Читать книгу Чиҥ туруктаах оҕону иитии - - Страница 4
Эр киһи кэнчээри ыччатын иннигэр эппиэтинэһэ
ОглавлениеУол оҕо, эр киһи чөл-чэгиэн ыччаттанарын туһугар тугу өйдүөхтээҕин, олоҕор сорук оҥостон тутуһуохтааҕын туһунан кэпсэтиэххэ.
Бастатан туран, уол оҕону сөпкө иитии, кини дьиҥнээх эр киһилии тыыннаах буоларын ситиһии төрөппүттэртэн тутулуктааҕын бары диэн бэркэ билэбит. Атаахтык иитиллибит эбэтэр олус баттанан эр киһилии кута-сүрэ тостон хаалбыт оҕо кэлин улаатан баран дьиҥ бэйэтин булунара ыарахан. Кытайдарга «уол оҕону атаахтатыах кэриэтэ өлөрбүт көнө» диэн өс хоһооно баар дииллэр. Бу саха киһитин кулгааҕар бэрт олуонатык иһиллэр өйдөбүл, ис-иһигэр киирдэххэ, уол оҕо, эр киһи айылҕатын оҥоһуутун олус дириҥник арыйан көрдөрөр.
Оттон төрөппүтүттэн олус баттанан улааппыт уол оҕо тус бэйэтигэр ордук кырыктаах эбэтэр дьоҥҥо олус ирдэбиллээх, эр дьону аанньа ахтыбат дьахтар ииппит уола эр киһитэ симэлийэн, уйаҕас, кэбирэх айылҕалаах буола улаатар. Билигин олус «күүһүрэн» эр киһи курдук, онно эбии сүрэҕэ сабыылаах дьахталлар ииппит уолаттара тостон, дьиҥ айылҕаларыттан тэйэн кыыллара мөлтүүрүн, ол түмүгэр бэйэлэрин кыһалҕаларыгар куруук атын дьону буруйдуур, мөҕүттэ сылдьар, буоларга-буолбакка барытыгар аахса сылдьар буола улааталларын бары истэн-көрөн билэ сылдьабыт.
Итиннэ биири өйдүөх тустаахпыт – эр киһи ис күүһэ дьахтар киэниттэн букатын атын оҥоһуулаах. Дьахтар айылҕаттан тулуурдаах, кэтэһэр, ылынар күүһэ ураты дириҥ, оттон эр киһи хатан, туруору күүстээх буолан, омос көрдөххө кута-сүрэ күүстээх буолан баран, тостумтуо. Ордук кини дьахтар хараҥа күүһүн уйар күүһэ мөлтөх. Төһө баҕарар ыарахан үлэни, охсуһууну, киирсиини кыайар кыахтаах буолан баран, ордук дьахтар мөхтөҕүнэ-эттэҕинэ эбэтэр ытаатаҕына-соҥоотоҕуна улаханнык ыарырҕатар. Ону тэҥэ билигин эр киһи тыһыынчанан сыллар устата олоро үөрэммит эйгэтиттэн тэйэн дьахтар эйгэтигэр олорорго күһэллэр, ол киниттэн букатын атын күүһү, тулууру эрэйэр.
Үтүмэн кэм устата эр киһи айылҕаны кытта алтыһан, дьиэҕэ-уокка хонор хоноһо курдук сылдьыбыт эбит буоллаҕына, билигин букатын атын эйгэлээх олоххо үктэннэ. Онно кини айылҕаттан бэриллибит күүһэ, өбүгэттэн кэлэр кыаҕа букатын кэмчи.
Аҕа ону өйдөөн, уолун хайаан да айылҕаҕа сыһыарыахтаах, хара үлэни кыайар гына уһуйуохтаах, иитиэхтээх. Ол уол оҕо кыыла уһуктарыгар, айылҕаны кытта ситимнээх буоларыгар олус улахан оруоллаах. Кыра эрдэҕиттэн аҕатын кытта алтыспыт уонна ыарахан түгэннэргэ кини өйөбүлүн ылбыт уол оҕо ис көҥүллээх, ис итэҕэллээх буола улаатар.
Аҕа ойоҕор, оҕотун ийэтигэр хайдах сыһыаннаһар да, уол кэлин эмиэ ону батыһан улаатар. Биллэн турар, эр киһи дьахтары сэниирин, аанньа ахтыбатын көрөн улааппыт оҕо кэлин эмиэ оннук майгыланар. Оттон уол оҕо таба иитиллэн, кыыһы-дьахтары ытыктыыр-убаастыыр буола улааттаҕына, ол майгыта кэлин ыал буолуутугар, оҕолоноругар-урууланарыгар, дьиэ-уот тэринэригэр бэйэтигэр туһалыыр.
