Читать книгу Байанайдыын көрсүһүү - Валерий Андросов - Страница 3
Атамаан моонньоҕон
ОглавлениеКураанах кустартан ханныга саамай улахан эбитий? Биир саас маннык түбэлтэ буолан турар. Өрүспүт эрдэ ырбыыланан, көҕөннөрү муус устар сүүрбэтиттэн номнуо бултаан бардыбыт, бураанынан сааһыырбытыгар эрдэ көһөн кэллибит, балаакка тиирэн, бородуукта бөҕө холболоон, дугдалары сөргүтэн, олох бэлэм буоллубут. Көҕөннөр үс күн, үс түүн биллэн баран ааһан хааллылар, биир да кус көппөт кэмэ. Таах күнү-дьылы ыытымаары, сарсыарда аайы бэс тумулбутугар улардыы тахсабын. Ол саҕана үтүө сарсыарда сүүрбэччэ улар тэҥинэн охсор буолара, бииргэ эмэ үөмэн киирэн туоһапканан ытан ыларым. Оннук ыам ыйын бастакы күнэ буолла, убайым хаһаас бытыылка арыгы хостоото, кыттыгаспыт Баһылай эмиэ биири таһаарда. Балааккабыт айаҕар кыракый остуолга ас-үөл тардан, күҥҥэ сыламныы-сыламныы, аһаан-сиэн бардыбыт. Иннибитигэр өрүспүт ырбыыта номнуо кип-киэҥ байҕал буола ирбит. Үөрэ-көтө баллыгыраһа олордубут. Арай таҥнарыттан халыҥ үөр моонньоҕон сирилээн кэллэ, мэктиэтигэр остуолбут кэннигэр саспыта буоллубут. Иккитэ, үстэ эргийээт, ырбыыбытыгар кэлэн түстүлэр. Балааккабыт турар эмпэрэтэ үрдүк буолан, сыыллан киирэн одууластыбыт, сүүсчэкэ кустаах үөр. Сир-халлаан барыта моонньоҕон иһиириитинэн туола түстэ, чуумпуран турбут кытылбыт сэргэхсийэ түстэ. Дьэ, доҕоттор, хайдах гынабыт? Ырбыыбыт кэҥээбитэ сүрдээх, доруоп сааларбыт тэппэт сиригэр түһэн олороллор. Мин балааккаҕа сыыллан киирэн халампаас ылан, хас кус баарын ааҕа сыттым, убайдар тугу эрэ сибигинэһэллэр, маскхалааттары хостоотулар. Арай ол одуулаһа сытан өйдөөн көрбүтүм, биир аарыма улахан моонньоҕон атыыра уста сылдьар, үөлээннээхтэриттэн омуннаатахха үс төгүл бөдөҥ эбит. Убайдарга эппитим, халампааһы былдьаһа-былдьаһа сөҕүү бөҕө. Миигин, быһый киһини, чугас кустуур күөлбүтүгэр ыыттылар, биир дугдабытыттан туоһапкалары ыллара. Начаас эргиллэн кэллим, былаан Барбаросса, балаһыанньа байыаннай буолбут. Биһиги икки убайбынаан маскхалааттаах, туоһапкалардаах өртөөҕү талахтар быыстарынан үөмэн аллара эмпэрэ анныгар киириэхтээхпит, онон ытар дистанциябытыгар чугаһатыахтаахпыт, эбиитин кустар чугаһыы түһэллэрин көһүтүөхтээхпит. Баһылай, аптамааттаах киһи быһыытынан, эмпэрэ үрдүгэр күөрэтиигэ хаалар буолла, баҕар, үрдүнэн көтөн таҕыстахтарына диэн. Билигин сирэйдэрбит боччумун көрөр киһи күлүө эбит, саатар орто холуочук буойуттар, дьэ байыаннай садаанньабытыгар бардыбыт. Доруоптар уостарыгар хаар симиллибэт гына тирээпкэлэри