Читать книгу Чиҥ туруктаах оҕону иитии - - Страница 1

Аан тыл

Оглавление

Хайа да кэмҥэ киһи барахсан кэннигэр кэнчээри ыччаты хаалларан, кинилэр дьоһун олоҕу олорон ааһалларын туһугар ис сүрэҕиттэн кыһаллара – Айылҕа биэрбит Ытык анала. Айылҕатыттан тэйбэтэх, аныгы олох албын сыаннастарыгар баһыйтарбатах киһи эрэ барыта төрөппүт-ииппит оҕолоро үтүө дьон буола улааталларыгар ис-иһиттэн кыһаллар, ол туһугар санаатын тутар, үлэлэһэр.

Өбүгэбит айылҕа тутулунан, дьыл кэмин хаамыытынан тус-туһунан түөлбэлэринэн аймаҕынан суулаһан олорбут буолан, саха оҕото кыра эрдэҕиттэн дьиэтээҕи үлэҕэ сыстаҕас буолара, ону тэҥэ эбэлэр, эһэлэр такайыыларын истэн улаатара, оттон арыый да бороохтуйан баран, оҕолору кытта бодоруһан, оонньоон-көрүлээн, кэмэ кэллэҕинэ үлэҕэ миккиллэн, анал үөрэҕэ, төрөппүтүттэн улахан иитиитэ-такайыыта суох киһи буолан тахсара.

Сэбиэскэй кэмҥэ, уопсай үлэни өрө тутуу саҕана, дьааһыла, оскуола оҕо иитиитин үүннээччи-тэһииннээччи буолбуттара. Интернаттар, сайынын үлэ-сынньалаҥ лааҕырдара оҕо улаатарыгар, ситэригэр-хоторугар улахан оруоллаах этилэр. Ол бэйэтэ эмиэ да үтүө, эмиэ да мөкү өрүттээх буолбута мэлдьэҕэ суох.

Биһиги бу кинигэбитигэр билиҥҥи кэмҥэ оҕону иитиигэ ордук туохха болҕомтону ууруохтаахпытын, өбүгэ дириҥ билиититтэн тугу сомсуохтаахпытын, айылҕа тутулун быһыытынан оҕо иитиитигэр тугу билиэхтээхпитин-көрүөхтээхпитин бэрт кыратык сэгэтэ түһүөхпүт. «Тоҕо кыратык?» диэн ыйытар буоллахха, хас биирдии киһи айылҕаттан бэриллибит уратылаах, туспалаах, ол сиэринэн барыга сөп түбэһэр ыйыылары-кэрдиилэри ким да биэрэр кыаҕа суох. Бэйэбит тутан-хабан, өйдөөн-ылынан эрэ ситэри билэр кыахтаахпыт.

Ол эрэн биир чопчу көстүү хас биирдии төрөппүккэ баар буолуохтаах – оҕоҕо таптал. Ол аата аһаҕас сүрэхтээх, аһыныгас майгылаах уонна кэмигэр мындыр өй ирдэбилинэн кытаанах буолуу. Оҕотун дьиҥнээхтик таптыыр киһи бэйэтин баҕатын ханнара сатаан, киниттэн кими эрэ оҥорон таһаара сатаабат. Оҕотун дьиҥнээхтик таптыыр киһи кини инникитин санаан атаахтаппат-тараҥнаппат. Оҕотун дьиҥнээхтик таптыыр киһи… Дьэ ити туһунан бу суруйууга төһө кыалларынан сиһилии сэһэргэһиэхпит.

Билиҥҥи дьон дьикти кэмҥэ олоробут. Биллэн турар, хас биирдии кэм бэйэтэ уратылаах буолар. Ол эрээри биһиги үйэбитигэр информационнай технология аһара балысханнык сайынна. Урут ким да маннык технологическай сайдыылаах кэмҥэ олорботоҕо, биһиги суол тэлээччилэр буолабыт. Ол эмискэ дириҥник ааҥнаан киирбитэ сүүрбэччэ сыла да буола илик. Күннэтэ туох барыта күүскэ сайда турар буолан, саҥаттан саҥа үөдүйэ-үөскүү турар.

Аны интернет ситимнэрин информационнай технология эйгэтигэр сайдыылаах, үптээх-харчылаах, элбэх ахсааннаах омуктар баһылыы-көһүлүү туталларын быһыытынан, бу эйгэҕэ аҕыйах ахсааннаах омук, биллэн турар, баһыйтарар. Ону аҕыйах сыл иһигэр оннооҕор тыа оҕолоро нууччалыы тылламмыттара, бэйэлээх бэйэлэрин ийэлэрин-аҕаларын, эһэлэрин-эбэлэрин кытта нууччалыы кэпсэтэллэрэ кэрэһилиир.

Ол да буоллар биһиги, тыйыс дойдулаах саха дьоно, өбүгэ утумун салгыыр, айылҕа үрдүк аналын толорор туһугар ити ыарахаттары баһыйар, кыайар албастары тобулуох кэриҥнээхпит.

Чиҥ туруктаах оҕону иитии

Подняться наверх