Читать книгу Эр киһи уонна дьахтар - - Страница 9
ЭР КИҺИ УОННА ДЬАХТАР
9
ОглавлениеСубуоталара бу тиийэн кэллэ. Дина кэргэниниин маҥнай билсэргэ тугу илдьэллэрин толкуйдаан бараннар, көмүс солотуулаах икки үрүүмкэни бэлэхтиирдии быһаарыннылар, сыаната наһаа ыарахан да буолбатар, көстүүлэрэ үчүгэйдэр. Субуотаҕа үөрэҕин кэннитэн Эллэйдэрин Бэргэн таайа аахха хааллардылар, эбиэт чугаһыгар суоппар бу сырыыга судургу соҕус «Тойота» массыынанан кэллэ. Хатыҥ Үрэххэ асфальт суолунан тиийэннэр, туох да көстүбэт гына тимир лииһинэн ыга саайыллыбыт олбуордаах дьиэ ааныгар тохтоотулар. Бэстэри быыстарынан икки мэндиэмэннээх кирпииччэ дьиэ кытарымтыйан көстөр. Олбуор айаҕар «Осторожно! Злая собака!» диэн суруктаах. Суоппар кэлииккэ чанчыгар баар звоногу баттаабытыгар автоматическай күлүүс тыаһа халыр гынна уонна домофонтан дьахтар саҥата иһилиннэ: «Астым».
Иһирдьэ киирбиттэригэр, сыап кылыгыраата да, улахан ыт аһыыта килэйбитинэн, ардырҕаабытынан сүүрэн кэлэн иһэн, суоппар буойбутугар, кинини билэн, кутуругун куймаҥната-куймаҥната нуучча остуоруйатыгар баар дьиэҕэ маарыннатан оҥоһуллубут, түннүгүн, аанын хаптаһын бүүрүктэрэ киэргэтэ быһан оҥоһуллубут кыһыл-күөх кырааскалаах уйатыгар төттөрү барда. Кэлииккэ ааныттан ыла тротуар – түөрт муннуктаах билииккэлэр тэлгэтиллибиттэригэр тиит көтөҕөтө таммалаабыт. Дьиэ сүрдээх улахан эбит, тыа кулуубуттан итэҕэһэ суох быһыылаах, олбуор иһигэр эбии дьиэлэр, гаражтар, баанньык, бу тутуулары барытын гааһынан сылытар хочуолунай бааллар.
Бүтүннүү өстүөкүлэ таас улахан күүлэни уҥуордаан дьиэҕэ киирбиттэригэр, будьурхай уһун баттаҕын саннын байаатыгар ыспыт, маҥан эмиийдэрин куоһааҕа көстөр аһаҕас уолуктаах хараҥа былаачыйалаах Дина кыламаннара тэрбэһэн, арылыччы көрбүтүнэн кэлэн, Ксеньяны кууһа түһэн, уураан ылла:
– Дьүөгэм, маладьыас, хата ханна да атын сиргэ барбатаххыт, дорообо, Бэргэн.
– Бу эһиэхэ, – Ксенья хоруопкалаах үрүүмкэлэри туттарыбытын Дина аһан көрөөт, хаһан да итинник үчүгэйи көрбөтөх курдук «уой-аай» бөҕөтүн түһэрдэ (Бэргэн иһигэр: «Ильф, Петров хоһуйбут Эллочка-людоедкатыгар дылы буолан», – дии санаата), баай, кыахтаах дьахтар итинник омуннаахтык үөрбүтүттэн ыалдьыттар эгди буоллулар, Дина онтон кинилэри иһирдьэ ыҥырда:
– Баһыыбаларыҥ, чэ, ааһыҥ, табаарыстарбыт кэлитэлээбиттэрэ…
Өссө икки хас хоһу ааһан, бүтүннүү от күөҕэ өҥнөөх киэҥ саалаҕа киирдилэр, хоһу тилэри халыҥ сымнаҕас көбүөр тэлгэммит, биэс-алта нуучча-саха эр дьон бинсээктэрин устан, хос ортотугар турар улахан бильярдыыр остуолу тула көтө сылдьан, шариктары охсуолаан оонньууллар, кинилэр холоонноох доҕотторо быһыылаах – мааны дьахталлар дьыбааҥҥа олорон, бэрт килбэчийбит-чаҕылыйбыт өҥнөөх ойуулардаах сурунааллары арыйталаан көрөллөр, саҥа ыалдьыттар киирбиттэригэр, харахтара кинилэргэ буолла.
– Карп, – диэн Дина ыҥырбытыгар, кыыдаа маҥан баттахтаах, атыттар хаалтыстаах буоллахтарына, уолуга аһаҕас ырбаахынан нэлэлдьийэ-хотолдьуйа сылдьар дьиэлээх киһи тиийэн кэллэ.
