Читать книгу Эр киһи уонна дьахтар - - Страница 12
ЭР КИҺИ УОННА ДЬАХТАР
12
ОглавлениеИтинтэн ыла эмиэ сэттэ-аҕыс сыл ааста. Уларыта тутуу түҥ-таҥ быраҕаттааһына арыый аматыйан, олох кэм сүнньүн булуох курдук буолбута. Ханна кистэнэ сыппыта буолла – маҕаһыыннарга да, ырыынактарга да эт-ас, табаар арааһа биирдэ тоҕо тардыллыбыта. Харчылаах буоллуҥ да талбыт омук массыынатыттан саҕалаан, дыбарыаһыгар тиийэ тугу баҕарар атыылаһыаххын сөбө. Ол иһин дьоҥҥо-норуокка үҥэр Таҥаралара харчы буолбута, ханна да хачыгырас кумааҕылаах быраап, үптээх үөһэ сылдьар олоҕо кэлбитэ. Социализмҥа дьулуһар сырдык идеаллар умнуллубуттара, оччотооҕу кэми кими да тыыннарбакка ыга баттааһын, диктатура, репрессия үйэтэ этэ, оттон Сталины палач, Ленин да киниттэн ордуга суох хаанымсаҕа диэн үлүгэрдээхтик үөхсэр буолбуттара, социализм ситиһиилэрэ саба тэпсиллибиттэрэ, урукку олох бүтүннүү хара кыраасканан ньаҕайдаммыта, ол оннугар үтүмэн үбү үөгүлэтээччилэр – араас олигархтар, бэрик ылан көммүттэр өрөгөйдөөбүттэрэ.
Дойду үрдүнэн балкыырдаах хамсааһыннарга сөп түбэһиннэрэн, Уйбаныаптар олохторугар, хата, ситиһии өттүгэр иэҕэр уларыйыылар тахсыбыттара. Бэргэн университекка үөрэппит профессорын булан, кини мэктиэтинэн уонна салайыытынан, кэтэхтэн аспирантураҕа үөрэнэн, мунна-уоһа кэрдиллибит киһи сиэринэн, уталыппакка кандидатскай диссертациятын көмүскээбитэ, Сэбиэскэй кэмҥэ холоотоххо, учуонай буолуу арыый судургутуйбут буолан абыраабыта. Онон, эрэйэ суох аҕалара диссертацияны көмүскээһинэ дьиэ кэргэҥҥэ улахан үөрүүнү аҕалбыта. Хайа муҥун, аны бастара ханна батарынан, харабыл эҥин курдук үөтэтэ суох үлэнэн хамнастанан сордоно сатыыллара уурайдаҕа, аҕалара учуонай буолуута олохторун уйгута тупсарыгар инники диэки дьоһуннаах хардыынан буолбута – Бэргэн хайа дьыалаларын институтугар научнай үлэһитинэн киирэн, дьиэтэ суоҕун, учууталлар уопсайдарыгар олорорун учуоттаан уонна кэргэннээх, оҕолоох киһи быһыытынан аахсан, хайа эрэ улахан учуонай саҥа тутуллубут дьиэҕэ көспүтүгэр, кини панельнай дьиэҕэ эргэ үс хостоох квартиратын ылаҕыт дуо диэбиттэрин, үөрэ-көтө ытыстарын үрдүгэр түһэрбиттэрэ.
Судаарыстыбаттан босхо дьиэҕэ кинилэр бүтэһигинэн тииһинэн хаалбыттар эбит, онтон ыла квартиралар наар атыыланар айдааннара үөскээн, дьоннор ипотекаҕа киирэллэр, субсидия ылаллар, тыаҕа сопхуостар ыһылланнар, киһи аайы үлэ көстүбэт буолан, дьиэлэрин, массыыналарын эҥин атыылыы-атыылыы куоракка дьиэ атыылаһан киирии хойдубута. Онон Бэргэннээх куорат таһынааҕы дэриэбинэттэн куоракка көспүттэрэ, Ксеньяны дьиэлэрин аттыларынааҕы поликлиникаҕа сиэстэрэнэн ылыбыттара. Уоллара Эллээйчик үрдүк уҥуохтаах, имигэс быһыылаах-таһаалаах, хоту дойду киһитэ Русланы батан бааһынайдыы ыраас хааннаах, долгулдьуйар куудара баттахтаах, номоҕон дьүһүннээх уол буолбута. Кыра сылдьан, уларыта сылдьан араас секцияларга күүһүн холонон көрбүтэ – мэһэйдээх сирдэргэ сүүрүүнэн (ориентированиенан), футболунан, чэпчэки атлетиканан, тустуунан. Итилэргэ өр буолабакка, быраҕан иһэрэ, кэлин дьэ бэйэтэ сөбүлүүр идэтин булбута – оскуоланы бүтэриэр диэри боксанан дьарыктаммыта. Ийэтэ соҕотох оҕотун эчэтиэхтэрэ диэн тохтото, бобо-хаайа сатаабытын, Бэргэн уолун өйөөн турбута:
– Эр киһи бэйэтин көмүскэнэр буолуохтаах, хаһааҥҥа диэри дьууппаҕынан хаххалаан илдьэ сылдьаары гынаҕын?
Уоллара биирдэ оҕолорго куорат «Спартагар» бириистээх миэстэҕэ тиксэн, үөрэн-көтөн грамоталаах кэлиэҕиттэн ыла, Ксенья уолун буойбат буолбута: «Тэҥнээхтэриттэн хаалсыбат буоллаҕына үчүгэй, биһиги, ийэлээх аҕата, үйэбит тухары араҥаччылыы сылдьыбаппыт чахчы, онон бэйэтэ кыһалҕаттан тахсарга, уустук боппуруостары кимэхэ да сэлээннээбэккэ быһаарса үөрэннин», – дии санаабыта.
Ону сэргэ, били төрүү илигинэ, ийэтин иһигэр сырыттаҕына, Дина төрөөрү сытан Левитан альбомун көрүүтүн сабыдыала эбит дуу – олус үчүгэйдик уруһуйдуура. Онон, оскуоланы бүтэрэригэр спортивнайга дуу, худуоһунньук үөрэҕэр киирэрэ дуу диэбиттэрэ: «Мин аҕам курдук геолог буолабын», – диэн бэйэтэ быһааран, университекка геологтары үөрэтэр хайа дьыалатын салаатыгар ситиһиилээхик туттарсан, устудьуоннаан бастакы кууруһу бүтэрэн эрэрэ.
Онон, кинилэр куоракка бигэтик олохсуйдулар, саҥа атастар-доҕоттор да баар буоллулар, арай маҥнай кэлэн биирдэ соһуччу ыалдьыттыахтарыттан ыла, Диналарын кытта таһыччы сүтэрсибиттэрэ. Эрэ Карп бүүс-бүтүннүү бизнескэ баран, аата-суола олох иһиллибэт буолбута, үһү-таамах курдук, «омук сиригэр сылаас муора кытыытыгар сынньаналлар, Москваҕа квартира атыыласпыттар, байан-тайан сүрдэммиттэр» эҥин диэн кэпсээн тарҕанара. Оттон ис дьиҥин ким да билбэтэ – ити дьонуҥ норуот олоҕо ыараханын көрө сылдьан, «эргиэн кистэлэҥэ» диэн ааттаан, үлэлэрин, ситиһиилэрин кэпсии-ипсии сылдьыбаттар, кинилэри сырдаталларын, дьоҥҥо-сэргэҕэ баайдарын-дуолларын биллэрэри, онон өҥнөллөрүн абааһы көрөллөр. Сураҕын иһиттэххэ, Карп Москваҕа көһүөххэ диирин Дината сөбүлэспэт үһү, тоҕо диэтэххэ, урукку дьүөгэлэрэ Дина уопсастыбаҕа суолталанар дьыалаларынан дьарыктанан, киэҥник биллэн барбыта, хаһыаттарга сотору-сотору тахсара, араадьыйаттан-тэлэбиисэртэн түспэт буолбута.
Оттон Эллээйчик тэлэбиисэргэ элэҥниир дьахтар кини ийэтэ буоларын букатын сэрэйбэккэ, үөрэҕин түбүгүттэн ордубата, онтон ураты биир суолга сүрэхтиин-быардыын ыллара сылдьара – хаһан да, ханна да, кими даҕаны мүччү түһэрбэтэх таптал таарымтатыгар ылларбыта.
Үөһэ баар Үрдүк Айыылар дьээбэлэнэллэрэ дуу эбэтэр кинилэр дьиэ кэргэҥҥэ итинник ньыманан билсиһэр суолу тобулбута дуу – сүүрбэччэ сыллааҕыта аҕата Бэргэн Ксеньялыын көрсүбүтүн курдук, эмиэ куорат пааркатыгар ол кыыһы аан маҥнай көрбүтэ.
Университекка киириэҕиттэн Эллэй бииргэ үөрэнэр уола, Ньурбаттан төрүттээх-уустаах, азербайджан уонна саха омуктар булкадаһыктара буолан сүрдээх сытыы-хотуу, хайыы-үйэ бэйэтэ бас билэр, эргэ да буоллар, «Мицубиси Диамант» массыыналаах Рафиктыын доҕордоһоллоро, ханна баҕарар бииргэ сылдьаллара.
Бастакы кууруһу бүтэрбиттэрин кэнниттэн Рафик эттэ:
– Эллэй, үөрэх бүттэ, аны сынньана түһүөххэ, пааркаҕа бара сылдьыахха, кыыс эрэ онно кыйма курдук элбэх, иккиэн биир эмэ паараны булан хайытыахпыт уонна, баҕар, тыаҕа тахсан шашлыктыахпыт эбэтэр куоракка хааталыахпыт, табаарыстарым – дьиэлээх уолаттар элбэхтэр, массыынанан ханна баҕарар тиийиэхпит.
Эллэй биир тылы утары эппэккэ сөбүлэспитэ.
Куйаас күн этэ, сайыҥҥы пааркаҕа саҥа тыллыбыт мутукча дабаххай сытыныын холбоһон, уратытык дыргыйара. Араас хачыалларга, үөһэттэн анаарар иигэ эбэтэр дьон «абааһы көлүөһэтэ» диэн ааттааччыларыгар, «көтөр тэриэлкэҕэ» дьон уочараттаан тураллара. Сиэх быһаҕас ырбаахыны кытта джинсынан сылдьар Эллэйдээх Рафик түөстэрин мөтөтөн, тула аалыҥнаһар кыргыттарга адьас да кыһаллыбат курдук асфальт суолунан маҥан өҥнөөх «Адидас» кроссовкаларынан сиртэн-буортан тэйиэхтии чэпчэкитик хааман, аллея устун көтөн-мөҕөн иһэллэр. Ол кэмҥэ:
– Рафик! – диэн соһумар хаһыыны кытта кыргыттар бөлөхтөрүттэн эмиэ джинсылаах, саһархай куоптатыгар баттаҕын ыһан кэбиспит орто уҥуохтаах этиргэн кыыс ойон тахсан, кыһыл көмүс бөҕөхтөөх мотоҕоно курдук суон харыларынан Рафик моонньугар иилистибитэ, уола быдан үрдүк буолан, ыйаастан турара уонна атаҕын төбөтүгэр тура-тура иэдэһиттэн уураан чобурҕатта.
– Оо, Катя-Катерина! – Рафик да үөрдэ быһыылаах, хардары уураан ылла. – Хайа бу хантан көһүннүҥ? Питергэ үөрэнэр этиҥ буолбат дуо?
– Бу уол даҕаны! Бүтүн сылы быһа көрсүбэтэхпит уонна ити баар! Адьас бэҕэһээ арахсыбыт курдук, арахсыахтан бүтүн сыл ааста, сайын буолла дии, каникул диэн баар ээ!
– Ээ, суох, соһуйбучча эттим, – Рафик кулук-халык буолла, онтон аргыһын көрөн, быыһанар сирим бу баар эбит диэбиттии, даллах гынна, – оттон бу – Эллэй, бииргэ үөрэнэбит, Эллэй, билис – оскуолаҕа биирэ үөрэммит кыыһым Катя.
– Олус үчүгэй, – дии түстэ онуоха кыыс, – ээ, арба, биһиги эмиэ иккиэбит, бу мин Питергэ бииргэ үөрэнэр дьүөгэм Алена.
Уолаттар онно эрэ кулуһун курдук көбүс-көнө, от күөҕэ былаачыйатын аһаҕас уолугунан маҥан эмиийин куоһахтара көстөр, өрүммүт хара суһуоҕун түөһүгэр намылыппыт, саха кыыһыгар үрдүк уҥуохтаах кыыс кыргыттартан арыый бэттэх турарын көрө түстүлэр. Алена аатын истэн, кинилэр диэки атыллаата уонна сүгүрүс гынна, эмпэрэ хара харахтар Эллэйгэ хатанан аастылар, толлойбут уоһун сэгэтэн, мүчүк гынан ылла.
Оок-сиэ, доҕоттоор! Маҥнай көрүүттэн таптал баар дииллэрэ чахчы эбит! Бу иннинэ Эллэй кыргыттарга сөбүлэтэрин билэрэ, бырааһынньыктарга араас эрийсии, сымнаабыт-сылаанньыйбыт кыргыттардыын муннукка-ханныкка тутуһуу-хабыһыы, уураһыы-сыллаһыы да ханна барыай?! Ол иһин, аахайбат курдук Рафиктаах көрсүһүүлэрин, үөрэллэрин-көтөллөрүн одуулаһа туран, бу сэмэйдик туттар Алена биир көрүүтүттэн соҕотохто сүрэҕэ мөхсө түстэ. Хайдахтаах үчүгэй кыыһый! Муода көрдөрөөччү кыраһаабысса кыргыттар хаамар үрдэллэриттэн түһэн кэлбиттии, дьылыгырас быһыылаах-таһаалаах, оройунан саастаан ньалҕаарыччы тарааммыт баттаҕа чанчыгар намылыйбытын аннынан ыас хара харахтарынан болҕомтолоохтук уонна таайтарыылаахтык одуулаһара, кырааска сыстыбатах уоһа-тииһэ, сэмэйдик уонна дьоһуннук туттара үчүгэйин!
– Чэ эрэ, доҕоттоор, маҥнай аттракциоҥҥа сылдьыаҕыҥ, – Рафик хамандыыр киэбин ылыммыт чинчилээх.
– Уой, мин үөрүүнү кытта! – дии оҕуста Катя, итиэннэ булгуччулаах быһаарыыны ылыммыт киһи сиэринэн, Рафик тоҥолоҕуттан тутуста, – бардыбыт!
Ол курдук хоннохторун анныттан ылсан бастаатылар, оттон Эллэйдээх Алена кинилэр кэннилэриттэн сэргэстэһэ хаамыстылар. Уол бу остуоруйаттан түһэн кэлбиттии дьикти үчүгэй кыыстыын тэҥҥэ үктээн иһэриттэн долгуйан, бэлэһэ хатта, сүрэҕэ мөхсөн хараҕа ирим-дьирим буолла. Иһигэр маннык кэрэ барахсанныын бииргэ барар кыаҕы биэрбит Катяҕа махтана санаата, ол эрээри Катяҕа Рафиктан атын ким да наадата суох быһыылаах, төбөтүн уол санныгар нуоҕатан, бокуойа суох кэпсиир-ипсиир.
Эллэй көхсүн этитэн, күөмэйин чөллөрүттэ уонна кэмниэ-кэнэҕэс кыыстан ыйытан, титирэс саҥатын бэйэтэ арыычча иһиттэ:
– Хайа, Питергэ төһө үчүгэйий?
Хата кыыһа иҥнэн-толлон турбакка кэпсэтэр киһи буолла:
– Халлаана уустук. Сайынын наар ардыыр, оттон кыһын инчэҕэй хаар быыстала суох түһэр, ол салгытар, оттон дьоно-сэргэтэ судургулар, москвичтар курдук киэбирбэттэр. Олус сөбүлээн үөрэнэбин.
– Ханныкка үөрэнэҕин?
– Профсоюз университетыгар.
– Оттон факультетыҥ?
– Юридическай.
– Оо, сүрдээх наадалаах идэҕэ үөрэнэр эбикккин дии, – Эллэй кэм уоскуйан, ону-маны арааран өйдүүр буолла, онон кыыһы хайгыыр түгэни мүччү түспэтэ, – билигин сокуону билбэт киһи сатаан олорбот үйэтэ.
– Оннук буолуо да, юристар уонна экономистар наһаа элбээннэр, саҥа бүтэрбиттэр Дьокуускайга ханна да сатаан үлэ булбакка сылдьаллар, оттон эн тугу гынаҕын – үлэлиигин дуу, үөрэнэҕин дуу?
– Үөрэнэбин, маннааҕы университекка геологическайга.
– Тыый! Хата, эйиэнэ наһаа кэскиллээх идэ эбит дии, Саха сирин билиҥҥитэ да, кэскилэ да геологияттан тутулуктаах, республика үбүн-аһын бүтүннүүтүн кэриэтэ хааччыйар саамай улахан хампаанньаны АЛРОСА-ны да ылан көр.
Кыыс кини үөрэҕин хайҕаабытыттан Эллэй эгди буолла, ол иһин эгэ-дьаҕа хоруйдаата:
– Оок-сиэ, юрист диэх курдук, барытын билэҕин.
– Итиннэ киһи билэ сатыыра туох баарый? АЛРОСА республикаҕа суолтатын туһунан күн аайы кэпсииллэр дии, – диэн кыыс хайдах эрэ сөбүлээбэтэхтии эппитигэр, Эллэй ыксаата: «Сатаан кэпсэтимээри гынным, хайҕалым күлүү гыммыт курдук буолан таҕыста дуу тугуй?» Ол кэмҥэ инники иһээччилэрэ «абааһы көлүөһэтин» аттыгар тохтоотулар.
– Мантан саҕалыыбыт дуо? – диэн Катя ыйытта.
– Маҥнай куораппытын үөһэттэн дуоһуйа-астына көрүөҕүҥ, – Рафик ким да хоруйдуон икки ардыгар билиэттэри ыла охсон, иккитин Эллэйдээххэ биэрдэ уонна кый халлаанынан эргийэр улахан ии ыскамыайкалара аллара намтаан, субуһан ааһалларыттан бииригэр Катятынаан сиэттиһэн киирэ оҕустулар.
Эллэй үрдүккэ тахсарын оҕо эрдэҕиттэн абааһы көрөрө, мэйиитэ эргийэрэ, уҥуоҕа кыйыттара, үлтү түһүөххэ дылыта, «синим биир!» диэн баран аллара ыстанан кэбиһиэн саныыра. Ол эрээри бу сырыыга кэрэ кыыс иннигэр хайдах мөлтөх киһи курдук көстүөй? Атын ыскамыайка хачайдана кыыкырдатан кэлбитигэр, Аленалыын утарыта олорунан кэбистилэр. Дьэ дьикти! Үрдүктэн салыбырас буолуор дылы саллар бэйэтэ куттал диэни туура умунна, үөһэттэн аллара сири көрбөт даҕаны, хараҕар Алена эрэ алыптаах кэрэ мөссүөнэ, маҥан эмиийдэрин куоһаахтара көстөр толору түөһүгэр түһэрбит суһуоҕа мөхсөрө, сэгэспит уостарын быыһынан хоруоҥка көмүс тиистэрэ күлүмүрдэһэ, ыас хара харахтара тырымнаһа, аллара паарка иһин, куорат дьиэлэрин сонурҕуу умсугуйа одуулаһара… Алена барахсан иннигэр мичээрдии, үөрэ-көтө олордун, Эллэй үйэтин да тухары бу халлааҥҥа харбаһа-харбаһа сыыйа намтыыр иигэ эргичийэргэ бэлэм!
– Эс, хайдах эрэ астыга суох, «көтөр тэриэлкэҕэ» барыаҕыҥ, – диэтэ Рафиктара ииттэн бүппүттэригэр, – дьэ онно жестко көтүтүөҕэ.
Уонча киһи киирэн, кыараҕас төгүрүк «тэриэлкэни» кыйа сэргэстэһэ олордулар, атына эбитэ буоллар, кый-бырах тамнаан кэбиһиэххэ айылаах тэйбэҥнииригэр эпсэн, иирбиттии кулахачытар тэрилгэ Эллэй туох да иһин олоруо суох этэ, оттон кыбычыын «тэриэлкэҕэ» Алена уҥа илиитин үрдүгэр ытыһын уурар, иккис илиитинэн кинини кууһан олорон үөрэн тугу барытын умунна – маннык синньигэс биили ыбылы тутан олоруу кэнниттэн орто дойду олоҕуттан ууратабыт да диэтэхтэринэ, сөбүлэһиэх курдук туруктааҕа.
Кыыс эдэр эрчимнээх тыгынас этин-сиинин кууһан олорон, Эллэй хаста эргийбиттэрин, төһө үөһэ-аллара тэйбэҥнээбиттэрин билбэт, сүрэҕэ дьоллонуу иэйиититтэн дьып-дьырылас, сүһүөҕэ мөҕөр, салгын тиийбэт курдук барыта ип-итиинэн сырайбахтыыр. «Тэриэлкэттэн» тахсалларыгар уол мэйиитэ эргийэн ыларыттан эрэ кини курдук үрдүктэн, күүскэ хамсаныыттан саллар киһи алдьархайдаах көтүүгэ, эргичитиигэ киирэн тахсыбытын өйдөөтө, ол эрээри ону барытын баһыйа Аленаны «миэнэ эрэ» диирдии кууспут үөрүүтүн өйдөбүлэ саба халыйда.
Рафиктара «жесткай» аттракцион кэнниттэн атын хачыал эҥин курдук мөлтөхтөргө барыан баҕарбата быһыылаах, бастаан хааман иһэн кинилэргэ хайыста:
– Чэ, аттракцион программата бүттүн, атын этии баар – билигин хааталыаххайыҥ, үҥкүүлүөхпүт, пиибэлиэхпит. Вороной конек паарка айаҕар кэтэһэн турар, хаатаны да булуохпут.
– Конечно! Бачча үчүгэйгэ дьаарбайан, оонньоон-көрүлээн хаалыаҕыҥ! – ким хайа иннинэ Катя бу этиини биһирээтэ. – Оннук дии, Алена?
Алена хардарбата, арай саҥата суох Эллэй диэки көрөн кэбиспитигэр, биирдэрэ наһаа өрүкүнэйэн маннык сэмэй кыыһы куттуом, өһүргэтиэм дуо диэн, быһаарыыта суох эҥээриттэ:
– Сөп буолуо.
