Читать книгу Былыргы былдьаһыктаах сыллартан… Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ - - Страница 7
Биттики таабырыннара
Биттики диэн аат хантан кэлбитэй?
Хомус тиллиитэ
ОглавлениеЧулуу уус таптайбыта
Чочуйбута, тыллаабыта,
Чугаһынан суох
Чуор куоластаабыта.
Кыталыктыы лыҥкынас,
Күөрэгэйдии дьырылас
Кырыымпалыы иэйиилээх,
Кэрэ куоластаах бэйэм.
Тылым тостон,
Туһабыттан тахсан
Тоҥ буор анныгар
Туймааран сыппытым …
Таба тайанан,
Тууйуллууттан босхолоон,
Талыы таһаабын
Туруордулар көрүүгэ.
Уһун сылларга
Урааҥхай куттааҕы
Угуйуом хомуска
Уйулҕатын хамсата
Тоҕо Боло Уус диэн ааты ылыммытым интэриэһиргэтэр буолуохтаах. Хомуска ылларбыт киһи саҥаттан-саҥа дорҕоону таһаарыан баҕарар. Онуоха ол дорҕоонун көрдөөн, элбэх хомуһу маҕаһыыннарга, хомус уустарын быыстапкаларыгар тардан көрөн сыымайдыыр уонна атыылаһар. Ол иһин хомусчукка араас уустар охсубут хомустара түмүллэр. Дьэ, арай биирдэ намыһах дорҕоону хомуска саҕан таһаарар санаа арахсыбаттыы киирдэ. Оннук дорҕоону көрдөөн, бэрт уһуннук араас хомуһу тардан көрдүм да кыайан булбатым. Онтон сылтаан бэйэм хомус охсон көрөргө сананным. Хас даҕаны сыл ыһыахтарга ыытыллар хомус уустарын күрэхтэрин сыныйан көрөн, үөрэнэн, билигин хомус охсуутунан дьарыктанабын. Билиҥҥи кэм сиэринэн, хас биирдии хомус ууһа сахалыы ааттанара эрэйиллэр. Ол иһин былыргы өбүгэлэрим Боотур Уус уонна Боло Күлүкээн ааттарыттан таһааран, эмиэ биир өбүгэбит Сэһэн Боло курдук, Боло Уус диэн ааты ылынным.