Читать книгу Былыргы былдьаһыктаах сыллартан… Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ - - Страница 3

Ураанхайдар буолабыт

Оглавление

Уйаара-кэйээрэ көстүбэт

Улуу истиэп

Усталаах-туоратын

Уһун үйэлэргэ

Үлтү тэпсибит

Түҥ былыргы

Түүрдэртэн төрүттээх

Үс Саха диэн ааттаах

Урааҥхайдар буолабыт.


Үс түүннээх күн

Утуйбакка да олорон

Урукку олохпутун

Олоҥхонон ойуулаан

Уйулҕабытын уһугуннарар

Түҥ былыргы

Түүрдэртэн төрүттээх

Үс Саха диэн ааттаах

Урааҥхайдар буолабыт.


Саймаархай салгыннаах

Самаан сайын

Салаллан кэлиитэ

Көөнньөрүүлээх кымыһынан

Ыһыах ыһар

Түҥ былыргы

Түүрдэртэн төрүттээх

Үс Саха диэн ааттаах

Урааҥхайдар буолабыт.


Тоҥолохтон тутуһан

Күн хоту эргиччи

Күргүөмнээх үҥкүүнү

Көҕүлүттэн туппут

Эһиэхэйдиир ырыалаах

Түҥ былыргы

Түүрдэртэн төрүттээх

Үс Саха диэн ааттаах

Урааҥхайдар буолабыт.


Күндү ааҕааччыларым, кинигэбит маҥнайгы сирэйин арыйан олоҥхоҕо хоһуйалларыныы:

Былыргы былдьаһыктаах сыллар быдан мындааларыгар

Ааспыт араллааннаах сыллар анараа арҕастарыгар

Урукку охсуһуулаах сыллар кулун уорҕаларыгар

Аттаныаҕыҥ эрэ доҕоттоор, билэ-көрө, үөрэтэ, чинчийэ.


Былыргы былдьаһыктаах сыллартан… Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ

Подняться наверх