анньыалаатыбыт, туоһапкаларбытын илиибитигэр туппутунан, таҥнары сыыллан киирдибит. Кустарбыт бэйэлэрин аймалҕаннарыгар буолан, кыһаллыбатылар даҕаны. Манаан, ытар сирбитигэр тиийдибит. Тиэрэ сытан хайыһан хамандыырбыт Баһылай сирэйин көрөбүт. Киһибит эрбэҕэ көстөр, былаан туолан эрэр диэн буолла. Балачча сытан баран тулуйбатыбыт, хата оруобуна атамаан моонньоҕон мууска таҕыста, атын доҕотторуттан лаппа улахана дьэ бэркэ да көһүннэ. Сүүстэн эрэ тахса миэтэрэ. Убайбынаан эрэбил гына, иккиэн тэҥинэн ымсыырбыт моонньоҕоммутун ытан саайдыбыт. Хата, онтукабыт мууска тиэрэ таллас гынан хаалла. Атыттара былааммытын тутуспуттуу, тыалы утары биһи диэки хайысхалаах өрө сирилээн таҕыстылар. Тыал тыаһынааҕар дьэ халыҥ тирилэтии буола түстэ, сүүс кус уун-утары барылас гыммыта аанньа буолуо да. Дьэ күүстээх артиллерия үлэлээн барда, Баһылайбыт биэстэ ытан аҕыс куһу үрдүбүтүгэр таммалатта. Биһиги да хаалсыбатыбыт, үһү охтордубут. Кустарбыт үрүө-тараа барыахча буолан баран холбоһон өрүһү өксөйө турдулар. Эмиэ эдэр саллааты күөлтэн эрэһиинэ тыыны ыллара ыыттылар, абакка. Төттөрү-таары сүүрэкэлээн, хата, өйдөнөн хааллым. Дьонум остуолга олорон иһиттэрин тобоҕолообуттар. Тыыны соһон киллэрэн ууга түспүт кустары хомуйдум, күүстээх сүүрүгү кытта киирсэн, ырбыы утары тиийэн, эрдиинэн тардыалаан били аарыма моонньоҕоммутун ыллым. Улахана сүр дьэ, били кыра хардырҕас хаас саҕа буолсу. Тахсыбытым кэннэ эргитэ сылдьан үөрэтии буолла, дьүһүннүүн, быһыылыын олох моонньоҕон моонньоҕонунан.
Арай ол олордохпутуна, таҥнарыттан икки бураан айаннаан иһэллэр. Убайым дьиибэ баҕайытык туттаат, кустары хомуйан кистэтэлээн кэбистэ. Алданы өрө сааһыы көһөн иһэр нуучча атастар эбит, бэһиэлэй айаннаан иһэллэр. Тохтоон сынньаннылар, кыратык кэһии бэристилэр, тост бөҕө көтөҕүлүннэ, убайым дьиибэ боппуруоһун эттэ: «Какая порода уток самая большая у нас?» Мөккүөр бөҕө буола түстэ, икки нуучча: «Көҕөн!» – дии түстүлэр, биирдэрэ: «Атыыр орулуос көҕөннөөҕөр ыйааһыннаах буолар!» – диир, төрдүс киһилэрэ «Улун!» – диир. Балачча өр мөккүһүннэрэн баран, убайым: «Самая большая утка – шилохвость!» – диэтин кытта күлсүү. «Поспорим на ящик», – диэн буолла. «На пол-ящика», – диэн хардардылар. Илии тутустулар. Балааккатан таһааран иннилэригэр бырахта. Күөх харахтар сиргэ таммалаһа сыстылар, киһи сатаан сахалыы үтүктүбэт нууччалыы тылынан сөҕүү бөҕө буолла. Биирдэрэ аллараа киирэн сыарҕаларыттан саҥата-иҥэтэ суох уон буокканы аҕалан остуолга кэккэлэтэн кэбистэ. Биирдэрэ фотоаппарат хостоон тута-тута түһэрдэ.
