Читать книгу Былыргы былдьаһыктаах сыллартан… Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ - - Страница 4
Биттики таабырыннара
Биттики диэн аат хантан кэлбитэй?
ОглавлениеБиттики диэн аат хантан кэлбитэ буолла уонна туох диэн өйдөбүллээх буолуой? Бу ыйытыыга ким да сөптөөх эппиэти биэрбэтэх эбит. Ол курдук, билиҥҥи саха кэпсэтэр тылыгар да, Э. Пекарскай тылдьытыгар да кэлин тахсыбыт «Саха тылын быһаарыылаах тылдьытыгар» да биир эмэ быһаарыы бэриллибэтэх.
Дьэ, бу тыл суолтатын быһаарар сорукпун төрөөбүт дойдубут сирин-уотун, өрүстэрин, күөллэрин аатын үөрэтэр биллилээх топонимист М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэни кытта көрсүһүүттэн саҕалаатым. Михаил Спиридонович үйэ аҥаарын устата туруулаһан муспут баай картотекатыттан Биттики алаас Чурапчы оройуонун Хатылытыгар, Биттиги сайылык бу оройуон Сылаҥар, Биттики диэн күөл Нам оройуонун Модутугар, Биттигэ диэн эбэ Таатта Игидэйигэр бааллар диэн, ити сирдэр ааттара суруллубут карточкаларын ылан көрдөрдө. Ону таһынан Битти диэн сир Тааттаҕа баара киирэ сылдьар эбит. Михаил Спиридонович тыл олоҕо «битти» диэн буолуо диир. Ол эрээри Битти да, Биттики да туох өйдөбүллээхтэрэ карточкаларга ыйыллыбатах диэн быһаарар. Дьэ, хата, кини картотеката баар буолан, улахан эрэйэ суох, ханнык сирдэр баалларын биллэҕим ити. Багдарыын Сүлбэ үйэ аҥаара муспут баай матырыйаалын билиҥҥи үйэҕэ эппиэттиир информационнай база оҥорторон, Интэриниэт ситимигэр киллэртэрэрэ буоллар, дьоҥҥо-сэргэҕэ өссө улахан туһалаах буолуо эбит дии санаатым.
Былыр сиргэ онно олоро сылдьыбыт киһи аатын биэрээччилэр. Оччотугар оннук ааттаах киһи олоро сылдьыбыт буолуохтааҕа. Биттики диэн ааттаах киһи Саха сирин норуоттарын номоҕор, олоҥхоҕо, архыыпка, былыргы биэрэпистэргэ, таҥара дьиэтин метрическэй кинигэлэригэр уонна да атын докумуоннарга суруллубутун көрө иликпин. Араас чинчийээччи, айанньыт бэлиэтээһиннэригэр эмиэ ахтыллыбатах. Арай бу тылга майгынныыр Бичиги диэн ааттаах Нам кинээһэ И. Галкин дьаһаах хомуйбут кинигэтигэр ахтыллар. Онон сылыктаатахха, Биттики диэн биһиги сайылыкпыт аата киһи аатыттан үөскээбэтэх, атын өйдөбүллээх тыл эбит.
Саха тылыгар «биттики» диэҥҥэ биир чугас олохтоох «бит» диэн тыл буолар. Тыл олоҕор даҕааһын хоһуйар сыһыарыытын -тики, -тыки, -дыҥы диэни тутуннахха бит-тики, ат-такы, балай-дыҥы диэн тыллар үөскүүллэр. Аттакы уонна балайдыҥы диэн тыллар Гуманитарнай чинчийии института бэлэмнээбит «Сахалыы таба суруйуу тылдьытыгар» киирбиттэр. Бу тылдьыкка аттакы уонна балайдыҥы диэн тыллары сыһыарыытын тыл олоҕуттан араарбакка эрэ бүтүннүү аҕалбыттар. Ааспыт үйэ саҥатыгар «скопцы» диэн секта дьонун Саха сиригэр көскө аҕала сылдьыбыттара. Олору сахалар аттакылар дииллэрэ үһү. Кинилэр Чурапчыга, Дьокуускай аттыгар Мархаҕа, Маҕаҥҥа олоро сылдьыбыттара. Маннык сыһыарыылаах тыл атын тыллар олохторугар туттулуннаҕына өйдөнөр. Холобур, үөр-дүҥү, кыыс-тыҥы, уол-луҥу. Арааһа, маннык сыһыарыы саха тылыттан умнуллан эрэр, былыргы түүрдүү сыһыарыы быһыылаах. Оччотугар Биттики диэн тыл биттээх диэн өйдөбүллээх курдук. Биттээх диэн өйдөбүлү кытта ситимнээн, олоххо чахчы буолбут икки түбэлтэни кэпсиим.
Маҥнайгы түбэлтэни аҕам Аржаков Николай Дмитриевич (Митээ Уола) кэпсээн турар. Аҕам оччолорго субан сүөһү бостууктара Попов Егор Сидорович (Уһун Дьөгүөр), Попов Егор Ильич (Дьөгүөр Ылдьыыс) буолан, Биттики сайылыкка саҥа титиик тута сылдьаллара. Дьиэҕэ киирэн күнүскүлэрин аһыы олорбуттар. Арай ол олордохторуна, дьиэ таһыгар оҕо-дьахтар ньамалаһар саҥалара иһиллибит. «Бай, туох элбэх дьоно кэллэхтэрэй?» диэн бары да соһуйбуттар. Тахсан көрбүттэрэ – ким да суох үһү. Саҥаны бары истибит буолан, наһаа дьиктиргээбиттэр. Нөҥүө күнүгэр бу сайылыкка оонньоон-көрүлээн улааппыт Хабырылла Толбонов улахан кыыһа Вера Ухаанньаҕа баар саһыл ферматыттан дьиэтигэр Хатылыга киирэн иһэн, Таатта үрэҕи туоруур далаһаны мүччү үктээн, ууга түһэн өлөн хаалар. Бэҕэһээ Биттикигэ тугу истибиттэрин санаан уонна Толбонова Вера өлбүтүн истэн баран, аҕам: «Ээ, ол да иһин куһаҕаны биттэнэн дойдута кэриппит буоллаҕа», – диэбитэ. Бу түбэлтэ ааспыт үйэ 60-с сылларыгар буолбута.
Иккис түбэлтэни Аржаков Иван Николаевич кэргэнэ Аржакова Надежда Иосифовна-Нөнүөс кэпсээбитэ. Бу түбэлтэ сэрии кэмигэр буолбута үһү. Арай биир күн сайылыкка баар дьон бары истэн турдахтарына, хоту кууланан үөһээ диэкинэн тэлиэгэ кыычырҕааһына, ат кистээһинэ, ынах маҥырааһына, сайдааһын бөҕөтө буолан, арҕаа диэки көс дьонун саҥата, тыаһа-ууһа куугунаан бара турбут. Дьон онтон наһаа муодарҕаабыттар да, куттаммыттар да. Дьэ, сотору Чурапчы дьонун хоту көһөрүү саҕаламмыта. «Көр, оннук көһөрүү буоларын биттэнэн, кэритэн турар» диэн кэпсээбитэ сүүс сааһыгар арыычча тиийбэккэ күн сириттэн барбыт Нөнүөс кырдьаҕас.
Билигин өйдөөтөххө, урут дьоммут сайылыкпытын Биттики диэн ааттыыры буойаллара, «Эбэ диэҥ» дииллэрэ, айдаарары-хаһыытыыры эҥин сөбүлээбэт этилэр.
Иккис сабаҕалааһынынан, бу тыл төрдө атын, уларыйбыт былыргы түүр тыла буолуон сөп курдук.
Ити сабаҕалааһын сөбүн Аан дойдутааҕы Интэриниэт ситимин муҥура суох куйаарыттан соһуччу Саид Шахмурзаев диэн балкар поэта, норуотун былыргы историятын балачча үөрэппит киһи, «Балкарские горы» хоһоонуттан Биттики диэн аакка сыһыаннааҕы буллум. Ол хоһооҥҥо маннык этиллэр…
Мы находим следы на уступах гранитных,
Но не знаем имен тех родов первобытных.
Под Калою пройдем и осмотрим Биттики…
Чей когда-то царил тут уклад полудикий?
А другие твердят: в стародавнее время
Племя черных булгар поселилось в Чегеме.
Третий вторит, в ученом пылу утверждая,
Что балкарцы явились с предгорий Алтая.
Говорят, что, уйдя от нашествий монгольских,
Оказались балкарцы в народностях горских.
Мне б хотелось сквозь толщу столетий туманных
Разглядеть этих жителей гор первозданных.
Словно мысленным взором на миг представляя
Тюрк – татар, прискакавших сюда из Алтая,
Или гуннов степных, что явившись с востока,
Разделились на три разноликих потока.
Самый крупный поток в жажде подвигов дерзких
До цветущих долин докатился венгерских,
А другой – вдоль по Малке – реке продвигался,
Словно острый клинок, в сердце гор он врезался.