Паарка иннигэр хара лааҕынан килбэчийэр «Волга» курдук багдайбыт улахан «Мицубисига» киирэн олордулар, Эллэй Аленаны кытта кэлин олбоххо. Күн уотуттан асфальт иэнэ килэрийэр, өрөбүл күн буолан дуу – массыына сэдэх соҕус, онон иччитэх кэриэтэ уулуссанан массыына чэпчэкитик сүүрэн сырылатта, аара ас маҕаһыыныгар тохтоотулар, Рафик таҕыста, спортивнай суумканы быатыттан санныгар иилинэ быраҕынна:
– Кыргыттар, эһиги олоруҥ, табаарыспынаан ас ылыахпыт, – ону истээт, Эллэй таһырдьа баар буола оҕуста.
Киирэн, үрүҥ-кыһыл арыгыны, пиибэни, халбаһыыны, фруктаны эҥин ыла сылдьан Рафик киҥинэйдэ:
– Чэ, бэркэ ити кыргыттарга түбэстибит. Катялыын оскуолаҕа сылдьыахтан олох чугаспыт, онон, сахалар этэллэринии – өтөхпүн хаардыыр буоллум. Эн да олох туормастаныма, Аленаны харса суох атаакалаа, кыргыттар оннугу сөбүлүүллэр – шашки наголо и вперед! Соҕуруу дойдуга үөрэнэр барахсаттар таптал дьыалатыгар эн биһиккиттэн элбэҕи билэллэрэ буолуо.
Ити тыллар Эллэй тириитин таһынан киирдилэр да, тугу да саҥарбата. Кырдьык, бу иннинэ да кыргыттары кытта көр-күлүү курдук билсэрэ эрээри, ол барыта мэниктээһин, туох да куһаҕан содула суох оонньоһуу эрэ этэ. Оттон Аленаны? Кэбиис-кэбис, хайдах итинник саҥарар табыллыай? Ааттыын остуоруйа кыыһа буоллаҕа, маннык кэрэчээни «шашки наголо» дии сылдьан үргүтэн-хоргутан куоттаран кэбистэҕинэ, үйэтин тухары бэйэтин бырастыы гыныа суоҕа. Ити кэмҥэ сотовай төлөпүөнэ тырылыы түстэ. Арыйбыта – ийэтин нүөмэрэ сырдыыр.
– Тоойуом, хайа хаһан дьиэҕэр кэлэҕин?
– Биһиги кууруһунан үөрэх бүппүтүн бэлиэтиибит, – диэтэ Эллэй, ийэтэ Рафигы иһигэр киллэрбэтин билэр буолан, кинилиин сылдьабыт диэҕин кэрэйдэ. – Эн долгуйума, куттаныма, хойутаан да тиийиэҕим.
– Квартираҕа бырааһынньыктыыгыт дуо?
– Ээ.
– Түүн сатыы кэлэ сатаама, күлүгээттэргэ түбэһиэҥ, таксита ылаар.
– Ийээ, барыта үчүгэй буолуо, манна бииргэ үөрэнэр оҕолорум элбэхпит ээ.
– Чэ, кытаат, сыллыай, олох хойутаатаххына хоно хаалаар, түүн соҕотоҕун эрэ сылдьыма.
– Сөп-сөп, ийээ.
Төлөпүөнүн куругар иилинэ сылдьар хаатыгар угарыгар түүн төһө баҕарар хойукка диэри бырааһынньыктыырга көҥүл ыллым уонна кыргыттары кытта бииргэ сырыттахпытына буолбакка, туспа сылдьар кэммэр ийэм эрийдэ ээ диэн астына сатаата. Ити кэпсэтиини истибиттэрэ буоллар, ийэтин көрүүтүттэн-харайыытыттан тахса илик «маама оҕото» диэн саныахтар этэ.
Атыыласпыттарын кумааҕы дьааһыкка хаалаан, маҕаһыынтан таҕыстылар. Инники аһаҕас түннүгүнэн Катя мичээрдиир, оттон кэнникинэн Алена «туох-туох дьоҥҥо түбэстим?» диирдии, сүр боччумнаахтык одууласпыт. Дьааһыктарын массыына багажнигар уктулар уонна киирэн олороллорун кытта Рафик саҥата дьабаарыйда: