Читать книгу Чиҥ туруктаах оҕону иитии - - Страница 2

Олох саҕыллыыта
Оҕо кыайан үөскээбэтин төрүөтэ

Оглавление

Былыр, киһи аймах айылҕатыттан күүскэ тэйэ илигинэ, оҕо үөскээһинигэр улахан суолта уураллара. Кыыс оҕону кырыы харахтаахха таба көрдөрбөккө кистээн-харыстаан, бүөбэйдээн улаатыннаралларын өбүгэбит олоҕуттан билэбит. Былыр кыыс оҕону улахан сулуу төлөөн кэргэн кэпсэтэллэрэ, ол иһин атыыласпыт киһиттэн сирэй-харах анньыллымаары харыстыыллар этэ диэн сорох дьон этиэхтэрин эмиэ сөп. Хайата да баара.

Оннооҕор күн бүгүҥҥэ диэри сорох илиҥҥи омуктар кыыс уоллуун холбоһон баран хоонньоспут бастакы түүнүн кэнниттэн утуйбут таҥастара хааннаах дуу, суох дуу, ол эбэтэр кыыс төһө ыраас эбитий диэн билэ сатыыллар. Бу былыр сүрдээх киэҥник тэнийбит үгэс.

Билиҥҥи олоххо бу үгэстэр эргэрэн, сөп түбэспэт буоллулар. Ол иһин ити урукку кытаанах үгэстэр оннуларыгар билии-көрүү, итэҕэл, олоххо таптал көмөтүнэн ыал буолар эдэр дьон оҕо үөскүүрүүгэр-төрүүрүгэр тус бэйэлэрэ ирдэбиллээхтик сыһыаннаһыах тустаахтар. Ол, биллэн турар, биирдиилээн эрэ ыал оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн оннук өйдөбүлгэ иитиилэринэн кыайтарбат. Дьон-сэргэ бүттүүн өй, билии үрдүк таһымыгар тахсан, олоххо эппиэтинэстээхтик сыһыаннастахтарына эрэ кыаллар суол. Билигин биһиги киһи аймах өйүн-санаатын, кутун-сүрүн оннук үрдүк таһымҥа тахсары саҕалаан эрэбит.

Саха аймах көрүүтүнэн, Ахтар Айыыһыт хотун эр киһиэхэ төбөтүн оройунан оҕо кутун угар. Ону эр киһи дьахтар киэлитигэр киллэрэр. Оччоҕо дьэ ол киэлигэ Айыыһыттаах Иэйэхсит көрсөн, оҕо кута-сүрэ үөскээн, таҥыллан барар. Билигин бу өйдөбүл оһуорга тиһиллибитин көҕүөр ойууга көрөбүт.

Аныгылыы тыыннаан көрдөхпүтүнэ, Айыыһыт да, Иэйэхсит да дьоҥҥо туругу биэрэллэр. Айыыһыт эр киһиэхэ сүрдээх көхтөөх, айар-оҥорор туругу биэрэр, ис кыаҕын уһугуннарар. Иэйэхсит дьахтарга иэйиини саҕан кинини сымнатар, арыйар, иэйэр-куойар туругу биэрэр.

Орто дойдуга туох барыта бэрт бытархай эттиктэртэн таҥыллан оҥоһуллар. Дьиҥэр, орто эрэ дойдуга буолбатах, ити сокуон туох баар Кудул Куйаарга барытыгар үлэлиир. Ол иһин саамай үрдүкү, туох баары барытын айааччыны, оҥорооччуну, тутааччыны сахалар Таҥара диэн ааттаабыттар. Ыһылла сылдьар бытархай эттиктэри таптал – магнетизм күүһүнэн таҥан оҥорор Улуу Күүс диэн. Таптал эрэ тардыһар күүстээх, онтон атына тус-туһунан сылдьар, сороҕор бэл диэтэр төттөрү анньыһар, тэйитиһэр айылҕалаах.

Аныгы дьон сиэринэн эттэхпитинэ, ол киэли иһигэр көрсүбүт сперматозоид уонна яйцеклетка холбоспут программаларын ылынан, ол программа иһинэн оҕо буор кута таҥыллар. Ийэтэ аһаабыт аһылыгыттан организм микроэлеменнэри булан ылан, оҕо буор кутун таҥар. Дьэ бу сүрдээх уустук оҥоһууну дьахтар иһигэр эт-сиин бэйэтэ, киһиттэн тутулуга суох, оҥорор. Дьахтар онно тугу да дьаһайсыбат, «бу манна барыахтаах, ону онно угуохтаахпыт, ситини маны кытта холбуохтаахпыт» диэн отой түбүгүрбэт. Туох тиийбэт эттиктэрин дьахтарга баҕа санаа уган, эт-сиин көрдөөн ылар. Ону биһиги «сүрэхтэппит» диибит. Сороҕор хат дьахтар ис-иһиттэн тоҥ балык сиэн баҕарар, сороҕор дьаабылыканан сүрэхтэтэр… Кини буор кута ханнык микроэлемент ирдэнэринэн көрдөөн ылар.

Дьэ ол иһин сорох дьоҥҥо оҕо төрүүрэ, сиргэ саҥа киһи кэлэрэ бэйэтэ дьаалатынан барар көстүү курдук өйдөбүл баар. Дьиҥэр, оннук буолбатах. Ыал буолбут эдэр дьон тугу билиэхтээхтэрий?

Айыыһыттаах Иэйэхсит киэҥ-холку, күүрбэтэх киэлигэ көрcүөхтээхтэр. Бу ийэ буолаары сылдьар дьахтар ис туругуттан олус тутулуктаах. Эр киһи хат буолбут дьахтары харыстыыр, көрөр-истэр аналлаах. Дьахтар уйулҕата хамсаатаҕына, ис туруга күүрдэҕинэ, биллэн турар, оҕотугар дьайар. Ол эрэн олоххо араас буолар, кэргэнниилэр икки ардыларыгар өйдөспөт буолуу хайа баҕарар кэмҥэ баар буолуон сөп. Аныгы дьон бэйэ олоҕун иннигэр эппиэтинэстээх буолуулара олус улахан суолталаах. Ол аата атын киһиттэн сылтаан, баҕар, кини кэргэнэ дуу, ойоҕо дуу буоллун, кыыһыран-тымтан ис туругу мөлтөтүү бэйэҕэ охсуулаах буоларын өйдүөх тустаахпыт.

Буруйдааһын туох да үтүөҕэ тиэрдибэт эрээри, атын киһи хаҕыстык хаарыйдаҕына холку туруктаах хаалар олус уустук. Ол да буоллар айылҕа тутулун быһыытынан, биһиги хас биирдиибит бөҕө туруктаах, бэйэни сатаан салайа тутан, ис турукпут төһө кыалларынан атын киһиттэн тутулуктаммакка, ону тэҥэ хаарыйбыт эбэтэр олоҕу көрүүбүтүгэр сөп түбэспэт дьону бырастыы гынан, аһаҕас сүрэхтээх сылдьар ытык аналлаахпыт. Тоҕо диэтэххэ, көҥүл уонна аһаҕас сүрэхтээх эрэ дьонтон дьоллоох оҕо төрүүр. Ол – айылҕа оҥоһуута.

Киэҥ сирдэринэн айанныы сылдьан билиҥҥи эдэр дьон оҕо төрүүрүгэр олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһалларын сөҕө да, астына да көрөөччүбүн. Эти-сиини эрдэттэн эрчийии, хамсаныы, сүүрүү-көтүү, аһыыр аһы көрүнүү, айылҕаҕа сылдьыы – кэлэр кэнчээри ыччаттарыгар улахан таптал, үтүө сыһыан баарын бэлиэтэ буолар.

Ити, биллэн турар, олохпут отуора уларыйбытыттан буолар. Былыргы курдук иҥэмтэлээх төрүт аһылыктаах, ыраас салгыннаах, уулаах, биир тылынан эттэххэ сатарыйбатах айылҕалаах олохтоох, ону тэҥэ үлэлээн-хамсаан өрө мөхcө сылдьарбыт буоллар, турукпут быдан чөл буолуо этэ. Өбүгэбит сүрдээх кытаанах усулуобуйаҕа олорбута, оттон билигин биһиги сылаас, сымнаҕас эйгэҕэ олорор дьон аны кыылбытын мөлтөппөт туһугар дьулуһуохтаахпыт.

Киһи кыылын туһунан этэбин. Баҕар, соһуйа истиэҥ. Быһаарыым. Хайа баҕарар киһи үс эйгэттэн турар: кыыл, киһи уонна үрдүкү (Айыы). Маны киһиэхэ бэйэтигэр көрдөхпүтүнэ: аллараа өттө – төрүүр-ууһуур уорганнара – кыыл таһыма, сүрэх – киһи таһыма уонна өй – Айыы таһыма. Ол күүстэр тэҥҥэ сайдыахтаахтар, үрдүкү өй кыылы көрө-истэ сылдьыахтаах, ол гынан баран сабан, баттаан кэбиһиэ суохтаах. Кэнники кэмҥэ үгүс киһи өйүгэр эрэ болҕомто, суолта биэрэр буолан, кыыла мөлтүүр, оччотугар оҕо оҥорор, оҕо үөскүүр кыаҕа эмиэ сабыллан хаалыан сөп. Бу – айылҕа кэһиллиитин көстүүтэ. Ону таба өйдөөн, киһи бэйэтигэр үлэлиэхтээх, хайаан да ис эйгэтигэр тэҥ буолууну ситиһэ сатыахтаах. Оччотугар эрэ киһиэхэ дьол туруга кэлэр, үс айылҕа үһүөн тэҥҥэ дьүөрэлэһэр буолаллар.

