Читать книгу Чиҥ туруктаах оҕону иитии - - Страница 3
Төрөппүт майгыта-сигилитэ оҕо олоҕор дьайыыта
ОглавлениеБиһиги «төрөппүт оҕотун иитэр» диэн өйдөбүллээхпит. Кырдьыга да оннук. Ол эрэн манна иккис өрүт баарын хайаан да билиэх тустаахпыт. Ол – оҕо төрөппүтүн иитэрэ. Ону билэн оҕотун туһугар ис сүрэҕиттэн кыһаллар төрөппүт биири дириҥник өйдүөхтээх. Дьиҥэ, бары билэбит, төрөппүт хайдаҕый да, оҕото эмиэ оннук буолар. Холобур, кини иҥсэтин кыаммат буоллаҕына, оҕо ол майгынан иитиллэр, өскөтүн күнүүһүт буоллаҕына, ол эмиэ оҕоҕо бэриллэр. Онон аан бастаан киһи бэйэтин түктэри, хараҥа майгыларын көннөрүнэргэ кыһаллыахтаах.
Төрөппүт олус уйаҕас, уйан буоллаҕына, онтон сылтаан оҕо кинини буһараары-хатараары олус элбэхтик ыалдьыан сөп. Айылҕа биһигини оҕобут нөҥүө оннук иитэр. Хас биирдии киһи ситэн-хотон, күүһүн-кыаҕын толору арыйан, олоҕун бэйэтэ айан-тутан, оҥостон, көҥүл, дьоллоох буоларын ситиһэ сатыыр. Оҕо онно төһүү көмө буолар.
Оҕо олоҕо сатаммат, ыалдьар-хайыыр буоллаҕына төрөппүт үрдүнэн ааһар, киниэхэ дьайар. Айылҕа сокуоннарын өйдүүр киһи, оҕотун олоҕун чэпчэтэр туһугар, бастатан туран, бэйэтин майгытын-сигилитин көрүнүөхтээх, туругун бөҕөргөтө сатыахтаах, ол туһугар тугу эрэ оҥорорго кыһаллыахтаах.
Оҕону биһиги билиибитинэн-көрүүбүтүнэн эрэ буолбакка ис турукпутунан иитэрбитин өйдүөх тустаахпыт. Ол иһин хас биирдии төрөппүт кэлэр кэскил туһугар, бастатан туран, бэйэтэ ыраас куттаах, бөҕө туруктаах буоларыгар улахан болҕомтотун ууруохтаах, ол туһугар сыралаһан туран үлэлиэхтээх.