– Бу билсэн кэбис, мин устудьуон сыллартан табаарыстарым – дьүөгэм Ксенья уонна кини кэргэнэ Бэргэн.
Кырдьаҕас киһи кинилэргэ лобуой курдук эттээх эрээри, сып-сымнаҕас ытыһын туттарда:
– Карп…
– Чэ, Карп, саҕалыырбыт дуу, ыалдьыттар бары муһуннулар.
– Сөп-сөп, мин билигин… – хаһаайын бинсээгин олоппос өйөнөрүгэр кэтэрдибитин ылла, моонньугар үрүмэччилии быһыылаах хаалтыһын иилиннэ уонна халыҥ ытыстарын лобурҕаччы охсунна:
– Чэ, доҕоттоор, болҕойуҥ, билигин үөһэ саалаҕа тахсан, кылгас эҕэрдэ кэнсиэри истиэҕиҥ, – диэбитигэр, ону эрэ күүтэн турбуттуу, бары бинсээктэрин кэтэ-кэтэ, дьыбааҥҥа олорор дьахталларыгар чугаһаатылар.
Билбэт дьонун ортотугар өр моруу буолбакка, атын хоско тахсалларыттан үөрбүт курдук Бэргэннээх хап-сабар киһилэрин батыһан, дуобат курдук чочуонайдык оҥоһуллубут өйөнөрдөөх, саһархай кыраасканан лаахтаммыт эрийии кирилиэс көпсөркөй көбүөр тэлгэммит үктэллэринэн иккис этээскэ дабайдылар. Эмиэ киэҥ хоһу ааһан, сымнаҕас кириэһилэлэр хас да эрээтинэн кэккэлээбит саалаларыгар киирдилэр, дьоҕус сцена, кэтэҕэр «Встреча друзей» диэн сурук ыйаммыт кэтит хаптаҕай экраҥҥа сырдаабыт, быһата, тыйаатыр кыра саалатын курдук. Ыал дьиэтин иһигэр сценаны, сааланы хаһан да көрбөтөх буолан, Бэргэннээх дьиктиргээн эргичиҥнээтилэр, оттон ыалдьыттар сылдьа үөрэммит сирдэрэ быһыылаах – киирэн инники эрээккэ хоноспуттарыгар, биһиги дьоммут кэлин турар олоппосторго олордулар, ол кэмҥэ экраҥҥа хартыынаттан хартыыналар солбуһан киинэ өҥнөөх кадрдара элэҥнэһэн бардылар, түөһүгэр депутатскай значоктаах киһи трибунаттан этэн-тыынан кэҕийэ турар, ону пальмалар, күөх муора, крокодиллар ынырык айахтарын аппаҥнатан ардай аһыылара килэҥнэһэ солбуйдулар, килэриспит-молоруспут хайа эрэ Африка биис ууһун дьонун ортолоругар саха киһитэ омуктар нэлэкилэрин эринэ тардынан, төбөтүгэр туох эрэ куорсуннардаах бэргэһэни анньынан, илиитигэр үҥүү тутан, үөрэ-көтө турар, аны Республика Президенэ кими эрэ кытта эйэ дэмнээхтик кэпсэтэр, онтон булчуттар таас хайа үрдүгэр аһыы олороллор, бултарын – хас да чубукуну хаарга тэлгэппиттэр, аны ыһыах быһыылаах – бары сахалыы таҥастаахтар, оһуохайга хааман хотолдьута сылдьаллар. Мааны ыалдьыттар киинэни көрө-көрө үөрдүлэр-көттүлэр:
– Хайа, ити эйигин хаһан түһэрбиттэрэй?
– Африка ханнык дойдутай?
– Чубукулары кыайбыккыт, Дьааҥы хайалара дуу?
Киинэ бүттэ, экран умулларын кытта дьиэлээх хаһаайын Карп сцена үөһэ баар буола түстэ уонна артыыстардыы хаҥас илиитин тарбахтарын бинсээгин эҥээригэр батары анньан баран, аҕыйах тылы эттэ:
– Биһиги күндү доҕотторбутун көрсүһэр күҥҥэ маҥнай бэрт кыратык уруккуну санатар түгэннэри көрдөрдүбүт, эмиэ саҥаттан дьиэҕэ-уокка наллаан сынньанар субуота үүммүтүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит уонна эһиэхэ анаан, саха эстрадатын «сулустарын» күүһүнэн эҕэрдэ кэнсиэри саҕалыыбыт. Мантан ыла тылы ылар биллиилээх конферансье уонна диджей Куллугуратыы Куонаан, кини салайан ыытыа.
