Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 156

НЬУРБА
ТҮҤ КЫЫҺА УДАҔАН

Оглавление

Кинини быһа ааттаабат эбиттэр. «Сир, халлаан түннүгэ» дииллэрэ. Арааһа, бу былаас буолбутун кэннэ өлбүтэ буолуохтаах. Балаҕаннаахха, Туобуйаттан 30 килэмиэтир сир ыккый ойуурга көмпүттэр. Кэлин дьоннор көрдөөн көрөн баран булбатахтар. Булларбат эбит. Көмүстээх көмүллүбүт.

Ыалдьа сыттаҕына, ийэ кута киирбит. Маҥан ыт буолан, орон анныгар. Түҥ Кыыһа эрдэ дьоннорун сэрэппит эбитэ үһү: «Ийэ кутум, маҥан ыт буолан, киириэҕэ. Наай диэҥҥит, үүрэн таһаараайаҕыт, – диэн. Ону истибэккэлэр, үөттүрэҕинэн үүрэн, таһырдьа таһаарбыттар. Ол аймахтара үксүлэрэ эстибиттэр. Өлөннөр, төбөлөрүнэн булкулланнар. Өлбүтүм кэннэ хос сиэним дьоллоох уол төрүөҕэ», – диэбит. Ол дьоллоох уолунан буолар Сидоров Михаил Афанасьевич, 6–8 оҕолоох буолуохтаах.

Николай Николаевич Мартынов-Соһор (1939). Ньурба, Омолдоон. Хоробой аҕатын ууһа. Үрдүк үөрэхтээх, учуутал. 1994 с. кэпсэппитим.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх