Читать книгу Хотун Куо - - Страница 7
КҮННЭЙ
7
ОглавлениеКүннэй харчыламмычча күнүс Бэчээт дьиэтин остолобуойугар эбиэттээтэ уонна кытай ырыынагар бараары таҥна турдаҕына ким эрэ күүстээх илиитэ тоҥолоҕуттан тутта: «Көр эрэ, син иккистээн көрсөр күннээх эбиппин, ээ!» – диэн кэтэһэ саныыр дьокутаатын куолаһын истээт, эргиллэ түстэ. Чахчы, Андрей Николаевич илэ бэйэтинэн мүчүҥнүү турарын көрөн сүрэҕэ күүскэ тэптэ. Чэпчэки сыаналаах, халтаҥ таҥастаах сылдьарыттан кыбыста быһыытыйда.
– Саргылаана, бу хайа диэки бардыҥ?
– «Столичнай» ырыынакка, – кыыс долгуйбутун биллэримээри симиктик хардарда уонна умса көрдө.
– Тугунан бараҕыный? – диэн баран мааны бэйэлээх дьокутаат истиҥник мичээрдээн ылла.
– Оптуобуһунан бөҕө буоллаҕа дии, – Күннэй аан бастаан билсэллэригэр сэлэспиттэрэ хатыланан эрэриттэн симиттэ быһыытыйда.
– Бай, оннук буоллаҕына мин илдьэн биэрдэхпинэ сатаныыһык.
– Уой, кырдьык дуо? – Күннэй үөрэн өрө көрө түстэ. Итиччэ мааны тойон кинини сырыы аайы джибинэн таһа оонньооботох баҕайыта ини. Дьээбэлэнэн этэрэ буолуо.