Хаһаайын саҥатын дорҕооно да сүтэ илигинэ, хантан эрэ баар буола охсубут муус маҥан көстүүмнээх хатыҥыр эдэр киһи кирилиэскэ наадыйбакка, сценаҕа биир ыстаныынан эрчимнээхтик ойон тахсан, кытарбыт хобордооххо үктэммиттии, биир сиргэ таба турбакка тэйиэккэлии сылдьан, маҥнай уустаан-ураннаан эҕэрдэлээтэ, бэрт элбэх үчүгэйи, ол иһигэр үрүйэ уутунуу үллэ турар үгүс үптээх буолалларыгар баҕарда уонна биллэрэн чоргутта:
– Билигин кэнсиэрбитин саҕалыыбыт – эстрада сулуһа Туналҕана Куо, дохсун ытыс тыаһынан көрсөбүт!
Бэргэн маны көрөн олорон, сүрдээҕин дьиктиргээтэ – эстрада ырыаһыттарын тыйаатыр сценатыгар хам-түм көрөр эбит буоллаҕына, ол дьоно чааһынай киһи ыҥырыытынан кэллэхтэрэ, оок-сиэ, харчы баар буоллаҕына, тугу баҕарар оҥоруохха сөп үйэтигэр үктэннэхтэрэ. Түргэнник да хаппыталыысым дойдутугар кубулуйа оҕустулар, бу артыыстар барахсаттары туох диэн буруйдуоҥуй, хамнастара быыкаайык, ол иһин аҕыйах да солкуобайы эбинэр баҕаттан, кыһалҕаттан араас бырааһынньыктарга кыттан эрдэхтэрэ.
Оттон үп-харчы эргийэр тымырдарын тутан олорооччу тойотторго билигин сиэр-майгы, чиэһинэй быһыы, сэмэй буолуу диэн өйдөбүллэр ыраах быраҕыллан, быылынан-буорунан сабыллан эрэллэр быһыылаах, Москваттан саҕалаан, кинилэр Дьокуускайдарынан түмүктээн, ханна баҕарар арыычча кыаҕырбыт киһи өйө-санаата – байарга, байарга уонна байарга эрэ диэн. «Бил баһыттан сытыйар» дииллэринии, салайааччылар судаарыстыба харчытыгар үлэлэри оҥортороллорун манньатыгар араас «откаттарынан» сирэйэ-хараҕа суох уоран-халаан тиэрэ байбыттарын көрө сылдьан, кыра да дуоһунастаах киһи үпкэ-харчыга сыстар түгэн эрэ тоҕоостор, «сатабыллаах – саһыл саҕалаах» диэн баран, уоруу суолунан бара турарыгар тиийэр. Ол киһи уоран үчүгэй олоххо тиийбит буоллаҕына, мин оннук гынарым тоҕо табыллыа суохтааҕый диэн саныыллар.
Үөһэ үрдүк мэҥэ халлааҥҥа Таҥара диэн баар буоллаҕына, маннык дьаабыттан төһө эрэ кэлэйэн-хомойон эрэр, тулуйа сатаан баран уҕараабат уотунан уматан дуу, уостубат уунан тумнаран дуу Бэстилиэнэй Тыһыынчаны аҕаллаҕына да көҥүлэ курдук…
Кэнсиэр кэнниттэн Карп сценаҕа тахсан, кэргэнигэр Динаҕа бирилийээннэрдээх биһилэҕи:
– Мин тапталбар, эдэр сааспын эргитэр кэргэммэр, үтүөккэн субуота күн үүммүтүнэн, – диэн бэлэхтээтэ, Дина саҥардыыҥҥыта кинилэр судургу үрүүмкэлэриттэн омуннаахтык үөрбүт буоллаҕына, арааһа, эриттэн күндү бэлэхтэри ыла үөрэммит быһыылаах, күндү таастаах биһилэҕи ээл-дээл тутта, суолтатыгар уураһан ыллылар. Мантан Ксеньялаах сөхтүлэр, «үтүөккэн субуота күн үүммүтүнэн» итинник сыаналаах бэлэх оҥоһуллар буоллаҕына, эгэ төрөөбүт күнүгэр эҥин тугу биэрэн эрэрэ буолла?!
Кэнсиэр кэнниттэн бары субуруһан, остолобуойга киирдилэр. Манна уонтан тахса киһиэхэ остуол тардыллыбыт, икки өттүнэн үтүктүспүт курдук кылгас бэскилээх, хара бүрүүкэлээх, маҥан ырбаахылаах икки официант уол соттор тоҥолохтонон турар, хас биирдии ыалдьыт аата-суола кумааҕыга суруллан, прибордар аттыларыгар ууруллубут. Бэргэннээх Ксенья уһук миэстэлэргэ түбэстилэр. Саҥардыы оннуларын булалларын кытта, кылгастык бааммыт хаалтыһа түөһүн тылынан сылдьар, ньаччаҕар сүүстээх, хойуу хара баттаҕын кэннин диэки тарааммыт үскэл киһи сотовай төлөпүөнэ тыаһаабытыгар, ойон туран олоппоһу туора тардан, кинилэр кэтэхтэригэр баран кимниин эрэ кылгастык кэпсэттэ, итиэннэ бэйэтэ эрийэн, атын киһини мөҕөр саҥата иһилиннэ:
– Бэрт түргэнник оҥоһуллубут түннүктэри сыахтан Сэргэлээххэ тутуу бара турар сиригэр илдьэ оҕус, антах үлэ сырыыптанаары гыммыт…
Ол кэмҥэ аны ачыкылаах эдэрчи киһи төлөпүөнэ «Үрүмэччи үөрүн курдук» ырыанан эрчимнээхтик чугдаарбытыгар, аны кини төлөпүөнүн ылан истимэхтээтэ уонна:
– Грейдер бэтэрээ учаастактан бүттэ да тиийиэҕэ, – диэтэ.
Карп кэргэнин Динаны кытта остуол баһыгар олордулар уонна графины луоска кырыытынан тоҥсуйан тыҥкынатта:
– Доҕоттор, эһигини мүнүүтэҕэ да иллэҥнээбэттэрин, бары олус эппиэттээх үлэҕэ сылдьаргытын билэбин… – дии-дии күлбүтэ буолла, – ол эрээри бу киэһэ саатар аһылык кэмигэр сынньаныҥ, төлөпүөннэргитин араарыҥ, үлэбит туһунан сыыйа-баайа кэпсэтиэхпит…
Кырдьык даҕаны диэбиттии, бары төлөпүөннэрин араартаатылар. Ыалдьыттар кимнээхтэрин билбиттэрэ – бары да туспа тэрилтэлээхтэр, тутуу, суол оҥоруутун эҥин курдук улахан тыын боппуруостарынан дьарыктанар араас фирмалары салайаллар эбит. Ол иһин хара ааныттан кэпсэтии-ипсэтии үп-харчы хамсааһынын, барыстаах үлэхтэри ылыы, ханна хас мөлүйүөннээх үлэ оҥоһуллубутун, ким тугу барыыһырбытын-ночоотурбутун туһунан буолла. Иһит-хомуос тыаһаата, бары уруккуттан билсэр буолан, тута кэпсэтии, күүгүнэһии саҕаланна.
Бэргэннээх бу хампаанньаҕа күһүҥҥү уойбут-топпут хоҥор хаастар ортолоругар кэлэн түспүт ырбыт-дьүдьэйбит сааскы чыккымайдардыы сананнылар, олох бу бырааһынньыгар туспа дьон курдук буолан, саҥата суох сукуһан олордулар, бэл аһыах да санаалара кэлбэт, бакаалларга кутуллубут отон уутун сыппайбыта буоллулар. Кинилэри кыраҕытык кэтии кэннилэригэр турар официант уолаттар, кураанахтаатылар да, сонно толортоон иһэллэр. Ыалдьыттар тириттилэр-хоруттулар, эр дьон бинсээктэрин эмиэ устан, олоппосторун өйөнөрүгэр иилэ бырахтылар. Күлсүү-салсыы, ол олорон кэпсэтиилэрин хайысхата син биир үлэлэригэр иэҕиллэ турар, өй-санаа барыта хантан, хайдах гынан бизнеһи тупсарар туһунан буолла. Ол быыһыгар тыл этэллэр, бары бастаахтар бүппүттэрин кэнниттэн хаһаайын Бэргэҥҥэ дьэ тыл биэрдэ:
– Динам бииргэ үөрэммит доҕотторугар – Ксенья, Бэргэн Ивановтарга… – диэн буолла.
Бэргэн турда уонна маннык үтүө дьиэни-уоту туттубут дьонун хайҕаата, билиҥҥи кэмҥэ үгүстэр соһуйан-уолуйан, сорохтор урукку былааска бэлэмҥэ үөрэнэн хаалбыттарынан саҥа үйэҕэ оннуларын булбакка сылдьалларын бэлиэтээтэ («ол иһигэр мин» дии сыста) уонна кэпсээҥҥититтэн иһиттэххэ, баар дьон бары бизнестээх, үбү-харчыны оҥорор дьон эбиккит, үйэ уларыйбытынан аны судаарыстыба буолбакка, эһиги курдук дьонтон барыбыт кэлэр кэскилбит, норуоппут, ыччаппыт дьылҕата тутулуктанар диэн баран:
– Сүрэххитигэр чэпчэки, сиэпкитигэр ыарахан буоллун! – диэн тост көтөхтөрдө.
Кини этиитин сөбүлээтилэр, ким эрэ: «Тугунан дьарыктанаҕын?» – диэн ыйыппытыгар, Бэргэн хоноччу туттан баран, дорҕоонноохтук эттэ:
– Кэргэним оскуолаҕа биэлсэр, оттон мин харабылбын, дуоһунас кирилиэһигэр боростуой норуоту кытта баарбыт уонна онон киэн туттабыт! Кэргэним наар оҕолору кытта бодьуустаһар, ити курдук ким эрэ материальнай уйгунан, оттон ким эрэ дьоҥҥо духуобунай баайы иҥэриинэн дьарыктанар, – диэтэ.
– Оннук-оннук, – кылгас хаалтыстаах, маччаҕар сүүһэ, кэннин диэки тарааммыт уһун баттаҕа хайдах эрэ кэриэйдии дьүһүннүүр киһи биһирээн санныга таптайда, – оҕону кытта үлэлиир – ытык дьыала.
Баар эр дьон бары тыл эттилэр, баарыан сценаҕа ыллаабыт артыыстара киирэн эмиэ ырыанан көччүттүлэр, ол тухары Бэргэннээх илиилэрин-атахтарын кумуччу туттан олорорго күһэлиннилэр, хоту олорон бэйэлэрин тэҥнээхтэрэ – геологтары, эмчиттэри кытта бырааһынньыктыыллара, оттон манна адьас атын хампаанньа, этэллэрин курдук, «саҥа сахалар, нууччалар», хаһан да билбэтэх баай дьоно, үптэрэ-харчылара үллэҥнэс, кыахтаахтара таһынан быгыахтыы сылдьар, аан дойду атахтарын анныгар сытарыныы сананан эрдэхтэрэ.
Сынньалаҥҥа бу киэҥ уораҕайга дьахталлар туспа бүгэн, бэйэ-бэйэлэрин уруккуттан билсэр буолан, сонуннарын кэпсэтэн хобугунастылар, эр дьон билиардыыр хоско киирэн, шариктары кий мастарынан охсуолуу кэйиэлээн оонньообутунан бардылар. Бэргэн урут оонньуур буолара да, дьоно харчыга киирсэллэр эбит, ол иһин дьулайда, онон көрөөччү эрэ буоларыгар тиийдэ. Били кылгас хаалтыстаах киһи остуол күөх сукуна сабыытыгар быардыы сытан, буугунуу-буугунуу кыҥаата уонна ыраах шаригы «ытан» тас гыннарбыта сурулаан тиийэн охсуллан, халты ыстанан, лууҥканы сиирэ-халты саайыллаат, төттөрү тэйэн, остуол ортотугар эргичийэ-эргичийэ тохтоото.
– Халыҥнык ыллыҥ, – диэтэ хаһаайын Карп бэйэтин маһын туппутунан хантан охсуохха сөптөөҕүн көрөөрү, кыҥнаҥнаан кыҥаан көрө-көрө, остуол тула тэпсэҥнии сылдьан.
Ол кэмҥэ «Бэргээ-эн», – диэн сипсиэри истэн, уол эргичис гыммыта – Ксеньята турар.
– Хайыыбыт, дьиэбитигэр барабыт дуо? – диэтэ кыыс сибигинэйэ былаан.
Бэргэн кинини үтүрүйэн, таһаараа хоско таҕыстылар.
– Чэ, сөп, ол эрээри Динаҕа этиэххэ.
– Ээй суох, ыытымаары гыныаҕа, саҥата суох, быраһаайдаспакка, английскайдыы барыахха.
– Чэ, буоллун.
Кинилэр таҥанан эрэллэрин көрөн, хата, официант уол олбуор таһыгар атааран, өссө массыынаҕа олордон биэрдэ итиэннэ суоппарга:
– Илдьэн биэр, хаһаайка ыалдьыттара, – диэтэ.
Онон, чаас аҥаарын иһинэн дьиэлэригэр баар буоллулар. Ксенья массыынаттан тахсаат да, тууйулла сылдьыбыт санаатын тута кэпсээбитинэн барда:
– Ити билбэт дьахталларым аттыгар турбахтаан баран ыксаан куоттум, кинилэри кытта кэпсэтэр да кыаҕым суох эбит диэн санаатым, кэлин аҕыйах ыйга ким туох дьиэни, массыынаны атыыласпытын, хайа дойдуларынан сылдьыбытын куоталаһар курдук ырытыһан бардылар. Биһиги үйэбит тухары харчы мунньунан массыына дуу, саҕынньах дуу ыллахпытына үөрүөхпүт, оттон кинилэр аҕыйах ый иһигэр! Ити гынан баран, ылар да, биэрэр да иэһэ суох, туох да санаата-оноото суох сылдьыы – мин санаабар, ханнык да баайга бэриллибэт саамай улахан дьол!
