиһэҕин.
Оҕонньор балачча өр сиэнин үөрэттэ. Уола тугу эрэ ыйытыах дьүһүннээх турарын өйдүү көрдө:
– Тугуй? Өйдөөбөккө тураҕын дуо? – күллэ оҕонньор. Эһэтэ сымнаабытын сэрэйэн: «Миигин хаһан бултуу илдьэ бараҕыт?» – палк гыннарбытын Куостук бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла.
Оҕонньор балачча өр саҥарбакка олордо, табахтаата. «Дьэ, нохоо, булка барсар гына улааппыккын от үлэтигэр көрдөрөөр, быйыл бугул түгэҕин харбааһынтан эбээһинэһиҥ элбиэ, – хоруйдаата. – Онтон көстөн иһиэ, күһүөрү кус оҕолоруттан боруобалаан көрүөхпүт».
Киэһээҥҥи аһылык кэннэ улахан дьон хотоҥҥо таҕыстылар, оҕолор түптэ оттон баран эмиэ оонньуу сүүрэкэлэстилэр. Куостук биллибэтинэн сарайыгар сыбдыйда. Тиийбитэ, сарай иһэ хараҥа буолан биэрдэ. Уол куттанан киирбэккэ тула хаама сырытта.
– Куостук, балаҕан аанын арыйан кул эрэ! – көмө көрдөөтө эдьиийэ. Улахан дьоҥҥо илии-атах буолан, хотонтон икки толору ыаммыт үүт ыаҕайалаах иһэр эбит. Куостук сүүрэн кэлэн ээх хоту кыра бабаарына балаҕан аанын арыйан биэрдэ. Балаҕан да иһэ хараҥа соҕус, икки сылынан аҕа эдьиийэ Таанньыска улахан киһи курдук боччумнук туттар, аҕалбыт үүтүн сиидэлээри эмээллээх солуурга маарыла саба тутта. Аан үрдүнээҕи долбууртан банаар ылла, уотун холбоото уонна быраатыгар туттарда.
– Сырдатан тур, үүтү сиидэлиэхпит, – диэтэ. Үүттэрин харайдылар, Таанньыска ыаҕастарын сууйда, күрүө көхөлөрүгэр таҥнары ыйаан баран, дьиэҕэ киирэн хаалла. Куостук обургу, банаар ханна харалла сытарын бэркэ өйдөөтө. Соторунан дьонноро хотонтон кэллилэр, суунан-тараанан баран, эмиэ улахан дьиэҕэ киирдилэр, оҕолору утуйа ыҥырталаатылар. Ким эрэ саалаҕа хойукка диэри телевизор көрөр, оҕолор хосторугар Куостук бырааттара хаһан хаптаһа охсоллорун кэтэһэ сытта. Өр-өтөр буолбакка, уһун күнү быһа мэниктиир бырааттара биир-биир муннулара сыыгынаһан бардылар. Куостук куоскалыы сыбдыйан, ааны аа-дьуо арыйан таһырдьа сылбыйда. Таһырдьа салгын сөрүүкүтүйбүт, тэлгэһэ иһэ түптэ тумарыга боруктаммыт. Балаҕаҥҥа киирэн, олоппоско салҕанан, хаптаҕай банаары ылла. Аптаах сарай аана сайыҥҥы түүн чуумпутун кыычыгыраан соһутта. Түүҥҥү түөкүн тыаһы аччатаары чохчос гынан ылла. Банаар уотун холбоон сарай иһигэр киирдэ. Хостоон ботуруоннары туппахтаата, саа уһугар угардыы илиитигэр хам тутта, ытан көрөрдүү сэрээтэ көтөрүн ойуулаан оонньоото. Онтон салгыы сэби-сэбиргэли хасыһан барда, ботуруон иитэр тэриллэри эргитэлээтэ да, соччо быһаарбакка төттөрү уурда. Банаар саһархай уотунан быыл сүкпүт кинигэлэри сырдатан көрдө. Хостоон ыла-ыла ойуулара суоҕун иһин төттөрү симитэлии сатаата. Арай, үөһээ эрээттэн соһуччу сурунааллар саккырастылар. Саалаах киһи муостаах төбөнү сүгэн турар ойуута көстөн ылла. Куостук сүһүөхтээн да буоллар туох диэн суруллубутун өйдүүр гына үчүгэйдик ааҕар. Сөмүйэтин төбөтүнэн тирээн туран «Охота и охотничье хозяйство» диэн сурунаал аатын ааҕан дьол бөҕө буолла. Түргэн-түргэнник атын сурунааллары бурҕаҥнатта. «Хотугу сулус», «Огонек» сурунааллар соччо сэҥээриитин ылбатылар. Хата өссө биир 81 сыллаах «Охота» сурунаалы булла. Аа-дьуо үөмэн, икки сурунаал кыбыныылаах төттөрү таҕыста. Дьиэҕэ киирбитэ, хата ким да сүтүктээбэтэх, бары номнуо утуйбуттар. Уолчаан хантан утуйуой? Суорҕан анныгар сытан сурунаалларын банаарын батарейката олоруор диэри аахта. Дууһатын, өйүн-санаатын сурунааллар кэпсээннэрэ, ойуулара олох атын аптаах булт дойдутугар көтүттэхтэрэ ити.
