Читать книгу Чиҥ туруктаах оҕону иитии - - Страница 5
Ийэ, аҕа «охсуулаах» таптала
ОглавлениеӨбүгэ да өйдөбүлүнэн, аныгы уйулҕа үөрэҕин да көрүүтүнэн, оҕо сааһыгар төрөппүт тапталынан иитиллибит киһи олоҕор бөҕө туруктаах, сүрэҕэ аһаҕас, киэҥ-холку, киһилии майгылаах буолар. Биһиги, билиҥҥи дьон, оҕоҕо таптал диэни төһө дириҥник өйдүүбүтүй, ону дьиҥ олоххо төһө арыйабытый, туһанабытый?
Биллэн турар, таптал туһунан суругунан тиһэн киһи сүрэҕэр (өйүгэр буолбатах) тиэрдэр сүрдээх уустук, сатаммата да буолуо. Ол да буоллар муҥ саатар сүнньүн өйдүүр курдук гына бу эйгэни бэрт кыратык сэгэтэн көрүөҕүҥ. Төрөппүт оҕотугар таптала «миэнэ» диэн көрүүгэ олоҕуруо суохтаах. Ол аата эн төрөппүт оҕоҥ бэйэтэ туспа олохтоох-дьаһахтаах, дьылҕалаах-төлкөлөөх буоларын букатын умнуо суохтааххын. Оҕо төрөппүтүн кытары олоҕун холбуур кыаҕа суох. Кини улаатан эр-ойох буолан дьылҕатын кимниин эрэ холбуоҕа, оттон эн, төрөппүт, төһө да баҕарбытын иһин, оҕоҥ дьылҕатын үллэстэр кыаҕыҥ суох.
Эн кинини оҕо сааһыгар иитэн, бэйэҥ тыыҥҥынан толорон баран улаатарын саҕана көҥүлгэ ыытаҕын, дьылҕатын бэйэтин илиитигэр туттараҕын. Онно төһө ис туруктаах гына ииппитиҥ көстөн кэлэр. Ол кэннэ оҕо улаатан, эр киһи, дьахтар буолан, аналын көрсөн, айылҕаттан кэлбит ыйааҕын толоруохтаах. Ону тутахтык «оҕо төрөтүөхтээх, дьиэ-уот булунуохтаах» диэнинэн муҥурдаммакка, дириҥ соҕустук хорутан көрүөҕүҥ.
Айылҕа үрүҥ уонна хара, тымныы уонна итии, үрдүк уонна намыһах, о.д.а. утарыта турар көстүүлэртэн турар. Бу көстүүлэр бэйэ-бэйэлэрин кытары утарылаһыылара, охсуһуулара, ылынсыылара, алтыһыылара олоҕу хамсатар. Ол сиэринэн орто дойдуга кэлбит дьахтар уонна эр киһи алтыһыылара – бу олох биир сүрүн үөрэҕэ буолар. Кинилэр бэйэ-бэйэлэригэр итэҕэйсиилэрэ эбэтэр атааннаһыылара, куттаныылара эбэтэр тапталлара, эрэнсиилэрэ эбэтэр күнүүлэһиилэрэ – киһи тус бэйэтигэр эрэллээх, итэҕэллээх буоларын туһугар ааһыахтаах сирдээҕи олох биир саамай сүрүн ирдэбилэ, үөрэҕэ буолар.
Эр киһи дьахтар айылҕатын өйдөөн, ылынан ис эр киһитин күүһүн арыйар, бэйэтигэр эрэллээх, итэҕэллээх буолар. Дьиктитэ диэн баар – эр киһини кыайан-хотон ол күүһү сатаан арыйбаккын. Тоҕо диэтэххэ, ити күүс тус-туһунан айылҕалаах күүстэр алтыһыыларыттан эрэ арыллар. Оттон дьахтар эмиэ эр киһи айылҕатын өйдөөн, ылынан, тус бэйэтин ис айылҕатын, дьахтарын күүһүн уһугуннарар аналлаах. Дьахталлар эрэ кыттар үөрэхтэригэр, семинардарыгар, уопсайынан, эр киһитэ суох эйгэҕэ кини бу ис кыаҕын арыйар кыаҕа суох. Утарыта турар айылҕалаах күүстэр алтыһыахтаахтар. Ол бэйэ уратытын арыйар.
Манна биир эмиэ дириҥ өйдөбүл баар: уол оҕо ийэтигэр аһара баайылыннаҕына, кыыс оҕо аҕатыгар – оччотугар кэлин маннык иитиилээх оҕолор нус-хас ыал буолан олороллоро уустук буолар. Оттон баайыллыы диэн найыланыы эбэтэр төттөрүтүн оҕо төрөппүтүн туһугар олус кыһамньылаах буолара эмиэ киирэр. Итинник майгыга иитиллибит оҕо баайыллыылаах буолан, төрөппүттэриттэн арахсан быстыбат. Дьэ ол иһин оҕону туспа дьылҕалаах, суоллаах-иистээх диэн эрдэттэн өйдөөн, улаатарын саҕана ол суолугар туруоран көҥүлгэ ыытыы – бу оҕоҕор эрэнэрин бэлиэтэ, бэйэҥ үлэҥ түмүгэр итэҕэлиҥ көстүүтэ.
Оҕону кыра эрдэҕиттэн сатабылга үөрэтии сүрдээх сыралаах. Сатаабат оҕо тугу эрэ салаҥ соҕустук оҥоруон кэриэтэ, бэрт түргэнник бэйэҥ оҥорбутуҥ ордук курдук буолар. Ону таһынан аныгы үйэҕэ төлөпүөҥҥэ, көмпүүтэргэ хам хатанан олорор оҕону онтуттан арааран хамсатар сыраны-сылбаны таһынан тулуурдаах, кытаанах буолары эрэйэр. Үгүс төрөппүт ону ыарырҕатар, күнүн-дьылын, ньиэрбэтин барыан кэрэйэр, сүрэҕэлдьиир. Чуумпу туругун ордорор. Ол иһин орооһо сатаабат, онон оҕото бэйэтэ-бэйэтигэр бүгэн хаалара баар суол.
Билиҥҥи кэмҥэ араас абылаҥнаах оонньуулаах, үгүс-элбэх киинэлээх, мультиктаах интернет эйгэтиттэн арааран оҕону дьиҥ олоҕу кэрэхсэтии сыралаах үлэ буолла. Ол иһин оҕотун дьиҥ таптыыр эрэ төрөппүт итиннэ киирсэр, күнүн-дьылын аныыр. Ол биир өттүнэн төрөппүт бэйэтэ бүгэн хаалбытыттан тахсар. Кини аһаҕас туруктаах буоллаҕына, оҕо киниэхэ үгүс этиитэ суох бэйэтэ тардыһар, алтыһар. Ону эмиэ өйдүөх тустаахпыт, ол иһин төрөппүттэр бэйэбит аһаҕас, олоҕу кэрэхсиир туруктаах буоларга дьулуһуохтаахпыт.