Бэргэн хардарбата, ол эрээри кыараҕас аан хоско таҥастарын уста туран көрдөҕүнэ, Диналаах коттеджтарын кэнниттэн, оо, квартиралара муҥнаах кыра да эбит! Утуйар хоһу, сааланы, оҕолорун хоһун да холбоотоххо кыараҕас. Хоско Ксенья таҥаһын уларытта киирдэ, оттон икки киһи кыайан ааһыспат куукунатыгар Бэргэн киирэн хаадьаҥалыыр мас олоппоско олордо уонна улам кыйыттыах курдук кыынньан барда. «Коммунизмы тутааччы моральнай кодексын» тутан абыраннаҕа бу! Ыт уйатын саҕа «чыбы» квартираны бас билбиттэриттэн үөрбүтэ – онто ханна баарый, Диналаах аҥаардас бильярдыыр хосторо кини квартиратын дуомуттан икки-үс бүк киэҥ. Киһи киһиэхэ тиийбэтэ, тэҥэ суох буолара диэн сүрдээх да эбит! Кэлин аҕыйах ыйга саҥа дьиэ, сонун массыына атыылаһаллар, Дина «биир төрүттээх-уустаах, бары тэҥ» дьоммут диирэ хантан кэлиэй?!
Бэргэн үйэтигэр туох да куһаҕаны оҥорбокко, бэл биирдэ да итириэр диэри арыгылаабакка, мэлдьи илэ өйүнэн, этэллэригэр дылы, «туох да куһаҕан тахсыбат киһитэ» аатыран, көбүс-көнөтүк, сыыһа-халты хамсаммакка сылдьыбыта. Оттон Дина көртөн-нартан маппатын, күүлэйтэн да туора туран хаалбатын түмүгэ буолан, Эллээйчик үөскээн хааллаҕа, киһиэхэ албыннаттаҕа диэн наһаа аһыналлара, ол бэйэтэ «Лан крузер» массыынатын мииммитин курдук, хайдахха дылы саҥа үүммүт олох ахсым атыгар «лап» гына олорсон, сааһырбыт да буоллар, лаппа кыахтаах киһиэхэ эргэ тахсан, байыы-тайыы суолунан иннин диэки ыраах барбытын көрөн сөҕөҕүн. Бииргэ үөрэммиттэрэ да икки ардылара сир уонна халлаан курдук тэйэн, баай-дьадаҥы буола охсубуттар, кинилэрдиин тэҥнэһэр аны кыаллыбат, суол ортотугар хааллахтара… Санаа-оноо үүйэ-хаайа тутар, суох, маннык сатаан олоруо суох, таһырдьа тахсан хаамыталыы түһэн кэллэҕинэ сатаныыһы…
Бэргэн сонун бүрүнэ быраҕынна да, таһырдьа баар буолла. Хайыы-үйэ хараҥаран эрэр. Кинилэр дьиэлэрэ дэриэбинэ кытыытыгар баар, онон тута хонууга тахсан, көнө сиринэн сирэйин хоту саллаҥнаата, иннигэр туох да көстүбэтин үрдүнэн, дьөрү сэппэрээк да үүммэтэх киллэм хонуунан хааман иһэрин билэрэ, халлаан ичигэһигэр соторутааҥҥа диэри бадараанынан баһылла сыппыт суол кэллэ, хата, тоҥмут, онон лүһүгүрэс буорга үктэнэн эрэйдэммэккэ туораата. Балачча хаамта, кэннин хайыстаҕына, дэриэбинэ чаҕыл уоттара сүр сытыытык тырымнаһаллар. Тэйиччи массыына тыаһыыр, тоҥ хонууга кини атаҕын тыаһа бүтэҥитик лүһүгүрүүр, ол курдук дэриэбинэттэн балачча ыраах тэйдэ. Ити курдук кудуххай хаамыынан баран иһэн, Бэргэн туох эрэ күрүөҕэ анньылынна, өссө тимир. Ээй, бу диэки аһаҕас хонуу ортотугар дьоннор уҥуохтара бөлүөхсэн көстөллөрө, онно тиийэн хаалбыт.
Хаптаһын ыскамыайка баарын булан олордо, аата, кэлбит да сирэ баар дии, туох эрэ куһаҕаны биттэммиккэ дылы. Эмиэ да ити баай дьоҥҥо ыалдьыттааһын кэнниттэн манна кэлии туох эрэ ситимнээххэ дылы. Биирдэ санаан көрдөххө, хайдахтаах да бэйэлээх киһи төһөлөөх да күннээбитин-күөнэхтээбитин, киэбирбитин-киэптээбитин иннигэр, олоҕун суола манна кэлэн түмүктэнэр. Күннээҕи сиир килиэби атыылаһар харчыта да эрэйинэн көстөр кыһалҕа дьуоҕатыгар тахсыбаттыы батыллыбыт, ас-таҥас чааһынан эстибит да киһи буоллун эбэтэр халлаан хабарҕаларынан хаалбытыныы, муора тобуктарынан дьаратыйыбытыныы саныыр хаһыытыыр харчыны халыҥнык харбаабыттарынан өҥнөнөр баай-талым олохтоох да буоллун – манна кэлэр иэдээн түмүктэн син биир куоппаттар. Тиһэх чэрчи – биир, ити кэнниттэн сытыах бэйэтэ буоллаҕа киһи барахсан, бэйиэт эппитинии – «тоҥо, сытыйа, оо, ычча!..» Оттон күннэтэ ол хаһан да кэлиэ суоҕунуу олороохтуубут, дьиҥэр дьоннор бу дойдуга букатын кэлбэтэхтэрин мэлдьи саныыллара буоллар, чиэс-суобас диэни умнубакка, арыый атыннык, эйэ дэмнээхтик сылдьыахтара эбитэ дуу…
Ол эрээри туох да диэбит иннигэр, Дина уонна кини эргимтэтэ ырааппыттар, аҥаардас ити коттеджтарыгар да төһө үп ороскуоттаммыта буолуой? Судургутук ааҕан көрдөххө, дэриэбинэҕэ биир улахан оһоҕу тутарга тыһыынчаҕа тиийэ кирпииччэ ороскуоттанар дииллэрэ, оттон ити икки мэндиэмэннээх дьиэҕэ хас да сүүһүнэн тыһыынча кирпииччэ киирдэҕэ. Ырыынакка биир кирпииччэни уон солкуобайтан итэҕэс атыылаабаттар, оччоҕо аҥаардас кирпииччэтигэр хас да мөлүйүөнү төлөөбүт буолан тахсар. Ол – дьиэ көҥдөйө эрэ, ис-тас тэриэбэлэрэ, таһынааҕы дьиэлэр, олору барытын малынан-салынан толоруу, оо, аата-ахса биллибэт харчы ороскуоттаммыт…
Бэргэн бу олорон ким эрэ кэнниттэн хааман сурдурҕатан иһэрин көрө түстэ. Тыый, бачча хараҥаҕа ким бу уһун ууларын утуйбут дьоннор дойдуларыгар кэлэн истэҕэй? Хайыа, Ксенья эбит, эс, кини тоҕо манна кэллэ?!
Ити икки ардыгар кэргэнэ саҥата-иҥэтэ суох кини аттыгар турунан кэбистэ.
– Эн тоҕо манна кэллиҥ? – диэн Бэргэн соһуйбучча толоос соҕустук ыйытта.
– Ааҥҥа көхсүгүн эрэ көрөн хаалбытым, салгын сиэри таҕыстаҕа диэн, бииргэ хаамса түһээри кэннигиттэн эккирэтэн бараммын таһырдьа сүтэрэн кэбистим, ханна да баарыҥ биллибэт, тохтоон атаҕыҥ тыаһын иһиллээтим – тоҥ буорга лүһүргүүрүн истэн, онон сирдэтэн бу батыһан кэллим. Аата, кылабыыһаҕа буолан, чэ, кэбис, төннүөххэ…
– Оттон тоҕо саҥата суох батыһан иһэҕин, ыҥырыаххын?
– Дьон истиэ дии, хаһыытыы-ыһыытыы сырыттахпыный.
Бэргэн тугу да утары саҥарбакка, дьиэтин диэки барда, Ксеньята кинини хонноҕун анныттан тутуһан, оргууй аҕай хаамыстылар.
– Динабыт дьэ тиэрэ байбыт дии, – диэтэ Бэргэн кэмниэ-кэнэҕэс.
– Ханныгын да иһин, биһиги олохпутугар чиэһинэйдик байар киһи баара буолуо диэн мин саарбахтыыбын, – диэтэ Ксенья.
– Тоҕо? Холобура, Дина эрэ Карп эргинэн көммүт ээ, оттон ол чиэһинэй байыы буолбатах дуо?
– Мин саныахпар, ханнык эрэ научнай арыйыы оҥорон эбэтэр ити артыыстар курдук улахан гонорардарга ыллаан-туойан байыахха сөп, оттон биһиэхэ сирэйэ-хараҕа суох норуот бас билэрин былдьааһын буолла, ол курдук «приватизация» дуу, «прихватизация» дуу диэн тылынан саптан, судаарыстыба баайын-дуолун – элбэх дьиэни-уоту, техниканы буор-босхо чааһынайга олордон ыллылар, аны эргинэбит диэн онтон-мантан тиэйэн аҕалбыт табаардарын сыанатын хас эмэ бүк ыаратан атыылаан байаллар… Мин ону чиэһинэй байыы диэхпин кэрэйэбин…
– Чэ, аны ол ылбыттарын саҥаттан өрөбөлүүссүйэ да оҥордоххуна төннөрөрүҥ саарбах, билигин ити дьонуҥ эргиэнтэн ураты харчы өлөрөр салааларынан – тутуунан да дьарыктана, суолу да оҥоро сырыттахтара.
– Ити эйгэлэргэ «откат» диэн өйдөбүл олус күүскэ киирбит дииллэр.
– Ону биһиги сурах эрэ хоту истэбит, ким да «откаттаан» ылбытын көрбүппүт суох, ханныгын да иһин, туспа уһаайбалаах дьиэлэрэ үчүгэйэ бэрт дии, хаарыаны, биһиэхэ итинник баара буоллар… – Бэргэн ымсыырбытын кистээбэтэ.
– Атын киһиэхэ ымсыырымыахха, этэргэ дылы, хас биирдии киһи дьылҕата үөһэ быалаах кинигэҕэ суруллан турдаҕа эбээт. Оттон уһаайбалаах дьиэ чааһынан… Көр эрэ, ити туһунан улуу гуманист-суруйааччы Чехов үчүгэй баҕайытык эппит эбит ээ, мин сибилигин дьиэбэр тиийэн баран эйиэхэ көрдөрүөм, биһиэхэ кинигэтэ баар, саҥардыы аахпытым.
Сулбу-халбы хаамсан дьиэлэригэр кэллилэр, подъезд иһигэр лаампа уотугар кураанах бытыылкалар ыһылла сыталлар, бөппүрүөскэ төрдүгэстэрэ өрөһөлөммүттэр, кыһын кэлэн эрэр тыына биллэн, ыччаттар хахха сир диэн, бэл маннык кыараҕас подъезка киирэн, түүн пиибэлииллэр. Тугу да харыстаабаттар, ыһаллар-тоҕоллор, оттон бу чааһынай дьиэлэрэ эбитэ буоллар, итинник дьаабыланыа суох этилэр.
Ааннарын аһан квартираларыгар киирэллэрин кытта, Ксенья саппыкытын туурута тэбиэлээт, сонун устан ыйаата уонна тута саалаҕа ааһан, долбуурга кырылаабыт кинигэлэри: «Манна баара…» – диэн ботугуруу-ботугуруу кыҥастаста, Бэргэн кэнниттэн киирэн дьыбааҥҥа олордо. Ксенья көмүс суруктаах, от күөҕэ хахтаах кинигэни хостоон таһааран арыйталаата уонна Бэргэҥҥэ хайыста:
– Бу кэллэ, дьэ иһит эрэ улуу гуманист Чехов куорат таһыгар дьиэлээх-уоттаах дьон туһунан тугу диирин – «Принято говорить, что человеку нужно три аршина земли. Но ведь три аршина нужны трупу, а не человеку. И говорят также теперь, что если наша интеллигенция имеет тяготение к земле и стремится в усадьбы, то это хорошо. Но ведь эти усадьбы те же три аршина земли. Уходить из города, от борьбы, от житейского шума, уходить и прятаться у себя в усадьбе – это не жизнь, это эгоизм, лень, это своего рода монашество, но монашество без подвига. Человеку нужно не три аршина земли, не усадьба, а весь земной шар, вся природа, где на просторе он мог бы проявить все свойства и особенности своего свободного духа».
Ксенья кинигэтин сапта уонна кэргэниттэн ыйытта:
– Хайа хайдаҕый?
– Ким билэр, Чехов саҕана атын үйэ буоллаҕа уонна аан дойду барыта наада диэбит дии, оттон биһиги үбэ-харчыта суох буоллахпытына, былааһы тутан олорооччулар кэккэлэригэр тахсыбаппыт, оччоҕо хантан аан дойдуну баһылыыбыт?
– Сарсын тураат да, Эллээйчикпин аҕала барыам, хайыы-үйэ ахтыбыт курдукпун, – диэтэ Ксенья, – кини үтүөтүнэн ити үлүгэрдээх баай дьоҥҥо ыҥырылыннахпыт буолуо диэн сэрэйэбин.
– Ити эрээри оҕотун туһунан Дина биирдэ да ыйытан көрбөтө дии, – Бэргэн бэркиһээбит быһыынан баһын быһа илгиһиннэ. – Оттон Эллээйчик төрөппүт ийэтэ манна аттыгар сылдьарын сүрэҕэ сэрэйэрэ буолуо дуо?
– Төрөппүт ийэтэ да буоллун, Эллээйчик – мин оҕом!