Кэлин эһэтэ сарайга киирэ сылдьан сууллубут кинигэлэрдээх ыскаабы көрөн дьаарыстаабыт этэ, онтон сиэнэ ханнык сурунааллары ылбытын сэрэйбитэ. Маҥнай түөкүннүү быһыыламмытыттан кыдьыгыран ылбыта да, соторунан буруйа кыратын өйдөөбүтэ. Эбиитин сорох булт сурунааллара ампаарга харалла сыппыттарын булан киллэрэн саала төгүрүк остуолугар ыһа тардыбыт. Куостук үөрбүтүн туораттан көрө сылдьан, оҕонньор бэйэтэ да дьолломмут этэ.
От кэмэ саҕаланан, ходуһаларга үлэ күөстүү оргуйда. Куостук улахан дьону кытта тэҥҥэ от мунньуста, лэкээ бугуллары түстүүргэ да үөрэннэ. Киэһэтин, отууга хоно сытан, сурунаал кыбыныылаах буолара. Кыра бырааттара убайдара оттоһо барбытыттан тэһийбэккэ, күнү-күннээн бүтэй күрүөҕэ иилистэн күүтэн тахсаллара. От бүппүтүн кэннэ эһэлэринээн салгыы кус оҕолуу хааларын билээхтээбэттэр буоллаҕа. Атырдьах ый ортото отчуттар кэлитэлээтилэр. Оҕолор Куостуктарын суохтаан дьонноруттан ыйытан сураһан да биэрдилэр.
Оҕонньор сиэнинээн иккиэн хааллылар. Эһэтэ Куостукка биир уостаах уон алталаах сааны сэрэхтээхтик туттарга үөрэтэн баран, хаста да сыал ыттарда.
– Дьэ тоойуом, ити күөлбүт атаҕар киэһэ аайы кус оҕолорун таһаарарын көрбүппүт дии, билигин оҕолоро улаатан кынакка турдулар буолуо. Онон сарсын эрдэ туран онно барыахпыт! – оҕонньор сиэнин үөртэ. Куостук кустар ханан баалларын хаста да көрбүт этэ, өссө биир түүн саата суох үөмэн тиийэн өр одууласпыт, кыҥастаспыт эбит. Утуйар уута көтөн, отууга өр мөхсө сытта, идэтинэн киэһэ аайы ааҕар сурунаалларын да тыыппата, сарсын дьэ дьиҥнээх булка барсара долгутан.
Эһэтэ сиэнинээн хойуу туман быыһынан, тула өттө охсуллубут ходуһалаах, кытылларынан чараас үрдүк оттоох күөлгэ аа-дьуо үөмэн киирдилэр. Эргэ самныбыт дугда элээмэтигэр киирэн кирийэн хааллылар. Дьон кэлэн иһэллэрин истэн, күөлгэ икки ийэ ууһа кустар саһан, чуумпуран хаалбыттар. Өр-өтөр буолбакка, онтон-мантан устан таҕыстылар. Күөлү биир гына субуруһа сылдьан аһаан, суунан бардылар. Куостук сүрэҕэ бип-биллигирэс, ол гынан баран тымныы саа тимирэ илиитин салыбыраппата. Эһэтэ Куостукка кэннигэр олорон кулгааҕар сибигинэйэн сүбэлиир. Чугаһата түһэн баран иккини-үһү холбоон ытар гына санатар. Күөл түгэх өттүгэр баар үөр көтөн тахсан уолчааны соһуттулар, ууну кырсынан төттөрү-таары күөлү эргийбэхтээтилэр. «Чөркөйдөр көтөллөрө түргэнин-сытыытын, дьарыктанар буоллахтара, атын күөлгэ баран эрэ хаалбаталлар!» – диэн Куостук ньыкыйан олорон санаата. Үһүс эргиир кэннэ уун-утары дугдаларын иннигэр кэлэн саккыраһа түстүлэр. Ыһыллан-тоҕуллан, холбоспокко тус-туспа олордулар. Сотору хата үс кус эккирэтиспиттии эрээтинэн устан бардылар.
– Чэ, нохоо, ыксаабакка, ити үһү кыҥаа, сааҕын санныгар ыга тутан олорон ыт, – эһэтин сибигинэйэрэ иһилиннэ. Куостук тыынара сүрдэннэ, саатын уоһун бытааннык көтөҕөн, өр кыҥаабакка ытан хабылыннарда. Кулгааҕа чуҥкуйуор диэри буолла, хараҕар үс кус иннигэр тэлгэнэр сыталларыттан дьол уота ойуоккалыы оонньоото.
Эһэтэ сиэнин төбөтүн кэнниттэн туран имэрийдэ, сыллаата, хайҕаата. Ыраах халыҥ сис тыа диэкиттэн хара суор көтөн кэлэн үстэ кыланан эргийэн ааста, саҥа булчут үөскээбитин уруйдуу тула эйгэҕэ сонуннаата.