Читать книгу Эр киһи уонна дьахтар - - Страница 2
ЭР КИҺИ УОННА ДЬАХТАР
2
ОглавлениеКүн-дьыл ааһан күлүмэхтэтэн, сайын буолан, устудьуон аймахха бэс ыйыгар эксээмэн туттарыыта субу кэлэ охсубута. Уочараттаах эксээмэҥҥэ бэлэмнэнэр консультацияҕа сылдьан баран, уопсайдарыгар төннөн бэлэмнэнэ олордохторуна, консультация кэнниттэн ханна эрэ элэс гына охсубут Ылдьаа соруктаах аҕайдык туттан-хаптан киирэн кэллэ. Кини ааны ыга сабан баран, ким эрэ истиэ диэбиттии, сипсийэн биир тыынынан субурутта:
– Уолаттар, бардыбыт! Бүгүн биир куорат уола табаарыһым квартиратыгар бобуулаах киинэлэри видеомагнитофонунан көрдөрүөх буолла, аһыы-аһыы сынньаныаххайыҥ, кэлэр эксээмэнтэн санаарҕаамаҥ. Кубалыырап кырдьаҕастан кырата «үһү» мүччү туттарарбыт биллэр уонна бэлэмнэнэргэ сарсын-өйүүн бириэмэ баар, онон бардыбыт, эр киһи уонна дьахтар таптаһарын хайдах баарынан, аһаҕастык көрдөрөллөр, этэргэ дылы, киһи кыыла турар киинэтэ, хаанымсах хаппыталыыстар эрэ итинниги оҥороллор…
Уолаттар сэҥээрэн өрө көтө түстүлэр, арай Бэргэн эрэ улаханнык аахайбата:
– Онно киһи соһуйара туох баар үһү?
Ону Ылдьаа олох сөбүлээбэтэ:
– Эн, бэрт киһи, ыйтан да дьон түстэҕинэ дьиктиргээбэтиҥ буолуо, барсан абыраама, эйигинэ да суох көрүөхпүт.
– Ээ, бу киһи «хомуньууһуму тутааччы моральнай кодексын» туппутунан төрөөбүт киһи, – Ылдьаа батыһыннара сылдьар киһитэ, «мохсоҕолум, уолум» диэн киһиргэтэр Буут, үөннээхтик кыыбыччы көрдө, – туох да куһаҕан киниттэн тахсыбат…
Бэргэн үгэргээһини сөбүлээбэтэ да, тыл аахса барбата, уолаттар тиэтэлинэн аһаат, таһырдьа ойбуттарын кэнниттэн кини оронугар сытан кинигэ ааҕыах буолбута эрээри, сотору строкалар силлиһэн, тумарык иһигэр киирдилэр… Уһуктан кэлбитэ – киэһэрбит, ким да кэлбэтэх, дьоно бобуулаах киинэ алыбыгар тартаран олордохторо. Бэргэн арыылаах килиэби кытта чэй иһэн баран, таһырдьа баар буолла уонна Ойуунускай уулуссатын устун сирэйин хоту мээнэ баран иһэн, биирдэ өйдөөн тулатын эргим-ургум көрдө: «Бэйи, бу ханна баран иһэбиний? Хайа диэки хайыһыах баҕайыный, куоракка таайа Јлөксөйдөөх бааллара да, ыалынан бары тыаҕа ыһыахтыы барбыттара, дьиэбитин көрө-истэ сылдьаар, сибэккигэ уута кутаар диэбиттэрин бэҕэһээ сылдьыбыта, бүгүн өрүүр санаалаах…»