Итинник эргинии дьыалаҕа маастар убайым: «Один снимок – пузырь!» – диэн саайда, аннараалар сөбүлэнэн үстэ түстүлэр. Сотору ыраах ыырдаах дьон айаннаатылар. Оо, накаас дьыала буолла, түгэҕин көрүөхтэригэр диэри тохтуохтара баара дуо, ыксаан көмөлөспүтэ буолабын да, уйуммаппын, утуйа мээрик киһибин. Кус киирэр эрэ киирбэт, икки күн хайдах ааспыта буолла. Үһүс күн, өй-төй булан, син кустаатыбыт. Мууспут сүрдээҕин хараарбыт, сотору хамсыыһы. Киэһэлик үс киһилээх этэрээт хааман иһэрин көрдүбүт, улахан сүгэһэрдээхтэр, мууска киирбэккэ кытыл устун иһэллэр. Убайым үөнэ эмиэ хамсаата, ол дьону отой абырах курдук көрөр. Бэйэбит дьоммут эбит, биһигиттэн аҕыйах килэмиэтир тэйиччи сытар күөллээхтэр. Убайдар үөрэ-көтө көрсөөт, сакалааттаһар айдааҥҥа бардылар, ханнык кус улаханый диэн. Дьоммут кэһиилэрин санныларыгар сүгэр буолан тыыннаах испиири аҕалбыттар. Мөккүһэн кыайтаран, испиир аҥаарын хаалларан бардылар. Эмиэ икки күн ханна эрэ сүттэ. Мин баҕас олох сөп буоллум. Эмиэ бултаан бардыбыт. Кыайыы күнүгэр өрүс эһиннэ. Кус бөҕө киирдэ. Иккис күнүгэр мотордар сүүрдэн бардылар. Кус бөҕөнү эккирэтэ сылдьан ыттылар. Биһиги да күөлбүт таттарыылаах буолан бэркэ бултуйдубут. Биирдии куул буолла. Мотор кэллэ да дэриэбинэҕэ ыытыахтаахпыт. Табаарыһым киэһэлик сүүрдэн кэллэ, эмиэ кыра кэһиитин, биэрэккэ үктэнээт, былдьатта. Сарсыныгар кустарбытын тиэйэн убайым дэриэбинэлээтэ, ол күн төттөрү кэллэ.
Дьэ, доҕоттор, уйгу-дэлэй аһылык диэн, ботуруон диэн – икки дьааһык аҕалбыт. Моонньоҕоммутун үрүксээгэр укта сылдьар. Валюта диир. Дэриэбинэ аҥаарын аймаан кэлбит ээ! Өссө да барыа эбиттэр, хайа эрэ өрүөл утуйа сыттахтарына «валюталарын» уорбут үһү. Төһөтө кырдьыга, төһөтө чахчыта: Томмот куоракка тиийэн, моонньоҕоммут моойо быстан куска маарыннаабат буолуор диэри быары-бүөрү сордообут үһү.
Биир буулдьа
Хара маҥнайгыттан ыарахан күһүн саҕаламмыта. Бултуур учаастакпар биэс күнү быһа айаннаабытым. Уон икки көһү, хаарын сөбүн түһэрдэҕинэ, үс хонугунан ыксаабакка тиийэр этим. Ол дьыл аанньа хаардаабакка, сотору-сотору ириэрэн, үрэхтэр муустара ууллан туоруурга моһуок бөҕө буолбута.
Уон икки көлүүр, икки мииннэр[1] табанан, биэс көтөл таһаҕастаах, сүүрдүүлээх[2] айаннаан, дьэ дойдубар кэллим. Икки саарбаһыт ыттарым кэлин көтөлгө бааллан кэлбит буоланнар босхо бараары үр да үр, сүүрээри-көтөөрү, бултуу охсоору ойуоккалыы тураллар.
Хас айан барыта тус-туспа кэпсээннээх, бэйэ-бэйэтигэр маарыннаабат буолаллар. Бу көһүүгэ хаста да ылах уларыттым, сыарҕалар сыҥаахтарын аһынан ыллыктыы-ыллыктыы кэллим.
