Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 154

НЬУРБА
САССЫАРДА ЭРДЭ…

Оглавление

Күндэ диэн сиргэ ойун көмүллүбүт. Хордоҕойго. Ону кэпсииллэр, сассыарда эрдэ, күн тахсыыта ууну киирэн чыпчырыйан иһэрэ үһү. Сыыллан киирэн. Сыыллан киирэр суолугар орох курдук суол хаалар эбит. Үс сайын уот баһаара буолбут да кини эрэ уҥуоҕун тумнубут. Онтон хойут умайбыт үһү диэбиттэрэ.

Владимир Иванович Саввинов (1941). Ньурба, Кугдаар. Лесхоз үлэһитэ. 1995 с. суруйбутум.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх