Читать книгу Сүргэ көтөҕүү. Санааны кынаттыыр хоһооннор - Группа авторов - Страница 1
Киирии тыл
ОглавлениеОйор күннээх орто туруу дойдуга олох суола улуу мөккүөр, түһүү-тахсыы, бүппэт түбүк үктэллээх. Маныаха Киһи барахсаҥҥа мунар-тэнэр, тууйуллар, кэмсинэр кэмигэр саппаҕырбыт санаатын сайгыыр, харгыска хаайтарбат дьулуурун сирдиир, олоххо тулуурун торумнуур биир сүдү күүһүнэн дириҥ толкуйдаах, уран тыллаах хомоҕой хоһоон буолар. Саха поэзиятын сүрүн уратыта – олоххо тардыһыыны көҕүлүүр, киһиэхэ тапталы иитэр тосхоло, кэрэҕэ, үтүөҕэ ыҥырар сырдык анала буолар. Ийэ тылбыт алыптаах күүһэ Алампа саҕаттан дьон кутун-сүрүн сымнатар, кэнчээри ыччаты үтүөҕэ, кэрэҕэ, кырдьыкка угуйар үйэлээх сирдьит буолар.
Бу хомуурунньукка саха поэттарын олоҕу туругурдар, санааны кынаттыыр хоһоонноро олоххо араас ыксаллаах, быһаарыылаах түгэннэргэ туһанар гына сүүмэрдэнэн киирдилэр. Сахабыт саргылаах тыла ыгыллыбыт, тууйуллубут түгэҥҥэ кыым буолан кылайан, санааны саҕыахтын, хараҕы аһыахтын, сүрэҕи-быары сөрүүкэтиэхтин, быыһал-абырал буолуохтун!
Өбүгэбит «Үтүө тыл – дьол» диэн бэргэн этиитэ оруннаах. Ол курдук, ардыгар олоххо биир үтүө тыл, чыпчылҕан түгэн сүҥкэн суолталаах буолар. Онон намыын тыллаах хоһоонтон ситимнэнэн, олох болоорхой өҥө даҕаны кустук буолан көһүннүн, бүгүн кыаллыбатах сарсын сатаннын, таптал ыраас иэйиитэ дьол биһигэр сирдээтин!
Күндү ааҕааччы, бу кинигэ хас биирдии саха ыалын иэримэ дьиэтигэр дьол, ситиһии, уоскулаҥ, ил-эйэ түсчүтэ, истиҥ доҕоро, мындыр сүбэһитэ буоларыгар баҕарабыт.