Читать книгу Былыргы былдьаһыктаах сыллартан… Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ - - Страница 8

Биттики таабырыннара
Биттики диэн аат хантан кэлбитэй?
Биттикигэ остуруок ханан турбутай?

Оглавление

Быйыл дойдубар от үүнүүтэ үчүгэй. Биттикигэ сайын Өлөксөөндүр Булуҥун үрдүнээҕи дүөдэ тоҕо түһэн, алаас иһинээҕи намталы барытын уу ылан сытара. Онно угуттанан, эбэбит күөх чээлэй отунан, араас сибэккинэн өрө анньан, сириэдийэн аҕай турар эбит. Сайыҥҥы сыралҕан куйаастан хаххаланаары, урукку сопхуос титиигэр сылгы үөрэ тоҕуоруйбут. Дэриэбинэттэн төһө да тэйиччи буоллар, мэччирэҥ көрдөөн сүөһүлэр эмиэ кэлитэлиир буолбуттар. Ол да буоллар, эбэбит син балайда оту оттотто. Бука, умнуллан-быраҕыллан, түлүк уутугар утуйа сыттаҕына, былыр ситэн-сайдан турар кэмиттэн аҕыйах кэрэхсэбиллээх түгэни булан, дьон билиитигэр таһаарбыппытын баалаабакка, үөрэн «мичик» гыннаҕа.

Эбэбитин чинчийэр быйылгы сорукпут В. Короленко ойуулаабыт остуруок-ампаара турбут сирин чопчу быһаарыы этэ. Тоҕо диэтэххэ, ити уруһуй көстөн, хаһыакка бэчээттэнэрин кытта, былырыын быһаарбыт сирбитин «сирин быһыыта уруһуйу кытта сөп түбэспэт» диэн, атын сабаҕалааһыннары киллэрбиттэрэ. «Бу уруһуйга көстөр остуруок-ампаар Биттикигэ туох да сыһыана суох» диэччилэр эмиэ бааллара.

Былырыын Аарахтан киирэр кыбычыын аттынааҕы суол кытыытыгар баар үүт уурар сүүнэ өһүөлээх оҥкучах таһыгар уот сиэбит былыргы тутуу омооно остуруок турбут сирэ буолуон сөп диэн быһааран турабыт. Дьэ онон быйыл хас биирдии этиини остуруок турбута буолуо диэн сабаҕаланар сириттэн хаартыскаҕа түһэрдибит. В. Короленко ойуутун кытта тэҥнээн көрдүбүт уонна остуруок турбут сирин сүрүн бэлиэлэригэр төһө толору эппиэттиирин быһаардыбыт. Остуруок турбут сирин сүрүн бэлиэлэрэ: В. Короленко «Омоллон» диэн кэпсээнигэр суруйарынан, аттыгар улахан үүт уурар оҥкучах онно баар буолуохтаах, тыаттан чугас уонна уутуйар намтал сөкү сир баара бэлиэтэнэр. Д.И. Дьячковскай-Сэһэн Боло «Үөр ампаара» диэн ахтыытыттан үс сүрүн бэлиэ тахсар: умайбыт тутуу онно, суол кытыыта, остуруок аана соҕуруу-илин диэки эркинигэр баара. Остуруок турбута буолуо диэн «уорбаланар» сирдэр: урут бабаарына турбут сирин кэннигэр үүт уурар оҥкучахтаах, умайбыт кыра тутуу; пааматынньыктаах ыһыахтыыр үрдэл; билигин турар дьиэ уонна титиик аттынааҕы үүт уурар оҥкучахтаах өтөх онно; Үстүүнэп Көстөкүүн дьиэтин диэки барар суол кытыытынааҕы өтөх онно. Ити «уорбаланар» сирдэр көстүүлэрэ даҕаны В.Г. Короленко ойуутугар толору сөп түбэспэттэр уонна үөһэ этиллибит остуруок турбут бэлиэлэригэр толору эппиэттээбэттэр. Дьэ, кэмниэ кэнэҕэс былырыын остуруок турбут сирэ бу буолуо диэн сабаҕалаабыт, Аарахтан киирэр суол кытыытынааҕы умайбыт өтөх оннун Биттики өттүнээҕи күөл кытыытыттан Аарах диэки көрдөххө, үүт-үкчү В.Г. Короленко ойуутун курдук буолан биэрдэ. Ити сир үөһэ этиллибит остуруок турбут бэлиэлэригэр барытыгар толору эппиэттиир уонна өссө мантан руна суруктаах алтан биһилэх, былыргы дьэс чаанньык тумса, хорҕолдьун тооромосторо көстөн тураллар. Эһиги көрүүгүтүгэр ити эппит сирбиттэн түһэрбит хаартыскабар остуруок уруһуйун Photoshop бырагырааманан көһөрбүппүн көрдөрөбүн. Уҥа диэки Эмээхcин Ураһатыттан Аарахха киирэр суол төрдө уруһуйдаммыта, билигин хаартыскаҕа тумус тыа аллара үүнэн киирэн, көстүбэт буолбут. Онтон атына барыта сөп түбэһэр. Итиннэ биири чопчулаатахха, В.Г. Короленко тоҕо «… посреди аласа…» диэбитий диэтэххэ, кини Аараҕы уонна Биттикини араарбакка, тумустарынан быыһаспыт биир алаас курдук көрбүт. Оччотугар остуруок алаас ортотугар турар диэбитэ оруннаах буолан тахсар. В.Н Иванов «Якутия в составе русского государства (XVII век)» диэн 2002 с. тахсыбыт кинигэтин 25 сирэйигэр өссө биир бэлиэ эбии суруллубут [8] «… отряд (из 10 человек) Федора Чуркина побывал в «новой землице Катулинского роду князца Даваня и тунгусских людей и поставил острожок на устье р. Хампуни – Середь Катулинсково роду…» диэн Москубатааҕы Арассыыйа судаарыстыбатын былыргы аакталарын архыыбыгар баар докумуоҥҥа олоҕуран суруйбут (ф. 214, стб. 53, сст. 506) . Биттики алаас ортотунан Өлөксөөндүр Булуҥуттан саҕалаан, намталынан сааскы хаар уута остуруок турбут сирин аннынан сүүрүгүрдэн, хоруу курдук хорон, Аарах күөлүгэр түһэр. Ол түһэр сирин Хампуни үрэх түһэр сирэ диэн ааттаабыттар. Онон бу бэлиэ атын сабаҕалааһыннары бүтэһиктээхтик туора сотор, тоҕо диэтэххэ, аттыларынан ханан да үрүйэ сүүрүгүрбэт.

Хайа уонна остуруогу уоттаталларыгар «суол аттыгар турар, абааһылаах-иччилээх, онон кэлэр-барар оҕо-дьахтар, дьон куттанар» диэбиттэр этэ дии. Тоҕо куттаналлара эбитэ буолла, баҕар, тугу эрэ көрөллөрө буолаарай? Итинэн сиэттэрэн, кэлин буолбут икки түбэлтэни кэпсиим. Быһайын Биттикигэ Аарах диэки от кэбиһэ сырыттахпытына, шасси тыраахтар кэлэн, от охсон барбыта. Хайалара буоллаҕай диэн Сэмэнтэн ыйыппыппар «ээ, Батаарын Баһылай буолуо» диэбитэ. Дьэ, ол Баһылай кэлин Сэмэҥҥэ манныгы кэпсээбит. Арай, ол кэлэн от оҕустара сылдьан көрдөҕүнэ, Биттики диэкиттэн Аарах суолунан биир дьахтар иһэрэ көстүбүт. Маҥнай ыраах буолан, аахайан көрбөтөх, сир астаан иһэр дьахтар ини диэн иһигэр санаабыт. Онтон чугаһаабытын кэннэ өйдөөн көрбүтэ, дьахтара былыргылыы саары этэрбэстээх, халадаай ырбаахыылаах уонна туос ыаҕайа тутуурдаах үһү. Дьэ, доҕоор, сибиэни илэ көрөн, Баһылай этин сааһа аһыллан, тымныы көлөһүнэ сарт түһэн, бүтүннүү дьар гына түспүт, уҥуоҕа халыр босхо баран хаалбыт. Ылгымаайы үрүйэтин диэки барар суолунан туох баарынан бирилэтэ турбут. Хата, онно тиийбитэ, Үстүүнэп Куолалаах от кэбиһэ сылдьаллара үһү. Кырдьык, ол күн сарсыарда Биттикигэ ааһарбытыгар Үстүүнэп Куолалаах отторун мунньаары хаалбыттара. Иккис түгэни быйыл убайым Онотуолуй эмиэ оттуу сылдьан, Биттикигэ Үстүүнэп дьиэтигэр чэйдии олорон кэпсээбитэ: «Биир сайын оттуурбар Дьаакыбылап Миисэ диэн бииргэ үлэлиир уолбун көмөлөһүннэрдим. Бу дьиэҕэ отууланан сытабыт. Киэһэ хойут оппутуттан тахсан аһаатыбыт, кыратык сирбитин-уоппутун «аһаттыбыт». Арай уолум Аарах диэки көрбөхтөөтө уонна «оо, дьахтар барда!» диэн саҥа аллайаат, кытайын тыраахтарын собуоттаата даҕаны, ол Аарах диэки тэптэрэ турда. Син балайда буолла. Кэлбитин кэннэ ыйыппыппар: «Кыайан сиппэтим, дьикти баҕайы, көстө-көстө сүтэр, Ылгымаайы төрдүгэр тиийэн баран төнүннүм», – диэтэ. Дьэ, дьикти, хайалара сордоох, хайдах муҥнанан өлөн, баччааҥҥа диэри илэ сылдьара эбитэ буолла? Номоххо даҕаны, дьон кэпсээнигэр даҕаны, бу эргин дьахтар өлүүтүн туһунан туох даҕаны баара биллибэт. Арай былыр остуруок маҥнай тутуллубутун кэннэ хайалара эрэ дьаһаах хомууругар аманаакка түбэһэн, сор суолламмыта дуу? Ол иһин остуруогу абааһылаах диэн уоттатыахтарын сөп.

Былыргы былдьаһыктаах сыллартан… Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ

Подняться наверх