«Баһа ханна салайарынан» диэбиттии, Киров уулуссатын устун хааман, Лермонтов уулуссатын быһа охсуһуутугар тиийэн, паарка аанын көрөн баран: «Ээ, пааркаҕа билигин көр-нар үгэннээн эрдэҕэ», – дии санаат, онно харса суох сабаата. Стадиону кыйа асфальт суолунан баран, ааркалыы быһыылаах паарка ааныгар үктэллэри дабайан, бэс чагда иһигэр киирэрин кытта, тута саҥа көҕөрбүт мастартан мутукча дыргыл сыта муннугар саба биэрдэ. Сүрүн аллея устун хаамта уонна дьон Күөх эстрадаҕа киирэллэрин көрөн, таһынааҕы киоскаттан билиэт ылан, кинилэри батыста. Бэргэн иһирдьэ ортоку соҕус ыскамыайка кытыытыгар сэрэнэн олорон баран, киэһээҥҥи тыа чэбдик салгынын түөһүн муҥунан эҕирийбэхтээтэ. От-мас суугуна, тыллыбыт мутукча сыта, чараас таҥастаах кыргыттар, хоп-дьип көстүүмнээх уолаттар… Эдэр сааһы кытта айылҕа саҥа тиллэр, уһуктар кэмэ олус да дьүөрэлии буоллахтара эбээт! Эмиэ саас, эмиэ сайын эргилиннилэр… Тоҕо үчүгэйэй, бу курдук күн сиригэр күөгэйэр күннэргэ үөрэ-көтө сылдьартан ордук үөрүүлээх туох кэлиэ буоллаҕай?!
Ити кэмҥэ иннигэр чараас маҥан былаачыйалаах кыыс олороору ыскамыайкаҕа хаһыат тэлгэтэн, сыыдамнык тутта-хапта, сэргэхтик көрө-истэ турара хайдах эрэ үрүҥ үрүмэччи сибэккигэ түһээри, сииктээх эминньэххэ түһүөхчэ-түспэккэ салгыҥҥа битийиктэнэ турарын санатта. Бэйи эрэ, бу кыыһы ханна эрэ көрбүтэ ээ, ханна? Онтон хантан эрэ ыраахтан, уу түгэҕиттэн курдук улам чуолкайданан тиийэн кэллэ – Сэргэлээх уопсай дьиэтигэр сааскы күн көрсүһүү, кинигэ уларсыы, ким этэй аата, хайдах эрэ көннөрү Маарыйа, Даарыйа буолбатах, дьиибэ соҕус этэ дии?.. Арба-арба, Ксенья! Уопсай дьиэ хоһун аанын айаҕар кэпсэтиэхтэриттэн ыла биирдэ да көрсүбэтэҕэ, арай кэлин Дина уларсыбыт кинигэлэри төттөрү биэрэригэр: «Дьүөгэм Ксенья ыытта», – диэбиттээҕэ.
Ксеньяны арыт-арыт санаан ааһара эрээри, куорат тыһыынчанан дьонун ортотугар хантан булуоҥуй бу тырымнас харахтаах кэрэ кыысчааны? Хата бу дьылҕа бэлэҕэ дуу – илэ бэйэтинэн иннигэр кэлэн турар! Уол оннуттан ойон туран, инники ыскамыайканы үрдүнэн атыллаан, кыыһы кытта сэргэ олорунан кэбистэ.
– Ксенья, дорообо, хайа, билбэтиҥ дуу?
Онуоха кыыс дьик гынан, кинини көрө түстэ уонна тэрэҕэр тэллэхтээх соломо сэлээппэ анныттан хара харахтар тырымнаһан ыллылар, ньимиспит уостара килбик мичээртэн сэгэһэн, үрүҥ тиистэрэ сандаарсан аастылар.
– Дорообо, сахалыы ааттаах Бэргэн, – диэтэ дьээбэлээхтик.
Кыыс кинини эндэппэтэҕиттэн, эгэ-дьаҕа көрсүбүтүттэн үөрэн уол оонньоһо былаан кэпсэтэн эрдэҕинэ, кураанах сценаҕа конферансье устан тахсан, ырыаһыты ааттаан баран: «Романс «Калитка», – диэн биллэрдэ. Түгэхтэн хараҥа кыһыл былаачыйата сиринэн соһуллар дьахтар уот кугас баттаҕа санныгар ыһыллан, көбүс-көнөтүк туттубутунан тахсан кэллэ, мөтөччү туттубут түөһүгэр баянын өйүү туппут доҕуһуолдьут батыспыт, дьахтар сүгүрүс гынан баран, музыка бастакы дорҕоонноругар олорсон, симик соҕустук саҕалаан иһэн куолаһа улам күүһүрдэ.