Дьүүктэкээн туорааһыныгар муус уйбакка кыратык ууга булкуллан ыллыбыт, туораан баран хонорго тиийдэхпит. Оллонгоро да үрэххэ өрөөн, титириктэри кэрдэн, чараас мууска тэлгэтэн муоста курдук мууһурдан баран биирдэ туораабыппыт.
Бастакы сарааммар[3] кэлэн, чэпчээн, уоскуйан, булду саҕалыырга бэлэмнэнним. Быһа эттэххэ, кыһын устата мэлдьи көһө сылдьан бултуубут, биир миэстэҕэ биэс-алта күн бултаан-алтаан, кэннибититтэн тоһуур сохсолору иитэ-иитэ көһөбүт. Маҥнайгы күн үксүн балаакка туруора охсоот, өрөөн, мас мастыыгын, табаларгар хорууда кэрдэҕин, чэҥкээйилэри бэлэмниигин. Ыттарга да уйа-хахха оҥорорго бириэмэ балачча барар. Киэһэтин дьэ үөрэн, бэйэҥ бэйэҕин кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ, олуккун оҥостон, аһаан-сиэн баран, рацияҕа сибээскэ тахсан, дьону-сэргэни кытта кэпсэтэҕин. Бөһүөлэккэ дьонуҥ, дьиэ кэргэниҥ долгуйар буоллахтара, этэҥҥэ айаннаан тиийбитиҥ бэйэтэ үөрүүлээх сонун буолар.
Дьэ, онтон саҕаланнаҕа, саарба соноро. Күн аайы сарсыарда хараҥаттан киэһэ хараҥаҕа диэри. Тула аан дойду кыһалҕата, дьиэтээҕи олох-дьаһах толкуйа ханна эрэ кэтэххэ түһэр. Бэйэҥ бэйэҕэр, кыыллыйбыттыы, суолтан суолу ирдии, тыаҕар тэлэһийэ сылдьаҕын. Ону-маны: айыылары, иччилэри, түүллэри, итэҕэллэри дьэ чугастык ылынар кэмиҥ буолар.
Бу да сэһэн сииҥкэн[4] кытааппытын туһунан.
Бэһис күммүн мэлийэ сылдьабын. Бу сарааммар биир да саарбаны сүлэ иликпин. Араас санаа барыта ыган барар, дьиэ кэргэниҥ, оҕолорун, ийэҥ – бары эрэнэ-кэтэһэ хааллахтара. Аҕабыт үчүгэйдик бултаатар, сайыны да быһа тот олох буолуо, үп-харчы соҕуруу да сынньалаҥҥа тиийиэ диэн. Аҥаардас эдэр кэргэммэр төһөлөөх ыарахан буолуой, соҕотох детсад саастаах оҕолору аһатан-таҥыннаран, сарсыарда эрдэ туран оһох оттон, сөбүгэр сабан, оскуолатыгар үлэлии сүүрэр. Киэһэ да сылайан кэлэн, эмиэ оһох отто охсоот, оҕолору садиктан ыла сүүрэн эрдэҕэ. Ийэҥ да, бултуур дьоно суох аймахтарын да – бары эт кэтэһэллэр. Итиччэ элбэх эрэли сүгэ сылдьан табыллыбат дьэ кытаанах.
Төһө да саҥа дьылга диэри бултаатаргын саарба саамай дөбөҥнүк, элбэхтик кыайтарар-бултанар кэмэ билигин – сэтинньи саҕаланыыта. Дьэ онно да дьыл-дьыл араастаах, сорох кэм хаар быһа түһэн ытынан киһи баттаһан бултаабакка хаалар, аны тоҥот буоллаҕына эмиэ ыттар тыстара килэччи баран уйдара сылдьар саарбаны сиппэттэр. Ол иһин хас биирдии булт күнэ күндү буолар, күн былдьаһыга.
Тугу сыыһа гыммытым буолла, туох аньыыны кэстэҕим, быйыл дьэ кыайтарбакка турар булт. Кыыл да табалары ыстаннартыыбын, улардары да сыыһа ытабын, эгэ ыттарым саарба ситиэхтэрэ дуо. Хата табаларым үчүгэйдик тураллар, биир да туора хаампакка, кутуруктаах аймаабакка этэҥҥэ этэ.
Хас киэһэ аайы рацияҕа чугастыы сытар булчуттары кытта кэпсэтэбин, тула бары бэркэ диэн сезону саҕалаабыттар. Хардьыгынас тыас быыһыгар:
– Бүгүн иккини аҕаллым! – диир Подкова 21.
– Биир саарба, биир кыыл! – үөрэр-көтөр Подкова 4.
– Киэҥ Үрэх, Киэҥ Үрэх, Валерка-Киэҥ Үрэх? – хос-хос Олонгоро ыйытар.
– Хайа, эмиэ мэлийдиҥ дуо? Санааҕын түһэримэ, тургутуу ити, – диир Олонгоро.
Кыбыста-кыбыста син сибээскэ тахсабын, кэпсэтэбин ону-маны: халлааны, ыттары, табалары, ким эрэ кими эрэ дьээбэлиир… Рация хойукка диэри оргуйа, сэһэргии турар. Түүҥҥэ диэри. Төһө да тэҥинэн сүүс киһи кэпсэттэр, син наадалаах киһигин булан кэпсэтэҕин, рация кэннэ киһи син сүргэтэ көтөҕүллэн, эмиэ сарсыҥҥа эрэллээх утуйаҕын.
Алтыс күн суһуктуйа сырдыыта, чэйдии охсоот табалыы ыстанным. Хата табаларым эмиэ чугас хоммуттар.
Мииннэрбин Мукучугу тутаат, ыттарбын сиэтэн саҥа эрэллээх хаамтардым. Эмиэ ааспыт күннэртэн уратыта суох курдук буолан истэ, систэн сиһи, кыра үрэхтэр бастарынан, баран иһэбин. Саарба саҥата[5] көстүбэт, өрдөөҕү суоллар эрэ, онно-манна биирдиилээн тоҥ сугун аһылыктаах улар көтөн тахсар, ыттарар бокуой биэрбэккэ көтө турар. Баччаларга эмиһэ бэрт буолан олох маска олорон биэрбэт.
Арай, биир бэс тумулу ааһан эрдэхпинэ, ыттар иккиэн салгын сымардаан дьүккүҥнээн бардылар. Мииннэрбиттэн ыстанан түһэн бастаатым, ыттары буойа-буойа. Бэрдээн ыркыйы туораабытым, субу иннибэр аҕай үөр кыыл таба ааспыт, суоллара бурхайа сытар. Ыттар олор сыттарын ылан тардыаласпыттар эбит. Тохтоон быһаарынным. Мииннэрбин өртөөн хааллардым, ыттары тус-туспа баайталаатым (кыыл табаны ытынан бултаммат – үөмэн, сатыы эрэ). Биир моһуогум диэн – эдэр ытым соҕотох хааллаҕына үрэн барааччы, инньэ гынна эрэ кыылларбын ыстаннартыыр дьэ. Албыннаан ындыыбыттан лэппиэскэ быраҕан биэрдим, онно аралдьыйар кэмигэр аа-дьуо бардым. Саатар карабины саарбалыырга сүгэ сылдьыбаппын, чэ, тозовканан да бултуур этим диэн, ботуруон эбэргэ сананным. Түөрт ботуруону буулдьаларын сэрэнэн туураҕын, төрдүс ботуруон буораҕын хаалбыт үс ботуруоҥҥа тэҥ гына үллэрэн кутаҕын уонна буулдьаларын төттөрү олордоҕун – ыга. Оччотугар уохтаах, кыыл уҥуоҕун дьөлө көтөр күүстээх ботуруоннар буолаллар. Үөрэннэххэ түргэнник оҥоһуллар дьыала.
