Читать книгу Мифы и легенды Севера = Хоту дойду үһүйээннэрэ уонна номохторо - Группа авторов - Страница 4

Ительменский фольклор=Ительмен фольклора

Оглавление

Кутх и краб

Жил-был Кутх с женой Мити. Стал Кутх собираться на мыс. Сказал:

– Дай-ка, Мити, мою шапку, рукавицы и пояс!

Мити сказала:

– Ты, Кутх, коли хочешь, прямо сейчас отправляйся!

Пошел Кутх на мыс. Дошел до мыса. Морских зверей, которых встречал, всех ногами пиная, говорил:

– Вот как с вами поступать надо!

Еще дальше пошел, видит – морской краб спит. Стал он будить его. А краб крепко спит.

– Эй, краб, проснись!

Открыл краб глаза и сказал:

– Я спать хочу, Кутх, не мешай мне!

Кутх сказал:

– Ладно, краб, вставай, довольно спать!

Встал краб. Кутх просит:

– Эй, краб, покатай меня!

Сел Кутх ему на спину, пошел краб в море. А Кутх песню запел:

– По воде меня катают. Тебе, Мити, лучше дома посидеть!

Стал краб его катать, Кутх закричал:

– Эй, краб, отпусти меня, утопишь!

Краб сказал:

– Зачем ты, Кутх, меня разбудил? Теперь уж не бойся!

Отвез он Кутха на середину моря. А посреди моря был большой круглый камень. Оставил он Кутха на этом камне. Уселся Кутх, сидит, а волны на камень накатываются и его заливают. Спрятал Кутх лицо в кухлянку, слышит: под камнем люди разговаривают. Вдруг большая волна пришла, сбросила Кутха под камень.

Пошел он по лестнице, там его морские люди встретили. Хорошо приняли. Вяленым мясом накормили. Стали спать укладываться. Морские парнишки всю воду спрятали, реку высушили. Кутх ночью проснулся, пить захотел – не может воды в доме найти. Пошел к реке. И река вся высохла. Стал он вспоминать своих домашних: жену, маленьких ребятишек. Всех по именам назвал. Сказал Кутх:

– Мити, ты с малышами воду пьешь, а я тут от жажды помираю!

Услышали это морские парнишки, но не встали. Стал Кутх вспоминать своих старших детей, девушек:

– Синаневт, Анаракльнавт, вы-то пьете воду, а ваш отец от жажды помирает!

Встали тут морские парнишки, как будто только что услышали, как Кутх причитает, и говорят:

– Женщины нашего гостя совсем замучили! Не дают ему пить.

Сразу вода появилась. Начал Кутх пить. Те парнишки целую байдару воды налили. Кутх все это выпил. К реке пошел, там снова стал пить. Напился, утолил жажду. Дочерей пропил. Отвезли женихи Кутха домой на байдаре. Кутх все рассказал жене, что с ним случилось.

– Мити, – говорит, – вели дочерям собираться, пусть замуж выходят, пропил я их!

Так все его дочери замуж вышли. Стали жить и веселиться.

[Легенды и мифы Севера, с. 302–304]

Кутх уонна краб

Кутх кэргэнэ Митилиин олорбуттара эбитэ үһү. Биирдэ Кутх тумулга бараары хомуммут. Кэргэнигэр эппит:

– Мити, аҕал эрэ мин бэргэһэбин, үтүлүкпүн уонна курбун.

Мити хоруйдаабыт:

– Эн, Кутх, баҕарар буоллаххына, сибилигин бар!

Кутх тумулга айаннаан тиийбит. Утары көрсүбүт муора кыылларын барыларын атаҕынан тэбэ-тэбэ эппит:

– Эһигини маннык гыныахха наада!

Салгыы баран иһэн, муора краба утуйа сытарын көрбүт. Уһугуннара сатаабыт, онуоха краб кытаанахтык утуйа сытар эбит.

– Ээй, краб, уһугун!

Краб хараҕын арыйбыт уонна эппит:

– Мин утуйуохпун баҕарабын, мэһэйдээмэ, Кутх!

Кутх хардарбыт:

– Чэ-чэ, краб, тур, сөп буолуо, утуйан бүт!

Краб турбутугар, Кутх көрдөспүт:

– Краб, миигин хатааһылат эрэ!

Кутх кини көхсүгэр олорбутугар, краб муора диэки хаампыт. Оттон Кутх ырыа ыллаан барбыт:

– Миигин ууга хатааһылаталлар. Эн, Мити, дьиэҕэр олороруҥ ордук!

Краб муораҕа хатааһылатан барбытыгар, Кутх хаһыытаабыт:

– Ээй, краб, миигин ыыт, тимирдиэҥ!

Краб эппит:

– Кутх, тоҕо эн миигин уһугуннарбыккыный? Билигин кэлэн куттаныма!

Кутху муора ортотугар илдьибит уонна онно биир улахан төкүнүк таас баарыгар хаалларан кэбиспит. Кутх тааска олорбут. Муора долгуна тааска охсуллан, уунан киһини саба ыспыт. Кутх төбөтүн кухлянка сонугар кистээбит. Ол олорон иһиттэҕинэ, арай таас анныгар дьон саҥарсар эбит. Эмискэ улахан долгун Кутху таас анныгар бырахпыт.

Кутх кирилиэһинэн түспүт, онно кинини муора дьоно аламаҕайдык көрсүбүттэр. Хаппыт этинэн күндүлээбиттэр. Утуйардыы оҥостон сыппыттар. Муора уолаттара ууну барытын кистээбиттэр, өрүһү куурдубуттар. Кутх түүн уһуктан кэлэн уу иһиэн баҕарбыт. Дьиэ иһигэр ууну булбатах. Өрүскэ барбыта, өрүс эмиэ кууран хаалбыт. Кэргэнин, кыра оҕолорун санаабыт. Барыларын ааттарынан ааттаабыт уонна эппит:

– Мити, эн оҕолоргун кытта уу иһэҕин, оттон мин манна утатан өлөөрү гынным!

Ону муора уолаттара истибиттэр эрээри, турбатахтар. Кутх улахан оҕолорун, кыргыттарын, санаабыт:

– Синаневт, Анаракльнавт, эһиги уу иһэҕит, оттон эһиги аҕаҕыт утатан өлөн эрэр!

Муора уолаттара Кутх суланарын саҥа истибит курдук уһуктубуттар уонна эппиттэр:

– Дьахталлар ыалдьыппытын наһаа да сордоотулар! Киниэхэ уу иһэрдибэттэр.

Тута уу баар буола түспүт. Кутх ууну иһэн барбыт. Уолаттар бүтүн биир тыы ууну куппуттар. Ону Кутх барытын испит. Кини өрүскэ тиийэн эмиэ уу бөҕөтүн испит. Дьэ утаҕын ханнарбыт. Уу испит манньатыгар кыргыттарын муора уолаттарыгар кэргэн биэриэх буолбут. Кутху күтүөттэрэ тыынан дьиэтигэр илдьибиттэр. Кини туох буолбутун барытын кэргэнигэр кэпсээбит:

– Мити, кыргыттарбыт хомуннуннар, кэргэн таҕыстыннар, мин кинилэри уу туһугар иһэн кэбистим! – диэбит.

Ити курдук Кутх кыргыттара бары кэргэн тахсан, үөрэ-көтө олорбуттар.

Мифы и легенды Севера = Хоту дойду үһүйээннэрэ уонна номохторо

Подняться наверх