Бастакы күппүлүөт кэнниттэн дьахтар турар сириттэн сыҕарыйан, иннин диэки икки-үс хардыыны оҥордо уонна саалаҕа олорор дьон диэки икки илиитин даллаччы уунан баран, уйадыйа-долгуйа ыллыыр-сипсийэр икки ардынан ыллаан, күүстээх куолаһа эймэһийдэ:
Отвори потихоньку калитку
И войди в тихий садик, как тень…
Дьахтар ыллаан бүтэн төҥкөс гынна, имик-самык ытыс тыаһа иһилиннэ, сонно иккис нүөмэри биллэрдилэр, ити курдук үһүс-төрдүс… Хас да ырыа кэнниттэн дьахтар дьэ букатыннаахтык ыллаан бүттэ быһыылаах, уот кугас баттаҕа муостаҕа тиийэ сыһа намылыйан, хаста да сүгүрүйэн ылла. Саалаттан оҕолор сырсан тахсаннар хонуу сибэккитин дьөрбөтүн туттардылар, ырыаһыт онон далбаатана-далбаатана тахсан барда.
Биллэрээччи: «Романс «Только раз в жизни бывают встречи», – диирин кытта, маҥан туруору саҕатын лыах курдук хаалтыһынан туттарбыт, хара көстүүмнээх эдэрчи киһи, байыаннай бараакка хааман эрэрдии, эрчимнээхтик үктэнитэлээн кэлэн, сцена ортотугар биирдэ хорус гынна уонна уҥа ытыһын хара фрагын эҥээригэр батары анньан баран, баян эҥээрийэрин кытта сөҥ хойуу куолаһынан ыллаан көҥкүнэттэ:
День и ночь роняет сердце ласку,
День и ночь кружится голова…
Үөһэ аһаҕас халлаан көстөр, манна ырыа, музыка аҥаардастыы дуораһыйар наскылаҥа, тула көҕөрбүт от-мас дьиктилээх сытыттан сүрэх эппэйэ үөрэр, таптал тыллара ырыа дорҕоонноругар кубулуйан, киэҥ халлааҥҥа көҥүллүк-босхотук дайаллар. Эр киһи уонча ырыаны ыллаабытын кэнниттэн кэнсиэр бүттэ, Ксенья кэнниттэн Бэргэн батыһан таҕыста, хаптаһын эркин тас өттүгэр ыга турар бэстэр силистэрэ былырыыҥҥы көтөҕө быыһыттан лоппорутталлар. Уол таһырдьа тахсан баран, аан иннигэр маска ыйаммыт дьоҕус кумааҕыны көрөн, туох кэнсиэркэ сылдьыбытын дьэ өйдөөтө, кумааҕыга хара кыраасканан тардыалаан бадьыалаабыттар: ВЕЧЕР РОМАНСА
– Хайа, эһиги училищелар, үөрэххит бүттэ дуо? – диэн Бэргэн кыыс кыараҕас хардыытыгар сөп түбэһиннэрэн, атаҕын тэҥҥэ уурталаан иһэн ыйытта.
– Бүтэн, аныгы нэдиэлэҕэ дьүөгэлэрбининиин Симферопольга көтүөхтээхпит, ону кэтэһэ сылдьабын.
– Хаарыаны эһиги буолбут киһи баар ини! Оттон миигин дойдубар отум үлэтэ эрэ күүтэр, онтон атыны билбэппин, Симферополь, Севастополь диэннэри олоҥхо дойдуларын курдук саныыбын.