Дьэ, инньэ гынаары мотурускабын[6] илиибинэн убахтаатым да… Оо, абалаах да буолар эбит! Олох да умнан кэлбиппин. Балааккабар киириигэ мутукка ыйаабыппынан оннук хаалбыт. Күнү быһа ботуруона суох бултуу сатыы сылдьыбыппын. Кыһыы бөҕө, бэйэбин эрэ буруйданабын, акаары, ыксаабыта буолан. Аны балааккабыттан номнуо көстөн ордугу тэйдэҕим дии, кыыл буоллар биир сиргэ турбат буоллаҕа. Дьээбэҕэ сиэптэрбин таптайан көрдүм, хата, дьолго биир ботуруон буллум, тозовка ботуруона кырата бэрт буолан суппуун сонум ис сиэбигэр кистэнэ сыппыта ырааппыт быһыылааҕа. Чэ, сииҥкэним мээнэҕэ ордорботоҕо буолуо диэн баран, онтукабынан ииттэн, кыылларбын салгыы ирдэстим. Өр-өтөр буолбакка кыла[7] үрдүтэн кыылларым аллараа киирдилэр. Оргууй үөмэн киирэн истим да, кэннибиттэн тыгар күнү учуоттаммаккабын аллараа, кыла анныгар сыппыт кыыллары ыстаннартаан кэбистим. Үөһэттэн түһэн иһэр күлүкпүн биэрэн үргүтэлээтэҕим ол. Кыра кэм икки ардыгар элэс-элэс ыстаҥалаһан хааллылар. Оо, карабиммын сүгэ сылдьыбытым буоллар кэннилэриттэн субурутан ытан хаалыам хааллаҕа. Абара сатыы туруом дуо, төнүннүм. Ыттарым араҕа сырыппыппын өйдөөбөтөхтөр. Дьэ доҕор, күн ыраатта, киирэрэ да чугаһаата диэммин, аллараа киирэн үрэҕи батан төннүүһүбүн диэтим. Уоспар биир эрэ ботуруоннааҕым да онно кыһайар, мастан маска ойо сылдьар саарбаны биирдэ ытан ылар эрэбилэ кыра.
Санаа эмиэ баттаан барда. Борук саба түһэн эрэр дуу, үрэх иһин хойуу харыйата хараҥардар дуу, саарба саҥа ойбут суолун өйдөөн көрбөккө хааллым. Кырдьаҕас ытым сыт ылан мииннэрбиттэн түҥнэрэ сыста.
Ойон түспүтүм, арычча бөһүөнэх соҕус суол кэллэ. Ытым бултуур баҕаттан олох ыстанаары дьүккүйэ турар. Эдэрим да үтүктэн сүгүн хаамтарыа суохтар.
Кырдьаҕаһы төлө тардан кэбистим. Бэйэм ойоҕолуу хайсан истим. Сири хаама сылдьар булчукка ыт үрэн баргыйара кулгааҕы сымнатар, долгутар муусуката буолар. Дьэ сотору үрүө, саарбаны ситэн ылан маска таһаарыа диэн иһиллии-иһиллии барсан истим. Эккирэтиспиттэрэ уһаата эрээри, син ыт сүтэрбэккэ сонордоон иһэр суола хаарга сурулла сытар. Ханна үрэрэ иһиллибэт. Үрэҕим баһыгар чугаһатан эрэбин, халлаан да хараҥаран эрэр, борук. Арай дьэ баҕалаах саҥам иһиллэн кэллэ, ыраах да буоллар, чуолкайдык үрэҕим олох баһыгар, ньиирэ[8] диэки. Уу чуумпу буолан үрэрэ ыраахха диэри иһиллэр. Эдэр ыты көмө буоллун диэн ыыттым, убайа үрэрин хоту ыстанна. Төһө да ыксаатарбын, быһа ыркыйа-лааҥкыта бэрт буолан, бытаан соҕустук иһэбин. Айыыларбыттан ааттаһабын, куоттарбатын эрэ диэн, эбиитин тиит маска таһаарбыт буоллун диэн.