Третий – это кумыки. Они постоянно
Стали жить на террасах в горах Дагестана…
Тот поток, что по Малке пошел, здесь остался,
Из него вышли малки – малкарцы – балкарцы…
Бу хоһоонтон көстөрүнэн, Кавказ хайатыгар олорор балкардар уонна кумыктар төрүттэрэ син биир биһиги курдук – былыргы түүр омуктар. Кала диэн былыр түүрдэр кириэппэһи ааттыыллара. Хоһооҥҥо суруллубутунан, Калая диэн кириэппэс аннынан баран Биттикини көрүөхпүт диэбит. Ол кириэппэс суруктааҕа дуу эбэтэр онно баар Биттики диэн сиргэ былыргы руна суруга баара дуу? Баҕар, атын уруһуйдаах хайаны ахтыбыта буолуо. Мурат Аджи «Европа, тюрки, Великая степь» кинигэтигэр суруйарынан, Кавказка Дербенские ворота диэн Азияттан Европаҕа киирэр ааҥҥа былыргы үһүс үйэҕэ түүрдэр сэриилээн ылбыт кириэппэстэригэр иранныы, арабтыы суруктары тэҥҥэ түүрдүү руна суруктар бааллар эбит.
Интэриниэт ситимиттэн эмиэ түүр омуктан төрүттээх кумыктар форумнарыттан маннык суругу буллум:
«… когда я раскрыл свои биттики, я был в шоке. там различные пиктограммы – таблицы, звездочки, символы наряду с аятами и корана. Буквы в непонятной последовательности, даже не понятны арабу, с детства говорящему на арабском. Посмотрите свой битик если не верите …»
Бу форумҥа суруйалларынан, «биттики» диэн тыл кумыктар тылларыгар суруктаах амулет диэн өйдөбүллээх (амулет сахалыыта – ымыы диэни А.Е. Кулаковскай умнуллан эрэр тылларга киллэрбитэ).
Былыргы түүр тылын балайда ырытан, мэҥэ таастарга суруллан хаалбыт руна суруктарын ааҕар дьарыктаах А.К. Кривошапкин – Айыҥа [14] «Наследие предков» диэн кинигэтигэр «Бити – священное письмо» диэн суруллубут, учуонай-тюрколог уонна былыргы руна суругу ааҕыынан дьарыктаммыт Н.К. Антонов [5] үлэтигэр «Битиг – сурук-бичик» диэн быһаарыллар, онтон Былыргы түүр тылдьытыгар bitig, bitigi – сурук, суруйуу, суруктаах, суруктаах амулет диэн өйдөбүллээхтэр.
Бу үлэлэртэн көрдөххө, Айыҥа уонна Н.К. Антонов быһааралларынан, билиҥҥи «бичик» диэн саха тыла – былыргы түүрдүү «битиг» диэн тыл хас эмэ үйэҕэ уларыйан кэлбитэ. Онтон сылыктаатахха, «битиги» диэн тыл суруктаах амулет дуу, бэлиэ (тамга) дуу диэн өйдөбүл буолуон сөп. «Битиги» диэн тыл сир аатыгар бэриллэн, элбэхтэ туттуллан, кэлин уларыйан, ортотугар баар «т» диэн дорҕооно күүһүрдүтүллэн «Биттиги» диэн сир аатыгар кубулуйбута буолуо. Онтон бу сир аата Биттиги да, Биттики да диэн туттуллар. Холобур, 1955 с. тахсыбыт хаартаҕа бу алаас аата «Бэттиэгэ» диэн суруллубут. Бу сайылыкка Биттики диэн аата «суруктаах» да диэн өйдөбүлгэ эмиэ сөп түбэсиһэр курдук буолан тахсар. Ону былырыын булбут руна суруктаах биһилэхпит да көрдөрөр. Баҕар, манна рунанан сатаан суруйар киһи дуу, уус дуу олоро сылдьыбыта буолаарай?
Үөһээ ырытыыларбар олоҕуран, маннык түмүккэ кэллим: Биттики диэн алааспыт аата түҥ былыргыттан өбүгэлэрбит туттан кэлбит «бит» эбэтэр «бити» диэн тыл олоҕуттан үөскээбит ол эбэтэр «биттээх курдук» дуу, «суруктаах» дуу диэн өйдөбүллээх. Бу алааска Биттики диэн аата ити өйдөбүлгэ толору сөп түбэһэр. Ол да иһин, сүдү өбүгэлэрбит маны билэн, олус сөптөөх ааты бу алааска иҥэрбиттэрэ, уһун үйэлэр тухары умнуллубакка ааттана турдаҕа.