– Эс, кыһыҥҥы, сайыҥҥы каникулларыгар студенческай билиэтинэн төлөбүр аҥаарыгар устудьуоннар соҕуруу, үксүн Москванан, Ленинградынан мэлдьи айанныыллар дии, оттон биһиги Хара муораҕа барардыы быһаарынныбыт.
– Путевкалааххыт дуо?
– Суох.
– Оттон дьүөгэҥ, биһигини кытта ыаллыы хоско олорор Дина барсар дуо?
– Кини барсыбат, этэн көрбүтүм да, ийэм күүтэр диэбитэ. Оттон биһиги Кырыымҥа аҕыйах хонукка ыалга түһэ сылдьыахпыт, оннук ордук чэпчэки дииллэр.
Уоллаах кыыс хаамсан истэхтэринэ чугастан, бэс чагда кэтэҕиттэн, эрчимнээх музыка ньиргийдэ.
– Хайыы, үҥкүү саҕаламмыт дии! – Ксенья сэргэхсийдэ, үҥкүүлээн илиитин быластыы быраҕан биир сиргэ эргичийэн ылла. – Бэргэн, эн үҥкүүгэ сылдьааччыгын дуо?
Уол үҥкүүлүөн улаханнык баҕарбатар да, бачча айылаах өрүкүйбүт кыыһы хомотуон баҕарбакка, сэниэтэ суох сэҥээрдэ:
– Ээ.
Хайысхаларын уларытан, үрдүгэр «касса» диэн суруктаах хаптаһын хоспохтон билиэт ылан, үҥкүүлүүр болуоссааккаҕа киирдилэр, мас муостаҕа хобулуктар тыастара бап-бачыгырас, бип-битигирэс, хаптаһынынан оҥоһуллубут сцена курдук үрдэлгэ турар уһун баттахтаах уолаттар музыка имэҥирдэр ухханыгар ылларан, төбөлөрө, сүһүөхтэрэ босхо баран, баттахтара сахсаҥнаһан, гитараҕа оонньууллар, төгүрүк тимирдэри охсоллор, турбаны үрэллэр, соҕотох кыыстара ионикаҕа оонньоон, кылгас дьууппаны тиирэ киэптээбит самыыларынан мускуллумахтаан ылар, бэйэтэ бокуойа суох эккирээн, дьороҕор суон сотолоро тохтоло суох мөхсөллөр, музыканнар иннилэригэр солистара – саһархай ырбаахылаах уол микрофонун ыйыстан кэбиһиэхтии айаҕар ыксары тутан баран, биир сиргэ бэдьэйэ-бэдьэйэ, ыһыы-хаһыы аҥаардаах ыллыыр, эчи ньиргиэр тимир тыаһын ортотугар ырыатын ис хоһооно да иһиллибэт.
Кыыстаах уол дьон быыһыгар киирэн, уокка оҕустарбыт дьоннордуу санныларын имиллэҥнэтэн, илиилэринэн эһиэхтэнэн, муостаны эрчимнээхтик тиҥилэхтээн үҥкүүлээбитинэн бардылар. Ити курдук хас да үҥкүү ааста, оннук саҥа ууларыгар-хаардарыгар киирэн эрдэхтэринэ дьон ортотугар улахан аймалҕан буолла, ким эрэ кими эрэ атаҕын үктээбит дуу, анньыалаабыт дуу – соҕотохто ыһыы-хаһыы, сырбатыһан силлиргэтиһии саҕаланна, кыргыттар часкыйдылар, уолаттар маатыралыыллар, үҥкүүлүү сылдьааччы диэн суох буолла, ким эрэ охтор, ким эрэ куотар, быһата, бүтүннүү үөдэн-таһаан өрө оргуйбутугар, Бэргэн кыыһын сиэппитинэн болуоссааккаттан таһырдьа ыстанна уонна ити курдук пааркаттан тахсар ааркаҕа диэри сүүрэн тиийдилэр. Онтон ыла тиэтэйэ-саарайа хааман иһэн, кыыс тыал көтүппэтин диэн сэлээппэтин тутан иһэн саҥарда:
– Тоҕо итиннигий? Мин манна сырыы аайы охсуһууга түбэһэбин, уларыта тутуу, демократия диибит да, олох өссө куһаҕан өттүгэр баран иһэр курдук. Уулуссаҕа наар миитин, үөхсүү-түрүйсүү, ким да үлэлээбэт, урукку олохтон куһаҕанын эрэ хасыһаллар, баар-суох пааркабытыгар күлүгээттэр тойоттор, бэл милииссийэлэр тугу да гынар кыахтара суох…
– Санаарҕаама, олох оннун булуоҕа, хайдах маннык иитэ-саҕата суох айдаан бүппэккэ баран иһиэн сөбүй? – диэн Бэргэн кыыһын уоскуппута буолла. – Эн ханна олороҕун? Атааран биэриим, бу алдьархайга соҕотоҕун барарыҥ сатаммат.
– Уопсайбар, бииргэ олорор кыргыттарым тарҕаспыттара, мин соҕуруу бараары хаалбытым, – Ксенья чочумча тохтоон ылла уонна үөһэ тыынан баран эттэ: – Даа, Бэргэн, кэнсиэри син көрдөхпүт, үҥкүүбүт сатаммата, күлүгээттэр баҕайылар сүгүннээбэтилэр, – Ксенья эмиэ уруккуну санаан абаккаран барыах курдук гынна, – хаһааҥҥа диэри омуктаһан охсуһа сылдьаллара буолла, Сэбиэскэй былаас мөлтөөн эрэр дуу…
Бэргэн кыыска иҥээҥнэһэр баҕаттан ыйытта:
– Хоскор соҕотох буоллаххына бэрт, миигин чэйдэтэн ыытар инигин.
Ксенья онтон соһуйбата:
– Оо, вахтер эйигин аһарбат буоллаҕа дии, биһиги уопсайбытыгар хонтуруол кытаанах, ыалдьыттар докумуоннарын хаалларан күнүс эрэ киирэн тахсааччылар. Биһиги училищебыт кыыс аймах саарыстыбата, эр киһи биһиэхэ көһүннэҕинэ мамонт тиллибитинии сонун, эккирэтэ сылдьан кэриэтэ бары уора-көстө кыҥастаһааччылар.
– Оок-сиэ, үлүгэрдээх дойдуну кэпсээтиҥ дии, оччоҕо миигин кытта барыс, эйигин, эксээмэннэрин туттаран туос иллэҥ сылдьар киһини, ама ким сүтүктүө буоллаҕай?
– Ол ханна илдьээри гынаҕын?
– Таайым аах манна бааллар…
– Эс, кэбис, барбаппын, хайдах билбэт ыалбар тиийиэмий?
– Куттаныма, ким да суох, бары ыһыахтыы тыаҕа тахсыбыттара, хаһаайын мин эрэ.
– Оо, дьэ, ким билэр, хайдаҕа эбитэ буолла?
– Бардыбыт-бардыбыт, – кыыс саараабытын көрөн, Бэргэн бэрт сорунуулаахтык кимнэ, – эксээмэннэриҥ бүппүттэрин быһыытынан билигин сынньанар буоллаҕыҥ дии. Мин туох да куһаҕаны оҥоруом суоҕа.
Кыыс саараан, хаппыт лабаа асфалька сытарын түүппүлэтин тумсунан хаһыйбахтыы умса туттан турда, онтон быһаарыы ылынан, хонос гынна:
– Чэ, буоллун.
Оптуобуһунан айаннаан, куорат киин уулуссатын тохтобулугар тахсан, онтон соччо ырааҕа суох таас дьиэҕэ баралларыгар аара маҕаһыынтан аһылык ылан аастылар. Маҥнайгы этээскэ баар квартира ааныгар диэри аҕыйах үктэли дабайдылар. Уол дьиэҕэ киирэн, хаһаайын курдук туттан-хаптан, ваннайга илиитин суунна, кыыска ону көрдөрдө уонна остуолга ас тарда оҕуста, магнитофону холбоото – Кола Бельды бэркэ тэбэнэтирэн, уһук хоту дойдуга, туундараҕа илдьээри, кэрэ кыыһы ыҥырар, табаларынан сарсыарда эрдии-эрдэ айаннатан, хаар саһарҕа ортотугар көтүтэн түһэриэх буолар.
Бэргэн холодильниктан шампанскай таһаарбытын кыыс сөбүлээбэтэ:
– Ээ, итини аһыма, мин испэппин ээ.
– Тыый, Ксенья, көрсүһүү туһугар хайдах көтөхпөт буолуохпутуй, – аһан «пөс» гынарда уонна кырылыы кыынньар утаҕы бакаалларга кутуталаата.
Ксенья бакаалы уоһугар эрэ тириэрдэн баран төттөрү уурда:
– Баһыыба.
Бэргэн соҕотоҕун иһэ олоруон бэркиһээтэ быһыылаах, биир бакаалынан бүттэ, бытыылканы холодильникка төттөрү уурда. Ити кэнниттэн буолары-буолбаты, сайын кэлэн таһырдьа куйааран эрэрин, төрөөбүт дойдуларын уратытын, киһи кэрэхсиирэ туох баарын ботур-итир кэпсэтэ олордулар. «Как упоительны в России вечера!..»
Балачча олорбуттарын кэнниттэн Бэргэн турда уонна хоско киирэн, гитара тутуурдаах таҕыста:
– Ксенья, ыллыахха эрэ.
– Оо, мин ырыаһыппынан мөлтөх буоллаҕым, чэ, эн саҕалаа, мин батыспыта буолуом.
– Пахай, мин да ырыа таһаарааччы буолбутум диэн, – Бэргэн кэмчиэрийдэ, ол да буоллар: «Хара сир устун саас маҥнай…» диэн ыллаан барбытын кыыһа хатан куолаһынан тэҥҥэ түһэристэ. Ыллаан бүппүттэригэр уол гитаратын «тап» гына охсон баран, муннукка туруорда:
– Биһиэхэ Аскалон, Егоровтар, Бүөккэ Бөтүрүөп, «Чолбон», «Айтал» чугас буоллахтара, күн-дьыл ааһыа, кэнники көлүөнэлэр бэйэлэрэ сүгүрүйэр атын ырыаһыттардаах буолуохтара, оттон дьиҥнээх ырыа хаһан да өлбөт-өспөт, иһиттиҥ дии – пааркаҕа нууччалыы романстары. Итилэр сүүһүнэн сылларга ылламмыттара буолуо да, эргэрбэттэр, мөлтөөбөттөр, тоҕо диэтэххэ, нуучча норуотун иэйиитин, санаатын-оноотун биэрэр уратылаахтар.
– Оттон биһиги иннибитинээҕи көлүөнэҕэ да үйэлээх буолар ырыалар бааллар. Мин санаабар, холобура, Аркадий Алексеев «Сахатын үҥкүүтэ», Виталий Андросов «Ньургуһуннара», «Саҥа хаара» хаһан баҕарар ыллана туруохтара.
– Василий Протодьяконов ырыата буолбатах дуо – «Ньургуһуннар»?
– Билигин Протодьяконов ырыатын ыллаатыбыт, ньургуһуннарга анаммыт ырыалар элбэхтэр, оттон Андросов ырыатыгар поэт, бадаҕа, Баал Хабырыыс, түмүк тыллара миигин долгуталлар, – диэн баран Бэргэн аа-дьуо сыыйан ыллаата: – «Кэтэһимэҥ, кыргыттар, кэлбэттэр аны уолаттар, отучча кыс хаар уулунна, уолаттар аҕам дьон буолтар…»
– Кырдьык даҕаны! – кыыс сөҕөн ытыһын охсунна: – мин бу ырыа итинник тыллардааҕын хаһан да истэ иликпин, оок-сиэ, аны отучча сылынан ханна-ханна тиийэрбит эбитэ буолла? Наһаа ыраах кэм!
– Онно биэс уоммуттан тахсыбыт оҕонньор буолабын ээ, – Бэргэн саллан баһын быһа илгиһиннэ, – ама оннук кырдьыахпыт дуо, итэҕэйбэппин. Оннук оҕонньор буолан олоруом диэн санаа мин төбөбөр хайдах да батан киирбэт. Чэ, бэйи, ити хааллын, бэлэм ырыалары оонньотуохха. Ким ырыаларын истиэххин баҕараҕыный? – Бэргэн туран, долбуурга кырыыларынан туруору анньыллыбыт пластинкалары сыымайдаата.
– Классическай музыка баар дуо? Ону истибит киһи.
Бэргэн радиоланы холбоон, Моцарт «Реквиемын» пластинката баарын уурда. Санньыар музыка кутулунна, ону хорунан ырыа солбуйда, аны турба тыаһа сатарыйда, аан дойдуттан букатыннаахтык барбыт дьоннуун бырастыылаһыы, кинилэргэ саас-үйэ тухары уоскулаҥы, сырдыгы баҕарыы, ол туһунан Таҥараттан көрдөһүү, бары кистэлэҥ аһылларын, буруй накаастанарын, оттон аньыыта-харата суох алгыһынан ылылларын Христостан көрдөһүү хайдахтаах да нохтолоох сүрэҕи, хайҕахтаах хара быары хамсатардыы дуораһыйар, дуораһыйар… Ксенья музыка бүтүөр диэри биир сири тонолуппакка көрбүтүнэн хамсаан да көрбөккө олордо, онтон пластинка бүппүтүгэр, чуумпу сатыылаата. Им-ньим олорбуттарын кэнниттэн кыыс эттэ:
– Мин ааспыт үйэҕэ төрүөхтээх киһи хойутаабыппын быһыылаах, ол курдук классическай музыканы олус сөбүлүүбүн, иһиттэрбин эрэ күн кыһалҕата суох сылдьыбыт оҕо сааспын, ийэлээх аҕам атаахтаталларын, ийэм билигин суоҕун, хаһан да эргиллибэттии дэриэбинэбит аттынааҕы кылабыыһаҕа ыбыс-ыарахан буор анныгар сытарын санаан наһаа хараастан, долгуйан кэлэбин…
– Аҕаҥ билигин ханна баарый? – Бэргэн ыйытта.
– Дойдутугар, – уонна олох атыны ыйытта: – оттон эн классическай музыканы сөбүлүүгүн дуо?
– Оо, суох, хомойуох иһин, оннук таһымҥа тиийэ иликпин. Эстрадам ырыаһыттарын да сорохторун билбэппин, чэ, өссө чэйдэ кутуум…
Ураты чуумпу, нуурал-нусхал киэһэ, эркиннэрэ халыҥ буолан, таһырдьа субуруһар массыыналар тыастара да бэрт бүтэҥитик иһиллэр, таһырдьа үрүҥ түүн налыйар, түннүк холуодатыгар көһүйэлэргэ турар сибэккилэр өстүөкүлэ нөҥүө иирэ лабаалара көҕөрө тумарыктыйбыт салгыҥҥа дьикти өҥнөнөн көһүннүлэр, оттон дьиэ иһэ боруорда, муннукка ыскаапка турар иһит-хомуос күлүгүрдэ, эркиҥҥэ турар радиоприемниктан диктор үлэ-хамнас ситиһиилэрин сэһэргиирэ симиктик иһиллэр.
Кыыстаах уол кэпсээннэрэ кэнникинэн сөҕүрүйэ быһыытыйда, сылайан утуктаан да бардылар, куукунаттан саалаҕа улахан дьыбааҥҥа көстүлэр уонна сэргэстэһэн олорон кэпсэтиилэрин уота-күөһэ суох салҕаатылар:
– Медучилищены бүтэрдэххинэ, салгыы тугу гынар былааннааххын?