Кэлбитим, өлүү түбэлтэлээх, улахан, киһи кыайан кууспат хойуу да хойуу лабаалардаах үрдүк харыйаҕа таһаарбыттар быһыылаах. Ыстанан тахса-тахса үрэллэр. Тиритэн-тиритэн баран, аны тоҥоору гынным. Харыйаны тула хаама сылдьан көрө сатыыбын да, саарба баара көстүбэт. Хантан көстүөй, бу үлүгэр хойуу лабаалар быыстарыгар кирийбит кыыл. Баҕар сиргэ, дүлүҥҥэ киллэрбиттэрэ буолаарай диэн суолларын көрө сатаатым да, барытын үлтү тэпсибиттэр.
Хараҥарда, ол гынан саарбабын быраҕар санаа суох, кыһыыта да бэрт. Ыйдаҥа да ааспыт кэмэ этэ, тымныы дьыбар күүһүрдэ, арай мииннэрим эрэ кыһаллыбакка утуйа сытар, охтоохтообут. Эмискэ убайым барахсан сүбэтэ өйбөр көтөн түһэн абыраата: «Улахан кутаа уотта арыый тэйиччи оттор буол, оччоҕо ол сырдыгар саарбаҥ харахтара көҕөрөн көстөн кэлиэ», – диирэ. «Уот оттору баҕас!» – диэтим да, чохорооммун хостоон мас кэрдэн бардым. Улахан үрдүк кутаа уот отууну отуннум, тула өттүм сырдыы түстэ, харыйабын одуулаһабын. Ыттар сүрэҕэлдьээтилэр дуу, сылайдылар дуу, харыйаларын анныгар сыталлар. Кырачаан олох да утуйбут.
Толкуйдуу түһээт, харыйа нөҥүө өттүгэр эмиэ уот отуннум. Бу сырыыга син өр бадьыыстастым, сырдыкка даҕаллыбыт харах хараҥаҕа балайданна. Төһө бириэмэ барда эбитэ буолла, хаптайан моонньум ыарыйда, одуулаһа сатаан баран, хонорум дуу диэн санаа көтөн түстэ. Ол мөхсө сылдьан эмискэ харыйа ортотун соҕус диэки лабаалар быыстарыгар икки харах кылбачыйарын көрдүм. Үөрдүм аҕай, араастаан чугаһаан да, тэйэн да көрүтэлээтим. Адьас кини харахтара быһыылаах, саарбачаан.
Уот сырдыга түспүт саһархай хаары саабынан кыҥаан көнөтүк туппутунан саарбабын кыҥыыбын. Мушкам да, целигым да саам уоһугар көстүбэт. Саабын санаабар көнөтүк туппутунан туох баар билэр-билбэт айыыларбар үҥэн баран ытаары оҥоһуннум. Биир эрэ түгэн, биир эрэ ытыы, биир эрэ буулдьа. Сыыһарбын саныахпын да баҕарбаппын, атыннык ылар кыах суох уонна бу саарбаны. Ыттым, тозовка «тас» эрэ гынна, таптым дуу, сыыстым дуу, кылбайар да харахтар көстүбэттэр, саарба өлөн түһэрэ да көстүбэт, ыараан ырдьыгыныыра да иһиллибэт. Төбөбөр туох да суох, туох да толкуй киирбэт. Мэлэччи көрөн иһиллээн турабын эрэ, арай икки мөлтөөн эрэр отууларга мас умайар тыаһа иһиллэр.
Тоҕо эрэ ыттар да үрбэттэр. Иһиллии турабын. Сиирэ-халты ыппытым буоллар, соһуйан өрө сүүрэн тахсар тыаһын ыттар истэн үрүө этилэр. Суох. Туох да суох.