Билигин биһиги өбүгэлэрбитигэр холоотоххо букатын атын олоххо олоробут. Ону дириҥник өйдөөн эр киһи олоҕун устата элбэххэ үөрэниэхтээх, өй-санаа, эт-сиин, кут-сүр өттүнэн куруук бэйэтин сайыннарарга кыһаллыахтаах. Дьахтар олус күүһүрдэ, эр киһилии бэйэтин бэйэтэ көрүнэр кыахтанна, үөрэхтэннэ, кыаҕырда диэн буруйдаан, хомойон, бэринэн, ыһыктынан кэбиспэккэ, сабыллыбакка, суол-иис көрдөөн, бэйэ кыаҕын кэҥэтэргэ куруук дьулуһуохтаах, ис эр киһилии күүһүн сайыннарыахтаах.
Ис эр киһилии күүс диэн тугуй? Дьэ бу кини кыылын күүһэ, ис эрчимэ, тыыппата, аныгылыы эттэххэ, азарта. Онтон өскөтүн эр киһи этэ-сиинэ мөлтөх, бэйэтэ өй хаата эрэ буоллаҕына, ис эр киһилии тыына мөлтөх буолар. Баҕар, кини үс да үрдүк үөрэхтэннин, ис туруга мөлтөөн, сатаан эппиэтинэһи ылбат, дьахтартан эбэтэр дьахтар туһугар ис-иһиттэн олус улаханнык куттанар буолар. Эбэтэр хара күүһэ балысхан буолан баран өй-санаа өттүнэн сыппах буоллаҕына, билиҥҥи үйэ олоҕор улаханнык мөлтүүр. Ону дириҥник өйдөөн эр киһи дьахтары, оҕону кытта алтыһыыны олох биир улахан үөрэҕин сиэринэн ылынан, бары өттүнэн сайдыылаах буоларга дьулуһуох тустаах. Оччотугар эрэ түргэн тэтиминэн сайдан иһэр олох урсунугар олорсон, бэйэтин холобурунан аныгы олоххо мумматах, күүстээх санаалаах оҕону иитэр кыахтаах.
Аҕа уонна кыыс оҕо сыһыана кыыс кэлин улаатан эр дьоҥҥо сыһыана хайдах буоларын түстүүр аналлаах. Онно аҕа оруола олус улахан. Кыыс оҕо аҕатыгар хайдах сыһыаннааҕа кэлин ыал буоларыгар, кэргэн тахсан олороругар олус күүстээх оруоллаах. Бу туһунан туспа киэҥ кэпсэл буолар эйгэ баар. Ону үүннүүр-тэһиинниир аҕа ыччатын туһугар эпиэтинэһэ, оҕолоругар, ойоҕор таптала буолар…
Бэл диэтэр саҥа үөскүүр, төрүөхтээх оҕо ис туруга, ис күүһэ, майгыта-сигилитэ аҕа бу оҕо айыллар кэмигэр хайдах туруктааҕыттан олус тутулуктаах. Санаата түһэ сылдьар киһиттэн – самныбыт санаалаах, аныгылыы эттэххэ, депрессивнэй туруктаах, ыгыллыбыт, эрэлэ суох сылдьар киһиттэн – куттаҕас оҕо, киэбирбит киһиттэн эмиэ куттаҕас оҕо (киэбирии диэн эмиэ ис кутталтан тахсар) айыллан тахсар. Ол иһин оҕо үөскүүр кэмигэр эр киһи ис туруга, кини уйулҕата олус улахан оруолу оонньууллар.
Айылҕа кэлэр кэнчээри ыччат туһугар эппиэтинэһи эр киһиэхэ уонна дьахтарга тэбис-тэҥ гына үллэрэн биэрэр. Оттон олоххо оҕо иитиитигэр туох эмэ табыллыбатаҕар бэйэ-бэйэни буруйдаһыы хомойсууга, атааннаһыыга эрэ тиэрдэр. Бэйэтин иннигэр эппиэтинэһи сатаан туруорбат киһи, олоҕор туох эмэ куһаҕан буоллаҕына, чугас дьонун буруйдуур. Онтуката туох да үчүгэйгэ тиэрдибэт, кини олоҕун тупсарбат. Өйдөөн көрүҥ, дьону, ойоҕун эбэтэр эрин буруйдуур биир эмэ киһи бу олоххо дьоллоох буолбутун билэҕит дуо?
Оттон бэйэ-бэйэни өйдөһөн, көмөлөсүһэн сылдьар ыал эйгэтэ хайаан да сылаас тыыннаах, таптал уйалаах, дьиҥ дьол тыыннаах буолар. Оннук эйгэҕэ, биллэн турар, бөҕө туруктаах оҕо иитиллэр.