– Биир-икки сыл үлэлээн баран университекка үөрэниэм этэ, оттон эн?
– Мин үөрэхпин бүтэрэбин, онон, биллэн турар, геолог буолан эһэ-бөрө ыырдарын кэрийэрим буолуо.
– Романтика дии! Ким да үктэммэтэх ыырдарынан кэрийии, баҕар, ол сылдьан алмаас, кыһыл көмүс сирдэрин булан, улахан арыйыылары оҥоруоххун сөп.
– Оо, ол киһи аайы тиксибэт дьыала буоллаҕа.
Уол бу олорон кыыс адьас субу, аттыгар сэгэспит сииктээх уостарыттан, сүүһүгэр түспүт баттаҕын сүүмэҕиттэн уонна хаһан да билбэтэх духуутун сыта туймаардарыттан өй-төй курдук буолуталаан ылла, сүрэҕин тыаһа иһийбит хоско барытыгар иһиллиэхтии күүскэ тиҥиргэччи тэбиэлиир, күөмэйэ кууран, салгын да тиийбэт курдук… Эмискэ кыыһы кууһан уураан ылбытыгар биирдэрэ соһуйан чинэрис гынна, итиэннэ күүскэ садьыаланан уол илиитин төлө оҕуста:
– Кэбис, итинник гыныма, эн туох да куһаҕаны оҥоруо суох буолан тылгын биэрбитиҥ дии?
– Ксенья, мин эйигин маҥнай көрүөхпүттэн сөбүлүү көрөбүн, оттон бу сыллыы сатаабыппын бырастыы гын, аны итинник гыныам суоҕа, ол эрээри сөбүлүүбүн диэбиппэр ама буруйдаах буолуом дуо, аата абааһы көрөбүн диэбит буоллаҕай…
Кыыс мичээрдээтэ, тугу да хардарбата, арай уһун кыламаннара сапсыҥнастылар. Балачча олордулар да, кэпсэтии ыллыгын-суолун булбакка, симиктик кыламныыр төлөнө умнулунна.
Уол: «Орон оҥорон биэриим, утуй», – диэбитин кыыс аккаастанна, онон иккиэн бэйэ-бэйэлэригэр өйөнөн хороччу олороллоругар эрэ тиийдилэр, түүн үөһүгэр тиийиилэрэ харахтара сабыллан бара турарыттан өрүһүнэ сатаатылар да, сылбай уу улам баһыйан барда…
Сарсыарда Бэргэн уһуктубута – дьыбаан өйөнөрүн уонна ойоҕос ыксары турбут ыскаап муннугар кыбыллан утуйбут, дэлби көһүйбүт, кыыс төбөтүн кини санныгар ууран утуйан, мунна биллэр-биллибэттик сыыгыныыр. Уол сылайбытын да иннигэр, кыыһы уһугуннарымаары хамсаабакка олордо, Ксенья балачча мунна сурдурҕаан баран, хараҕын аста уонна Бэргэн санныгар сытарын өйдөөн хонос гынан тэйэ оҕуста:
– Хайа, Бэргэн, утуйан хаалбыппын дии?
– Олорон эрэ утуйбуппут, чэ, туран суунан-тараанан сэргэхсийиэххэ.
Чэйдии олорон Бэргэн ыйытта:
– Кэлэр субуотаҕа пааркаҕа барабыт дуо?
– Пахай, эмиэ охсуһууга түбэһээри барыам дуо? Ити тэлэкэччиһэ сылдьан киһини дэҥниэхтэрэ, суох…
– Чэ, оччоһо мин өйүүн бүтэһик эксээмэммин туттарабын, ол кэнниттэн эйиэхэ тиийэ сылдьыам, ханна эмэ дьаарбайа барыахпыт.
– Көрүөхпүт.