Чэ, аны кэлэн харыйабын кэрдэр эрэ хаалла. Саа туһата бүттэ, чохороонум үлэтэ саҕаланна. Дьэ кини баҕас үлэттэн куттаммат. Ууга да түспүт бурааны хостуур, түүннэри хонугулуур маһы да кэрдэр, ыркыйга саҥа суол да солуур, чоҥкуну тоһута охсон силии да сиэтэр уол оҕото буоллаҕа.
Эттээх-сииннээх сымнаҕас мас, дьэ, өр кыайтарбата. Футболкабар тиийэ сыгынньахтаныахпар диэри кэртим. Төһө өр эбитэ буолла, аарыма халыҥ харыйа оҕунна.
Саарбабытын көрдөөн үһүөн арбаллыбыт лабаалар быыстарынан булкулла сылдьабыт. Өр буолбата, улахан ыт ырдьыгыныы-ырдьыгыныы тугу эрэ соскойдоон барда. Лабаалары хам баттаабытынан ойон тиийбитим, эһэлэрэ саарбаны убахтыыр эбит!
Оо, үөрүү-кыайыы өрөгөйө бу этэ. Хап-хара хойуу түүлээх, үрүҥ көмүс кырымахтаах улахан атыыр саарбачаан. Лоп курдук көрбүт сирбэр – хараҕын икки ардыгар табыллыбыт. Хата тириитин алдьаппакка кэтэҕинэн тахсыбыт, биир буулдьа.
Ыттарбын хайҕыы-хайҕыы, сыллаан ыла-ыла хомуннум, мииннэрбин кытта уураан соһуттум.
Кыайыы кынаттаах балааккам диэки ырыа ыллыы-ыллыы киирэн лэппэрдии турдум. Ырааппыт эбиппин. Санаабар халлаан илин өттө суһуктуйуох курдук. Тиийбитим, номнуо сарсыарда түөрт чаас буолбут. Оһох оттон балтараа чаанньык чэй иһэн баран охтон хааллым. Сарсыардааҥҥы алта аҥаардаах рация эфирин куоттарбыппын. Күнүс уон биир саҕана биирдэ турдум. Дьол!!! Хос-хос саарбабын хаабыттан ойутан таһааран көрөбүн, кырдьык дьэ, мааны кыыл.
Уон иккилээх рацияны холбообутум бүтүннүү дьахталлар кэпсэтиилэрэ, чум үлэһит, эрдэрин кытта бииргэ көһө сылдьан бултуур дьахталлар, эбэлэр элбэхтэр. Тыа ыарахан үлэтин эр дьону кытта тэҥҥэ үллэстэр барахсаттар кэпсээннэрэ элбэҕэ.
Сылаабын тарҕата манньыйа сыттым. Ол күн өрөөн, эмиэ мастаан, килиэп охсон, сарсыҥҥы көскө бэлэмнэнним. Ыалым, түөрт көстөөх сиртэн Элиэнчэ «Сиҥкэниҥ» аһылынна диэбитинии, дьэ төлө барда, ыга тутуспут сатабыла суох кэм ааста.
Кэлэр сарааннарбар дьон-дьон курдук күн аайы биирдии, иккилии – биэскэ тиийэ хара тыам мааны күндү түүлээҕэ бултана турда. Сорох-сорох дьону ситэн, орто бултаах, баһаам кыыл эттээх саҥа дьыл чугаһыгар аргыс булчуттары кытта караван буолан, үөрэн-көтөн алта уонча табанан бөһүөлэкпитигэр айаннаабыппыт.
1
Мииннэр – (түөлб.) миинэр таба.
2
Сүүрдүү – (түөлб.) бэриэччит табаларга көлүллэр чэпчэки сыарҕа.
3
Сараан – (түөлб.) көс сирэ, урут балаакка турбут сирэ.
4
Сииҥкэн – (эбэҥк.) Байанайдыын атылыы.
5
Саҥа – кыыл саҥа суола.
6
Мотуруска – (түөлб.) патронташ.
7
Кыла – (түөлб.) очуос.
8
Ньиирэ – (эбэҥк.) маар.