Холобур, кыыла мөлтөөбүт киһи этэ-сиинэ мөлтөөн, түмүгэр иммунитета эмиэ мөлтүүр. Ол туһунан кэлин өссө кэпсэтиэхпит.

Оҕо сатаан үөскээбэтин өссө биир төрүөтэ – дьахтар эр киһилии күүстээх майгылаах буолуута, оттон эр киһи ис күүһүн сүтэриитэ. Олус күүстээх, барыны-бары хонтуруоллуу, дьаһайа, оҕолорун мөҕө-этэ сылдьар ийэлээх уонна дьахтарга баһый̆тарбыт аҕалаах ыал оҕолоро – кыыс эр киһини сыаналаабат, сэниир, уол дьахтартан толлор буола улааталлар. Оччотугар кыыс кэлин улаатан баран эр киһиэхэ сатаан арыллыбат, оттон уол кыыс аймахтан тэйэр. Иитии олус улахан суолталаах, онно төрөппүт икки ардыгар сыһыан бастакы миэстэҕэ турар. Итини өссө дириҥник салгыы таарыйан ааһыахпыт.

Суруллубуту аахтахпытына, эппиэтинэс барыта кыыска, дьахтарга, ийэҕэ эрэ сүктэриллэр курдук өйдүөххэ сөп. Ол сыыһа. Айылҕа тэҥнээн оҥорор. Ол гынан баран ийэ оҕону иһигэр тоҕус ый тухары илдьэ сылдьар, онтон кыратыгар көрөр-истэр, эмтэрэр. Ханнык баҕарар тыыннаах киһи ийэттэн тахсар уонна аан бастаан кинини кытары киининэн быстыбат ситимнээх буолар. Ол иһин ийэни кытта ситим, сирдээҕи таһымынан син биир аҕаны кытта ситимтэн күүстээх буолар. Оттон оҕо аҕатын кытта үрдүкү эйгэлэринэн ордук күүстээх ситимнээх.

Итини көннөрү тылынан быһаардахпына, маннык: ийэтигэр чугас, ийэтин ытыктыыр оҕо хаһан баҕарар киһилии майгылаах, сиэрдээх буолар. Онтон аҕатын күндүтүк саныыр оҕо көҥүл буола улаатар. Аҕатыгар хомолтолоох киһи бу олоххо хаһан даҕаны ис көҥүл диэни билбэт. Баҕар, сорох ааҕааччы маны олус быһаччы, кытаанахтык этиллибит дии саныан сөп. Ол эрэн Айылҕа биһиэхэ, бэйэлэрин оҕолоругар, сыһыана оннук, биһигини таптыыр буолан баран хаһан да атаахтаппат, тараҥнаппат, кытаанах ирдэбиллээх. Ол – биһиги бу орто дойдуга көрүлүү-нарылыы буолбакка, ситэ-хото, бөҕөргүү кэлэрбит иһин буолар. Хас биирдии кыра оҕо аан бастаан бу сиргэ кэлэн ийэ-аҕа тапталынан иитиллэн, тирэҕин булунан, тус бэйэтин эриирдээх-мускуурдаах олоҕун суолугар үктэнэн буһуох-хатыах, улаатыах, сааһын ситиһиэх тустаах. Сорох дьон балай да сааһырбыт, олоххо оннуларын булбут курдук көстөллөр буолан баран, ийэлэригэр баайыллыыларын сатаан ыыпаттар. Оннук көстүү олоххо улахан охсуулаах.

Биллэн турар, чөл-чэгиэн куттаах-сүрдээх оҕо төрүүрүгэр туһааннаах билии-көрүү манна суруллубут аҕыйах сүбэнэн муҥурдаммат, сүрдээх элбэх. Билиҥҥи кэмҥэ ону булар, ааҕар-ылынар сүрдээх кэбэҕэс. Ону билиигэ-көрүүгэ, туһаныыга тардыһыыга бэйэ олоҕор эппиэтинэстээх буолуу, үүнүүгэ-сайдыыга, үтүөҕэ талаһыы, ону тэҥэ таптал тирэх буолаллар. Ол майгыны-сигилини оҕолорбутугар иҥэрии – биһиги, төрөппүттэр, ытык иэспит…

Оттон билигин уол оҕо, эр киһи чөл-чэгиэн ыччаттанарын туһугар тугу өйдүөхтээҕин, олоҕор сорук оҥостон тутуһуохтааҕын туһунан кэпсэтиэхпит.

Чиҥ туруктаах оҕону иитии

Подняться наверх